Kitobni o'qish: «Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор»
Киирии тыл
Ойор күннээх орто туруу дойдуга олох суола улуу мөккүөр, түһүү-тахсыы, бүппэт түбүк үктэллээх. Маныаха Киһи барахсаҥҥа мунар-тэнэр, тууйуллар, кэмсинэр кэмигэр саппаҕырбыт санаатын сайгыыр, харгыска хаайтарбат дьулуурун сирдиир, олоххо тулуурун торумнуур биир сүдү күүһүнэн дириҥ толкуйдаах, уран тыллаах хомоҕой хоһоон буолар. Саха поэзиятын сүрүн уратыта – олоххо тардыһыыны көҕүлүүр, киһиэхэ тапталы иитэр тосхоло, кэрэҕэ, үтүөҕэ ыҥырар сырдык анала буолар. Ийэ тылбыт алыптаах күүһэ Алампа саҕаттан дьон кутун-сүрүн сымнатар, кэнчээри ыччаты үтүөҕэ, кэрэҕэ, кырдьыкка угуйар үйэлээх сирдьит буолар.
Бу хомуурунньукка саха поэттарын олоҕу туругурдар, санааны кынаттыыр хоһоонноро олоххо араас ыксаллаах, быһаарыылаах түгэннэргэ туһанар гына сүүмэрдэнэн киирдилэр. Сахабыт саргылаах тыла ыгыллыбыт, тууйуллубут түгэҥҥэ кыым буолан кылайан, санааны саҕыахтын, хараҕы аһыахтын, сүрэҕи-быары сөрүүкэтиэхтин, быыһал-абырал буолуохтун!
Өбүгэбит «Үтүө тыл – дьол» диэн бэргэн этиитэ оруннаах. Ол курдук, ардыгар олоххо биир үтүө тыл, чыпчылҕан түгэн сүҥкэн суолталаах буолар. Онон намыын тыллаах хоһоонтон ситимнэнэн, олох болоорхой өҥө даҕаны кустук буолан көһүннүн, бүгүн кыаллыбатах сарсын сатаннын, таптал ыраас иэйиитэ дьол биһигэр сирдээтин!
Күндү ааҕааччы, бу кинигэ хас биирдии саха ыалын иэримэ дьиэтигэр дьол, ситиһии, уоскулаҥ, ил-эйэ түсчүтэ, истиҥ доҕоро, мындыр сүбэһитэ буоларыгар баҕарабыт.
Киһини харыстааҥ
Сайа
КИҺИ
Киһи бу сиргэ
аан бастаан олорор,
Алҕаһыыр, айар —
барытын – аан бастаан!
Эдэр буолуо,
эмэн буолуо,
Сааһыгар
сааһы эбиэ —
Аан бастаан.
Үөрүйэх буолуо
суоҕа өрүү
Мөлүйүөннэр
күн төрүү
Оҥостубут
алҕастара,
Ол алҕастан
сэрэтээри
Хаалларбыт
сүүс да сүбэлэрэ.
Кини эрэ дьиҥнээхтик
Таптаабыттыы сананыа,
Киниэхэҕэ хайаан да
Дьол тосхойуон кэтэһиэ…
Тоҥуу хаарга соҕотох
Суолун солоон иһэрин
Кэтит айан суолунан
Кэлэн иһэбин диэ…
Киэһэ күн киириитэ
Иин таһыгар тохтуоҕа —
Ол аан бастаан олорбут
Икки атахтаах айана.
Онно эрэ сытан, баҕар,
Киһи сөҕүө бэйэтин —
Аан бастаан олорбутун
Билбэккэ аһарбытын.
Киһи төрүүр аан бастаан,
Киһи өлөр аан бастаан.
Аһыныаҕыҥ КИҺИНИ.
Николай Литвинцев
КИҺИНИ ТАПТААҤ
Киһини таптыыртан ордук
Үрдүк дьол баарын билбэтим,
Дууһа долгуйуутун курдук
Дохсун күүс баарын өйдүөбэтим.
Киһи олоҕун хамсааһына,
Үрдээһинэ, намтааһына
Барыта онтон тутулуктаах,
Онтон тахсар силистээх-мутуктаах…
Оҕотук сааспын ааһан баран,
Оройдоон, дьэ, өйдөөбүтүм ону,
Баһырхай олоххо баҕаран,
Миинэ түспүтүм ат долгуну.
Уонна дьэ, бардам баҕам дохсун,
Соргуга тардыһыым умсулҕана,
Тымырбар сүүрэр хааным долгуна,
Киһини таптыыр тапталым долгуна.
Сүүрдэн-көтүтэн испитэ миигин
Ыраахха, ырааска ымсыырдан,
Умайан, күөдьүйэн кэлэрим
Сырдыкпын, күннэрбин уһатан.
Киһини таптыыртан ордук
Үрдүк дьол баарын билбэтим,
Мин олорбут миҥэлээх олохпун
Кэнэҕэс туох диэхтэрин түүйбэтим.
Леонид Попов
КИҺИ ТУҺУНАН
Хайа, киһи буолбат дуо?
Хараардымаҥ киһини!
Ханнык эмэ үтүөтүн
Хата булан өйүөххэ:
Өйүүн-сарсын бу киһиҥ
Үчүгэй буолан тахсаарай!
Хайа, киһи буолбат дуо? —
Халлаанынан арбаамаҥ:
Хабах курдук үлүннэрэн,
Хампарытан кээһиэххит
Хаарыаннаахай киһини!
Өйүүн-сарсын өссө бэрт буол диэн
Өйдөппүппүт ордук ини!
Буолар-буолбат баайсыынан
Муҥнаамаҥ даа, киһини!
Эрэннэххэ, иэйдэххэ,
Эр бэрдэ буолан тахсаарай!
Киһилиитэ да суох киһиҥ
Кэм итэҕэйдэххэ, иэйдэххэ,
Киһилии киэптэнээрэй!
Киһи аата киһи эбээт!
Сардаана Амгинская
Киһи барыта үчүгэйдээх,
Хайаан да туох эмэ кэрэлээх.
Ханнык даҕаны бүтэйбиккэ
Туох эмэ да кыламныыр эбээт.
Ону көрөн кэмигэр эппит,
Тылынан санаатын көтөхпүт,
Баҕар, оннук бүгүн быыһаабыт
Баар буолаллар истиҥ-кэрэ дьон.
Үтүө тыл үтүмэн кыаҕынан
Буомурбут сүрэҕи эмтээбит,
Кэрэ тыл кэрэмэн күүһүнэн
Кэрэни бу сиргэ үксэппит.
Киһи хайаан да үчүгэйдээх.
Таба эттиҥ дуо, ону алҕаан?
Олох – түгэн, олоҕу сыаналаа
Байаҕантай
Көстө уларыйар тулалыыр эйгэм.
Түннүгүнэн чыычаахтар бииргэм
элэҥнээн олороллор. Онон
көтүтэн ааһаллар аттаах дьон.
Бүгүн тэлгэһэҕэ оҕо күлэр.
Бэрдьигэс хамсыы-хамсыы үүнэр.
Сарсыныгар оҕонньор бэрийэр
аарыма бэс анныгар илимин.
Кэм-кэрдии түргэнин!
Альбина Дегтярева-Айархаан
ТҮРГЭН ТҮГЭН
Уйгу-быйаҥ халлаантан
Түһүө диэҥҥин сытыма,
Бириэмэни таах ыытан,
Халтай хаама сылдьыма.
Биир чаас, икки чаас —
Ааһар начаас,
Бэлиэр биир күн
Бүппүт бүгүн.
Арай бүппэт
Күннээҕи түбүгүҥ…
Олох – түгэн,
Түгэн – түргэн.
Олох-дьаһах бэйэттэн
Барыта тутулуктаах.
Онон барытын эрдэттэн
Толкуйдаан оҥоһуллуохтаах.
Биир чаас, икки чаас —
Ааһар начаас,
Бэлиэр биир күн
Бүппүт бүгүн.
Түбүктээх түгэн
Ааһара түргэн.
Олох – түбүктээх,
Түбүк – түмүктээх.
Барыта кыраттан саҕаланар,
Күүһүрэн, кыаҕыран чаҕыллар —
Уот кыымтан саҕыллар,
Олох түгэнтэн таҥыллар.
Биир чаас, икки чаас —
Ааһар начаас,
Бэлиэр биир күн
Бүппүт бүгүн.
Арай бүппэт
Күннээҕи түбүгүҥ…
Олох – түгэн,
Түгэн – түргэн.
Николай Чуор
ЧЫПЧЫЛҔАН
Олох сырдык кэрчигэ —
Санаам сабын ситимэ,
Чыпчылыйыах түгэнэ,
Айар иэйиим үгэнэ,
Абыраллаах сүүрээнэ,
Аймалҕаннаах күүрээнэ.
Олох чаҕыл күлүмэ,
Доҕоччугум мичээрэ,
Долгуйара, үөрэрэ,
Оҕом омун үөрүүтэ,
Харыһыйа көрүүтэ —
Дьикти дьоллоох мүнүүтэ.
Олох сыччах биир чааһа —
Онно санаа ырааһа,
Дууһа иэйэр сылааһа,
Сүтэн эрэр сөкүүндэ,
Бүтэн эрэр мүнүүтэ,
Үйэлэргэ үөрүүтэ!
Түптэлэнэн түһэммит,
Түгэн тугун билбэппит,
Түргэтэтэ сатааммыт,
Төһөлөөҕүн көрбөппүт…
Түгэн – олох кэрчигэ,
Умнуллубат дьиктитэ!
Николай Литвинцев
Күнү өрөөмөҥ, өрөтүмэҥ,
Олох тэтимин бытаардымаҥ,
Саҥаны айар дьүккүөргүтүнэн
Кимэн иһиҥ туох баарынан.
Кэм кэмчи, бириэмэ кылгас,
Бүппүтэ эрэ баар буолуоҕа,
Эдэр сааспыт да чычырбас,
Эмиэ элэс гыныа турдаҕа.
Онон күҥҥүт баарына,
Күүскүт-уоххут баарына,
Түһэн биэриҥ, айыҥ-тутуҥ,
Оҥостуҥ кэлэр олоххутун.
Бүгүмэҥ бүтэй чуумпуга,
Суураллымаҥ хараҥаҕа,
Ол буолуо олох муудараһа,
Айымньылаах үлэ кыаҕа.
Семен Данилов
ОЛОХ МУУДАРАҺА
Сарсыарда, күнү кытта
Сыыдамнык ойон тураат,
Айыам мин олох бастыҥ
Ырыатын. Оннук, быраат!
Күнүм, быгаат, тэмтэйэ
Ойон тахсар халлааҥҥа.
Мин саныыбын: «Чэ, бэйи,
Күнүс ордук тахсыаҕа».
Күнүһүн олох дуолан
Түбүгэ илдьэ барар:
– Чэ, бээ! Киэһэ, быыс булан,
Суруйуллуо, – диэн буолар.
Онтон киэһэ, барыҥый
Ууну, тыаны сабыыта,
Сылайбытым баһырхай:
– Хааллын олох ырыата…
Ол курдук устан ааһыа
Өйдөппөккө олоҕуҥ,
Айыаҥ суоҕа, баттаһан,
Бастыҥ ыра ырыаҕын.
Ойон тур күнү кытта.
Уонна күүскүн баттаһа,
Уһаппакка ай, таптаа —
Ол – олох муудараһа.
Сайа
Утуйуом тугу да гыммакка —
Бу дьоллоох мичээрбин соппокко,
Эйигин кытары биир күнүм
Алтыспыт үөрүүтүн тыыппакка.
Суоҕу баар кэриэтэ саныахха —
Дьолу да оҥорон көрүөххэ.
Бүгүҥҥү түбэһэ түһүүнү
Дьылҕаттан бэлэх дии саныахха.
Ардыгар улуу да ырыаны
Аҥаардас биир этии күүһүрдэр.
Ол курдук чуҥкук да олоҕу
Соҕотох биир түгэн киэргэтэр…
Олоҕу ылын хайдах баарынан
Леонид Попов
Үрүмэччи көтөрө
Үчүгэйин баҕаһын!
Оттон мин оннук
Ончу көтүөм эрэ суоҕа.
Оннук көтүөм кэриэтин,
Миигин, баҕар, ыт сиэтин!
Сыттык түүтэ барахсан
Сымнаҕаһа сылаанньытар,
Оттон мин оннук
Ончу сымныам эрэ суоҕа.
Ол кэриэтэ —
Чугуун буолан тохтуоҕум,
Тимир буолан ууллуоҕум.
Көнөтүнэн, судургутук
Олорорум миэхэ ордук —
Киһитинэн киһи курдук:
Эйэлээхтик, арыт уордук;
Сорох арыт сордоно,
Дьону кытта дьоллоно…
Николай Чуор
КИҺИ ТУҺУНАН
Киһини судургутутан
Сибэтиэй оҥоро сатаама,
Эбэтэр уустугурдан,
Халыыбынан хаамтарыма.
Чаҕыл күннээх халлаанныы
Киһи үөрэн чэмэлийиэ,
Арыт хараҥа былыттыы
Хараастан даҕаны ылыа.
Күөх сааһы көҥүл ыытан,
Күлүм-чаҕыл күллэриэ,
Самаан сайыны сатыылатан,
Саамал кымыс дэбилитиэ.
Күһүн кэлиэ, көмнөх түһүө,
Күдэн туман бүрүүкүө —
Син ол тэҥэ олоххо эмиэ
Тыйыс тымныы тыына биллиэ.
Олох дьолун туһа диэн
Киһи Сиргэ айыа-тутуо,
Арыт, баҕар, иҥнэн охтуо,
Онтон эмиэ туран кэлиэ.
Киһи – туспа айылҕа!
Ол иһин араастаах дьылҕа!
Киһини судургутутумаҥ,
Сибэтиэй оҥоро сатаамаҥ!
Байаҕантай
ЭБЭТЭР
Олоҕуҥ муҥур чыпчаалыттан дуу,
дириҥ уораҕайын түгэҕиттэн дуу
таҥнары өҥөйөн көрүөҥ дуу,
эбэтэр өрө хантайа сатыаҥ дуу?
Кыайтарыы күннэрин, кыайыы күннэрин
ырытан көрдөххүнэ аахтара
билиэҥ дуу туох атыннаахтарын,
эбэтэр син биир эбиттэрин?
Ыраатан баран эргиллэн көрдөххө ону,
кыайыыҥ күнэ солуута суох буолуоҕа.
Кыайтарыыҥ да күнэ олус оннук
ый быыһа хараҥа буолуо суоҕа.
Кыһаллыбакка олоруох баара,
кумаардаан да көрбөккө. Кыаллыбат ол…
Сайа
БААЛААМАҤ, ДЬОНУМ!
Сыыһаны гымматаҕым,
Сымыйаны саҥарбатаҕым —
диэбэппин.
Сыыһаны гыммытым —
билбэппиттэн.
Сымыйаны саҥарбытым —
аһынарбыттан.
Бэйэҕэ эрэ аньыыта биллэр
Бэргэн сымыйа баар буолар,
Бааһырпакка, абырыыр,
Баҕар, эмтээҕэр туһалыыр,
Тимирэн эрэри быыһыыр…
Баар этэ биир тылтан көнньүөрбүт,
Сымыйа салгынтан тирэммит —
Ол иһин хардыыта кэҥээбит…
Баар этэ биир кыымтан күөдьүйбүт,
Сымыйа кутааҕа иттибит —
Ол иһин кыһыны тулуйбут…
Баар этэ биир түүнтэн дьолломмут,
Сымыйа иэйиигэ эрэммит —
Ол иһин кэрэни өйдөөбүт…
Баалаамаҥ, дьонум!
Сыыһаны гыммытым,
Сымыйаны – саҥарбытым.
Мария Алексеева
Баалаабаппын
Букатын
Ааспыт күн
Мөккүөрүн,
Көрүн,
Көҥүлүн,
Үтүөтүн,
Мөкүтүн,
Үрүҥүн,
Харатын —
Барытын.
Ааһар аастын,
Оһор остун,
Айанныыбын
Олох устун.
Сайа
Кэтэһимэ олохтон
Кэрэни эрэ.
Үөтүмэ
Үчүгэйи эрэ
Үйэҥ тухары.
Соһуччу буолуо суоҕа
оччоҕо
Суорума сурах,
Аһыыта суох буолуо
Таптал таҥнарыыта,
Абата суох буолуо
Албын да арыллыыта.
Өҥ сайын буолуо диэн
Үөрэ-көтө
Үтэһэҕин бэлэмнээмэ,
Дьикти киэһэ буолуо диэн
Дьиэҥ аанын
Дьэллэмник
тэлэйимэ.
Кэһэлтэлээх
буолуо суоҕа
оччоҕо
Кэс тыл кэһиллиитэ,
Оннук охсуулаах
буолуо суоҕа
Олох да
огдолуйуута.
Санаабытыҥ барыта
Сатанан иһэригэр
саараныма,
Күнүм мэлдьи
күлүмүрдүү туруо диэн
көһүтүмэ.
Оччоҕо
Хайа да сибиэн
Сэрэппэккэ эрэ
ситэн кэлэн
сиэ суоҕа,
Ханнык да ситим
Хаһыытаппытынан ылан
быһа барыа суоҕа,
Хараххын саатаппыт
Хаарыан сулуһуҥ
Халлааныҥ оройуттан
Халбарыйан барара
Хараастыылаах
буолуо суоҕа.
Кэтэһимэ олохтон
Кэрэни эрэ.
Савва Тарасов
Олохтон эрэйимэ олус элбэҕи.
Оонньуурдаах харыйа курдук кини.
Күлүмүнэн көрсөр көргө кэлэри
Күн сирэ барыта маннык диирдии.
Ол харыйа аттыгар сылдьардыы санаа,
Кэрэ оонньуурдарын кэрэхсээ, баҕар.
Биири эмэ тал бэйэҕэр, атыны – анаа
Билэр да, билбэт да дьоҥҥор барыларыгар.
Үлтүрүйүөхтэрэ сорох оонньуурдар.
Үйэтэ суохтар кинилэр, үчүгэйдэрин иһин.
Үрдүктэн көөчүктүөхтэрэ, оттон атыттар —
Үтүмэх да маһынан тиийбэккин.
Баар буолаллар маннык киэһэлэргэ
Баламат соҕус дьон урдустара —
Тардыһа сылдьар тардыахтаах илиилэрэ
Тарбачыһа, суохха да уунуохтара.
Ким эрэ ылыа үчүгэйгэ үлүмнэһэн,
Хаалыахтааҕар диэн ким эрэ хаһааныа:
Бу сиргэ букатын кэллим дэнииттэн
Буорга сирэйин анньан туран муҥнаныа.
Тиксиэ дуо, биир эмэ эйиэхэ?
Ол туһунан эрдэлээн этэр уустук.
Былдьаһан, умса-төннө түһүмүөххэ,
Туох тиксэр – им-ньим күүтэр ордук.
Эрэйимэ олус элбэҕи олохтон,
Эрэнэбин сөптөөҕүнэн хардарыаҕа.
Баҕар, ыйытыахтара: «Эн… оттон
Оонньуур аҕалбытыҥ дуо бу харыйаҕа?»
Киһиэхэ кыра наада
Леонид Попов
Баараҕай баай хара тыаттан
Баара эрэ мин ыллым ытыспар
Күп-күөх быыкаайык туорааҕы.
Күп-күөх үчүгэй баҕайы! —
Уонна, оҕолоор,
«Оо, өлбөтөх киһи!» дии санаатым.
Улуу өрүс уйгулаах уутуттан
Омуртум мин омурдуу ууну,
Утахпын ханнарда даҕаны,
Олус да минньигэс баҕайы!
Уонна, оҕолоор,
«Оо, өлбөтөх киһи!» дии санаатым.
Эргиччи көрөр күн анныттан,
Эргийэ хамсыыр Сир буоруттан
Миэхэ диэн бэрт кыра наада,
Бэрт кыра, дуона суох наада!
Оччоҕо, оҕолоор,
Уһуннук да уһуннук олоруом!
Суоһааны
Ким эмэ этиэ дуо
Дьол диэн тугун?
Чороон от сэбирдэҕэр
Сиик таммаҕа кылбачыйар.
Ол уҥуор атахха
Кэбиһиилээх от турар.
Санаам сырдыыр. Куруйар.
Ол бадаҕа эмиэ
Дьол буоллаҕа бэйэтэ.
Сардаана Амгинская
Сүрэҕиҥ баҕа санааларын
Айыыларгар эрэ итэҕэй.
Хос санааны ытыннарбакка,
Ылыммыт суолгун эрэ тутус.
Санааҥ түһэр, эрэлиҥ эстэр,
Мөлтүүр, кэбириир түгэннэргэр
Эн таптыыр кинигэлэргин аах,
Таптыыр араадьыйаҕын холбоо.
Олох кыраттан, быыкаайыктан
Санааҥ соһуччу көтөҕүллүө,
Күн сарсыҥҥыттан сабыыс-саҥа
Олоҕуҥ ыллыга тыргыллыа.
Айыыларгар эрэ итэҕэй,
Олохтон истиҥи эрэ ыл.
Семен Данилов
БУЛУОХХУТ БАРЫТЫН
Мин анаан Дьолу көрдүүбүн —
Булабын Сор суолун,
Үлэ көлүйэр көлөөҕүн,
Олох дьоло суоҕун.
Мин анаан Кырдьык көрдүүбүн —
Албыны булабын,
Албын абыгар өрүүтүн
Сиэртибэ буолабын.
Мин анаан Таптал көрдүүбүн —
Булабын Кырыыһы,
Доҕор абааһы көрүүтүн,
Сэнэбил кыһыытын.
Мин анаан Ырыа көрдүүбүн —
Булабын Хоп сибин,
Олох дьээбэтин, күлүгүн
Кэрэһи кэпсээнин.
Көрдөөбөт кэммэр соһутан
Кэлэллэр: Дьол, Таптал,
Үйэм үчүгэй Ырыата
Кырдьык кынаттаах.
Онон бар дьоммор этэбин:
– Көрдөөмөҥ анааҥҥыт.
Дьоннуу олоруҥ, үлэлээҥ —
Булуоххут барытын.
Николай Чуор
ХАҺААНЫМАҤ
Харысхаллаах
Хайҕал тылын
Хаһан эрэ
Этиэхпит диэн
Эрэнимэ!
Үтүө тылы
Үйэ сааска
Өйдүүр курдук
Эрдэ-сылла
Этэр буолуҥ!
Хомнуо хойут
Хомойботтуу
Санааҕытын
Сайаҕастык
Сайа этиҥ!
Хаарыаннаахай
Хампа күөххүт
Кэхтэр кэмин
Кэтэмэҕэйдээн
Кэтэһимэҥ!
Харысхаллаах
Хайҕал тылын
Халтайынан
Хара кэмҥэ
Хаһаанымаҥ!
Суоһааны
Биир таммах харах уутунан
Ыгыллан тахсыбыт
Ыарахан санааны
Ындыы гынан ылынан
Тэҥҥэ сүксүөх-көтөхсүөх,
Ичигэс санаалаах, итии сүрэхтээх
Эн таскар баар буоллун мэлдьитин.
Саха киһитэ – бүтэй, бүөм,
Кистэниэ, бэйэтигэр бүгүө,
Бүүтүйэлээн бүтэйдии бүөлэниэ.
Ол ону сэрэйэн, таба көрөн таайан
Кэмигэр өйүөх, өйдүөх,
Эрэллээх илиитин уунуох
Чугас доҕордоох буол өрүүтүн.
Санааны сайа этиһэр саҕа үчүгэй эмп
Туох баар буолуой, киһиэхэ, бу күҥҥэ.
Алампа
Итии илиинэн
Ибигирэтэн тутуһар,
Истиҥ тылынан
Иһирэхтээн кэпсэтэр
Эгэлгэ энэлгэҥҥэ
Этиппэт эмп…
Сардаана Амгинская
МАХТАЛЛААХ БУОЛ
Туох барытын үтүө түмүгэ —
Бу киһи киһиэхэ махтала.
Сүрэхтэн этиллэр истиҥ тыл,
Харахтан саҕыллар уйан күүс.
Этиллэр махтал судургутук,
Тиэрдиллэр кини кэбэҕэстик:
Кими даҕаны куоттарбакка,
Махтал тылынан тумнубакка.
Махтал сыдьаайа хааччаҕа суох,
Махтал үтүөтэ муҥура суох.
Махтал – айыылар алгыстарын
Сүрэхтэн сүрэххэ тиксиитэ.
Махталы хаһан да эрэйимэ,
Махтанаргын хаһан да умнума.
Bepul matn qismi tugad.