Kitobni o'qish: «Хомурахха хоммут хоһооннор»
Shrift:
«Мин, түлэй түүн ыалдьыта…»
Мин, түлэй түүн ыалдьыта,
Хомуһуннаах тыл хоноһото,
Атын эйгэ туора ырыаһыта,
Иэйии ыарыылаах дьахтара
буолабын.
Сир ийэ көстүбэт сииктэрин
Сытыы иннэлээх иистэнньэҥэ,
Үс дойду кичим кистэлэҥин
Күлүүһэ суох харабыла
буолабын.
Уулаах харахтаах одуулаабат
Инчэҕэй илиилээх туппат,
Сарымтах таҥастаах чугаһаабат
Соргулаах аартык доҕуһуолдьута
буолабын.
Сай барар салгын илгиэрдээх,
Суй гынар түргэн иэйиилээх,
Муус тыыннаах, итии сүрэхтээх,
Моһуок идэлээх суруксут
буолабын.
Муммут дууһа
Күндэлэс уоттаах түннүктэр
Көһүтэллэр дуо миигин,
Сылаас чэйдээх остуоллар
Ыҥыраллар дуо миигин?
Хараҥа кууспут далайыттан
Халты туттар буолуом дуо,
Эрэл угуйар кыымыттан
Эмэх бэйэм умайыам дуо?
Сору суорар олохпор
Соргу күнүн көрүөм дуо,
Аньыым аалар муҥуттан,
Айыым кутун тутуом дуо?
Муммут дууһам кыаһыта
Муннук чэҥэ ууллуо дуо,
Маннык ыарык кыһалҕа
Мүччү баран түһүө дуо?
«Түлэй хара түүн…»
Түлэй хара түүн
Хараҥалыын силбэнэн,
Тулам бүрэ күлүгэр
Холбоһобун кумунан.
Ый эрэ ытыһын таһынар,
Ыт эрэ улуйан хантайар,
Мин эрэ иһийэн сыһыйар
Чох хара түүнэ уһунуон…
«Саарбах санаа…»
Саарбах санаа
Сэбирдэҕэр олорсон,
Хахсаат тыал
Холоругар ытыллан,
Тыллыбыт умнастан
Туура тутуллан,
Умнуллубут ыллыкка
Умса түһэр ынырыгыан…
Кылгас санаа
Кыымыгар кыбыллан,
Күлүмнүү умайар
Көмүлүөк түөһүттэн
Кыырайа көтөн
Кытара түһээт,
Балаҕан буоругар
Умуллан хаалар ынырыгыан…
Көмүс санаа
Кынатыгар кыттыһан,
Кыаллары ыралаан,
Күөххэ тардыһан,
Көнө олоххо
Көҥүл тыынар,
Кылгаһын да иһин,
Күндүркэй ини ньии…
«Хоһоон холбоон хоҥкуйан…»
Хоһоон холбоон хоҥкуйан,
Хомоҕой тылы халбыйан,
Хараҥа иэйиини хаһыйан
Хоройо хонобун хорооммор.
Тоҕо эн, тыыппа тыл,
Тыын сирбэр уйаланан,
Тоҕо куппун хат тарбыы
Туой туолбаккын астынан?
Хоһоон
Хомурахха хоммут хоһооннор
Хабдьы буолан көппүттэр,
Сииккэ сүппүт тылларым
Сиккиэр буолан сайбыттар.
Үрэххэ сырсыбыт иэйиилэр
Үрүмэччи кыната буолбуттар,
Хатыҥҥа саспыт санаалар
Хампа күөххэ умсубуттар.
Дууһа муҥур дайыыта
Ырыа ыллаан сапсыммыт,
Кутум көмүөл күрүлгэнэ
Куйаар устун кутуллубут.
Хоһоон уохтаах атынан
Хоту Чолбону табыйбыт,
Хотой кыылга олорсон
Халлаан сиигин тарыйбыт.
Хоһоон көҥүл боотура,
Харса суоххун, хоодуоккун,
Хоһоон ураты ууһа,
Хомуһун уоххун сөҕөбүн.
«Олох долгунун быыһынан…»
Олох долгунун быыһынан
Оҥочом устан түөрэҥниир,
Оргууйдук эрдинэр кыахтарым
Оргуйар айаммар күүһүрэр.
Ыйдарар сулуһум – Чолбон,
Ыйытар таҥарам – Чыыбыстай,
Ырыам сырдык ыралаах,
Ырам ыраах сүүрүктээх.
Күрүлгэн күүтэр иннибэр
Кыахпын тургутар көтүү,
Кытаат, тулус, оҥочом!
Күлэр күнүм, кииримэ!
«Түүҥҥү хара халадаай…»
Түүҥҥү хара халадаай
Эҥээриттэн тутуһан,
Түүлүм түлүк дойдутугар
Түлэй-балай түһэбин.
Күөх айылҕам былаатын
Көҕөрүмтүйэр күөнүгэр,
Күн уотун анныгар
Көтөн-дайан иһэбин.
Күһүнүм кыһыл атынан,
Көҕүлүттэн тутуһан,
Сырдырҕас тыаһынан
Тэйэн-тэбэн сыыйабын.
Сороҕор суор буолан
Сэргэбэр түһэбин,
Саба үүммүт эрбэһини
Соҥуора-сонньуйа көрөбүн.
Түүл даҕаны араастаах,
Аптаах дойду быһыылаах…
Ньургуһун
Сылластым, сылаас иэйиинэн
Саһархай бэйэҕин ахтаммын,
Сэрэнэн таһааҕын бигээммин,
Сэрбэйбит төбөҕүн уурааммын.
Аттыбар саас үҥкүүтэ,
Араҕас оһуор үктэлэ,
Алааска олох тиллиитэ,
Айылҕа уһуктар эргиирэ.
Ньургуһун сиэттиһэр түгэнэ,
Тапталым эргийэр иэдэһэ,
Ньургуһун кыбыстар киэлитэ,
Талаһар эрэлим иэйиитэ.
Сиккиэр тимэҕэ сөллүүтэ,
Симиктик тэлээрэ көтүүтэ,
Ньургуһун төбөтүн өндөтүө,
Ньургуннук олоххо талаһыа.
«Сааскы ырыа таптала – дииллэр…»
Сааскы ырыа таптала – дииллэр
Сиргэ быкпыт ньургуһуну,
Лоокуут Ньургун дьоло – дииллэр
Хорсун кэрэ сибэккини.
Кини курдук, сырдык сааска
Ситэн-тупсан нуоҕайыахха,
Кини курдук өрө анньан,
Сайан-сырдаан нуурайыахха.
Көрбүт бары үөрэ түһэр,
Сүрэх тэбэн мөҕүл гынар,
Намчы-намчы ньуолах төбө
Нарын-нарын Ньургу кыыс.
Bepul matn qismi tugad.
25 043,83 s`om
Janrlar va teglar
Yosh cheklamasi:
0+Litresda chiqarilgan sana:
09 may 2024Hajm:
17 Sahifa 1 tasvirISBN:
978-5-7696-6855-5Mualliflik huquqi egasi:
Айар