Kitobni o'qish: «Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан»
ААН ТЫЛ
Платон Алексеевич Ойуунускай (1893–1939) – саха норуотун чулуу киһитэ, төлөннөөх революционер, бөдөҥ государственнай деятель, улуу суруйааччы уонна улахан учуонай. Ама ханнык саха тыллаах кинини билбэт буолуой?! Саха оҕото бэрт кыра сааһыттан кини аатын истэн, айымньыларын үөрэтэн, ааҕан улааттаҕа.
Улуу дьон, ордук суруйааччылар олохторун киһи эрэ барыта олус интэриэһиргиир, билиэн-көрүөн баҕарар: кини дьүһүнэ, таҥаһа-саба, майгыта-сигилитэ, дьиэ кэргэнигэр, доҕотторугар, дьоҥҥо сыһыана хайдах этэй диэн. Билиҥҥи көлүөнэ дьонугар сурукка тиһиллибит тыллаах-өстөөх П.А. Ойуунускай мэтириэттэн күлэ олорор, эбэтэр боруонсаҕа кутуллубут пааматынньык буолан, киһи санаан да көрбөт, тиийбэт да чымаан чыпчаалыгар, далай ырааҕар баар курдук. Оннооҕор Ойуунускай бэйэтин көлүөнэтин дьоно кинини чугастан көрүөхтэрин-билиэхтэрин сүрдээҕин баҕараллар уонна билсэн-көрсөн баран, бу улуу киһи бэрт боростуойун, судургутун, кэрэтин билэн соһуйаллар, үөрэллэр эбит. Кимнээҕэр да сытыы өйдөөх, үгүс үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуһуулаах киһи сырдык хараҕын чаҕылхай уотун бары бэлиэтии көрөллөр эбит. Ол курдук А. Мординов маннык ахтыбыт: «…биирдэ Платон Алексеевичка: «Дьиибэ да харахтаах киһигин», – диэбитим. «Ол хараҕым хайдаҕый?» – диэтэ. Онуоха мин: «Киһи эрэ хараҕыттан ураты, туспа харахтааххын», – диэтим. Киһим: «Киһи хараҕын курдук буоллар ордук буолуо эбит дии, дыҕаар», – диэбитэ…
Эдэркээн сааһыттан П.А. Ойуунускай ыра санаа оҥостубут баҕатын толорон, саха норуота хараҥаттан, батталтан тахсан, саҥа олоҕу тутарын туһугар охсуспута, үлэлээбитэ. Кини табаарыстарын кытта дойдуларыгар өрөспүүбүлүкэ статуһун ылыыга үлэлээн 1922 с. САССР тэрийбиттэрэ. Ол иһин кинилэргэ саха норуотун махтала уҕараабат.
Ойуунускай оҕо эрдэҕиттэн олоҥхону сөбүлүүрэ. Доҕоругар Максим Аммосовка 1917 с. суругар олоҥхо ис хоһоонун быһаарбыт уонна эппит: «Якут был исключительно поэт… Наша будущность в совершенном развитии этой поэзии… и сделать общечеловеческим достоянием. Кто откажет в своеобразной прелести слога содержания нашей сказки (олонхо)?» Кини эмиэ этэр-тыынар баҕалаах буолан кэлбитин туһунан хоһоонугар этэн туран бэйэтин олоҥхолуу ааттанар – Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. «Урукку кэм эбитэ буоллар олоҥхоһут буолуохтаах этим» диэн күлэр эбит. Ол да буоллар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» курдук улахан олоҥхону суруйбут киһи улуу олоҥхоһут буолара саарбахтаммат. Аҥаардас бу айыытынан да кини өлбөт-сүппэт аатын билиннэрдэҕэ, өтө көрүүтэ туолан, саха норуота аан дойдуга олоҥхотунан аатырарын ситистэҕэ.
П.А. Ойуунускай кылгас буолан баран баай ис хоһоонноох чаҕылхай олоҕу олорбута. Кини олоҕор өрө тахсыы, дьоллоох буолуу түгэннэрэ үгүс этилэр, ол эрээри кини олоҕо олус ыарахан этэ уонна трагическай түмүктээх буолбута. «Норуот өстөөҕө» диэн олоҕо суох буруйданан аата сүүрбэччэ сыл устата ааттаммат буолбута. Ол да буоллар, П.А. Ойуунускай бэйэтин дьылҕатын уонна төрөөбүт норуотугар суолтатын өтө көрбүтүн курдук, кини тиллибитэ:
Үс саха төрүөҕэр
Үөрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа…
Ойуунускай айымньыларынан саха норуота баарын тухары аата ааттана туруоҕа!
Варвара Борисовна Окорокова,филологическай наука дуоктара, профессор
1 баһа. П.А. ОЙУУНУСКАЙ ТӨРҮТТЭРЭ УОННА ДЬИЭ КЭРГЭНЭ
С.П. Ойунская
Родословная Слепцовых-Хоочугур
…В трудах академика С.А. Токарева несколько раз упоминается имя Орюкана Секуева (Сөөкүйээн уола Өрүүкээн), который является общим предком таттинских родов Слепцовых и Сивцевых: «…тойон средней руки стоял во главе одного из батулинских родов. Но он отличался необыкновенной драчливостью. Это был типичный представитель старой якутской военно-рабовладельческой знати, главное занятие свое видевший в грабительских набегах на окружающее население. Имя этого Орюкана не раз встречается на разных документах в числе «лутчих людей» (тойонов) Батулинской волости. Но еще чаще его имя, начиная с 1660-х годов, попадается в разных жалобах челобитных якутов той же Батулинской и других волостей». Орюкан был схвачен и доставлен в Якутский острог, где он после суда был четвертован, его стороннники были повешены. Имя осталось в документах и устных преданиях… А род не прервался – в одном колене угасал, в другом колене разрастался.
Однажды двоюродная сестра Прасковья Аянитова, дочь родной сестры папы, взяла меня с собой в Татту, это было в 1948 г., там я впервые увидела родню по линии папы… Меня поразили двоюродные братья отца – Иван и Гаврил Слепцовы, смуглые до черноты, с иссиня-черными буйными кудрями… Говорят, что мой дед Хоочугур Алексей тоже был очень смуглым и кудрявым. Помню как удивилась, когда увидела родню папы по материнской линии – белолицых, русоволосых, светлоглазых (чоккуруос харахтаах) бабушек. Говорят, бабушка Евдокия тоже была похожа на них… В отце преобладала материнская кровь.
Первую запись по «древу» рода Слепцовых я зафиксировала в 1965 г. от двоюродного брата П.А. Ойунского Гаврила Слепцова. Я тогда третий год работала в ИЯЛИ в секторе литературы и фольклора у Г.У. Эргиса.
Самым дальним предком был Нойохо Тураах (1709 г.р.), у него было три сына: Сабырый, Бочона (1745 г.р.), Күүтүмньү (1766–1834)…
Опираясь на «Родословную якутов Ботурусского улуса» (1993) Ф. Захарова, Г.В. Попов написал книгу «Хантан хааннаахпытый?» (1994) об истоках родословной классиков и народных писателей якутской литературы. И выходит так, что и А.Е. Кулаковский-Өксөкүлээх, и Алампа Софронов, и Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, и Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, и Платон Ойунский родственны не только по писательскому духу, но и по крови, они происходят от одного корня…
Элэйбэ Бүөтүр – это родной дед Платона Алексеевича Ойунского, Хоочугур Өлөксөй – отец писателя.
Старший брат Хоочугура Бас Нээстээр имел 4-х сыновей и дочь, один из сыновей (Афанасий) – 5-х сыновей и 2-х дочек, а другой сын (Дмитрий) – 3-х сыновей и дочь. Теперь от этой восходящей Бас-Слепцовых большое потомство. Младший брат Хоочугура Хара Сүөдэр имел двух сыновей, но один не оставил потомства, а второй (Иван) – от двух дочерей имеет многочисленное потомство Собакиных-Слепцовых и Владимировых, среди них известный борец, мастер спорта Калистрат Владимиров.
Интересна и ветвь от Күүтүмньү, который был крещен как Федор Слепцов (1766–1834), он младше родного брата Бочоны на 21 год. И недаром его имя «Долгожданный»… От него родилось 4 сына: Петр (Толбон), 1801 г.р., Дмитрий, 1807 г.р., Николай (Кууһайдыыр Уус), 1813 г.р., Платон, 1814 г.р. У Петра и Дмитрия было по одному сыну, Кууһайдыыр Уус имел 2-х сыновей, его старший сын Савва, 1840 г.р., имел 4-х сыновей и дочь.
Самый младший из братьев Платон имел одного сына и трех дочерей, его сын Нестор, 1846 г.р., был многодетным – 5 сыновей и 2 дочери. Из трех дочерей Платона старшая – Прасковья Давыдова является матерью первой якутской детской писательницы Веры Дмитриевны Давыдовой, Ульяна старшая и Ульяна младшая были выданы замуж за жителей Хатылинского рода Соловьевых. По рассказам Надежды Осиповны Аржаковой, внучки Ульяны Старшей, в детские годы Платон Ойунский летом приезжал в Мырылу к своим тетям: купался на реке Амге, поднимался на гору Тэйэр Хайа… Сын Ульяны Старшей, ровесник моего отца, Нестор Саввич Соловьев был ревкомовцем, погиб в годы гражданской войны…
Нестор Платонович Слепцов был головой Ботурусского улуса, богач-скотовод – имел около 700 голов скота, детям дал образование, умер в 1933 г. Михаил-первый оставил 3-х сыновей и 3-х дочерей, Михаил Нестерович-второй был холост. Годы революции и гражданской войны разметали большую семью, братья стали по обе стороны баррикады: Михаил-первый, сторонник белобандитского движения, Михаил-второй, член РКП(б), замучен белобандитами в 1921 г. Светлой памяти Михаила Нестеровича Слепцова отец посвятил рассказ «Сүрэх», памяти М.Н. Слепцова и памяти родного брата Никиты Алексеевича Слепцова посвящено стихотворение «Өлбүттэр ааттарыгар». Михаил Нестерович-младший стал прототипом Кеши Тускаева в романе Эрилик Эристина «Маарыкчаан ыччаттара».
Трагична и судьба старшей дочери головы Нестора – Марии Нестеровны Егасовой, она против воли отца вышла замуж за сына бедняка, учителя Елпидифора Егасова, который впоследствии попал в первую волну репрессий 1921 г. и был расстрелян… Это был очень интеллигентный, мягкий, добрый человек. Он настоял на том, чтобы юный Платон учился дальше, помогал ему и морально, и материально… По трагической случайности своей судьбы Егасов стал отрицательным персонажем романа Эрилик Эристина «Марыкчанские ребята».
У Егасовых была единственная дочь, Зинаида Елпидифоровна Егасова, типичная сельская учительница, несмотря ни на что по своим подвижническим трудам, удостоенная высокой награды – ордена «Знак Почета». Она умерла в 1983 г., бездетная… Прямых потомков от рода головы Нестора Слепцова почти никого нет… Незадолго до смерти Мария Нестеровна, как ее называли Мааһа Эмээхсин, гостила у нас в городе, была на крестинах нашего первенца. Как она рада была, что у ее любимца Платона родился внук Платон. Как раз в те годы были напечатаны книги отца, так она, буквально не выпускала их из рук: читала, целовала страницы, плакала и радовалась: «Оҕом Былатыан тыыннаах… Саҥарар, кэпсэтэр!».
Теперь обратимся непосредственно к прямым потомкам Хоочугур-Слепцовых.
Алексей Петрович Слепцов-Хоочугур был женат дважды, первая жена умерла после родов, оставив трех сыновей, вторая жена Евдокия Ивановна (в девичестве Унарова), была из соседнего Жулейского наслега. Жизнерадостная, энергичная, волевая, хороший знаток народной мудрости, певунья и мастерица на все руки, она родила супругу трех сыновей и четырех дочерей – вместе с мужем подняла и вывела в люди всех 10-х детей. В своей автобиографии, написанной 4 октября 1937 г., отец отмечает: «Я родился в семье крестьянина-середняка в 1863 г. 11 ноября (но н. ст.). Мой отец – Алексей Петрович Слепцов впоследствии стал бедняком и умер в 1916 г. Мать Евдокия Ивановна – умерла в 1929 г. Мои родители (бедняки), занимались лишь сельским хозяйством, т. е. скотоводством».
Дети Хоочугур Алексея:
Теперь более подробно о каждом из детей Хоочугура:
Трофим, 1880 г.р., год смерти неизвестен, был женат, имел единственную дочь, у которой тоже была одна дочь – Петрова Нина Алексеевна, жила в г. Якутске, у нее двое детей. Где они сейчас, кем стали? Сведений нет…
Никита Первый – Никита Алексеевич Слепцов, 1889 г.р., был женат, имел единственного сына Василия. Был бойким, смекалистым. Это он повез Платона в город на учебу и устроил у земляка на кошт. Братья были друзьями, единомышленниками. Его сын Вася в годы учебы жил в семье Ойунских, когда был репрессирован дядя, он уехал на Север, учительствовал в Булуне, умер в 1947 г.
Никита-младший, 1890–1913 гг., детей нет.
Платон, 1893–1939 гг. Две дочери. Саргылана родилась в Москве в 1931 г. Более тридцати лет работала в системе связи телефонистской, телеграфисткой. Замужем не была, детей нет. Умерла в возрасте 60-ти лет. Сардана – это я. Родилась в 1934 г. в Москве, замужем, трое детей и два внука. Муж – Соловьев Сергей Петрович, инженер-механик, кандидат технических наук. Наш сын, Платон Сергеевич Соловьев, 1961 г.р., женат, имеет дочь Сардаану, 1991 г.р. Старшая дочь Мария Сергеевна Соловьева 1962 г.р., преподаватель ФЛФ ЯГУ, не семейная. Младшая дочь Лина Сергеевна, по мужу Михайлова, окончила английское отделение ЯГУ, растит сына Платона, 1993 г.р.
Василий-Кууска Баһылай, 1895–1935. Василий Алексеевич был женат на Елене Бачиевой, у них было двое сыновей: Солбуйар (1930–1982) и Василий (1934–1987). От Солбуйара осталось трое детей: Галина 1955 г.р., Петр 1956 г.р. и Елена 1960 г.р. Все родились и выросли в г. Якутске, девочки семейные, мужья русские, растят по трое-четверо детей. Василий Васильевич жил в Таттинском улусе, имел 5 сыновей и 2 дочерей. Сыновья, как и родители, труженики сельского хозяйства… Дочь Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах работник культурного фронта – много лет работала в госцирке как конференсье и дрессировшица. Пишет своеобразные стихи в жанре фэнтези.
Анна (1896–1937), в замужестве Местникова, по словам внука имела 14 детей, но многие умерли в детстве.
Иван (1902–1935). Женат дважды. От первого брака с Анной Слепцовой трое детей: Джулустан, Нюргустана, Саргылан. С Нюргустаной Ивановной Винокуровой мы все годы поддерживаем теплые родственные отношения. Имеет 7 детей. От второго брака Ивана Алексеевича Слепцова с Марией Сивцевой родилась дочь Айгылана, 1934 г.р.
Мария-старшая (1903–1935), в замужестве Аянитова, ее дочь Прасковья Терентьевна Аянитова много лет работала учительницей начальных классов. Вырастила 4-х детей.
Мария-младшая (1906–1935) училась в Московском институте философии, литературы и истории (МИФЛИ), не завершила из-за тяжелой неизлечимой болезни – туберкулеза. Была активистской женского движения.
Марина (1907–1939) была активистской колхозного движения, секретарем комсомольской ячейки. Сын Иван, 1929 г.р., и дочь Евдокия, 1934 г.р. У сына Ивана три сына: Платон, 1959 г.р., Леонид, 1963 г.р., Иван, 1965 г.р. Сын Марины Иван Спиридонович Семенов, видимо, унаследовал гены Слепцовых-Унаровых – он известный в республике артист художественной самодеятельности, пишет стихи, сочиняет мелодии к песням…
Кажется, Платон Алексеевич был одним из первых, кто нарекал детей новыми якутскими именами, зарегистрированными ЗАГСом, так он дал имена племянникам – Джулустан (Стремительный), Саргылан (Удачливый), Нюргустана (Славная), Солбуйар (Последователь), Айгылана (Щедрая), Нюргун (Могучий), Айталина (Прекрасная, по имени красавицы из олонхо), старшую дочь назвал Саргылана (Удачливая), младшую Сарданой (полевой цветок – саранка)…
Генеалогическое «древо» любого рода дает интересный материал и демографической статистике, и по антропологии, и по генетике, и по истории… И как мы видим, весьма печальную картину показывают даты рождения и смерти – дети Хоочугур Алексея в среднем не достигали и сорока лет… 1935-ый тяжелый год унес несколько жизней, умирали молодыми от туберкулеза – рокового наследия прошлых голодных лет… Из 10 детей большой дружной семьи Слепцовых к началу 40-х годов не осталось в живых никого… Страшная и грустная статистика… Спад и всплеск рождаемости… Ныне оставшихся в живых около 20-ти внуков, более 50-ти новых отпрысков.
В современном «древе» рода Хоочугур-Слепцовых смешалась кровь многих народов: якутская, русская, юкагирская, эвенская, таджикская, киргизская… Животрепещущая нить Ариадны тянется по лабиринтам веков, годов… Пусть она не прерывается и протянется еще дальше. Жизнь прекрасна.
Вот такова история одного рода.
1998 г.
Е.Д. Андросов
П.А. Ойуунускай төрдө-ууһа, аймахтара
Ойуунускай ийэтэ Дьэбдьэкиэй Баайаҕа Андросовтарын, Поповтарын кытары биир төрүттээҕин-уустааҕын туһунан аан бастаан 1937 с. Ойуунускай чугас аймаҕыттан, ырааҕы ырыҥалаан билэр сээркээн сэһэнньит кырдьаҕастан Иосиф Харитонович Поповтан ыаллыы олорон истибитим. Онтон салгыы, кэлин соҕус, Иван Афанасьевич Андросовтан, Баһымньылаах Баанньа диэн хос ааттаах, былыргылыы кыра үөрэхтээх, эмиэ олус сэһэнньит абаҕабыттан иститэлээбитим. Ол эрээри быдан хойуккааҥҥа диэри Ойуунускай ийэтэ Дьэбдьэкиэй кимнээхтэринэн биһиэхэ аймах уруу буоларын чуолкай билбэккэ сылдьыбытым. Онтон бу кэлин, арыый сааһыран, кырдьа майгытыйан иһэн, оҕонньотторум сэһэннэриттэн өйдөөн хаалбыппар олоҕуран, онно эбии архыып докумуоннарын хасыһан, ырытан, аны онно өссө эбии бу быйыл, Ойуунускай ырааҕынан да буоллар, биир аймаҕын, билигин Ытык Күөлгэ биэнсийэҕэ олорор 87 саастаах ытык, аарыма кырдьаҕас Дмитрий Егорович Габышев сэһэниттэн элбэх туһалааҕы, тускуллааҕы биллим, иһиттим. Балары таһынан өр сылларга бэйэм аҕабынан төрөөбүт төрүт төрдүбүн-ууспун дьаныһан туран үөрэтиим Ойуунускай ийэтинэн дьиҥнээх төрдүн-ууһун суруйарбар улахан тирэх, тулааһын буоллулар.
Үс саха үөскүөҕүттэн, түөрт саха төрүөҕүттэн, киһи-сүөһү кииннээн, дьон-сэргэ түөлбэлээн олохсуйбут ытык кырдьаҕас Баайаҕа сиригэр Ыарҕа аҕатын ууһа диэн биэс аҕа ууһун баһылыга буолбут улахан аҕа ууһа – Андросовтар, Поповтар олороллор. Ыарҕа – бу киһи аата. Кини ХVIII үйэ бастакы аҥаарыгар Улахан, Үчүгэй, Айан алаастарынан олорон ааспыта. Кинини кыта-кыйма курдук элбэх оҕолордооҕун иһин Ыарҕа диэн ааттаабыттара диэн үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Ити элбэх ахсааннаах оҕолоруттан Иэппэ Хабырылла, Уйбаан-Дьаакып уонна Хара Оҕо Хаппытыан диэн уолаттарын ааттара эрэ биллэр. Бу уолаттар бары саастарын ситэн, улаатан бараннар, ХVIII үйэҕэ нуучча итэҕэлигэр сүрэхтэммиттэр.
Дьэ, мантан бэттэх биһиги Андросовтар уонна Поповтар төрүттэрэ буолбут Уйбаан-Дьаакып диэн икки ааттаах-суоллаах киһиттэн сэһэммит саҕаланыаҕа.
Уйбаан-Дьаакып аҕатын олоҕор олорон үс уолу, икки кыыһы төрөтөн, улаатыннартаан, киһи-хара оҥортообут. Улахан уол Ньыгылла Охонооһой 1768 с. төрөөбүт. Кини биһигини, Андросовтары, төрүттээбит киһи, мин түгэх эһэм. Кинини аҕата бэйэтин кыстыгар Кириҥэҕэ уонна Маттаҕа үрэх Уолбут диэн күөлүн арҕаа баар бэйэтин сайылыгар олохсуппут. Орто уола Хара Оҕо Сахаар 1775 с. төрөөбүт. Бу киһи Баайаҕа Поповтарын төрүттэринэн буолбут. Кини Ойуунускай ийэтинэн түгэх эһэтэ. Онон кэлин сүрүн сэһэммит эмиэ бу киһиттэн саҕаланан барыаҕа. Аҕата бу уолун Сахаар Алааһыгар, Оһоххо, Чалҕарымаҕа олохсуппут. Кыра уол Баалаан Өлөксөөндүр 1780 с. төрөөбүт. Наһаа куолуһут, тыллаах, сокуонньут киһи эбитэ үһү. Улахан убайын Ньыгылла Охонооһуйу кытары эҥээрдэһэн, Маттаҕаҕа Нэмтэл диэн сиргэ олохсуйан олорбут. Кини Баайаҕаттан аан бастакы үөрэхтээх киһи. 1811 с. Баайаҕаҕа Игидэй нэһилиэгин олохтоспута.
Ньыгылла Охонооһой орто инитэ, П.А. Ойуунускай түгэх эһэтэ, Хара Оҕо Сахаар бииргэ төрөөбүттэриттэн ойуччу сытыы-хотуу, атаҕынан убайыгар тиийбэтэр да, эмиэ кус-быһый, күүһүнэн-күдэҕинэн да балачча кыанар, дьиэтигэр-уотугар сүгүн түптээн олорбот улуу булчут-алчыт буолан, хара тыа кииһин, саһылын балачча орҕорбут ахан киһинэн биллэр. Тылынан-өһүнэн да оччотооҕу дьонтон ордук устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, ыллаабыт-туойбут кэрэ, чуор куоластаах киһи эбитэ үһү. Хара Оҕо Сахаар бэйэтэ Андросов диэн араспаанньаны сирэн, Попов диэн уларыттарбыт эбит.
Хара Оҕо Сахаар Кэтириинэ диэн соҕотох кыыстааҕа, Айанньыт Байбал, Уйбаан, Баһылай, Дьэкиим уонна Чаҥый Өлөксөй диэн биэс уоллааҕа.
Чаҥый Өлөксөй соҕотох балта Кэтириинэ аҕатын, эһэтин утумнаан буолуо, кыра сылдьан, дьонуттан кистээн, кыһынын хотоҥҥо, сайынын сыһыыга-толооҥҥо сылдьан, ис-иһиттэн имэҥирэн туран, кэрэ чуор куолаһынан кэмэ суох ыллыыра-туойара үһү. Ону ийэтэ, кыыс оҕо ырыанан-тойугунан олус үлүһүйэрэ сэттээх-сэлээннээх буолуо диэн, кэмэ суох буойара-хаайара үһү да, кыыһа ону истибэтэх, тохтооботох. Ийэлээх аҕата кыыстарын Тааттаҕа, Сиэллээх нэһилиэгэр Тиит ууһугар Боруулаах диэн сиргэ олохтоох Бүөлээни Уйбаан (Иван Семенович Габышев) диэн киһиэхэ эргэ биэрбиттэр. Ити 1840 с. диэки быһыылаах. Кэтириинэлээх түөрт уолу, икки кыыһы төрөтөн, улаатыннартаан, киһи-хара оҥортоон, балайда уһуннук дьоллоохтук олох олорон ааспыттар. Кинилэр оҕолоро:
Нугуннуур Мэхээлэ (хойутуу соҕус өлбүт).
Мэппэйэ Мэхээлэ (эрдэ соҕус өлбүт).
Татыыка Киргиэлэй – Вонифатий Харлампьевич Слепцов баай хамначчыта, күөс охсооччу, үлэһит, дьулуурдаах киһи.
Уоһук Хаабыһап – уолаттартан саамай сытыылара-хотуулара, ыллаабыт-туойбут, устар ууну сомоҕолуур тыллаах киһи сурахтааҕа.
Маарыйа (мин бэйэм өйдүүрбүнэн итинник ааттаатым – Е.А.) – Ойуунускай ийэтинэн эбэтэ. Кини 1869–1870 сс. диэки Дьүлэй ууһун киһитигэр Уйбаачаан Унаарапка эргэ тахсыбыт. Кинилэртэн икки кыыс – Дьэбдьэкиэй уонна Бороскуобуйа төрөөн-үөскээн, киһи-хара буолтар.
Эмиэ кыыс, аата-суола, хайдах дьылҕаламмыта биллибэт.
Мария Нестеровна Егасова диэн Ойуунускай ийэлээх аҕатын кытары Ойуун ууһугар ыкса ыаллыы олорбут кырдьаҕас кэпсииринэн, Уйбаачаан Унаарап Ойуунускай эбэтин Маарыйаны аан бастаан Хайахсыт Арыылааҕар олорон сүгүннэрэн аҕалбыт. Бэргэһэлэниилэрэ даҕаны Хайахсыт умайбыт таҥаратын дьиэтигэр буолбута диэн кэпсиирэ.
Уйбаачаан Унаарап ортону арыый аннынан уҥуохтаах, чөлөгөр соҕус сирэйдээх, суптугур соҕус сэҥийэлээх, хайдах эрэ наар бүччүччү тутта сылдьар киһи эбитэ үһү. Кини олус сытыары-сымнаҕас майгылаах, нэһилиэгин дьонугар олус сөбүлэтэр буолан, тугу эмэни биирдэ эмэтэ көмөлөһүннэрээри сорустаҕына, дьон үөрүүнэн көмөлөһөллөрө үһү диэн кэпсииллэрэ. Онтон Маарыйа үрдүк соҕус көнө уҥуохтаах, ыраас сэбэрэлээх, сытыы уоттаах харахтаах, сүрдээх аһатынньаҥ, аһыныгас дьахтар эбит. Уйбаачаан Унаарап аан бастаан ыал буоллаҕын утаа Наммара үрэх ортотугар баар Дириҥ Көлүйэ уонна Орто Көлүйэ күөллэр икки ардыларынааҕы тумулга дьиэ-уот туттан олоро сылдьыбыт эбит. Билигин кини олоро сылдьыбыт тумула, сирэ Унаарап Бүтэйдээҕэ диэн ааттанар. Оттон кэлин Туора Күөлтэн хоту, Дэбдиргэ быыһыгар Бүөчээн Унаарап диэн бииргэ төрөөбүт убайын Бэттиэмэлээх алааһыгар көһөн тиийэн, арҕаанан ааннаах, баҕана муннуктардаах дьоҕус соҕус саха дьиэтин туттан олорбут. Уйбаачаан сэлиэһинэй, ньэһимиэн бурдугу үүннэриинэн дьарыктанара. Кэлин оҕонньор туох баар дьиэтин-уотун, үүт күрүөлэрин өрт уота сиэн, билигин дьиэтэ турбут сирин омооно эрэ ордон хаалбыт. Уйбаачаан оҕонньор хайа баҕарар үлэҕэ киһиттэн эрэ ыраастык, чиҥ-чаҥ, дьып-дьап курдук туттан үлэлиир үгэстээҕэ. Оннооҕор сайын оттоотоҕуна, бугулларын атаҕынан тэпсэн чиҥэтэ-чиҥэтэ бугуллуура уонна хас биирдии бугулга анал үөрбэ мастары оҥортоон, бугулларын таҥнары хараҕалыыр үгэстээҕэ. Инньэ гынан бугулларын ханнык да тыал-куус кыайан ыспата, алдьаппата үһү.
Уйбаачаан оҕонньор Маарыйалыын хас да оҕону төрөппүттэрэ, сорох оҕолоро кыра саастарыгар өлүтэлээннэр, Дьэбдьэкиэй уонна Бороскуобуйа диэн иккиэйэх кыыстаах хаалбыттар. Дьэбдьэкиэйи сокуоннай сааһын ситиитэ ийэлээх аҕата Хоочугур Өлөксөй диэн ойоҕо өлбүт огдообо, хас да оҕолоох, Чөркөөх Ойуун ууһун киһитигэр эргэ биэртэр. Оттон кыра кыыстарын Боккуойаны хас да сыл буолан баран, Хайахсыт Арыылааҕын киһитигэр Ефим Николаевич Каженкиҥҥа эргэ биэртэр.
Хоочугур Өлөксөйдөөх элбэх оҕолоох буоланнар, наһаа дьадаҥытык, олус тиийиммэттик-түгэммэттик олорбуттар. Инньэ гынан Хоочугур Өлөксөй тастыҥ аймаҕа Нээстээр Силэпсиэп баайтан, дьыл баһыгар-атаҕар да буоллар салҕаттаран, нэһиилэ ыал буолан бөрөнөн олорбуттара үһү. Нээстээр кулуба: «Мин аймаҕым Хоочугур Өлөксөй баҕайы адьас сүрэҕэ, туох да дьаһала суох аар ааргы киһи, ойоҕо Дьэбдьэкиэй барахсан олус үлэһит, ыпсарыылаах эрэ буолан, бу арыычча бөрөнөн олороллор», – диэн этэрэ үһү. Кырдьык даҕаны, дьиэ ис-тас үлэтин барытын Дьэбдьэкиэй бэйэтэ үлэлээн-хамсаан, көрөн-истэн олорбут, дьаһайбыт эбит. Дьэбдьэкиэй киһи да быһыытынан наһаа киэҥ, холку көҕүстээх, дьадаҥыбын, тиийиммэт-түгэммэт олохтоохпун диэн хаһан да кимиэхэ да кэпсии, муҥатыйа, суҥхара сылдьыбыта биллибэт. Хата ол оннугар дьон-сэргэ ортотугар олоҕор туох да кыһалҕата суох курдук тутта-хапта сылдьар үгэстээҕэ диэн кэпсииллэрэ. Бэйэтэ адьас лоп-бааччы, оттомноох саҥалаах, киһини кытта кэпсэттэҕинэ устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах-өстөөх дьахтар эбитэ үһү. Онон кини ыкса ыаллара, нэһилиэгин атын бас-көс дьоно-сэргэтэ даҕаны Дьэбдьэкиэйи олус сөбүлүүллэрэ, ытыктыыллара иһиллэр. Слепцовтар уон оҕолоохторо биллэр. Элэйбэ Бүөтүр уола Хоочугур Өлөксөй – Алексей Петрович Слепцов эдэригэр өлбүт бастакы кэргэниттэн уолаттара Тэрэпиин, Улахан Никиитэ, Кыра Никиитэ диэннэр. Оттон Дьэбдьэкиэйтэн – Былатыан, Улахан Маарыйа, Кыра Маарыйа, Кууска Баһылай, Улахан Марыына, Кыра Марыына уонна Уйбаан төрүүллэр.
Улахан уол Тэрэпиин эдэригэр сэллик ыарыыттан өлбүт. Улахан Никиитэ кыһыл дружина байыаһа буола сырыттаҕына, бандьыыттар тутан, 1922 с. өлөрбүттэр. Кыра Никиитэ 1913 с. сэллик буолан өлбүт.
Дьэбдьэкиэйтэн төрөөбүт аҕыс оҕоттон П.А. Ойуунускай улаханнара. Ойуунускай бастакы кэргэнэ Хоочугурдааҕы кытары чугас ыаллыы олорбут Тэлэгэччийэ Өлөксөй (Сокольников) диэн аҕалаах алта оҕолоох ыал биир маанылаан улаатыннарбыт кыыстара Сүөкүччэ диэн этэ. Кинилэр ис сүрэхтэриттэн таптаһан холбоспут буоланнар, олохторун олус эйэлээхтик, дьоллоохтук саҕалаан иһэн, Сүөкүччэ сэллик ыарыыга ылларан, бэрт эдэркээн сааһыгар ииннэммитэ. Ойуунускай иккис кэргэнэ – Мэҥэ Хаҥалас кыыһа, аатырар кыһыл партизан Халлааскы Бөтүрүөп тобулута кырбаан, өлөрө сыһан араарбыт дьахтара – Татьяна Дмитриевна Александрова. Сөбүгэр үөрэхтээх, киэҥ өйдөөх-санаалаах дьахтар эбит. Кинилэр алта сылы кыайбат кэм устата дьоллоохтук олорбуттара. Татьяна Дмитриевна урут тобулута кырбаммыта таайан, 1929–1930 сс. диэки сэллик ыарыынан ыалдьан, кыра оҕотунуун утуу-субуу өлбүттэрэ. Платон Алексеевич үһүс кэргэнэ Чурапчы Болтоҥотугар Дириҥ Күөлгэ төрөөбүт, суруйааччы Күн Дьирибинэ балта, Чочоолоптор кыыстара Борисова Акулина Николаевна диэн этэ. Акулина оҕо эрдэҕинээҕи хос аата Саппыана Өкүлүүнэ диэн сурахтааҕа.
П.А. Ойуунускай эмиэ ийэтинэн балайда ыраах аймаҕа Николай Ефимович Попов билигин Ытык Күөлгэ эргиэн тэрилтэтин салайа-дьаһайа олорор, ыал аҕата. Онтон биһиги Баайаҕа Ыарҕа-Андросовтар Ойуунускай сыганнарынан буолабыт. Дьэ, ити курдук, Платон Алексеевич ийэтинэн төрдүн-ууһун, хаан-уруу аймахтарын тустарынан кылгастык кэпсээтэххэ итинник.
1993 с.