Kitobni o'qish: «Итэҕэл уонна ыраастаныы»
Аан тыл
Тоҥ мас мутуга тулуйбакка тосту ыстанар тымныылаах тохсунньу 17-с күнүгэр көтөр аалга олорсон, атааннаах-мөҥүөннээх Аан ийэ дойдум оргуйа турар туманынан бүрүллүбүт арылы маҥан халлааным алын араҥатынан арҕаа диэки айаннатан иһэбин. Дьэ уонна бу айаннаан иһэммин эйиэхэ, күндү ааҕааччым, этэр-тыынар тылым өйгүн-санааҕын ийэ куккун кытта ситимниир этитиилээх буоллун, саҥарар саҥам салгын куккун таарыйар тыыннаах-иччилээх буоллун диэн кэпсэлим-сэһэним аанын, сир ийэм араҕас далбарыттан 10 биэрэстэ үрдүккэ олорон, арыйдаҕым буоллун!
Киһи аймах орто дойдуга олорорун тухары, сорох хаһан эмэтэ, сорох сылдьарын тухары тохтууру билбэккэ, олох суолтатын, Аан ийэ дойду оҥоһуутун, тутулун туһунан сыта-олоро сылыктаан, тура-хаама толкуйдаан да биэрдэҕэ. Ордук саха киһитэ барахсан, тымныы, өҥүрүк куйаас, бырдах, оҥоойу бөҕөлөөх дойдулаах «буруйугар» толкуйдуур, сэрэйэр, этинэн-хаанынан билэр дьоҕура атыттартан аһара сайдыбыт буолан, олорбутун тухары араастаан эргитэн, эҥин элбэх өттүттэн эргийэ көтө сылдьан, анааран, сылыктаан да ахан биэрдэҕэ.
Уруккута буоллаҕына саха барыта – бөлүһүөк. Сирбит-дойдубут тыйыс буолан, саха «төбөтүн олоруута» атыттартан букатын атын. Ол эрэн онтубут кэлин балай эмэ уларыйда. Тоҥ саха элбээтэ. Ол олох уларыйыытын, хаамыытын содула. Билиҥҥитэ, мин көрдөхпүнэ, ол уларыйыыларга утарылаһар, туруулаһар кыаллыбат курдук. Сэрэйдэххэ, бу – орто дойдуга кэлбиттэн ахсааннааҕа эрэ айылҕа аанын арыйар, Күн Айыы киһитэ дэтэр таһымҥа тиийэр кыахтааҕын туоһута буолуо, бука. Атыттар сирдээҕи олоҕунан үлүһүйэн, ааһарга албыннатан, итэҕэли иитиэхтээбэккэ, үрдүккэ таласпакка, арҕааҥҥы аҕыс уон аҕыс албастаах, соҕурууҥҥу тоҕус уон тоҕус кубулҕаттаах араабы тыыҥҥа баһыйтаран эрдэхтэрэ.
Биллэн турар, хас биирдии киһиэхэ сирдээҕи олох ийэ кутугар син биир туох эрэ саҥаны, урут билбэтэҕин биэрэн эрдэҕэ. Ол гынан баран тоҥон, сабыллан хаалбыт киһи, ылыахтааҕын ситэри ылбакка, билиэхтээҕин ситэри билбэккэ, хаарыан бэйэлээх олоҕун, күндү-мааны күнүн-дьылын ааһан хаалар түбүккэ, үгүс элбэх албыҥҥа балыйтаран, халтайга ыытан эрдэҕэ.
Итинэн мин тугу этээри гынабыный?
Мин саныахпар, сирдээҕи олох саамай улахан суолтата киһи бу олоххо кэлэн кута сайдара, олоҕун устата дьиҥ бэйэтин билиитэ хаҥаан, үрдүкү кэрдиискэ тахсара буолар. Онно, ис-иһигэр киирдэххэ, сирдээҕи кыайыы-хотуу уонна кут үүнүүтүн-сайдыытын өйдөбүллэрин уратылара бааллар. Сирдээҕи олоххо кыайыы-хотуу киһи кута сайдарыгар, күүһүрэригэр төттөрү охсуулаах буолар түгэннэрдээх, ардыгар улахан алдьатыылаах да буолар. Ону өйдүүргэ-ылынарга айылҕа ситимигэр холбонор, бэйэ айылҕатын арыйар ирдэнэр.
Билиҥҥи кэмҥэ дьон билиитэ-көрүүтэ дириҥээн, өйө-санаата уларыйан, урукку курдук атын киһи дьайыытын кэбэҕэс ылыммат буолла. Ол аата, холобур, ыалдьыбыт киһи үтүөрэрин туһугар тус бэйэтин сыыһатын-халтытын өйдөөн, ылынан, сыал-сорук туруорунан хамсаннаҕына, дьаныстаҕына эрэ үтүө түмүктээх буолуо. Үөрэҕэ суох, айылҕатынан олорор, олоҕу көнөтүнэн ылынар өбүгэбит барахсан көнө сүрүннээх буолан атын киһи дьайыытыгар сүрдээх судургутук кииринэр эбит. Ол аата туруга аһаҕас, оттон бэйэтэ итэҕэйэр, ылынар күүһэ билиҥҥи дьонтон лаппа улахан эбит.
Туох барыта икки өрүттээх. Үөрэхтэммит, элбэҕи ааҕан-истэн билбит киһи бэйэтин айылҕатыттан тэйэр. Ол аата, аныгылыы эттэххэ, «чувствота» мөлтүүр. Ол оннугар өйө – «интеллегэ, логиката» күүһүрэр.
Ол иһин киһи аахпыт-билбит, өйдөөбүт-ылыммыт билиитин тус өйдөбүл оҥостон, олоҕор сатаан туһанар, үүнэр-сайдар суолга тардыһар буолуохтаах. Дьэ онно кини айылҕа тутулун, сүрүн сокуоннарын өйдүүрэ хайаан да ирдэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ киһи өй-санаа өттүнэн билиитэ-көрүүтэ быдан дириҥээтэ. Оттон дьиҥ бэйэтэ тутан-хабан, этинэн-сиининэн билэрэ лаппа татымырда. Айылҕалаах дьон билиини тас, тоҥ уонна ис диэннэргэ араараллара баар суол. Тас, тоҥ билии атын дьонтон уларсык кэлэр, оттон ис билии айылҕа билиитин кытта ситимнээх.
Дьэ манна утумнааһын улахан суолталаах. Өбүгэтин ситимэ күүстээх, утума быстыбатах буоллаҕына, киһи өбүгэтин билиитин иһигэр илдьэ сылдьар буолар. Оннук дьону кырдьаҕас куттаах дьон диэн ааттыыбыт. Кинилэр ардыгар бэйэлэрин саастарыгар холооно суох дириҥ көрүүлээх уонна олох араас түгэнигэр соһуйбат, уолуһуйбат, киэҥ көҕүстээх буолааччылар. Ону таһынан, көрбүөччү киһи айылҕа эйгэтигэр холбонон, онтон билии-көрүү сомсон ылара баар буолар. Оннук дьон саха итэҕэлигэр биир ураты миэстэни ылаллар.
Итэҕэл
Саха итэҕэлин туһунан
Өксөкүлээх Өлөксөй «сахалар бэйэбитигэр сөбө суох улахан итэҕэллээхпит» диэн этэн турар. Кини, биллэн турар, итэҕэл диэн тылы дьиҥ бэйэтин өйдөбүлүгэр туттан эттэҕэ – олох кистэлэҥин, айылҕа сокуонун, норуот муудараһын быһыытынан. Билиҥҥи курдук «религия» диэн тутах өйдөбүлгэ буолбатах. Итэҕэл, дьиҥ билии быһыытынан, олоххо туһалыыр буоллаҕына туһа туспа. Оттон бэлиитикэ хабааннаах религияҕа кубулуйдаҕына алдьатар, арахсыыны төрүөттүүр күүс буолар.
Итэҕэли үөрэхтээх, элбэх билиилээх буолан баран тоҥ сүрэхтээх дьон кыайан сүрүннүүр кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ итэҕэл эмиэ таптал курдук киһи ис туругун кытта сибээстээх. Таптыырга киһини ким да үөрэппэт, арай тапталга бэлэм, аһаҕас сүрэхтээх буоларга уһуйан көрүөххэ сөп. Билиҥҥи үөрэх, тас, тоҥ билиини биэрэр буолан, ордук өйү сайыннарар. Өй тапталы да, итэҕэли да үөскэтэр кыаҕа суох, төттөрүтүн, аччатыан сөп. Тас билиитинэн сирдэтинэр киһи, кырдьык, үчүгэйи-куһаҕаны араарары билэр. Өй бэйэтин айылҕата оннук. Кини, нууччалыы эттэххэ, практичнай. Ол иһин наар бэйэтин барыһынан олорор. Барыстан, кыайыыттан үөрэр, оттон ночооттон, кыайтарыыттан хомойор. Өйүнэн эрэ салайтаран сылдьар киһи ис туругу сатаан иитиэхтиир кыаҕа суох. Өй барахсан киһи тыыннаах буолан сылдьарыгар анаммыт, сүрдээх туһалаах айылҕа биэрбит кыаҕа. Кини хайаан да баар буолуохтаах. Өйдөөх киһи практичнай, дьыалабыай буолар. Бэйэтин барыһын элбэхтик толкуйдуур, ол туһугар сыралаһар. Өйө сайдыбыт киһи үчүгэй бизнесмен, бэлиитик, салайааччы буолуон сөп. Ол эрээри өй эйгэтэ киһини аҥаардастыы баһылаатаҕына, киһи сүрэҕэ сабыллар, тоҥ, тоҥуй буолар. Бэйэтин иннин ордук көрүнэн, дьону аанньа ахтыбат, кыһаммат, бэйэтин эрэ суолун солонор аатыгар барар. Оннук киһи олоҕо олус чуҥкук, тутах буолар. Тоҕо диэтэххэ сүрэҕэ сабыллыбыт киһи Айыы, айылҕа тыынын ылара тохтуур. Манна, дьэ, айылҕа олус мындыр оҥоһуута баар. Тугу эмэ таптаатаххына, тугу эмэ кэрэхсээтэххинэ, сэҥээрдэххинэ, сөхтөххүнэ эрэ сүрэҕиҥ аһыллар, дьиҥ дьол туругун билэр кыахтанаҕын. Ону тэҥэ ис күүс киирэр. Ол аата киһи кута-сүрэ бөҕөргүүр.
Тоҥ өйүнэн олорор киһи сабыылаах буолар, сатаан айылҕа күүһүн иҥэриммэт. Туох баар иэйиитин саба баттаан, массыына дуу, робот дуу курдук иччитэ суох кураанах тыыннанар.
Саха итэҕэлин ис-иһиттэн өйдүүр киһи аҕыйах. Тоҕо диэтэххэ сүрэҕинэн-быарынан, кутунан-сүрүнэн ылыныахха наада. Тоҥ өйүнэн быһаара сатаан халлааннары, айыылар ким ханна олорорун, ааттарын-суолларын наардыыр улахан туһата суох. Ол – тоҥ итэҕэл. Атын омуктары кытта күрэстэһэргэ, «мин эмиэ итэҕэллээхпин ээ» диэн сэнэммэт буоларга туһалыыр. Онтон ордукка туһалыыр кыаҕа суох.
Итэҕэлгэ сыһыаннаах биир мунньахха олус өйдөөх психолог дьахтар эппитэ өйбөр хатанан хаалбыт. Кини: «Мин хайа баҕарар итэҕэли – христианство да буоллун, ислам да буоллун, буддизм, иудаизм да буоллун – биэс мүнүүтэ иһигэр сүрүн тутулун кэпсээн биэриэм этэ. Оттон саха итэҕэлин олох өйдөөбөппүн уонна хайдах да быһаарар кыаҕым суох. Ол аата биһиги итэҕэлбит оннун була илик, ситэтэ суох буоллаҕа», – диэбитэ. Мин киниттэн: «Аан бастаан хайдах таптаабытыҥ туһунан тылгынан дьоҥҥо өйдөнөр гына сатаан кэпсиэҥ этэ дуо?» – диэн ыйытаары гынан баран, туһата суох ыаһах буоларын өйдөөн, туттуммутум. Айыылар ааттарын билэр буолан баран, кинилэр тыыннарын сүрэххинэн сэрэйбэт, имҥинэн билбэт буоллаххына туһата суох. Эбэтэр бэлэм суруллубут кинигэнэн сирдэтинэн олоххун олороруҥ эмиэ олуона соҕус.
Итэҕэл диэн таптал. Тапталы, бастатан туран, турук быһыытынан өйдүөх тустаахпыт. Куттаммат, саарбахтаабат, сэрэхэдийбэт, кэтэх санаата суох, аһаҕас, олоҕу кэрэхсиир, тыыппалаах, көҥүл турук быһыытынан. Таптыыбын диэн баран уйадыйан мөлтөөн хаалбыт турук диэн өйдөөмөҥ.
Бастатан туран, дьоҥҥо, олоххо таптал баар буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ эрэнэр, итэҕэйэр эрэ киһи таптыан сөп. Оттон дьоҥҥо эрэнии – бу бэйэ күүһүгэр, айылҕа тулхадыйбат кырдьыктаах тутулугар эрэнии. Эрэнии уонна эрэйии диэн букатын тус-туспа өйдөбүллээхтэрин араарыах тустаахпыт. Эрэнэр киһи эрэллээх буолар, оттон эрэйэр киһи эрэйгэ тиксэр. Хаһан да, туохха да ис буолбат, кимиэхэ да эрэммэт киһи эрэйэ элбэх буолар. Билигин аан дойду дьоно бары кэриэтэ өй суолун тутуһаллар. Ол үтүөҕэ тиэрдибэт. Тоҥ киһи киһитийэр кыаҕа суох. Сири-дойдуну иччилээн бүтэр, туһанарын эрэ билэр «потребитель» таһымыгар түһэр. Айылҕаҕа оннук киһи туһата суох. Ол иһин аҕыйах ахсааннаах да буоллар, улахан тыыннаах норуот айылҕаҕа ордук сыаналанар.
Сотору кэминэн саамай улахан «валюта» махтал буолуоҕа. Киһи аймах балысханнык айаннаан иһэр суолун хайысхатын уларыппатаҕына, сылаас тыын дэҥҥэ көстүөҕэ. Дьиктитэ, тоҥ сайдыы туохха барытыгар өтөн киирдэ. Бэл диэтэр, хоту ыраах ыстаадаҕа, түҥ тайҕаҕа олохтоох булчуттарга тиийдэххэ кытта тыйыс тыын кыттыгаһа биллэр. Айылҕа талан ылаары, соруйан, киһи аймаҕы оннук турукка киллэрдэҕэ. Ол иһин даҕаны дьон ахсаана олус элбээтэҕэ. Кырдьык, саха итэҕэлин сурукка тиһэн киллэрэр олус уустук, ол суруллубуту өйдүүр өссө уустук. Ол да буоллар билигин киһи аймах айылҕа итэҕэлигэр – саха итэҕэлигэр төннөн эрэр. Дириҥник хорутан саныыр санаалаах дьон омук аайы үксээн эрэллэр. Ол аата айылҕа бэйэтин быыһанар суолун син биир эргитэн аҕалар эбит. Туох да буолбутун иннигэр сиргэ олох салҕаныаҕа, киһи обургу араас усулуобуйаҕа үөрэнэн өлбөт суолун булуоҕа.
Дьиҥ итэҕэл уонна религия
Бу орто туруу-бараан дойду олоҕор киһи араас турукка киирэн тахсар, үгүс быһыыны-майгыны көрсөр. Онуоха сахалыы мындыр көрүүлээх киһи сааһыран истэҕин ахсын тас эйгэни кытта ис туругун ситимнээн, бэйэтэ сылыктаан сөптөөх суолу тутуһар.
Киһи туругун ыһар, баттыыр кэмэлдьилэр – хомолто, хом санаа, ордук санааһын, кырык, иҥсэ, о.д.а. Куттала диэн, бу кэмэлдьилэр өбүгэ саҕаттан саҕыллан, удьуор утумунан кэнчээри ыччакка эмиэ бэриллиэхтэрин сөп. Өскөтүн өбүгэлэриҥ баттаммыт-атаҕастаммыт буоллахтарына, хомолто бэйэтин оборчотугар хас эмэ көлүөнэни хам ылыан сөп. Итинтэн тахсарга араас ньыма баар. Хомолтоҕо ылларбыт киһи куруук кыыһыра, уордайа сылдьар, олохтон астыммат. Оттон айылҕа тутулун өйдүүр киһи «уордайдахпына, кыыһырдахпына, салгыны хамсаттахпына, бэйэбэр, оҕолорбор эргийэн кэлиэ» диэн туттунар, дьаарханар, көрүнэр-истинэр. Ол сиэринэн саха киһитэ бэйэтэ сылыктыыр, саҥата суох ис-иһигэр элбэҕи киллэрэн аһардар, айылҕа тутулун билэ сатыыр.
Айылҕа олоҕо – эргиир. Барыта эргийэ турар тутуллаах. Ону билэр дьиҥ итэҕэллээх киһи куһаҕан, хараҥа тыыны айартан туттунар буолар. Ким билэ-билэ тус бэйэтигэр хараҥаны тарда сатыай?! Оттон дьиҥ итэҕэлэ суох тоҥ киһи оруо маһы ортотунан олоруо буоллаҕа… инникитин сарбыйан.
Итэҕэл киһи бэйэтин иһигэр баар. Ол аата саха иһигэр итэҕэллээх: ис-иһиттэн бэйэтэ майгытын-сигилитин тардынар, ис-иһиттэн куһаҕаны оҥорортон туттунар, ис-иһиттэн айылҕаҕа итэҕэйэр. Аахпатар, билбэтэр-көрбөтөр, ким да кинини анаан үөрэппэтэр даҕаны, ис-иһиттэн киһилии сиэрдээх буолар.
Халыма лааҕырыгар уһун кэмҥэ олорбут Варлам Шаламов суруйарынан: «Хайа баҕарар киһи, үс күн аһаппатахха уонна лааҕыр систиэмэтигэр туттахха, ас эрэ туһунан саныыр буолар». Оннук аас-туор эйгэҕэ сылдьар киһи үс күнүнэн кыылыгар түһэр. Итинник быһыыга-майгыга ис-иһигэр итэҕэллээх эрэ дьон бэйэ бодотун сүтэрбэттэр. Ол аата киһи хараҥа, намыһах таһымнаах, охсуһуулаах, хараҥа күүс быһаарар эйгэтигэр киирдэҕинэ, дьиҥ итэҕэллээҕэ-суоҕа көстөн кэлэр. Киһи итэҕэлэ иһигэр диэн ити. Ол аата киһи бу олох кэннэ туох эрэ баар, олох син биир салҕанар, улуу улахан айыллыы иһигэр сылдьабыт диэн этинэн-сиининэн, кутунан-сүрүнэн билэн, онтон тирэҕирэн итэҕэллээх буолар.
Билигин олорор олохпутугар тас күүс аһара улахан оруолу ылар буолла. Ол аата тас эйгэҕэ күүһүрбүт-кыаҕырбыт, холобур, элбэх үптэммит-харчыламмыт, элбэх ситиһиилэммит киһи кыахтаах буолан көстөр. Өйө-санаата ситэ илик эдэр дьону оннук сыаннастарга иитии күүскэ барар.
Оттон атын өттүттэн ылан көрдөххө, киһи тэҥинэн үптэнэн-харчыланан олороро туох куһаҕаннаах буолуоҕай?! Онно дьэ ортотун буларга ымсыы быһыыны өйдөөн-дьүүллээн көрүөхтээхпит. Ымсыы. Иҥсэлээх киһи туохха да ис буолбат, онтуттан бэйэтэ эрэйдэнэр. Кырдьык, ымсыы киһи ким эмэ ордук буоллаҕына хайдах холкутук ылыныай?!
Дьэ ити! Туох баар куһаҕан кэмэлдьилэртэн киһи бэйэтэ уонна чугас дьоно эрэйдэнэр. Өбүгэбит ону дьэҥкэтик билэр этэ. Ол иһин холку, киэҥ туруктааҕа, олоххо дьоллоох буоларга мэһэй буолар куһаҕан кэмэлдьилэри иһигэр киллэрбэтэ, бэйэтигэр чугаһаппата.
Сирдээҕи олоҕу сахалар мутугунан быраҕар муҥур үйэ диэн этэллэр. Ол аата бэрт түргэнник бүтэр, ааһар диэн өйдөбүллээх. Өбүгэлэрбит өлүү кэнниттэн кэлэр олоҕу баарын-суоҕун, хайдаҕын-тугун оҥорон көрөн быһаара сатаабат этилэр. Кырдьык, айылҕа хас биирдии киһи өлүүнү тус бэйэтэ көрсөн билэр-көрөр, соҕотоҕун ааһар, ылынар гына оҥорбут. Атын киһиттэн ону чопчу диэн билэр кыахпыт суох.
Bepul matn qismi tugad.