Kitobni o'qish: «Саха аныгы ыалын сандалыта»
ААН ТЫЛ
«Сүүс киһи санаата биир» диэн, «аһылык» таайыылаах саха таабырына баар. Аны «Олоробут аһыыр туһугар, аһыыбыт олорор туһугар» диэн этии эмиэ баар. Ол да курдук хайа баҕарар киһи, баҕарбатар даҕаны, ас туһунан санаатыгар оҕустаран ылара элбэх бөҕө буоллаҕа. Оттон дьиэ хаһаайката барахсан сарсыардаттан саҕалаан, күнү туура «дьоммун тугунан аһатабын, тугу астыыбын» диэн санаан, толкуйдаан ылара кэмэ суоҕа биллэр. Онон, биһиги бу кыракый кинигэбитин эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох бука бары саха дьахталларыгар, иэримэ дьиэ иэйэхситтэригэр аныыбыт.
Кэлиҥҥи сылларга нууччалыы да, сахалыы да тылынан өҥнөөх ойуулаах, үчүгэй кумааҕылаах, үрдүк полиграфическай оҥоһуулаах кулинарнай кинигэлэр дэлэйдилэр. Итилэртэн биһиги кинигэбит уратыта диэн, ас эрэсиэбин састаабын аттынааҕы маҕаһыынтан, бэйэбит оҕуруоппутуттан кэбэҕэстик булуохха сөбө буолар. Манна киирбит бүлүүдэлэри хомуйан оҥорооччулар бэйэлэрин астыыр кинигэлэриттэн устан, аймахтарыттан, билэр дьонноруттан ыйыталаһан оҥордулар.
Чэ, онон, күндү дьүөгэлэр, дьиэтээҕилэргитин сонун аһынан күндүлээн үөрдүҥ, чугас дьоҥҥут истиҥ-иһирэх махталларын ылыҥ!
Бурдук аһа
Саха аһа
Саха лэппиэскэтэ (Тарбаахаптыы)
Састааба:
1 ыстакаан сибиэһэй эбэтэр аһыйбыт үүт, ыстакаан аҥаара оргуйбут уу,
10 г суода,
3 ыстакаан бурдук, итинтэн биирэ хара бурдук,
10 г туус.
Үүтү, ууну, тууһу уонна суоданы холбуу булкуйабыт. Ити кэннэ бурдугу кутан, түргэн туттуунан тиэстэ кытаатан, илиигэ сыстыбат буолуор диэри мэһийэбит. Мэһиллибит тиэстэни хаппахтаах иһиккэ 15—20 мүнүүтэ туруорабыт. Ити кэнниттэн ытыс тилэҕинэн баттыалаан, 1,5 см халыҥнаах лэппиэскэ оҥоробут. Сирэй өттүн сүөгэйинэн эбэтэр үүтүнэн сотобут. Ол кэнниттэн биилкэнэн дьөлүтэ анньан ойуулуубут. Духуопканы орто температуратыгар туруорабыт. Буһарыы уһуна 20—25 мүнүүтэ. Буспут лэппиэскэни духуопкаттан таһааран ойоҕоһунан ууран сойутабыт.
Саха лэппиэскэтэ
Састааба:
1 паачыка кефир
эбэтэр аhыйбыт үүт, 1 чаайынай ньуоска суода,
0,5 чаайынай ньуоска туус, бурдук.
Кефири нэлэгэр миискэҕэ кутабыт уонна суода эбэн баран, күүгэннириэр диэри булкуйабыт, ытыгынан ытыйыахха сөп. Ол кэннэ туус уонна бурдук эбэн, бастаан ньуосканан, онтон илиинэн сымнаҕас гына мэhийэбит. Кыратык сытыара түhэбит, онтон бөлүөгүнэн 2—2,5 см гына тэнитэбит. Биилкэнэн үрдүн тэhитэ кэйэн баран, духуопкаҕа уган саhарыар диэри буhарабыт. Духуопка аанын мээнэ арыйбакка, кыратык аппатан көрүөххэ сөп. Таһааран баран, арыынан үрдүн сотон ылабыт уонна сотторго суулаан туруору ууран сойутабыт. Бу тиэстэни арыыга буhарыахха эмиэ сөп. Олус минньигэс буолар. Онуоха тиэстэни арыый чараастык 0,7—1 см гына тэнитэбит, биилкэнэн тэhитэ кэйэбит уонна квадрат гына бысталаан баран, мас арыытыгар ыhаарылыыбыт.
Көбүөрдээх лэппиэскэ
Аһыйбыт үүккэ бурдук, туус кутан тиэстэ мэһийэбит. Остуолга кутан, биир илии халыҥнаах гына хаптатабыт, үрдүн үүтүнэн эбэтэр сүөгэйинэн ньалҕаарыччы сотобут. Биилкэнэн тэһэ анньан ойуулуубут уонна итии духуопкаҕа буһарабыт. Сойбут лэппиэскэни кыра гына кырбыыбыт уонна көбүөрү кутан булкуйабыт. Минньигэс буоллун диэн көбүөргэ дьэдьэн эбиэххэ сөп.
Көбүөрдээх лэппиэскэ, хайах
Көбүөр:
500 г ынах арыыта (сливочнай арыы), 2,5 ыстакаан үүт. Лэппиэскэ:
100 г аһыйбыт үүт, 250 г бурдук, туус.
Бастаан лэппиэскэ буһарабыт. Аһыйбыт үүккэ суода кутан оҥордоххо, сымнаҕас буолар. 2 киилэ көбүөргэ 800 г курдук арыы наада. Бастаан сылаас үүтүнэн арыыны ытыгынан сымнатабыт. Үчүгэйдик сымнаабытын кэннэ сылаас үүтү, онтон итиччэ тымныы үүтү кутан баран күүскэ ытыйабыт. Ол курдук мөлбөркөй буолуор диэри сылаас, тымныы үүтү кутан тохтоло суох алларанан соҕус ытыйыахтаахпыт. Көбүөр лэппиэскэҕэ сыстар буоллаҕына, бытарытыллыбыт лэппиэскэҕэ кутан мас хамыйаҕынан булкуйабыт уонна сонно кыра иһиттэргэ кутан сойутабыт эбэтэр тоҥоробут. Хайах эмиэ итинник оҥоһуллар эрээри, дьэдьэн, отон, сугун кутан, күөрчэх курдук тоҥорон да, сибиэһэйдии да сиэххэ сөп.
Алаадьы
Састааба:
үүт – 300 г,
2 сымыыт, ыстакаан аҥаарыттан арыый ордук уу,
510 г бурдук,
180 г кулинарнай сыа эбэтэр мас арыыта, 10 г туус.
Иһиккэ ууну, үүтү, сымыыты, тууһу кутан сымыыт холбоһуор диэри ытыйабыт. Ити кэнниттэн сиидэҕэ үчүгэйдик сиксийиллибит бурдугу кутан, хойуу сүөгэй курдук буолуор диэри ытыйан тиэстэни бэлэмниибит. Үчүгэйдик сылыйбыт хобордооххо арыыга буһарабыт. Алаадьы тиэстэтэ төһө кыалларынан биир тэҥник баһыллан кутуллуохтаах уонна эргитэ сылдьан буһарыллыахтаах. Алаадьыны кытары ууллубут ынах арыытын эбэтэр сылаас көбүөрү, күөрчэҕи, барыанньаны уурабыт.
Саха баахылата
850 г бурдук,
3 ыстакаан үүт,
1 ыстакаан оргуйбут уу,
100 г саахар,
2 сымыыт, туус, баахыла тимирин оҕунуохтуурга – кулинарнай сыа. Тиэстэтэ алаадьы тиэстэтинээҕэр арыый хойуу буолар.
Баахыла тимирин эрдэ сылытабыт. Сылыйбыт халыып тимир аллараа сыҥааҕын кулинарнай сыанан оҕунуохтуубут уонна тиэстэни баһан ылан, халыып аллараа сыҥааҕа сөп буоларынан кутабыт. Ити кэнниттэн халыып үөһээҥҥи сыҥааҕын оҕунуохтаан баран, уокка уурабыт. Эргитэ сылдьан буһарабыт. Буспут баахыланы тимиртэн ылан, туруору сойута уурабыт.
Саламаат
Бастаан 1 киилэ арыыны уулларан оргутабыт. Ол арыыга 200 г бурдугу сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри булкуйа-булкуйа кэриэрдэ буһарабыт. Итинник оргуйа турар кэмигэр 800 г оргуйбут туустаах ууну кутабыт уонна эмиэ үчүгэйдик, хаахтыйбатын курдук булкуйабыт. Онтон иккиһин тууһа суох ууну кутабыт, мас хамыйаҕынан сэрэнэн, уһаты-туора булкуйабыт. Арыыта тахсар. Хойуу буоллаҕына, кыратык уу эбэн баран, уотун мөлтөтөбүт уонна сэрэнэн үчүгэйдик булкуйабыт. Арыыта саламаат үрдүгэр халыйан таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.
Түргэн саламаат
5 ыстакаан сүөгэйгэ 75 г бурдугу ытыйан баран, оһоххо итии турар хобордооххо буһарабыт. Буһарар кэмҥэ тохтоло суох булкуйа турабыт. Саламаат үрдүгэр кэлимсэ арыыта таҕыстаҕына, буһарыыны тохтотобут.
Саламаат
Састааба:
200 г ынах арыыта,
120 г бурдук,
5 ыстакаан уу.
Ынах арыытын хобордооххо уулларабыт уонна бурдугу сырдык саһархай өҥнөнүөр диэри булкуйа-булкуйа буһарабыт. Оргуйа турар кэмигэр арыыта үөһэ устан таҕыстаҕына – саламаат бэлэм.
Күннээҕи аһылык
Халбаһылаах тиэстэ
Састааба: 2 сымыыт, 3 остолобуой ньуоска бурдук, ¼ ыстакаан үүт, 1 чаайынай ньуоска мас арыыта, 100 г сүөгэй, ону кытары 500 г варенай халбаһы.
Халбаһыны чараас гына быһабыт. Блины тиэстэтинээҕэр хойуу, алаадьы тиэстэтинээҕэр убаҕас гына тиэстэ охсобут. Халбаһыны биилкэнэн ылан, тиэстэҕэ уган баран, итии хобордооххо ыһаарылыыбыт.
Саҥыйахтаах килиэп
Үүккэ хас да сымыыты эбэтэр сымыыт бороһуогун, бурдугу, тууһу кутан, алаадьы киэнинээҕэр убаҕас тиэстэ оҥоробут. Килиэби чараас гына быһан баран, тиэстэҕэ уган ыла-ыла арыыга ыһаарылыыбыт.
Минньигэс омлет
Састааба:
1 сымыыт,
ыстакаан үүт ¼, 1,5 чаайынай ньуоска мааннай куруппа,
чаайынай ньуоска ½ ынах арыыта
(сливочнай арыы).
Мааннай куруппаҕа итии үүтү (үүт ¾ чааһын) кутабыт, кыратык туруоран үлүннэрэн баран, ууллубут ынах арыытын уонна ордубут үүтү кытта булкуллубут сымыыт уоһаҕын кутабыт. Сымыыт үрүҥүн миксеринэн үлүннэрэн баран, булкуйа-булкуйа эбэбит. Бэлэм тиэстэни арыынан сотуллубут итии тимир лиискэ кутабыт, духуопкаҕа буһарабыт.
Быар баахыла
Баахыла тиэстэтин охсобут уонна 1 «Магги» кубигы, эриллибит быары, бэйэ көрүүтүнэн чеснок, эриэппэ луук, туус кутабыт. Үчүгэйдик булкуйан баран, төгүрүк быһыылаах баахыла халыыбыгар (форматыгар) кутан буһарабыт.
Астаах алаадьы
Алаадьы тиэстэтин охсобут уонна эриллибит эти, хортуоппуйу, түөркэлэммит моркуобу, дьаабылыканы, кубиктыы кырбаммыт халбаһыны, өрүс балыгын искэҕин кутан, араас амтаннаах алаадьыны буһарабыт.
Кокурка
Састааба:
6 буспут сымыыт,
200 г сүөгэй,
2 ыстакаан бурдук,
1 чаайынай ньуоска туус.
Сүөгэйгэ тууһу, бурдугу кутан тиэстэ мэһийэбит, бэрэскигэ курдук кыра төгүрүктэргэ араарабыт, сымыыты суулуубут уонна духуопкаҕа буһарабыт.
Оруоса дьөрбөтө
Састааба:
1 хаа (паачыка) хотуобай слоенай тиэстэ, 300—400 г ветчина эбэтэр хопчуонай халбаһы, 150—200 г сыыр.
Ветчинаны төһө кыалларынан чараас гына быһабыт, халбаһы төгүрүктэрин аҥаардыыбыт уонна сыыр куһуоктарын эмиэ кинилэртэн арыый кыра, чараас гына быһан бэлэмниибит. Слоенай тиэстэни биир хайысханан бөлүөгүнэн чарааһатабыт. Түөрт муннук буолбут улахан тиэстэни 3 см кэтиттээх, ветчинаттан 4 төгүл уһун лиэнтэлэргэ арааран быһабыт. Тиэстэ лиэнтэҕэ 3 куһуок ветчинаны эбэтэр халбаһы өлүүскэтин төгүрүк өттө үөһэ буолар, тиэстэттэн кыратык ордо сылдьар гына тэлгэтэбит. Ветчинаҕа сыыр уурабыт уонна сэрэнэн рулет курдук төгүрүтэбит, тиэстэ түмүгүн сыһыары хам тутабыт – оруоса бэлэм. Тимир лиискэ ууран, духуопкаҕа буһарабыт.
Татаардыы бэрэски
Тиэстэтэ:
бурдук, 1 сымыыт, чаайынай
ньуоска ½ суода,
1 остолобуой
ньуоска мас
арыыта, үүт
(суорат), туус.
Бэрэски фарша: сиикэй эт
(эриллибит эт
да барар),
хортуоппуй,
куубиктыы быһыллыбыт
эриэппэ луук, туус, хара биэрэс.
Тиэстэни мэһийэбит, чараас гына бөлүөгүнэн тэнитэбит, үс муннуктуу эбэтэр төгүрүктүү быһабыт. Үс муннук (төгүрүк) чараас тиэстэ ортотугар 1 ньуоска фаршы кутабыт, тиэстэни үөһэ өттө аһаҕас хаалар гына хам тутан бэйэ-бэйэтигэр сыһыарабыт. Итии духуопкаҕа уган буһарабыт.
Тылчаан (Язычок)
Састааба: үлүннэриилээх тиэстэ,
варенай халбаһы, сибиэһэй оҕурсу,
помидор, майонез.
Халбаһыны чараас гына быһабыт, ортотунан аҥаардыыбыт. Үлүннэриилээх тиэстэни бэрэски оҥорор курдук төкүнүтэбит, тэнитэбит уонна халбаһыны уурабыт, тиэстэни икки кытыытын хам тутабыт, үрүт өттүн аһаҕас хаалларабыт. Хобордооххо мас арыытыгар буһарабыт. Оҕурсуну уонна помидору синньигэс гына быһабыт. Таһаараат да сылаастыы, тиэстэбит иһинээҕи халбаһы икки өттүн кыратык майонезтыыбыт, биир өттүгэр оҕурсу, иккиһигэр помидор куһуоктарын угабыт. Түргэн уонна тотоойу.
Эттээх лэппиэскэ
Үлүннэриилээх тиэстэни кыра гына төкүнүтэбит, бөлүөгүнэн тэнитэбит, кытыытыгар төгүрүччү фаршы синньигэс гына уурабыт. Тиэстэни иһин диэки саба бүрүйэн хам баттыыбыт уонна итии хобордооххо бастаан хам баттаабыт өттүбүтүнэн умса ууран буһарабыт. Эт аҕыйах барарынан барыстаах.
Сандалы бэрэски
Тиэстэтэ:
300 г сүөгэй, 105 г
оргуйбут сөрүүн уу,
1,1 кг бурдук,
2 сымыыт,
1 чаайынай ньуоска суода, туус.
Фарша: 900 г убаһа этэ, 200 г хаһа,
1 эриэппэ луук,
150 г ууга буспут ириис, туус,
хара биэрэс.
Тиэстэ мэһийэбит уонна 15 мүнүүтэ туруорабыт. Бу кэмҥэ эти, хаһаны кыра гына быһабыт, ирииһи холбуубут, бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, биэрэс кутабыт. Тиэстэни кыра тэҥ төгүрүктэр гына быһабыт, бөлүөгүнэн чарааһатабыт, фаршы кутан баран кытыытын хам тутан сыһыарабыт уонна итии хобордооххо буһарабыт.
Тэллэйдээх бэрэски
Хатыҥаайы тэллэйи (подберезовик) сууйан, ыраастаан, кыра гына кырбыыбыт, туустаан, лууктаан арыыга ыһаарылыыбыт уонна буспут ирииһи кытта булкуйабыт. Үлүннэриилээх тиэстэҕэ суулаан, арыыга буһарабыт.
Bepul matn qismi tugad.