Kitobni o'qish: «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат»
КИМ ДА УМНУЛЛУБАТ, ТУОХ ДА УМНУЛЛУБАТ
(Аан тыл)
И радости и рана на сердце открытом…
В день славной Победы звучит, как набат:
«Никто не забыт и ничто не забыто!»
Потомками верных Отчизне солдат.
............................................................
Под грохот орудий голодною смертью,
В блокадном кольце умирал Ленинград…
И пепел Хатыни обугленной твердью,
В нас гневом и болью все годы подряд…
Ольга Берггольц. «Никто не забыт, ничто не забыто!»
Бу ыар нүһэр ис хоһоонноох айымньы тыллара 1959 сыллаахха блокада сиэртибэлэрэ кистэммит Пискаревтааҕы кылабыыһа мемориальнай истиэнэтигэр сурулларга ананан айыллыбыта. Онтон ыла Ольга Берггольц өйгө хатанан хаалар кынаттаах тыллара Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ олохторун толук уурбуттары кэриэстиир мэҥэ өйдөбүнньүктэргэ, мемориалларга, суруйууларга үйэлээх луоһун быһыытынан киэҥник туттуллар. «Ставшие крылатыми слова «Никто не забыт, ничто не забыто» являются для нас незыблемым нравственным законом, мерилом всего общественного бытия», – диэн Татарстан бэрэсидьиэнэ Р.Минниханов сиэрдээх тылларын кытары сөбүлэспэт буолуохха сатаммат.
Тоҕо бу үс түһүмэҕинэн – 2001, 2005 сыллардаахха бэчээттэммит уонна Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө тахсар – хомуурунньуктар «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн уопсай ааттаахтарын кылгастык быһаарар сөптөөх. Бастатан туран, улуу дойду хотугу киин куоратынан ааттанар Ленинград (билиҥҥи Санкт-Петербург) олохтоохторо сэрии сылларыгар түбэспит иэдээннээх балаһыанньалара ыраах хоту тыылга баар Саха сирин дьонун ол кэмнэрдээҕи алдьархайыгар атылыы. 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн 1944 сыл тохсунньутун 27 чыыһылатыгар диэри, ол аата 872 күннээх фашист сэриитин уот уобуруччутугар хам ылларан төгүрүйтэрэн олорон, Ленинград нэһилиэнньэтин аҥаарыгар чугаһыыр киһитин сүтэрбитэ диэн суруллар. Өстөөх төгүрүктээһинин иннинэ куорат нэһилиэнньэтэ 2,9 мөлүйүөн кэриҥэ этэ дииллэр. Араас ааҕыынан блокада сиэртибэтэ 600 тыһыынчаттан 1,5 мөл. диэри халбаҥныыр. Эргиччи артиллерия ытыытын, буомба түһүүтүн анныгар олорбут куорат олохтоохторун 97% аччыктаан, хоргуйан өлбүтүн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр (Ол иһигэр куорат көмүскэлигэр өлбүт саха байыастарыттан ураты Саха сириттэн театр студиятыгар үөрэнэ тиийбит труппа үгүс ыччаттара). 3% буомба, снаряд дэлби тэбиититтэн, дьиэ умайыытыгар, сууллуутугар түбэһэн күн сириттэн сүппүттэр эбит. Үлэлэрин тохтоппокко дьүккүһэ сылдьар оробуочайдарга 250 гр, сулууспалаахтарга, кыаммат-кырдьаҕас дьоҥҥо, оҕолорго 125 гр эрэ мөлтөх хаачыстыбалаах булкаас килиэп көрүллэрэ. Бу блокада күчүмэҕэйдэрин, трагедиятын туһунан киэҥник үөрэтиллибитэ, сырдатыллыбыта, кинигэлэр, уус-уран айымньылар суруллубуттара, киинэлэр оҥоһуллубуттара. Сэрии алдьархайа, хайдах сыананан өстөөхтөн көмүскэнии буолбутун, кыайыы кэлбитин кэлиҥҥи көлүөнэлэр билэллэригэр, сыаналыылларыгар ол хайаан даҕаны наадалаах.
Оттон сэрии уотун анныгар, оккупацияҕа түбэспит Белоруссия, Украина, Арассыыйа уобластарыттан кый ыраах баар Саха сирэ сэриилэһэр армияҕа, үлэ фронугар мобилизацияламмыт, кыргыс хонуутугар өлбүт-сүппүт эр дьонун ахсаана олус элбэх. Онтон тыа сиригэр холкуоска дохуота суох кэриэтэ үлэлии сылдьан, сут-кураан, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы содулугар олохтон туораабыт дьахталларын, кырдьаҕаһын-кыамматын, оҕотун ахсаанынан, бырыһыанынан таһааран тэҥнээтэххэ, уопсай сүтүгэ Россия, урукку Союз, бэл, белорустар сүтүктэриттэн таһыччы. Ол хомолтолоох, кутурҕаннаах устуоруйа чахчытын туһунан, сэбиэскэй кэмҥэ суруллара-этиллэрэ бобуулааҕын быһыытынан, киэҥ эйгэҕэ, бэл өрөспүүбүлүкэ иһигэр биллибэт, сырдатыллыбат этэ. Ону тэҥэ хамнаһа суох, сэрии сылларыгар аһыылларыгар даҕаны дохуот ылбат тыа сирин нэһилиэнньэтэ, сүрүннээн, нолуогу төлүүр кыаҕа суох буолан, суукка бэриллэн буруйданыыта олус маассабайа Илья Винокуров оҥотторбут «Справка об естественном движении населения Якутской АССР» диэн докумуонуттан көстөр. 1940 сылтан 1945 сыл саҕаланыытыгар диэри суукка 67643 киһи бэриллибититтэн 53938-һа суут уурааҕынан буруйга түбэспит. Ол дьон баһыйар үгүстэрэ «Дальстрой» лааҕырдарыгар көмүс, уран рудниктарыгар үлэлии сылдьан тыыннара быстыбыта. Бу турар-турбат дьоннорун барытын кэриэтэ фроҥҥа атаарбыт, кинилэр оннуларыгар холкуос күүстээх үлэтигэр хаалбыт кырдьаҕас-кыаммат, оҕо-дьахтар састааптаах тыа сирин нэһилиэнньэтигэр олус баттыгастаах сыһыаны сырдатар матырыйааллар Кыайыы хайдахтаах ыар толугунан кэлбитин, саха норуотун кыайыыга омук быһыытынан имири эстэ сыһан туран киллэрбит кылаатын билиҥҥи көлүөнэлэр билэллэрэ, сыаналыыллара ирдэнэр.
Үрүҥ күн анныгар икки атахтаахха олох биирдэ бэриллэр. Киһи барахсан «мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр» Аан Чэлбэр Айылҕа айбыт тыынар тыыннааҕын көрүҥүн, биир харамайын быһыытынан удьуорун ууһатан-тэнитэн бэйэтин кэнниттэн хаалларыахтаах. Киһи буолан төрөөбүт аналын быһыытынан өбүгэ үгэһин, дьон аймах сиэрин-майгытын, нуорматын-сокуонун тутуһан, үлэлээн-хамсаан, оҕо төрөтөн, иитэн-аһатан киһи-хара оҥорон, сиэннэрин көрсөн, таптаан, үөрэн-хомойон олорон ааһар. Хас биирдии киһи атыттартан уратылаах, туохха эмэ дьоҕурдаах, кини бэйэтэ эрэ олорор, киминэн да хатыламмат туспа дьылҕалаах. Дэлэҕэ даҕаны, киһи аймах өркөн өйдөөхтөрө бу курдук бэргэнник этэн кэбистэхтэрэ: «Хас биирдии киһи – туспа куйаар, хас киһи мэҥэ тааһын анныгар – бүтүн аан дойду устуоруйата көмүллэн сытар», – диэн. Ол да иһин, былыр-былыргыттан киһи тыынын быһыы, өлөргө-сүтэргэ тириэрдии, күһэйии ыартан ыар буруйунан, хараҥа аньыынан ааҕыллара. Айылҕа алдьархайынааҕар ордук баһархай иэдээни аҕалар сэрииттэн киһи аймах этэ салаһыан салаһар.
Үгүс сэриини, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүт эрэйдээх-буруйдаах Арассыыйа, урукку ССРС диэн ааттанар улуу дойду бары норуоттара Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар нацизм, фашизм адьырҕаларын утары хабыр хапсыыга 27 мөлүйүөнтэн тахса хаан уруу, күндү дьоннорун сүтэрбиттэрэ. Бу – тугунан да кыайан кэмнэммэт, хаһан да төннүбэт ыар сүтүк, оспот баас, демография алдьархайа. Сэрии саҕанааҕы сүтүк демографическай дуораана күн бүгүҥҥэ диэри биллэ, саната турар. Ол содула ордук аҕыйах ахсааннаах норуоттарга, чуолаан, саха омукка ордук дьайыылаах. Маныаха сыһыаннаан биир умнуллубат түгэни санатыахпын баҕарабын. 2015 сыллаахха Литература сылыгар Кыһыл болуоссакка аан маҥнайгы кинигэ фестивала тэриллибитэ. Тэрийээччилэр – Арассыыйа кинигэтин кыһаларын ассоциацията, Арассыыйа бэчээтин уонна маассабай коммуникацияларга агентствота – былааннаан оҥорууларынан Улуу Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.Путин арыаллыыр дьонунаан кинигэ павильоннарын көрүүлэрин биһиги, саха кинигэтин кыһатын, дойду регионнарын биир бастыҥ үлэлээх кыһатын истиэндэтиттэн саҕалыахтаахтара. Кэтэһэн долгуйан аҕай турдахпытына, утары Кириэмил эркиниттэн тахсан бу тиийэн кэллилэр. Арыаллааччылара, суруналыыстар элбэхтэрэ сүрдээх, видеоҕа, хаартыскаҕа түһэрэн сырдырҕатыы бөҕөлөр. Аҕа баһылык судаарыстыбаннай дьыалалартан ситэ аралдьыйа илигэ көстөр. Аны Арассыыйа кинигэлэрин кыһаларын быыстапката диэн, барыта кэриэтэ сахалыы кинигэни килэччи тардан турар, түөрт үлэһит бары азиат көрүҥнээх дьоҥҥо аҕалбыттарыттан хайдах эрэ тугу кэпсэтиэн билбэтэхтии арыый соһуйа, атыҥырыы быһыытыйбытын сэрэйдибит. А.В. Егоров тоҕо-хоро кэпсээн, кинигэлэри билиһиннэрэн барбытыгар, өскүөрүтүн, сэҥээрбитэ буолара таһыттан биллэр. Онтон өй ылан, Улуу Кыайыыга анаан тахсыбыт альбому үҥүлүттүбүт. Фроҥҥа Саха сириттэн 62 тыһ. тахса киһи барбыта, аҥаардара төннүбэтэҕэ, бааһыран кэлэн уһаабатахтара диэн, снайпердарбыт эҥин туһунан аҕыйах тылынан билиһиннэрдибит. Дойду баһылыга альбому ылан арыйталаан көрө, ыйыталаһа туран, сирэйэ-хараҕа дьэ сымнаан барда. «Адьас бэйэбит дьоммут эбит, сахалар сэриигэ улахан патриотизмнарын көрдөрбүттэр эбит» диэн бэркиһии-сөҕө истэн быдан чугастык ылыммытын үөрэ көрдүбүт. Владимир Владимирович чахчы сэҥээрэн хас да ыйытыы биэрдэ. Онтон Август Васильевиһы санныттан кууһан туран: «Молодцы!» – диэн хайҕаата. Онтон ыла биһиги, сахалар, дойду туһугар улахан сиэртибэни биэрбиппитин кистии-саба сатыа суохтаахпыт, төттөрүтүн бу Арассыыйа судаарыстыбатын туһугар мэлдьэһиллибэт үтүөбүтүн-өҥөбүтүн киэҥник биллэриэхтээхпит диэн өйдөбүл өссө бигэргээбитэ.
Бу ыарахан, уустук тиэмэҕэ тоҕо ылсан үлэлэспити эмиэ быһаара түһэр оруннаах. Аан дойду үрдүнэн айылҕа ресурсата аҕыйаан, арҕааҥҥы улуу дойдулар араас сылтаҕынан сир баайдаах дойдулары хонтуруолга ылар, аһаҕастык сэриилээн киирэр, ис бэлиитикэлэригэр орооһон, итэҕэлинэн, омугунан хайытан иириһиннэрэн ас-таҥас таһаарынаары улахан сэриини төлө тардар кутталлара улаатан иһэр. Онуоха үп-харчы кириисиһэ күүһүрэн, ас-үөл кырыымчыгырар куттала эмиэ ааспат. Саха сиригэр сир, сири туһаныы боппуруоһун дириҥник хорутан үөрэппит профессор Георгий Башарин, норуот суруйааччыта Софрон Данилов, репрессия, сэрии тиэмэтигэр күүскэ үлэлээбит Дмитрий Кустуров, о.д.а. саха ытык дьонноро сэрии, сут-кураан сылларынааҕы дьон сутааһынын илэ харахтарынан, эт кулҕаахтарынан көрөн-истэн саха норуота тыыннаах буолар үрүҥ тыынын өллөйө сүөһүнү-сылгыны эһиэ суохтаах, сиир бурдугу ыһыныахтаах диэн элбэхтэ суруйбуттара. Сир түннүгэ ытык кырдьаҕас Максим Сибиряков Саха сирэ, ордук илин, киин, Бүлүү эҥээрдэр цикл эргииринэн кэлэ турар улахан курааннартан, уу суттартан мэлдьи оҕустаралларын, онуоха эрдэттэн сэрэниэххэ, бэлэмнэниэххэ наадатын туһунан үгүстүк санатар.
Ааспыт сэрии сылларыгар аҕа көлүөнэ дьоммут, былыргы дьон чээрэлэрэ буолан, улуу тулуурдарынан, үлэһиттэринэн, сатабылларынан, олоххо тардыһыылара, дьулуурдара күүһүнэн саха омук имири эстэр, генофона быстар кутталыттан быыһаабыттара. Оннооҕор айылҕа оҕото кыыл барахсан, уһун кыһыҥҥа хасааһа суох хааллаҕына, өлөргө-сүтэргэ барар. Өлүөхүмэ Тээнэтин олохтооҕо, табаһыт, булчут П.Е. Алексеев дьикти кэпсээнэ «Кыымҥа» (05.06.2008) бу курдук тахсан турар: «Моҕотой ис-иһиттэн улаханнык эҥсэн ытыырын мин хаста да истэн, илэ харахпынан көрөн турабын. Аны бу ытаан сордонон баран кыра ачаахтаах талаҕы, маһы булан, бүтэһигэр бэйэтигэр тиийинэн, моҥнон өлөр. Биричиинэтэ – кини уһун кыһыны туоруур аһын, сайыны быһа мунньан муҥнаммыт хаһааһын эһэ эбэтэр солоҥдо булан сиэн-аһаан, ордугун ыһан-тоҕон кэбиспититтэн буолар. Моҕотой салгыы олорор кыаҕа суоҕун билэн, итинник кытаанах быһаарыныыны ылынар», – диэн кэпсээбитин суруналыыс И.Неустроев бэчээттэппитэ. Оттон биһиги олохтон барбыт эбэлэрбит-эһэлэрбит, төрөппүттэрбит, билигин баар тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылын оҕолоро хайдахтаах инчэҕэй эттээх кыайан тулуйбат үлүгэрин, хотоҥҥо сүөһү бааллан турдаҕына, маҥхааһайга эт-балык, бурдук симиллэн сыттаҕына, сокуонунан көрүллэр дохуоттарын суотугар, сатаатар, күөх үүтү, бурдук атаҕын ылбакка, кэтэх сүөһүлэрин идэһэлэммэккэ, хоргуйан өлүү-сүтүү тахсарын эттэринэн-хаанарынан билэн-көрөн, төһөлөөх улуу тулуурунан, кыайыы туһугар дьулуурунан, инники көлүөнэлэр кэскиллэрин туһугар туруулаһан ордон, омугу салгыы ууһатар, олоҕу салгыыр кыаҕы биэрбиттэрэ – улууканнаах хорсун быһыы, туохха да тэҥэ суох героизмы көрдөрүүлэрэ кэлиҥҥи көлүөнэлэргэ холобур буолуохтаах. Уонна сэрии сылларынааҕы иэдээн: мобилизацияҕа холкуоска, аймахха, ыалга иитэр-аһатар киһитэ суох гына имири хомуйан, олоччу уот сэриигэ ыытыы, хаалбыт иитимньилэригэр, хаалынньаҥнарыгар харысхала суох сыһыан, дьон олоҕунааҕар үөһэттэн ирдэбили – былаан, отчуот туолуутун өрө тутуу – оччотооҕу үрдүкү, орто, алын салайааччылар алҕастара, аһыныгаһа суох быһыылара, төһө даҕаны байыаннай балаһыанньа кытаанаҕын иһин, сиэри таһынан толоругастара – кэлэр кэмҥэ, бүгүҥҥү олоххо бары таһымнаах салайааччыларга хомолтолоох уруок, суостаах сэрэтии. Салайааччы дьонун-сэргэтин иннигэр сүгэр эппиэтинэһин хайдах да көлбөрүтүммэт. Төһө да кэм аастын – син биир бар дьон, устуоруйа, бүтүн омук иннигэр кырдьыктаах дьүүлтэн кыайан куоппат. Бар дьон куоластаан талбыт салайааччыта өссө сүүс бүк тус эппиэтинэстээх. Онуоха Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Илья Винокуров, Гавриил Чиряев, Михаил Николаев чыпчаал холобурдара, бар дьон эрэлэ-итэҕэлэ эбээһинэстиир.
Бу хомуурунньукка, ордук итэҕэтиилээх буоларын туһугар, урут бэчээккэ, кинигэҕэ-хаһыакка тахсыбыт матырыйааллар түмүллэн киирдилэр. Кинигэ кээмэйэ кырыымчыгынан үгүс суруйуу кылгатыллан бэрилиннэ. Араас докумуон, чахчылар, дааннайдар мунньуллууларыгар ис сүрэхтэриттэн көмөлөспүт үтүө дьоҥҥо: СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Степановна Степановаҕа, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессорыгар, устуоруйа билимин хандьыдаата Саассылана Иннокентьевна Сивцеваҕа, СӨ Национальнай библиотекатын үлэһитэ, сүрүн библиограба, кыраайы үөрэтээччитэ Валентина Николаевна Павловаҕа, бу темаҕа бэчээккэ элбэхтэ суруйбут билигин биһиги ортобутугар суох кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Василий Львович Алексеевка, кинигэ бэчээккэ бэлэмнэнэригэр көмөлөспүт Светлана Васильевна Татарниковаҕа, о.д.а. дириҥ махталлаахпын.
Саха сирин устуоруйатын саҥардан, билиҥҥи билим үрдэлиттэн көрөн суруйа, бэлэмнии сылдьар билим үлэһиттэригэр бу үс түһүмэхтээх хомуурунньук матырыйаала ханнык эмэ көмө-тирэх буоллаҕына, кинигэ сыалын-соругун сиппитинэн ааҕыллыа этэ. Эдэр чинчийээччилэр бу өссө даҕаны дириҥник, кэлимник чинчиллэ илик тиэмэҕэ ылсыһыахтарыгар экчи эрэнэбит. Бар дьону, биир дойдулаахтарын быыһаабыт, күн-ый буолбут араас таһымнаах салайааччылар, аһыныгас сүрэхтээх үтүө, көннөрү дьон барахсаттар, туох да буруйа-аньыыта суох, кыайыы, дойду, дьон туһа диэн үлэлии сылдьан, иитинэрэ-аһыыра суох буолан, олохтон маппыт тыа дьонун сырдык кэриэстэригэр бу «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» кинигэ мэҥэ өйдөбүнньүк кэриэтэ буолан, биир дойдулаахтарыгар кинилэр ыраас суобастарын, умнуллубат ааттарын саната, үйэтитэ турдун!
Хомуйан оҥорооччу
I. ААСПЫТ КЭМ СИТЭ СЫРДАТЫЛЛЫБАТАХ КЫРДЬЫГА
Статья 3
Каждый человек имеет право на жизнь, на свободу и личную неприкосновенность.
Статья 4
Никто не должен содержаться в рабстве или в подневольном состоянии: рабство и работорговля запрещается во всех их видах.
Международный пакт о правах человека.Всеобщая декларация прав человека
КӨМҮСКЭ УУЛААХ КЫАЙЫЫ ЫАР ТОЛУГА
Киһи аймахтан 50 мөлүйүөнтэн тахса олоҕу илдьэ барбыт иэдээннээх II аан дойду сэриитин төлө тарпыт фашистыы Германияны кыайыыга урукку ССРС бары норуоттара кыттыбыттара. 90-с сыллааҕы Госкомстат дааннайынан, Сэбиэскэй Сойуус 196,7 мөл ахсааннаах нэһилиэнньэтиттэн 26,6 мөл, ол иһиттэн сэрии хонуутугар – 8 668 400 киһи тыынын толук уурбута. Кэлиҥҥи бириэмэҕэ өссө да элбэх сыыппараны аҕалаллар. Оттон аан дойду 61 судаарыстыбатын сэриигэ киллэрбит, улуу державалары барыларын кытары сэриилэспит Гитлер баһылыктаах ньиэмэс аармыйатын өлбүтүнэн сүтүгэ уопсайа (1939 сыл балаҕан ыйыттан 1945 ыам ыйын саҥатыгар диэри) 3 950 тыһыынча. Ол иһиттэн 2,6 мөл саллаат биһиги дойдубутун кытары сэриигэ өлбүтэ. Көстөрүн курдук, адьырҕа нацист сэрииһиттэрин арҕаһын тоһутуу сүрүн ыарын сэбиэскэй норуот сүкпүтэ.
Ыраах тыылга баар Саха сирэ кыайыы туһугар ыартан ыар сүтүгү, хоромньуну көрсүбүтэ. Устуоруйа билимин дуоктара Ю.Д. Петров дааннайынан, фроҥҥа ыҥырыллыбыт 62 243 киһиттэн 1941, 1942 сыллардааҕы бастакы хомуурга туһааннааҕынан 16964; 21 449 киһи ыҥырыллыбыт. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ тас өртүттэн 2 тыһ. тахса саха кыргыс хонуутугар барбыт. Үлэ фронугар 3042 киһи кыттыбыт. 1945 сыл бэс ыйыттан 1947 кулун тутарыгар диэри 12 тыһ. төннүбүт. Оттон 1941 сылга диэри бааһыран сэрии хонуутуттан төннүбүт 3754 саллаат баара. Ол аата сэрииттэн төннүбүттэр уопсай ахсааннара 15754 киһи буоллаҕына, 40 тыһ. тахса киһи өлбүт, сураҕа суох сүппүт диэн учуонай ааҕар. Ол эрээри кэлиҥҥи чопчулааһынынан, өрөспүүбүлүкэттэн ыҥырыллыбыт нуучча, атын омук дьоно төһөлөрө эрэ киин куораттарга, уобаластарга хаалбыт. Кини 1939 сыл тохсунньутугар диэри тыа сиригэр 300 тахса тыһ. ахсааннаах нэһилиэнньэттэн 89,5 тыһ. фроҥҥа баран, тыылга сутаан, хоргуйан, ыалдьан өлбүтүттэн, 45 тыһыынчата бэттэх тыына быстыбыт диир. Ити сыыппараттан сылын аайы кырдьан, ыалдьан өлөөччү киһи ахсаанын көҕүрэттэххэ, сутаан, ыалдьан өлбүттэр ахсааннара тахсар.
1941—1944 сс. Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, кэлин өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан үлэлээбит С.З. Борисов «Алмазы и вожди» 2000 сыллаахха тахсыбыт кинигэтигэр оччотооҕу дьулаан алдьархай туһунан бу курдук ахтан суруйбута: «…Ведь прошедшая Отечественная война принесла якутянам очень много горя. Вкратце расскажу о том, что мне самому пришлось наблюдать и пережить в эти суровые годы.
С 1941 по 1944 годы я работал заместителем председателя Совнаркома ЯАССР. Что касается условий существования якутян, то это был жуткий период. Крепкие мужчины ушли воевать, и вся тяжелая работа легла на плечи стариков, женщин и подростков. А тут еще ежегодные напасти – засуха, лесные пожары и прожорливая саранча. В одно время прекратился завоз продуктов с «материка». От недоедания, истощения умирало много людей. До сих пор перед моими глазами стоят изможденные лица, тянущиеся за подаянием руки. Как-то зимой приехал в одно село. Около животноводческой фермы на снегу лежали десятки трупов людей, умерших от голода…
…И все-таки голод в Якутии в те годы собрал большую жатву. Согласно официальным данным, голодной смертью умерло около сорока тысяч якутян, то есть почти столько же, сколько погибло их на полях сражений.
Такими вот последствиями для моей республики обернулась Великая Отечественная война. И разве могли мы равнодушно смотреть на то, как готовятся к войне другие и ждать, когда они вновь застанут нас врасплох? Вот для чего в первую очередь нужно было много алмазов» …
Арассыыйа географиятын уопсастыбатын бочуоттаах чилиэнэ, РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, дойду, аан дойдутааҕы, СӨ НА академиктара, профессор М.К. Гаврилова «Мое поколение с обожженными крыльями» диэн 2007 с. тахсыбыт ахтыы кинигэтигэр сэрии алдьархайын маннык бэлиэтээбит эбит: «Голод в Якутии в военное время сильно подорвал численность якутского народа. По предварительной прикидке, в Якутии от голода во время войны умерло примерно 69 тысяч человек, т.е. даже больше, чем было призвано в армию. Таким образом, потеря людей в тылу была почти в два раза больше погибших на фронте. Если по переписи 1939 г. численность якутов была 413 115 человек, то в послевоенные годы она уменьшилась до 300 тысяч, или снизилась более чем на 100 тысяч. И лишь в последние годы, т.е. через полстолетия, она достигла довоенного уровня. Считается, что в Белоруссии, где шли жаркие бои в Великую Отечественную войну, погиб каждый четвертый житель. Но у нас это же произошло в далекой от фронта Якутии…
Рождаемость в Якутии во время войны, естественно, снизилась в три раза. Но велика была смертность и среди родившихся детей. Так, до 1944 г. в возрасте до 5 лет умерло 45,5% детей, при этом среди них до 1 года – 54,3%. Я помню, что смерть грудных детей в знакомых мне семьях была тогда довольно обычной, всё это воспринималось как естественное и не вызывало больших эмоций…
Впервые фамилию Степаненко (обком I секретара. – В.Л.) я услышала в 1942 г. от жившей в нашем доме учительницы Е.Д. Прокопьевой. Она часто рассказывала о своем избалованном ученике начальных классов Вове Степаненко, сыне большого человека. «Я сказала его матери, – говорила она, – чтобы она не давала ему в школу роскошных завтраков. Все дети собираются вокруг него и глотают слюни. Валентина Мефодьевна была, конечно, недовольна. Но все-таки завтраки стали скромнее».
Саха сиригэр 1938—1939 сыллартан кураан сута саҕаланан, кэлин салалта холбоһуктааһыны күүскэ ыытан, кэтэх сүөһүнү эһэн, алдьархай эбии мэҥэһик дириҥээбит. Өскөтүн ССРС үрдүнэн сэрии сылларыгар хас сэттис—ахсыс киһи өлбүт-сүппүт буоллаҕына, түгэх тыылга тыйыс килиимэттээх хотугу сиргэ олорор Саха сирэ хас үһүс киһитин сүтэрбит алдьархайыттан айманан, оччотооҕу саха бастыҥ дьоно, интэлигиэнсийэтэ, биирдиилээн да буоллар, киин былааска баар балаһыанньаны биллэрэ, суруйа сатаабыттар. Ол курдук профессордар И.М. Романов, А.Е. Мординов бырабыыталастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.Е. Винокуров өрөспүүбүлүкэ уонна дойду салалтатыгар үөскээбит ыар балаһыанньаттан тыа сирин нэһилиэнньэтин быыһыырга сурук ыыталаабыттара. Суруйааччылар Ф.Г. Винокуров-Даадар, Н.Н. Павлов-Тыаһыт кырдьыгы эппиттэрин иһин сэбиэскэй былааһы баһааҕырдыыга буруйданан хаайыллыбыттара. Хоргуйуу тиэмэтин чинчийиини суруналыыстар Д.В. Кустуров, Н.И. Максимов, устуоруйа билимин дуоктара Е.Е. Алексеев, экономист Х.Н. Дьяконов маҥнайгынан сырдаппыттара, бэчээтинэн, радионан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара.
Саха сирин хас оройуонун, холкуоһун аайы сутааһын тахсыбыта. Ол үрдүнэн нэһилиэнньэ нолуоктары таһынан күһэлэҥ аҥаардаах заемҥа суруттаран, оборуона фондатыгар итии таҥас, көмүс мал-сал, киэргэл, итии таҥас туттаран, «Советская Якутия» тааҥка холуонната, самолет эскадрильята тутулларыгар харчы сиэртибэлээн көмөлөспүтэ. Барыта 37,8 мөл харчы хомуллубута. 50 тыһ. ат аҥаардас киин оройуоннартан кавалерияҕа, артиллерияҕа, таһаҕас таһыытыгар ыытыллыбыта, онуоха эбии 27 тыһ. норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ көмөҕө, 19 466 ат көмүс хостооһунугар үлэҕэ босхо бэриллибитэ. Устуорук В.И. Пестерев даннайынан, 50 тыһ. тиийэ сылгы сэриилэһэр аармыйаҕа, үлэ фронугар, промышленноска Саха сириттэн ыытыллыбыт. Ол содулугар кураантан ото суох көнньүнэн охтубут ынах сүөһү оннугар, сатаатар, сылгыларын этиттэн дохуот ылыахтаах, көлүнэр ата суох буолан оҕуһу кытары ынаҕы көлүүр оҥостубут холкуостаахтар муҥнаахтар өлүүлэрэ, араас нолуокка, кыһалаҥ заемҥа төлүүрдэрэ суох буолан суукка бэриллиилэрэ, буруйга түбэһиилэрэ ордук улааппыта. Аҥаардас байыаннай нолуок 300 солк. эбит, ону харчынан хамнас ылбат, төлөбүргэ ылыахтаах дохуота да суох, босхо икки хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлиир, кэтэххэ 1 ынах, 1 кыра сүөһү эрэ нэһиилэ көҥүллэммит, үлэни-хамнаһы кыайар дьоно фроҥҥа ньимси хомуллубут тыа сирин олохтоохторо туохтарынан төлүөхтэрэй?! Ол да иһин, норуотун имири эстэртэн өрүһүйбүт күн санаалаах Илья Винокуров оҥотторбут «Справка о естественном движении населения ЯАССР» (СР Национальнай архыыбын филиала, 3 ф., 71 оп., 81 дь., 58 л.) диэн докумуонугар 1940—1941 сылларга суукка дьыалалара түһэриллибиттэр, хаайыыга бириигэбэрдэммиттэр ахсааннара туһааннааҕынан 67 643 уонна 53 938 сыыппараҕа тиийбит. Бу маннык аҕаларын, уолаттарын, убайдарын фроҥҥа бүтүннүү кэриэтэ ыыппыт, кыайыы туһугар туох да төлөбүрэ суох, бэл, айахтарыгар да аһыыллара быстыбыт кырдьаҕастарга, дьахталларга, кыраларга-кыамматтарга хайдахтаах аһыныгаһа суох сыһыаны, террорга тэҥнээх түүрэйдээһини, буруйга-сэмэҕэ анньыыны – илэ өйүнэн киһи кыайан өйдөөбөт иэдээнэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити сылларга 71 080 өлбүтүттэн тыа сиригэр – 52 473. Дьэ, итинник кутурҕаннаах, киһи хараастар статистиката…
Е.Е. Алексеев кытаанах кырдьыгы арыйан суруйуутун киһи харааста ааҕар: «С точки зрения фактической и эмоциональной стороны о состоянии голодного погибающего народа у руководящего состава республики было достаточно материала, сигнала, донесений, докладных. Много было и судебного материала. Прокурор республики И.С. Елисейчев при обсуждении вопроса об ошибках обкома партии на VIII пленуме партии в конце мая 1943 г. привел такие факты: в прокуратуре республики было представлено на санкцию для ареста 182 председателя колхоза, из которых прокуратура дала согласие на арест 102. В Вилюйском районе «одного председателя посадили и выдвинули второго, но вместо помощи опять просили санкцию нашего о предании к суду». В Амгинском районе одним решением просили санкционировать, отдать под суд сразу четверых председателей. В Таттинском районе в первом квартале 1943 г. отданы под суд 41 животновода. А руководители говорят, что это мало» (1.37). Сколько людей было осуждено без санкции судей и прокуратуры?!
И эта карательная политика поощрялась обкомом партии и представителем КПК при ЦК ВКП(б). Секретарь Усть-Алданского райкома партии на том же пленуме говорил: «Когда на обкоме ВКП(б) заслушивали доклады районных работников, то обычно спрашивали, что же предпринято по отношению тех или иных людей, допустивших падеж скота, забой и т.д. Когда следовал ответ, что такой же отдан под суд, такой то снят с работы, то среди членов бюро обкома партии наступило явное удовлетворение. Это ориентировало нас, районных работников, на то, чтобы принимать самые строгие меры, вплоть до массового снятия с работы председателей колхозов…»
Ити курдук туох да дохуота, хамнаһа суох холкуостаахтар муҥнаахтар уонунан ахсааннаах араас нолуогу төлүөхтээхтэр этэ. Дьиҥинэн, тыа сирин бары ыалларын аҕаларын, уолаттарын бастакы хомуурга имири хомуйан баран, дойду үрдүнэн Кыһыл Аармыйаҕа сэриилэһэ сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллуохтаах нолуокка чэпчэтиилэри, босуобуйа көмөнү Саха сирин оччотооҕу кэмин салалтата тыа сирин нэһилиэнньэтигэр оҥотторботоҕун кэриэтэ быһыылаах эбит. Нолуоктарын иэһин суотугар диэн ааттаан, сэриигэ барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин, фроҥҥа өлбүттэр тулаайахтарын соҕотох ынахтарын тутан ылан өлөр өлүүгэ өйдүү-өйдүү анньыы, эбэтэр төлөөбөтөх буруйдарыгар диэн суукка биэрэн хаайыыга ыытыы курдук ыар аньыылаах дьайыы оччотооҕуга күннээҕи баар балаһыанньа эбит. Итинник киһи сатаан санаатыгар батарбат ыартан ыар балаһыанньатын туоһулуур Ньурба хорсун киһитин иһитиннэриитэ архыыпка хараллан сытар холобурун аҕалабыт.
Тыаһыт 1942 с. алтынньы 1 күнүгэр силиэстийэҕэ биэрбит көрдөрүүтүгэр (Н.З. Копырин бэчээккэ архыыптан киллэриитэ) илэ бааччы түбүлээбит иэдээн туһунан бу курдук этээхтээбит: … «Правильное решение крестьянского вопроса, как говорил Ленин, есть правильное решение национального вопроса. Раз крестьянский вопрос решается неверно, раз национальный доход Якутской республики из года в год все уменьшается, то как быть носителю этого национального дохода – якуту-крестьянину? Подобные рассуждения привели меня, и не могли не привести в то убеждение, что якуты, как национальное целое, стоят на краю гибели. И действительно, в годы 40-й, 41-й, 42-й колхозники Чурапчинского, Горного, Кобяйского, Мегино-Кангаласского, Усть-Алданского районов умирали от голода; такое, скажем, вымирание приняло массовый характер, это всем хорошо известно. А между тем руководители якутских партийных и советских организаций и учреждений на это смотрели сквозь пальцы. И если в самые последние дни, летом 1942 года якутское правительство сочло нужным улучшить положение чурапчинцев – и то вышло наоборот, «первый блин с комом». Чурапчинцев перевели в Булунский, Жиганский и Кобяйский районы на охоту и в рыболовы, т.е. земледельцев и скотоводов перевели в охотники! Это ли правильное решение национального вопроса?.. Эти эксцессы, которые подорвали мои надежды на то, что Советская власть, вернее, коммунисты правильно решают национальный вопрос…(Мин бэлиэтээһиним. – Хомуйан оҥорооччу)
Я подробности своей речи хорошо не помню. Скажу то, что помню: Во времена исторических катастроф (имел ввиду войну) судьбы карликовых национальностей решались всегда одинаково – они были сметены с карты мира. Потому якутские писатели… и якутские интеллигенты должны работать единодушно, не разобщаться, не враждовать, как это у нас было. Нас мало, великие нации могут нас поглотить. О направлении же этой совместной деятельности ничего определенного сказано не было …»
Сэрии хонуутугар, тыылга эмсэҕэлэммэтэх дьиэ кэргэн сахаҕа суоҕун кэриэтэ. Чопчу холобурдары аҕыннахха, төрөөбүт нэһилиэкпиттэн, Таатта Баайаҕатыттан, балтараа сүүс дьон талыыта фроҥҥа аттаммытыттан аҥаардара кыргыс толоонугар хаалбыта. Ол иһигэр биир дьиэ кэргэнтэн Хобороос Малгина уолаттара – биэс бырааттыы Малгиннар уонна күтүөттэрэ. Аҥаардас, бэйэм аймахтарбыттан холобурдуур буоллахха: 11 оҕолоох Х.Р. Луковцев дьиэ кэргэниттэн биир уол Иван Украинаны босхолоһо сылдьан сэрии хонуутугар охтубута. Иккис уол, аҕам Николай, төрөппүттэрин сүтэрэн тулаайах хаалбыт кыраларын хаалларан Илиҥҥи фроҥҥа дьоппуоннары кытары сэриигэ доруобуйатын сүтэрэн эргиллибитэ. Дьоно аах отутус сыллар бүтүүлэриттэн бүрүүкээбит сут-кураан тэбиитигэр хоргуйан, ыалдьан тыыннара быстыбыта. Улахан дьиэ кэргэнтэн ордубут СӨ үтүөлээх учуутала, Өлүөхүмэ улууһун бочуоттаах олохтооҕо Х.Х. Луковцев ахтыытынан, нолуок иэһин суотугар диэн соҕотох ынахтарын туура тутан барыахтарыттан быста иэдэйбиттэр, икки кыра уол, биир кыыс эрэ детдомҥа иитиллэн, аһыныгас ыалларыгар сыстан тыыннаах ордубуттар. Оттон Уус Алдаҥҥа олорор иним Станислав кэргэнэ Александра Николаевна эһэтин Дьөгүөр бииргэ төрөөбүттэрэ, сэттэ бырааттыы Румянцевтар, бары сэрии хомууругар хабыллыбыттара. Кинилэртэн олус үчүгэй куоластаах ырыаһыт-тойуксут, артыыс талааннаах буолан Ойуунускай Ньукулай диэн таптал ааттаммыт улаханнара, Ньоччуо Лэгэнтэй диэн аччыгыйдара, бэһис уол Алексей уонна иитиллибитинэн Федор Степанович Сивцев диэн аатынан сурукка киирбит алтыс уоллара төрөөбүт-үөскээбит Чагдаайыларыгар төннүбэтэхтэрэ. Икки Дьөгүөр, Киргиэлэй этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, сэриигэ ылбыт бааһырыыларыттан үйэлэрэ уһаабатар даҕаны, оҕо-уруу төрөтөн, үлэ-хамнас бөҕөнү үлэлээн ааспыттара. Онтон кэргэним Лидия аҕата Иван уонна абаҕата Лэгэнтэй Сахатаевтар Сунтаар Хаданыттан биирдэрэ үлэ фронугар, иккиһэ сэриигэ ыҥырыллан ытык иэстэрин төлөөбүттэрэ. Ийэ кынным «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах тыыл бэтэрээнэ Мотрена Петровна Семенова Тойбохой Туойдааҕар үгүс биир дойдулаахтара, саастыы оҕолоро сут кэмигэр тыыннара быстыбытын, кини дьолугар холкуоска түһээнинэн 16 сааһыгар Сунтаарга промкомбинакка үлэлии киирэн, тыыннаах орпутун хараастан кэпсиир буолара. Ити курдук сэрии ыар содулун, сут иэдээнин хас биирдии саха ыала көрсүбүтэ, үгүс оҕо төрөппүтүн, чугас дьонун сүтэрбитэ. Хас да уонунан тыһыынча эдэр-чэгиэн сэриигэ охтубут, суттан-кураантан тэптэрэн өлбүт-сүппүт хаан уруу дьоннорбут сүтүгүн демографическай дуораана билиҥҥэ диэри биллэ турар, саха норуотун ахсаана эбиллэн биэрбэт.
Улуу Кыайыы итинник сөҕүмэр сүтүгүнэн кэлбитин, ааспыт сэрии киһи өйүгэр кыайан баппат алдьархайы адаҕыппытын дьиҥ хайдах баарынан сырдатыы билигин даҕаны ситэ кыалла илик. Ол да иһин аныгы дьон-сэргэ, ордук ыччат, «сэрии, сут-кураан» диэн хара дьайдаах өйдөбүлү умна быһыытыйан эрдэҕэ.
Билиҥҥи кэмҥэ киһи саамай дьиксинэрэ – эмиэ аан дойду үрдүнэн сэриинэн тииһигирии адьыната адаҕыйан эрэр. Ньиэби, гааһы баһылаан атын дойдулары сабыдыалга киллэрэргэ, экэниэмикэлэрин, бэлиитикэлэрин барытын хонтуруоллуурга дьулуһар үөгүлүүр үптээх, халыҥ харчылаах транснациональнай эргимтэлэр саҥа сэриини төлө тардар кутталлара көрдүгэннээн тэнийэн иһэр. Бэйэлэриттэн тутулуктаах оҥороору, итэҕэлинэн, омугунан, социальнай араҥаларынан хайытан, былааһы былдьаһыннаран утарыта туруортаан, иирсээни-атааны күөртээн сэриини төлө тардан ас таһаарар баҕалаахтар.