Kitobni o'qish: «Урут бобуллубут айымньылар»

Shrift:

Аан тыл

Саха литературата, биллэрин курдук, толору көрүҥүнэн ХХ үйэ саҕаланыытыгар үөскээбитэ. Маҥнайгы суруйааччыларбыт Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Анемподист Софронов-Алампа, Николай Неустроев бэйэлэрин айымньыларыгар саха олоҕун-дьаһаҕын, оччотооҕу кэм бары кыһалҕаларын дириҥ хорутуулаахтык уонна киэҥ хабааннаахтык көрдөрбүттэрэ. Саха уратылаах өйө-санаата, толкуйа хааччахха хаайтара илик кэмигэр үлүмнэһэ үлэлээн, литературабыт көмүс кылаата буолбут бастыҥ айымньыларын суруйан хаалларбыттара. Хомойуох иһин, ити көҥүл кэм уһаабатаҕа. 1920-с сс. ортолоруттан уус-уран литератураҕа судаарыстыба уонна былаас өттүттэн кытаанах хонтуруол олохтоммута. 1925 с. бэс ыйын 18 күнүгэр тахсыбыт партия Киин кэмитиэтин «О политике партии в области художественной литературы» диэн ааттаах резолюцията уус-уран литератураҕа «күөрэйтэлиир» контрреволюционнай көстүүлэри, баайдыы санааны утары күүстээх охсуһууга ыҥырбыта. Саҥа үөдүйэн эрэр саха литературнай кириитикэтэ бу тыалга оҕустарар, классик суруйааччылар айар нэһилиэстибэлэригэр нигилистии хаҕыс сыһыан бу кэмтэн үөскүүр.

1927 с. буолбут П.В. Ксенофонтов баһылыктаах былааһы утарар хамсааһын саха интэлигиэнсийэтин, ол иһигэр суруйааччылар, үрдүлэринэн барбыта. Бу долгуҥҥа хаптаран, уопсастыба уонна култуура биллэр диэйэтэллэрэ, литератураны төрүттээбит В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, А.И. Софронов-Алампа, айымньылара «Чолбоҥҥо» бэчээттэнэн, суруйааччы быһыытынан саҥардыы биллэн эрэр Г.В. Баишев-Алтан Сарын, П.И. Оросин-Хайыкы Бүөтүр, литературнай кириитик В.Н. Леонтьев хаайыы дьоно буолбуттара. 1928 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр партия Киин кэмитиэтин «О положении в Якутской организации» уурааҕа ылыныллыбыта. Манна обком биир сүрүн алҕаһын быһыытынан националистыы санаалаах саха интэлигиэнсийэтин үрдүкү араҥатын бэйэтигэр тардыбыта ыйыллыбыта. Н.П. Канаев «Зарождение и становление литературной критики в Якутии (1925—1940 гг.)» үлэтигэр суруйар: «Теперь все, что было сказано в постановлении в отношении “верхушечной части” националистически настроенной интеллигенции, стало целиком переноситься на литературу, в частности, на оценку творчества дореволюционных писателей. …Следовательно, никакой преемственности в якутской советской литературе не должно существовать, ибо развивается она на принципе строгой пролетарской классовости. Исходя из такой узко понятой природы пролетарской литературы, якутские критики стали полностью игнорировать значение дореволюционного литературного наследия для развития якутской литературы». Ити курдук, сүүрбэһис сыллар бүтүүлэриттэн литература уонна искусство айымньыларыгар партийнай-кылаассабай сыһыан букатыннаахтык олохсуйар, «бобуулаах» суруйааччылар уонна айымньылар диэн баар буолаллар.

Саха литературатын төрүттээбит классиктар, саарбаҕа суох, баайдыы санаалаах, омугумсук көрүүлээх суруйааччылар кэккэлэригэр киллэриллибиттэрэ. Манна суруйааччылар социальнай төрүттэрэ, ханнык араҥаттан үүнэн-үөскээн тахсыбыттара кырата суох оруолу оонньообута. Ол курдук, Күлүмнүүр Дүпсүн улууһун, Өксөкүлээх убайа Оонньуулаах Уйбаан Таатта улууһун кулубата буолан үлэлээбиттэрэ, Н.Д. Неустроев Байаҕантай уонна Таатта баайдара Слепцовтартан уонна Оросиннартан сыдьааннааҕа, Алампа убайа В.И. Софронов ВЯОНУ чилиэнигэр кандидат буола сылдьыбыта барыта аахсыллыбыта. Биллэн турар, көҥүл санаалаах, төрөөбүт норуоттарын муҥура суох таптыыр суруйааччылар айымньыларын ис хоһооно саҥардыы олохсуйан эрэр социалистическай реализм ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт этилэрэ. Өксөкүлээх нэһилиэстибэтиттэн элбэх мөккүөрү таһаарбыт, араас утарсыылаах санаалары үөскэппит айымньынан «Ойуун түүлэ» поэмата буолбута. Кириитиктэр поэманы националистыы санааны күөртүүр айымньынан аахпыттара, эдэр ойууннары кыырарга үөрэтэр босуобуйа да диэн сыаналаабыттара, поэты киһини абааһы көрөр теорияны олохтообут Англия аҕабыыта Мальтус үөрэҕин тарҕатааччыларга да сыбыы сылдьыбыттара. Айымньы ортотугар сылдьар сэбиэскэй былаас туһунан суруллубут кэрчиги туспа тутан, эпилог курдук айымньы кэннигэр бэчээттииллэрэ эбэтэр олох даҕаны ылан быраҕан кэбиһэллэрэ. Айымньы ааптар хайдах суруйбутунан 1993 с. биирдэ тахсан турар.

Анемподист Софроновы саха андеграунун бастакы бэрэстэбиитэлин быһыытынан көрүөхпүтүн сөп. Кини кимтэн эмэ тутулуктаах буолары адьас сөбүлээбэт суола этэ, суруйааччы көҥүл буолуохтаах диэн санааны мэлдьи этэрэ: «Госудаарыстыба суута суруйар идэлээх дьону алыс онон-манан майаачылаабакка, баар сокуон иһинэн туох көҥүл, быраап бэриллэрин биэрэр буоллаҕына, суруйааччы киһи ол-бу тылтан, салгынтан куттаммат, кыбыстыбат буоллаҕына, сайдан суруйан, идэтин таһааран иһиэх тустаах. Таһыырдаах оҕо килбик буолар, ол кэриэтэ ол киһини өһүргэтиэм, ол сууту кыыһырдыам диэн симиттэн-куттанан, тыынын эрэ мананан сылдьан суруйбутуттан хаһан даҕаны үчүгэй сурук тахсыан сатаммат» («Саха суруга, саха үөрэҕэ», 1922). Поэт гражданскай сэрии событиеларын норуот трагедиятын быһыытынан ылыммыта, тоталитарнай систиэмэ көлөһөтө үлтү ныһыйан ааспыт көлүөнэтин хараастыылаах дьылҕатын хоһоонноругар тиспитэ, бэйэтин кэмин кырдьыктаах поэтическай летопиһын айбыта («Оҕо утутар ырыа», «Хаайыылаах», «Оруоһун ахтылҕана», «Олох сүүрүгүн дорҕооно»). Алампа бобуулаах айымньылара, ол иһигэр үрүҥнэр гимнэринэн биллибит «Саха ырыата» хоһооно, омугумсуйууга буруйдаммыт, «санаа түһүүлээх, оҥорууну-ыйааҕы итэҕэйиилээх, мистика уонна фатализм элеменнэрдээх» «Нууччатымсыйбыт», «Бүдүрүйбүт көммөт» пьесалара 1996 с. «Ырыа быстыыта хоһоон» диэн хомуурунньукка күн сирин көрөн тураллар.

Чаҕылхай талааннаах Николай Неустроев нэһилиэстибэтиттэн бу хомуурунньукка «Куттал», «Үрүҥ күөлгэ» кэпсээннэр, «Тар» кэмиэдьийэ киирдилэр. Аныгы кэмҥэ киһи киһиэхэ сыһыана уларыйыытын, сиэр-майгы сатарыйыытын уйулҕаһыт суруйааччы кыраҕытык бэлиэтии көрөн суруйбут. Ол эрээри, бу олох хартыынатын хайдах баарынан дьүһүйэр айымньылар өр кэмҥэ идиэйэтэ суоҕунан уонна националистическайынан ааҕыллан бобулла сылдьан баран, 1995 с. биирдэ бэчээттэммиттэрэ.

Онон көстөрүн курдук, литератураны төрүттээбит классиктар саха олоҕун-дьаһаҕын кырдьыктаахтык көрдөрбүт айымньылара омугумсуйууга буруйдаммыттара, суруйааччылар бэйэлэрэ «революция уонна гражданскай сэрии сылларыгар контрреволюция диэкки охтубут, норуоту утарбыт буржуазнай суруйааччылар» быһыытынан өр кэмҥэ ааҕыллыбыттара. Кулаковскай, Софронов, Неустроев ааттара 1960-с сс. саҥаларыгар ырааһырбыта, ол эрээри нэһилиэстибэ тула мөккүөр уларыта тутуу сылларыгар диэри салҕанан барбыта.

Саха литературатын историятыттан букатыннаахтык сотулла сыспыт, өр сылларга ааттара ааттаммат буола сылдьыбыт дьонунан уопсастыба биллэр-көстөр диэйэтэллэрэ, репрессияламмыт суруйааччылар В.В. Никифоров-Күлүмнүүр (1866—1928), К.О. Гаврилов-Тыа оҕото (1890—1938) буолаллар. Саха драматургиятын маҥнайгы хараҥаччытын – Күлүмнүүр «Манчаарытын» туһунан «Саха советскай литературатын историятын очеркатыгар» (1956) маннык суруллубут: «Саха буржуазията бэйэтин идеологиятын киэҥник тарҕатар наадатыгар уус-уран тыл орудиетын эмиэ туһаммыта. Ол курдук, «Саха союһун» биллэр лидерэ тойон В. Никифоров «Манчаары» диэн пьесаны суруйбута. …пьеса автора, дьиҥэр, историческай кырдьыгы токурутан туран, Манчаарыны төрүөтэҕиттэн түөкүн-уоруйах эрэ быһыытынан көрдөрбүтэ. Манчаары социальнай-кылаассабай майгыннаах бууннааһына, дьадаҥылары кытта үчүгэй сыһыана арыллан көрдөрүллүбэккэ хаалбыта. Ону таһынан, Никифоров пьесата националистическай тыыннаах айымньы буолара өтө көстөр этэ». Күлүмнүүр аата 1990-с сс. биирдэ тиллибитэ.

К.О. Гаврилов-Тыа оҕото 22 эрэ саастааҕар «Саха саҥата» (1912—1913) сурунаалга этнографическай хабааннаах түөрт кэпсээни бэчээттэппитэ. Айымньылар тыа киһитин майгытын, олоҕун-дьаһаҕын илгэтин хайдах баарынан чахчылаахтык уонна мындырдык ойуулуулларынан, тыллара-өстөрө хомоҕойунан киэҥ кэрэхсэбили ылбыттара. Кэпсээннэр С.А. Новгородов «Ааҕар кинигэтигэр» (1923) киирэн оскуола программатыгар үөрэтиллибиттэрэ. Онон, талааннаах прозаик аҕыйах да айымньытынан бэйэтин аатын саха литературатын историятыгар суол тэлээччи быһыытынан хаалларбыта. Гаврилов 1938 с. тутуллан хаайыллыбыта уонна ытыллан өлбүтэ. Суруйааччы айымньылара, үлэлэрэ уонна кини туһунан ахтыылар кыыһа М.К. Гаврилова хомуйан оҥоруутунан 1995 с. бэчээттэнэн тахсыбыттара.

«Бобуулаах ааттар» кэккэлэригэр И.Е. Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан (1865—1921) уонна И.Е. Попов ааттарын киллэриэххэ сөп. Өксөкүлээх убайа Оонньуулаах Уйбаан бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит норуот ырыаһыта этэ. Кини «Сут ырыата», «Хонон турарбыт ырыата» айымньылара 1913 с. «Саха саҥата» сурунаалга бэчээттэнэн тураллар. И.Е. Кулаковскай 1913 с. саҥа тэриллибит Таатта улууһугар бастакы кулубанан талыллыбыта. Баһылыгынан үлэлиир кэмигэр нэһилиэнньэттэн сиэртибэ хомуйан, улуус быраабатын, фельдшерскэй пуун, икки кылаастаах училище дьиэлэрин туттарбыта. Ыраахтааҕы былааһын саҕана кулубалыы сылдьыбытын төрүөт оҥостон, кыһыллар 1921 с. Чурапчы Амматыгар ытан өлөрбүттэрэ. Кини айымньылара «Халлаан сырдыыра» диэн ааттаах хомуурунньукка 1990-с сс. аан бастаан бэчээттэнэн тахсыбыттара. Баай төрүттээҕиттэн сылтаан, өр кэмҥэ аата ааттамматах киһинэн норуот ырыаһыта К.Г. Оросины (1858—1903) эмиэ билиниэхпитин сөп. Кини 1895 с. Э.К. Пекарскай көрдөһүүтүнэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйан биэрбитэ. Ону таһынан «Аан дойду айыллыбыт ырыата», «Арыгы ырыата» курдук кэрэхсэбиллээх айымньылардаах.

Бу хомуурунньук биир сонун өрүтүнэн И.Е. Попов (1879—1944) икки кэпсээнэ киирбитэ буолуон сөп. Илья Егорович Сунтаар улууһун Илимниириттэн төрүттээх киһи этэ. Урут учууталлыы сылдьан баран, 1904 с. ыла таҥара дьиэтигэр аҕабыытынан сулууспалаабыта. 1914 с. «В долине скорби» кинигэни «Рассказы и заметки из жизни якутов» диэн хос ааттаан таһаарбыта. Хомуурунньукка «кутурҕан хочотугар» олохтоох саха дьонун эрэйдээх-буруйдаах олохторо хайдах баарынан көрдөрүллүбүтэ. Кини 1890-с сс. бүтүүлэриттэн Томскайга тахсар «Сибирская жизнь» хаһыакка сүүрбэччэ кэпсээни уонна уочарканы бэчээттэппитэ, сорох бэлиэтээһиннэрэ «Якутские епархиальные ведомости» хаһыакка тахсыбыттара. И.Е. Попов сэбиэскэй кэмҥэ репрессияланан, хаайыы дугуйдаммыта. Хомойуох иһин, кини уонна биир идэлээҕэ, «В якутской глуши» (1910) кинигэ ааптара, эмиэ Сунтаартан төрүттээх Г.М. Попов (1881–1913) ааттара, сэбиэскэй судаарыстыба атеизмҥа олоҕурбут идеологическай политикатыгар сөп түбэспэттэрин быһыытынан, саха култууратын историятыттан киэр илгиллибитэ. Дьиҥэр, кинилэр былааһы утарбатахтара, айымньыларыгар да киһи баайсар төрүөтэ суох. Ол эрээри үтүө төрүттээхтэрэ, таҥара итэҕэлин үлэһиттэрэ буолаллара, ол эбэтэр социальнай төрүөт улахан мэһэйи үөскэппитэ.

«Ксенофонтовщина» дьыалатыгар түбэһэн суорума суолламмыт дьонунан Г.В. Баишев-Алтан Сарын (1898—?) уонна П.И. Оросин-Хайыкы (1895—1957) буолаллар. Г.В. Баишев сахалартан биир бастакынан үрдүк үөрэхтэммитэ – Ленинградка Илиҥҥи тыллар институттарын бүтэрбитэ. Алтан Сарын бэйэтин күүһүн литература бары көрүҥэр: хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ, драмаҕа холонон көрбүт талааннаах киһи быһыытынан биллэрэ. Кини төрөппүттэрэ эр-биир олохтон туораабыттарын утаатыгар, соҕурууттан кэлээт, дойдутугар тахса сылдьан, санаарҕаабыт ахтыы-санаатын суруммутун ким эрэ булан ылан, «Чолбон» сурунаалга «Уруккутун өйдүөбүт» диэн ааттаан, 1926 с. бэчээттээбит. Ону 1928 с. кириитик Сэттэ Бытык (Н. Заболоцкай) булан, «Уруккутун умнубатах суруйааччы» диэн ааттаах рецензия суруйар. Революцияны утары үгэнэн суруллубут кэпсээнигэр атын кылаас суруйааччыта биһиги сэссийэлиичэскэйдии тутуубутун токурутан суруйбута өстөөхтөрбүтүгэр туһалыыр диэн матыыптыыр. Киниэхэ харда быһыытынан Алтан Сарын «Кыҥаан көрө-көрө кырадаһын таҕаара сатаабыт» диэн ыстатыйаны суруйбута, онно кэпсээн бэлиитикэҕэ сыһыана суох, бэйэм тускум, санаабыт санаам, дьайбыт дьайыым диэн этэн көрбүтэ да, ол аахсыллыбатаҕа. Алтан Сарын хаайыыттан эргиллибэтэҕэ. Кини айымньылара, үлэлэрэ туспа кинигэнэн 1998 с. тахсыбыттара.

П.И. Оросин Соловецкай концлааҕырга биэс сылга түбэһэн олорбута, ол эрээри тыыннаах ордубута уонна Бодойбоҕо олохсуйбута. Кини бэйэтин кэмигэр суруйааччы быһыытынан балачча биллэрэ. Оҕо үөрэҕин кинигэлэригэр киирбит айымньыларын аахпакка туран, оччотооҕу хаһыаттарга, сурунаалларга сүүрбэччэ хоһоону, кэпсээни бэчээттэппитэ. Оруоһун, репрессия хаптарбатаҕа буоллар, сахаҕа биллэр суруйааччы буолар кыахтааҕа. Ол эрээри сэбиэскэй былааһы утарбыт өстөөх дьарылыктанан аата өр кэмҥэ ахтыллыбакка сылдьыбыта, айымньылара 2000-с сс. биирдэ хос бэчээттэммиттэрэ.

Кинигэҕэ Соловецкай концлааҕыртан күрээбит эр сүрэхтээх, кэлин кыраныысса таһыгар олохсуйбут, айар дьоҕурдаах М.Ф. Корнилов «Олох долгуна» хоһооно киирдэ. Бу айымньы туһунан Багдарыын Сүлбэ маннык суруйбут: «Хоһоон, көрөргүт курдук, син улахан. Ити – чахчы үрдүк идиэйэлээх, норуот бүттүүнүн дьылҕатын дьылҕа оҥостубут киһи суруйуута. 1920—30-с сс. суорума суолламмыт дьоммут бары даҕаны итинник дьон эбиттэрэ буолуо. … Хоһоонунан ааптар омук бүтүннүүтэ даҕаны уонна кини, М.Ф. Корнилов, тус бэйэтэ даҕаны, Сэбиэскэй былаас буолбутун кэннэ хайдахтаах үтүргэҥҥэ түбэспиттэрин, туох эрэйи-буруйу көрбүттэрин кэпсиир. Соловецкай концлааҕырга сааһылаан һаха барахсаны айыы күнүттэн һүтэртээбиттэриттэн кини бассабыыктарга ынырыктаах хом санаатын этэр. Хомуньуус партия салайар сэбиэскэй былааһа төрөтөр оҕотун төннөрдө, үөскэтэр сүөһүтүн иҥнэрдэ диэҕин диир. Кини кэмигэр быһыы-майгы хайдах сайдан иһэрин көрбүт көнө сүрэхтээх, омугун олоҕунан олорор, дьылҕатын дьылҕа гыммыт ким баҕарар итинник диэхтээх этэ».

Дьэ ити көрөрбүт курдук, саҥалыы сайдан эрэр саха литературатыгар репрессия бастакы долгуна ыараханнык тайанан ааспыта. Баартан бастыҥнара, суолталаахтара, дьоҕурдаахтара, сытыылара ким хайа иннигэр түбэспиттэрэ, тоталитарнай режим бастакы сиэртибэлэрэ буолбуттара. Ааптардар уустук олохтоммуттарын курдук, айымньылара эмиэ кэрэгэй дьылҕаламмыттара.

Иккис долгун, бастатан туран, П.А. Ойуунускай уонна даҕаны атын норуот биллэр-көстөр салайааччыларын тутуллуутун кытта ситимнээҕэ. К.О. Гаврилов бу кэмҥэ хаайыллыбыта. Суруйааччыларыттан Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, Н.М. Заболоцкай, С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ хаайылла сылдьыбыттара. 1940-с сс. араас төрүөтүнэн Н.Н. Павлов-Тыаһыт, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан түрмэҕэ киирбиттэрэ.

И.Е. Слепцов-Иван Арбита (1913—1943) – уопсай халыыпка киирбэтэх, тыллыын-өстүүн ураты, саха андеграунун чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ этэ. Кини туох-хайа иннигэр саха литературатын историятыгар «Долгуннар» диэн омоним-рифмалаах поэматынан биллибитэ. Байыаннай учуокка турбакка сылдьарын сэриигэ барымаары соруйан куотуна сатаабыт, санаа түһүүлээх үс хоһоонунан былааһы холуннарбыт диэн матыыптаан 1942 с. тутуллубут. Саха сирин НКВД-тын байыаннай трибунала ытарга бириигэбэрдээбит, ону ааһыммытыгар 10 сыл түрмэнэн солбуйбуттар. Арбита хаайылларыгар төрүөт буолбут хоһооннорун ааҕааччылар бу хомуурунньуктан билиэхтэрэ. Поэт айымньыларын доҕоро Г.М. Васильев өр сылларга харыстаан уура сылдьыбыта. Арбита нэһилиэстибэтэ 1993 с. күн сирин аан бастаан көрбүтэ.

1940-с сс. Саха сирин литературнай олоҕун чаҕылхай көстүүтүнэн Г.П. Башарин «Саха үс реалиһа-сырдатааччыта» кинигэтин тахсыыта буолбута. Учуонай оччотооҕу кэмҥэ бобуллубут суруйааччылар А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев айымньыларын олохтоохтук ырыппыта. Кинилэр саха литературатын төрүттээбит, үрдүк таһымнаах айымньылары суруйбут классик суруйааччылар буолалларын дакаастаабыта уонна: «Литературное наследство Кулаковского, Софронова и Неустроева, будучи энциклопедией письменной интеллектуальной культуры дореволюционной Якутии, является сокровищницей благородных чувств, свободолюбия, прогрессивных идей, культурным богатством якутского народа», – диэн түмүктээбитэ. Ол эрээри Г.П. Башарин үлэтэ былаас, салалта өттүттэн улахан утарсыыны көрсүбүтэ. Аны бу кэмҥэ БСК(б)П Киин кэмитиэтин «О журналах “Звезда” и “Ленинград” (1946), «О кинофильме “Большая жизнь”» (1946), «Об опере “Великая дружба”» (1948) диэн улахан токурутуулаах уураахтара мэҥэһик буолбуттара. Бу барыта холбоһон саха литературатын историятыгар «хабахха тыыныы кэмин» үөскэппитэ. «Саха литературатын историятын уочаркатыгар» (1956) Кулаковскай, Софронов, Неустроев «националистическай» айымньыларын уонна Башарин «Саха үс реалиһа-сырдатааччыта» диэн кинигэтин сабыдыалларыгар оҕустаран, саха сорох суруйааччылара идейнэй өттүнэн улахан омсолоох айымньылары айбыттара этиллэр: «Ол айымньыларга Саха сирин былыргы олоҕо арбанар (С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта», «Ат ырыата» поэмалара) уонна саха икки нуучча икки норуоттарын хардарыта сыһыаннаһыылара сыыһатык, токурутуллан көрдөрүллэр (Суорун Омоллоон «Айаал», Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик»). Таллан Бүрэ уонна Суорун Омоллоон саха норуотун кытта бииргэ олорбут, охсуспут нуучча боростуой дьонун оруолун көрдөрүүнү букатын тумнан ааһаллар. Кинилэр айымньыларыгар революционнай Россия бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ саха норуотугар оҥорбут үтүө сабыдыаллара эмиэ адьаһын таарыллыбакка уонна көрдөрүллүбэккэ хаалар». Буортулаах сабыдыалга оҕустарбыт айымньыларга Н. Заболоцкай «үөр тыыннаах киһини үөрэтэрин» туһунан суруйбут «Мааппа» кэпсээнэ эмиэ киллэриллибитэ.

Былаас уонна кини рупора – литературнай кириитикэ ити кэмҥэ тутуһар суоллара туох этэй? Бастакытынан, уус-уран айымньыга партия салайар оруола уонна нуучча норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрин көмөтө көрдөрүллүбэтэ бөдөҥ идейнэй итэҕэскэ уонна алҕаска аахсыллара. Суруйааччылар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» ромаҥҥа, С.П. Ефремов «Ини-бии» драмаҕа нуучча норуотун баһылыыр-көһүлүүр оруолун арыйбатахтара улаханнык сэмэлэммитэ. Онон айымньылар иккис тахсыыларыгар, партийнай кириитикэ бэлиэтээһиннэрин аахсан туран, улахан көннөрүүлэр киирбиттэрэ, ол иһигэр персонажтар ситимнэригэр биэлсэр Виктор Бобров, хамандыыр Михаил Бадин уобарастара эбиллэн биэрбиттэрэ.

Иккиһинэн, норуот итэҕэлигэр, тылынан уус-уран айымньытын сюжетыгар олоҕурбут, тылын-өһүн туһаммыт айымньылар сэҥээриллибэт этилэр, баайдары арбааһыҥҥа, омугумсуйууга буруйданаллара. «Культовай мифологияны (иччини, абааһыны, таҥараны итэҕэйиини) уонна революция иннинээҕи олох араас реакционнай хаалынньаҥнарын кытта ситимнээх уобарастары, матыыптары критическэйэ суохтук үлүбүөй туһаныыга» М.Н. Тимофеев-Терешкин «Сирдьиттэр тустарынан сэһэннэр» кинигэтигэр киирбит поэмалара, С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта», «Ат ырыата», Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» поэмалара буруйдаммыттара. Манна даҕатан эттэххэ, айар үлэтин революция иннигэр саҕалаабыт, кэлин хараҕынан көрбөт буолбут М.Н. Тимофеев-Терешкин, урут улууһугар кулубалыы сылдьыбытынан, өрүү үтүргэҥҥэ-хабырҕаҥҥа тутулла сылдьыбыта.

Үөһэ ыйыллыбыт уочаркаҕа С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта» айымньытыгар айылҕа араас иччилэриттэн фашистары утары охсуһарга күүстээх-уохтаах оҥороллоругар көрдөһөр Ленскэй иччини, абааһыны улаханнык итэҕэйэр киһи быһыытынан көрдөрүллүбүтэ, айымньы социалистическай реализм ньыматыттан биллэр тэйии курдук сыаналаныахтааҕа ыйыллыбыт. Оттон «Ат ырыата» айымньыга былыргыны арбааһынынан үлүһүйүү баара көстөрө этиллэр: «Автор бу хоһоонугар колхоз атын олус ырыган, дьүдэх, көрүүтэ-истиитэ суох курдук дьүһүннүүр. Ат билиҥҥи олоҕор революция иннинэ саха баайдарыгар олорбут олоҕун утары туруорар, ону бэйэтин олоҕун үтүө кэминэн ааҕар». Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» пьесатыгар саха патриархальнай-феодальнай аҥаардаах урукку олоҕун романтическай кырааскалаан өрө көтөҕөн көрдөрүүтэ сытыы партийнай кириитикэ дьүүлүгэр турбута. Л.А. Попов 1945 с. суруйбут «Улуу Туймаада» диэн ааттаах, 1642 с. бойобуода былааһын утары сахалар бастаанньаларын ойуулаан көрдөрөр историческай драмата 1995 с. биирдэ туспа кинигэнэн тахсыбыта. Драманы оччотооҕу партийнай кириитикэ омугумсуйуу тыына баар диэн театрга да туруортарбатаҕа, бэчээккэ да таһааттарбатаҕа. Н.Н. Павлов-Тыаһыт «Кыстаанык» сэһэнэ баайдары норуот дьыалатын иһин охсуспут дьон курдук көрдөрөр диэн буруйдаммыта.

Үсүһүнэн, социалистическай реализм ньымата социализмы, коммунизмы тутааччылар олохторун мэлдьи уруй-айхал доҕуһуоллаах, үөрүү-көтүү аргыстаах гына көрдөрөрү булгуччулаахтык ирдиирэ, онон санаа түһүүлээх айымньылары сэмэлиирэ. Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Торҕо буруо» диэн 1943 с. суруйбут кэпсээнигэр Аҕа дойду улуу сэриитин фронугар өлөн эрэр саха саллаата төрөөбүт дойдутун, дьонун, таптыыр кыыһын кытта бырастыылаһыыта монолог быһыытынан бэриллибит. Улахан кириэтээһиннээх кириитикэ кэннэ суруйааччы «алҕаһын» билинэргэ күһэллибитэ. «Мин айар үлэм туһунан» диэн «Хотугу сулус» сурунаал 1953 с. 3№-гэр тахсыбыт ыстатыйатыгар ааптар: «1943 с. «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит «Торҕо буруо» диэн кэпсээним санаа түһүүлээҕин, онон буортулааҕын быһыытынан, куһаҕанын, сыыһатын булгуччу билинэбин», – диэн суруйбута.

Суруйааччылар «алҕастара» «Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан» диэн БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин 1952 с. олунньу 6 күнүнээҕи уурааҕар ырытыллан дьүүллэммитэ.

Биллэн турар, айар дьону ыгыы-түүрүү, сирэй-харах анньыы, кэнэйдээһин суола-ииһэ суох ааспатаҕа. Олоҕу хайдах баарынан көрдөрүү, кырдьыктаахтык суруйуу уустугурбута. Бу кэмҥэ хас төгүл айар баҕа уостубута, төһөлөөх талаан кэхтибитэ, харгыстаммыта буолуой? Норуот бүттүүнүн өйүгэр-санаатыгар улахан охсуу оҥоһуллубута. 1952 г. кулун тутар 20 күнүгэр партия обкомун V пленумугар С.З. Борисов «Республикаҕа идеологическай үлэ туруга уонна тупсарыыга туһуламмыт дьаһаллар» диэн дакылааты оҥорбута. Дакылаат балаһыанньаларын сүнньүнэн Г.П. Башарин дьыалатыгар быһаччы дьайыылар оҥоһуллубуттара: Г.П. Башарин уонна И.М. Романов үлэлэриттэн уһуллубуттара, учуонай салайар «История» научнай куруһуогун чилиэннэрэ, устудьуоннар М.С. Иванов, В.С. Яковлев, эдэр суруйааччы А.И. Федоров хаайыллыбыттара.

Партия ХХ съеһин кэнниттэн быһыы-майгы үтүө өттүгэр уларыйбыта. 1962 с. олунньу 16 күнүгэр ССКП обкомун «Об исправлении ошибок в освещении некоторых вопросов истории якутской литературы» диэн уурааҕа тахсыбыта, классик суруйааччыларга сыһыан тупсубута. Ол эрээри былаас литератураны, искусствоны «муоһалыыр илиитин» ситэри холкутаппатаҕа. Маннык быһыы-майгы уларыта тутуу кэмэ буолуор диэри салҕанан барбыта.

Кэлин бобуллубут айымньылартан хомуурунньукка Иван Гоголев «Өлүөнэ сарсыардата» драмата киирдэ. Саха Академическай театрын музейын сэбиэдиссэйэ Е.Н. Степанов көрдөрбүт барыйааннарыттан биир бастакыларын уонна бастыҥнарын таллыбыт, уруучуканан сотуллубуту көннөрбөккө, ааптар бэйэтэ хайдах массыыҥкаҕа бэчээттээбитинэн хааллардыбыт. Театрга бастакы туруоруу бобуллубут. Онтон 1968 с. иккистээн төхтүрүйэн туруоруллар. Саха Республикатын норуодунай артыыската З.П. Багынанова архыыбыгар 1968 с. ахсынньы 18 к. И. Гоголев «Туймаада сарсыардата» драматын ырытыһар мунньах боротокуола харалла сытар. Боротокуолтан көрдөххө, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ оччотооҕу партия ыытар политикатыгар сөп түбэспэтинэн ордук историк учуонайдар утарбыттар. Саха дьахтара Хаачылаан Жанна Д’Арк курдук хорсунун сөбүлээбэтэхтэрэ эмиэ көстөр. Айымньыга өссө Кытай ахтыллыбыта айымньы сыанаҕа тахсарыгар харгыһы үөскэппит. 1979 с. «Туймаада сарсыардата» үсүһүн турбута уонна эмиэ бобуллубут. Суруйааччы өсөһөн туран, түүн аайы саҥаттан саҥа барыйааны суруйан аҕалан испит. Ол гынан, көрөөччүгэ мунна-уоһа кэрдиллибит айымньы тиийээхтээбит. Драматург 1997 с. «Киэҥ Күөрээйи» диэн трагедиятын Саха театрыгар биэрэ сылдьыбыт. Репетициялар саҕаланан иһэн, тохтоон хаалбыттар. Зоя Петровна маҥнайгы испэктээҕи көрөөччүгэ тиэрдэргэ ис сүрэхтэн кыһаллыбыт драматург Иван Гоголев уонна режиссер Федот Потапов тустарынан маннык бэлиэтээбит: «Арай ити дьоһуннаах үлэлэрин оччолорго өйдөөн, үөрдэ-көтүтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүллэригэр киэҥ аартыгы арыйан, көҥүл диэн күндү тылы сүктэрбиттэрэ буоллун. Оччоҕо отуччалаах эрэ дьон төһө эрэ үөрэн-көтөн, сириэдийэн өссө да элбэх көҥүл айымньылары дуоһуйа айыах этилэрий!» Артыыска айымньы бобуллуутун содула суруйааччы, туруорааччы, толорооччу артыыстар доруобуйаларын кэбирэппитин, олохторун огдолуппутун туһунан эмиэ ахтан ааһар.

Д.Г. Дыдаев (1935—1974) «Өр сыллаах ахтылҕаным» хомуурунньугар бэчээттэммит «Хара быраат хара убайыгар суруйбут суруга» хоһоонун сэбиэскэй олох ис дьиҥин киртитиигэ буруйдаабыттара, хоһоону идейнэй өттүнэн сыысхаллаах айымньынан ааттаабыттара. Ол түмүгэр ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бюрота 1974 сыл ахсынньы 24 күнүгэр «Д. Дыдаев «Өр сыллаах ахтылҕаным» диэн хоһооннорун хомуурунньугар таһаарыллыбыт бөдөҥ алҕастар тустарынан» диэн уурааҕы ылыммыта. Ол кэннэ поэт Д. Дыдаев ити хомуурунньуга атыыланара, библиотекаҕа уларсыкка сылдьара бобуллубута. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын салайааччылара үлэлэриттэн уһуллубуттара, партийнай сэмэҕэ тардыллыбыттара. Суруйааччы И. Федосеев-Доосо бигэргэтэринэн, ити, дьиҥинэн, үөһэттэн дьаһалымсыйыы, административнай-хамаандалыыр үлэ истиилин биир көстүүтэ этэ. Ол содулугар Д. Дыдаев айымньылара 15 сыл устата бэчээттэммэккэ, күн сирин көрбөккө сыппыттара. 1989 с. эрэ саҕалаан хаһыаттарга, сурунаалга бэчээттэнэн барбыттара.

Дьэ онон, күндү ааҕааччы, эн тоталитарнай режим кэмигэр бобуллубут, сорохторо хаайылларга, бэл, ытылларга төрүөт буолбут айымньылары үгүстэрин холбуу тутан, илиигэр ылан ааҕар кыахтанныҥ. Кинигэни ааҕа олорон, сахаҕа даҕаны Алампа, Н. Неустроев, Арбита, Кындыл курдук кырдьыгы этэр, көҥүл санаалаах хорсун дьон баалларыттан киэн туттуоҥ, И. Попов кыра-хара дьон кутурҕан аргыстаах олохторун суруйбутуттан курутуйуоҥ, Оонньуулаах Уйбаан, М. Корнилов курдук айар дьон олорон ааспыттарын билиэҥ, Алтан Сарын, Суорун Омоллоон, С. Васильев айымньыларыттан оччотооҕу кэм тыынын истиэҥ.

В.Г. Семенова,

филологическай наука кандидата