Kitobni o'qish: «Эйигинэ суох»

Shrift:

1

Саргы киэһэ үлэтиттэн хойутаан кэлбитигэр ийэтэ кыыһын кэтэһэн аһаабакка олороро. Ити кини идэтэ, соҕотоҕун хаһан да остуолга олорбот.

– Саргы, бу киэһэ хаһыаттарбыт мунньуллан аҕай кэлбиттэр, биримээнэ таһынааҕы пуостабыт дьааһыгар баппат үлүгэрэ буолбут. Эйигин кэтэһэ таарыйа, бу хаһыаттарбын арыйталыы олоробун. Биир хаһыат иһиттэн остуолбар сурук түһэн кэлбитигэр, соһуйдум да, үөрдүм да ээ. Били, балтым аах Маарыйалаах суруйдахтара дуу диэн ылан көрбүтүм, атын сурук буолан биэрдэ. Эйиэхэ аадырыстаммыт. Ити хоскор ороҥҥор киллэрэн уурбутум, – диэн ийэтэ кэпсии тоһуйда.

Саргы ити сонуну соһуйа иһиттэ. Кини кимтэн да сурук кэтэспэт, кэтэһиэх айылаах, суруйуох киһитэ да, дьүөгэтэ да суохха дылы дии. Бастаан оскуоланы бүтэрдэҕин утаа, үөрэнэ-үлэлии барбыт дьүөгэлэрин кытта суруйсар, билсиһэр буолара. Ол ырааттаҕа дии, күн-дьыл ааһар тумана, үрэр тыала уларыттаҕа, билигин онтон үчүгэй санаа, өйдөбүл эрэ хааллаҕа.

Түргэнник таҥаһын-сабын уларыттан, суунан-тараанан баран, сурук кимтэн кэлбитин билиэн баҕарар күүһэ баһыйан, хоһугар киирэн, оронун үрдүгэр сытар суругу сэрэммиттии ылла. Сурук чап-чарааһа илиитигэр билиннэ. Ким суруйдаҕай? Бытархай, иҥнэри түспүт буочардаах. Маннык буочардаах киһини кини билбэт ээ. Итэҕэйбэккэ аадырыһын көрбүтэ, кырдьык киниэхэ эбит. Оттон төннөр аадырыһа эмиэ киһи тута өйдүү охсубат, дьикти баҕайы: Үөһээ Бэстээх, п/я ИК-2 уонна хас да сыыппаралар кэккэлэспиттэр, аата-суола суох. Ким миигин билэн ити суруйарый, оттон мин кинини билбэппин дии… Сэрэнэн кэмбиэр ойоҕоһун хайа тардан бүк тутуллубут чараас лииһи ороон арыйа тардан көрө түспүтэ, эмиэ аадырыһын суруйбут буочар кып-кырылаччы ыраас лиискэ оҕуруо курдук тиһиллибит. Саргы суругу ааҕан барда:

«Саргылаана, миигиттэн эҕэрдэтэ тут!

Бу суругу тутан эн, бука, соһуйдаҕыҥ, хантан билбэт киһим миигин билэн-көрөн суруйарый диэн, кыыһыра саныырыҥ да сөптөөх буолуо. Ити туһунан кэлин, өскөтүн суругунан биһиги билсиһэр дьылҕалаах буоллахпытына, барытын сиһилии быһааран кэпсиэм уонна ону эрэннэрэбин.

Маҥнай суруйарым быһыытынан, бэйэм туспунан олох кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык. Мин киин улуустартан биирдэстэриттэн сылдьабын. Сааһым 32. Бачча сааспар диэри кэргэннэммэтэҕим, эдэр киһи сиэринэн үлэлии-хамсыы сылдьыбытым. Маннык дьылҕаланыахпын, манна түбэһиэм диэн түүлбэр түһээн да баттаппат этим. Алҕас дьыалаҕа түбэһэн бу хаайыыны булбутум сыл аҥаарыттан орто. Тугу да кистээбэккэ эттэххэ, үс сылга түбэспитим. Этэҥҥэ буоллаҕына, күн-дьыл түргэнник ааһыан эрэнэбин.

Бука диэн эн миигин баалаама дуу, хаайыылаах киһи суруйар диэн, төһө да билигин кэмсиммитим иһин, оҥоһуллан, буолан хаалбыты тута сото охсор, ыраастанар кыаллыбатын билэбин, болдьоммут сылларбынан аньыыбын-харабын боруостаныам турдаҕа.

Чэ, тугу элбэҕи лабаҥхалыахпыный… Соҕотох биири көрдөһөбүн. Өһүргэммэт, кыыһырбат буоллаххына, аҕыйах да тыллаах суругунан хардардаргын, мин үөрүөм эрэ этэ, тыйыс олоҕум, чуҥкуйбут, санаарҕаабыт санаам эмиэ ханнык эрэ эрэннэрэр сылаас тыынынан биллиэ этэ.

Эҕэрдэни кытта суругу кэтэһэ хааллым. Аадырыһым кэмбиэргэ.

Петров Никандр Иванович».

Саргы суругу хаста да элэҥнэтэн хос-хос аахта. Хаайыыга сытар киһи киниэхэ суруйбут, билсиһиэх, суруйсуох диэн… Хайдах эрэ кыыһырыах уонна бу суруктан сиргэниэх, кэлэйиэх, киэр илгиэх санааҕа кэллэ. Ол эрээри туттунна. Хаһыаттар тиһэх сирэйдэригэр билсиһии рубрикаҕа кыргыттар, дьахталлар биллэрии биэрдэхтэринэ, хаайыыга олорор уонна онно урут олоро сылдьыбыт дьон суруйбаккытыгар көрдөһөбүт диэн быһаарыылаах буолалларын санаан кэллэ. Оттон кини ханнык да хаһыакка билсиһээри биллэрии биэрбэтэҕэ эбээт, онтон булан ылан сурук ыыппыт диэҕин. Итиэннэ дьэ, бу сурук тутта дии. Дьиибэ баҕайы.

Хоһуттан тахсан, илиитин суунан куухунаҕа киирбитэ, ийэтэ миинин тэриэлкэлэргэ кутуталаан кэтэһэн олороро.

– Мииммит эмиэ сойдо быһыылаах, үлэҕэр өр баҕайы буоллуҥ дии. Ити кимтэн сурук кэлбитий? – кырдьаҕас киһи кыыһа дьүөгэлэриттэн сурук туппута буолуо дии санаатар да, өскүөрүтүн кэпсэтиини саҕалаан ыйытар.

– Ээ, биир дьүөгэм куораттан суруйбут… ийээ, аны сурук кэллэҕинэ, итинник ууран иһэр буолаар дуу… – диэн кэбистэ, мантан ыла сурук кэлэ туруохтааҕын курдук. Эппититтэн бэйэтэ да соһуйан хаалла, итинник тахсан хаалла дии.

– Уурумнабын, ханна гыныахпыный… Ити сурук кэлбит аадырыһын соччо өйдөөбөтүм ээ, тоойуом, эмиэ да улахан буукубалар, эмиэ да сыыппаралар… Уулусса да диэн чуолкай суруллубутун көрбөтүм дуу, хайдах дуу?

Саргы итиннэ хоруйдаан тугу да саҥарбата. Ити аата ийэтэ кэмбиэри сирийэ көрө, кимтэн кэлбитин билэ сатаабыт эбит буоллаҕа.

– Ийээ, бүгүн биһиэхэ библиотекабытыгар сонун бөҕө баар, – диэн Саргы куолутунан киэһэ аһылыктарыгар ону-маны куруук кэпсэтэллэрин курдук, туппут суругун салгыы ырыппакка, бука, дьэ, дьүөгэҥ туох сонуну суруйбутуй диэн ыйытыыттан куотан, күннээҕи сонуннарга салайан кэбистэ.

* * *

Сурук кэлбитэ хас да хонно. Маҥнай утаа кыыһырыах буолан иһэн, хас билбэт киһим, өссө хаайыылаах буола-буола, кимтэн эрэ мин аадырыспын билэн суруйдаҕын аайы «ньиэрбэбин алдьата» сырыттахпыный диэн, бэйэтин уоскутуна санаата. Кырдьык да оннук ээ. Кини бу 30 сааһыгар диэри дьон тэҥинэн олоҕун оҥосто илик. Кырдьаҕас ийэтин кытта бииргэ олордохторо. Ол тухары уолаттартан сурук тутта ини, туппата ини, билсиэх, ыал да буолуох диир түгэннэр бааллара. Барыларыгар хоруйу биэрбэккэ хаалларан иһэрэ. Сүрэҕэ сөбүлээбэт, санаата буолбат буолтун кэннэ, хайыай, суруйдулар эрэ диэн онно сөпсөһөн бэйэтин албыннаныан баҕарбатаҕа. Кини саастыылара кыргыттара үгүстэрэ ыал буолуталаан, оҕолонон-урууланан ырааттылар. «Хайа, Саргы, хаһан ыал буолаҕын, ама, биир да сөбүлүүр киһиҥ суох дуо, биһиэхэ сибис эрэ гын, кавалердары аҕалан билсиһиннэриэхпит, эн миссияҥ талыыта эрэ буолуо буоллаҕа дии» диэн дьүөгэлэрэ эмиэ да кырдьык-хордьук, эмиэ да күлэн-оонньоон этэн көрдөхтөрүнэ, кини сааһыран эрэрин билинэн эбитэ дуу, эбэтэр «ыалдьар» сирин таарыйтаран дуу, сөбүлээбэтэх курдук туттан саҥата суох баран хаалара.

Олох диэн араас эбээт, оскуола кэнниттэн үлэлии, үөрэнэ сылдьан эдэр саастарыгар тапталларын көрсөн кэргэн тахсыбыт сорох дьүөгэлэрэ, хайыы-үйэ оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоохтор дии. Саргы ити туһунан кинилэргэ санаатын таһыгар таһааран эппэтэр да, иһигэр ымсыыра саныыр. Быйыл күһүн этэ дии – ыраас, чаҕылхай балаҕан ыйын бастакы күнүн сарсыардатыгар үлэтигэр баран иһэн, уулуссаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Марина, Марина Ивановна, кыыһын Ирочкатын, мап-маҥан бантиктаан, саҥа ранец-суумка сүктэрэн, көрүөхтэн кэрэтик симээн таҥыннаран, оскуолаҕа маҥнайгы кылааска сиэтэн иһэрин көрөн олус да соһуйбута уонна үөрбүтэ. Ону сэргэ тута курус санаа кини дууһатын биллибэтинэн таарыйан ааспыта эмиэ баара. Онно кини санаабыта, бэйэҥ бэйэҕэр бүгэн, соҕотоҕун сылдьан сааһыран, сыл хонук курдук ааһан иһэрин олох билбэт курдуккун, оттон ити кыра оҕолор улааталларын көрөн, «бабат» диэн дьэ бэйэҥ сааһыҥ ырааппытын бэлиэтиигин уонна сабыс-саҥа итини билбиттии соһуйаҕын эрэ…

Саргы хардарыта өйдөһөр, суохтаһар-ахтыһар тапталы баччааҥҥа дылы билэ илик. Кини мэлдьи маннык ыраас тапталы санаатыгар ойуулаан көрөрө уонна ону көрсүөн, дьоллоох ыал ийэтэ буолуон олус да баҕарара. Мин тапталым, мин дьолум ирээтэ ханна эрэ баара буолуо, сүрэҕим сөбүлүүр киһитин көрсүөм, таптыам диэн эрэл санаалааҕа. Суох, кинини сөбүлүү көрөр, билсиһэ сатыыр, сурук ыытан иэйиилэрин этэр, эйэргэһэр, иннигэр-кэннигэр сэнньилэһэ сатыыр күүстээх аҥаардар бааллара да, тоҕо эрэ кинилэри чугаһата сатаабат этэ. Билигин да кини эдэр ээ, «КБК»-ка диэҥҥэ киирсибэтин билэр. Урут хаһан эрэ хаһыакка «Кырдьа барбыт кыргыттар» диэн рубрика анныгар сааһырбыт, эрэ суох кыргыттар тустарынан суруйалларын интэриэһиргээн ааҕааччылар элбэхтэрэ да, ол туһунан кэпсэтии дьахталлар ортолоругар таҕыстаҕына, дэриэбинэҕэ баар сааһырбыт, соҕотох сылдьар кыргыттар хайаан да онно ахтыллан ылар буолаллара. Итини Саргы билэр. Оччотооҕуга, билиҥҥи курдук, хас хаһыат аайы эр-ойох билсиһиитин туһунан биллэриилэр тахсыбаттара. Ити кыбыстыылаах, бэйэни түһэринэр быһыы курдук көстөрө, бүтүн норуот ааҕар хаһыатыгар эр-ойох көрдөөн биллэрии биэрэр диэн, ол кэминээҕи сиэргэ-майгыга, өйгө-санааҕа олох да баппат этэ.

Оттон былыр биһиги өбүгэлэрбит үксүн дуруускалаһыы көмөтүнэн ыал буолан эйэлээхтик олороллоро, оҕо-уруу тэнитэн баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит дии. Билигин атын кэм.

Саргы биири өйдөөн хаалбытын олох умнубат: оччотооҕу кэмҥэ дойдуга дьон олоҕун таһыма балачча үрдүк эрдэҕинэ, үлэлиир-хамсыыр эрэ киһи соҕуруу улахан куораттарынан, союзнай республикаларынан сынньанан, күүлэйдээн, мал-сал, кэһии-тутуу аҕалан дьоннорун үөрдэрэ. Саргы таайа кэргэнинээн биир сайын Прибалтика куораттарынан күүлэйдээн кэлбиттэрэ, онно кинилэргэ аҕалбыт дьоҕус кэһиилэрин суулаабыт хаһыаттарын арыйан көрбүтэ, бүтүн балаһаҕа нууччалыы тылынан билсиһии биллэриилэрэ бэриллибиттэр этэ, онно дьон ааттара-суоллара, төлөпүөннэрэ аһаҕастык сурулла, ыйылла сылдьарын көрөн олус сөхпүтэ, хайдах манныгый, киһи саатыах дьыалата буолбатах дуо дии санаабыттааҕа.

* * *

Баҕар сорох ааҕааччы этиэҕэ: «Улахан эбит, суругу суруйуохтара даҕаны, суругу тутан ааҕыахтара даҕаны. Доруобай, үөрэхтээх, үлэлиир, эдэр, кыраһыабай кыыс-дьахтарга билигин да оннук хойут буолбатах ээ, олоҕун хайдах баҕарар сөбүлүүрүнэн көрөн оҥостуоҕун, ханнык эрэ быраабын быстарбыт билбэт киһититтэн сурук тутан мунчааран бэйэтигэр кыһалҕа оҥосто сатыыра миигин интэриэһиргэппэт». Өссө эбэн: «Бу барыта оҥорон көрүү, ойуулаан суруйуу буолбатах дуо?!» – диэн саныаҕа.

Чэ буоллун, этээччи эттэҕинэ, саҥарааччы саҥардаҕына эмиэ да сөпкө дылы эбит да…

Ол эрээри… Бэйи эрэ… Бу орто туруу бараан дойду дьоллоох дуу, «эрэйдээх» дуу олоҕор киһи барахсан араас суол дьылҕалаах.

Чэ, онон ылыстым да табылыннын-табыллыбатын, эн дьүүлүҥ буолуоҕа, ситэри кинилэр инники дьылҕаларын туһунан судургу тылынан-өһүнэн кэпсээн-сэһэргээн көрүүм дуу… Оттон табылыннаҕына – баҕа санаам туолла диэн үөрүөм.

* * *

Саргы соҕотох ийэҕэ иитиллэн улааппыта. Ийэтэ, син бары ийэлэр курдук, оҕотун туһугар, толору дьиэ кэргэннээх, дьоллоох ыал оҕолоруттан итэҕэс көрбөтөҕө-ииппэтэҕэ. Аҕалара олох эрдэ, кыыс кыра эрдэҕинэ, киһини өйдүүр-өйдөөбөт сааһыгар, олохтон ыалдьан барбыта. Оччотооҕуга Балааҕыйа 25-тээх эдэр дьахтар этэ. Эргэ тахсан олоҕун саҥалыы оҥостуон сөп этэ да, оҕотун туһугар уонна кэргэнигэр маҥнайгы ыраас тапталын кэриэстээн, кыыһынаан бэйэлэрэ олороллорун талбыта. Балааҕыйа маҥнай утаа сопхуос араас үлэлэригэр, онтон кэлин үксүн фермаҕа сүөһү көрүүтүгэр үлэлээн испитэ. Сопхуос салалтата эдэр, сүрэхтээх-бэлэстээх үлэһити биир сыллаах бухгалтердар куурустарыгар үөрэттэрбитэ. Онтон ыла биэнсийэҕэ тахсыар диэри харыс да сири хамсаабакка бу дойдутугар бухгалтердаан кэлбитэ.

Саргы кыра эрдэҕиттэн, оҕо саадыттан, оскуолаттан саҕалаан үөрэ-көтө сылдьан, туохха барытыгар көхтөөхтүк кыттара, ыллыыра-үҥкүүлүүрэ, үөрэҕэр да үчүгэйдик үөрэнэн ийэтин чараас сүрэҕин үөрдэн улааппыта. Оскуоланы үчүгэйинэн бүтэрбитэ, Саха государственнай университетын нуучча тылын факультетыгар үөрэнэн учуутал буолар улахан баҕалааҕа. Саргы бу идэни таларыгар сөбүлүүр учуутала Ирина Алексеевна улахан сабыдыаллааҕа, кини курдук билиилээх, наҕыл, оҕолор куттарын тутар учуутал буолуон баҕарара. Ол эрээри бэрт кыранан конкурс баалыгар хапсыбакка үөрэххэ кыайан киирбэккэ хаалбыта. Биллэн туран, атын оҕолор төрөппүттэрин курдук, батыһа сылдьан сүбэлиир-амалыыр, көмөлөһө, үөрэххэ киирэргэ быыс-хайаҕас, кэпсэтии була сатыыр дьоно суоҕа. Кыһыытыгар, үөрэххэ киирбит оҕолор испиэһэктэригэр кини аата суоҕун көрөн баран, оҕолортон туора тахсан кистээн ытаабыта. Хайыай, тута дьыалатын хамыыһыйаттан төттөрү ылан, түспүт ыалыгар, таайын аахха барбыта. Ол киэһэ өрүс уҥуор дойдутугар бараары хомуммутугар саҥаһа Валентина Ивановна, таайгын кэтэс, сотору кэлиэҕэ, сүбэлэһиэхпит, ыксаама диэбитин ылынан тохтообута. Киэһэ таайа Көстөкүүн, ийэтин быраата, кэлбитигэр үһүөн сүбэлэһэн баран, ити ылбыт баалларгынан салгыы үөрэниэххин баҕарар буоллаххына, культурнай-сырдатар училище библиотека салаатыгар киириэҥ дуо диэбиттэригэр, кыыс тута сөбүлэспитэ. «Бу үөрэх – тыл үөрэҕэ, үс сыл үөрэнэн орто анал идэни ылаҕын уонна салгыы бэйэҥ баҕарар нууччаҥ тылыгар киирэн үөрэнэргэр да чэпчэки буолуон сөп», – диэн эппиттэрэ. Саргы үөрэнэн идэ ылан сааһыран эрэр ийэтигэр көмө-өйөбүл буолуон олус баҕарара. Бу киириэхтээх училищетыгар Валентина Ивановна завуһунан үлэлиирэ, онон дьыалатын онно көһөрөн, туох да эрэйэ суох студент буолан хаалбыта. Оттон дойдутугар төннөн тахсыбыта буоллар, үлэлиир үлэтэ суох буолара саарбаҕа суох этэ, олох ыһыллан-тоҕуллан сатарыйбыт кэмигэр. Урут «үөҕүллүү» курдук этиллэр фермаҕа да сүөһү көрөр үлэ суоҕа биллэрэ. Тыа сиригэр билигин эдэр ыччат оннун булбата киһини соһутар, дьиксиннэрэр улахан сонун-нуомас буолбатах.

Ийэтэ кыыһын быһаарыныытын сөбүлээбитэ. «Үөрэн, тоойуом, идэтэ ыл, оттон салгыы үөрэнэр баҕалаах киһиттэн үөрэх хаһан да куоппат», – диэн Саргы санаатын өрө көтөхпүтэ. Ийэтин тылыттан олус үөрбүтэ, үрдүк үөрэххэ оҕом киирбэтэ диэн ийэтэ хомойбутун биллэрбэтэҕиттэн санаата көтөҕүллүбүтэ. Үөрэнэ охсон үлэһит буолар баҕата өссө күүһүрбүтэ.

Үөрэх үс сыла биллибэккэ ааспыта. Уопсайга олорбута. Көрдөөх-нардаах студент олоҕо – «сессияттан сессияҕа» диэбиккэ дылы, кыһын, сайын экзаменнарга бэлэмнэнэн түбүгүрэн утуйбат түүннэри билигин үчүгэй өйдөбүл курдук санаан ааһар. Эдэр саас саамай сырдык, дьоллоох кэрэ кэмнэрэ буоллаҕа эбээт!

Саргы үөрэҕин ыарырҕаппакка, идэтин олус сөбүлээн, астынан бүтэрбитэ. Былаас уларыйан, олох-дьаһах сатарыйан эрэр кэмэ буолан, үлэ миэстэтин булуу ыарахаттардаах этэ. Хата, кини дьолугар диэххэ дуу, үөрэҕин бүтэрэн кэлэрин кэтэспит курдук, нэһилиэгин библиотекара Нина Николаевна биэнсийэҕэ барар буолбута. Кини оннугар туох да эрэйэ суох үлэҕэ киирэн хаалбыта.

Ол саҕана библиотекаҕа урукку өттүгэр саҥа кинигэлэр, хаһыаттар, сурунааллар тиһигин быспакка кэлэ турбут буоланнар уонна ааҕааччыта да элбэх буолан, оройуоҥҥа тарбахха баттанар биир улахан, үчүгэй үлэлээх библиотеканан ааттанара. Кини кулууп дьиэҕэ баар буолан киһи да сылдьара, онон олус сэргэх сир этэ. Ити курдук уонтан тахса сыл сир уларыйбакка, харыс хамсаабакка үлэлээн кэллэ. Саргы үлэтигэр сирдэрбэт. Кэлин сылларга дэриэбинэҕэ үлэ-хамнас суох буолан ордук эдэр ыччат, эдэр ыал киин сирдэргэ, оройуон киинигэр, куоракка үөрэххэ, үлэҕэ барыылара хойуннар да, дэриэбинэҕэ олох салҕанан баран испитэ.

Маҥнай үлэлээтэҕин утаа салгыы үөрэҕин үрдэтиниэн санаталаан көрө сылдьыбыта да, ол баҕатын кыайан толорботоҕо. Ордук ийэтэ кэлин сылларга илиитэ-атаҕа ыалдьара бэргээбитэ. Ол ыарыыта сүрэҕэр да охсон буолуо, үгүстүк ыалдьара, балыыһаҕа киирэн уһуннук эмтэнэрэ. Онон Саргы кэтэхтэн үөрэннэхпинэ сылга иккитэ хаста куоракка киирэн ыйы ыйынан, онтон да ордук кэмҥэ суох буолар түбэлтэбэр ийэм ыарытыйдаҕына, хайдах бэйэтэ соҕотоҕун дьиэтин-уотун көрүөй диэн, ити үөрэххэ санаммат да буолта. Кырдьык, ийэтэ кырдьар, ыалдьар, мөлтүүр кэмигэр иитиллибит иэһин кыратык да эмэтик төлөһөр инниттэн тэйбэккэ, куруук кини аттыгар баар буоларын, көмөлөһөрүн үрдүктүк туппута. Бу да ылбыт үөрэхпинэн үлэлиэм диир санаа баһыйбыта.

Оттон ийэтэ эмиэ биир туспа бүөм санаалааҕа, онтукатыттан санааргыыр да курдуга. «Бу мин ыарытыган буоламмын оҕом салгыы үөрэммэтэ, миигин көрөн-кэтээн ханна да барбат-кэлбэт, сылдьыбат, тэҥнээхтэрэ олохторун оҥостон ыал, оҕо-уруу бөҕөлөр, оттон мин оҕом сааһа ыраатан иһэр, ыал буолар санаата, сибикитэ биллибэт», – диэн кырдьаҕас ийэ сыта-тура саныыра элбэх этэ. Хаһан эмит ити туһунан сэрэнэн ыйытан да, сүбэлээн да курдук этэн көрдөҕүнэ, кыыһа кэпсэтиини сэҥээрбэккэ, ханарытан атыҥҥа уларытан иһэрэ. Биирдэ Балааҕыйа айаҕалыы сатаан кыыһыгар туһаайан: «Ити Миитэрэй оҕонньордоох эмиэ соҕотох уоллара Миитээ бэрт үлэһит, тырахтарыыс бэрдэ уол баар, иһэрэ-аһыыра иһиллибэт, бэрт көрсүө оҕо дииллэр, аныаха дылы кэргэн ылбакка сылдьар, сааһынан эйигиттэн арыый аҕа эбитэ дуу, итинник күтүөттээх киһи», – диэбитигэр, Саргы сонньуйан эрэ кэбиспитэ баара.

* * *

Биирдэ киэһэлик Саргы үлэтигэр соҕотоҕун олордоҕуна дьүөгэтэ Лиза, Елизавета Ивановна киирэн кэллэ. Бииргэ оскуолаҕа үөрэммиттэрэ, ону ааһан олох оҕо саастарыттан доҕордоһор буоланнар бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсэллэрэ, эн-мин дэһэн кэпсэтэр, кистэһэр санаалара суохха дылы этилэрэ. Билигин да ол кэһиллибэккэ сылдьар. Лиза Саргыга холоотоххо сүрдээх сытыы-хотуу, кэлэн-баран курбачыйбыт, хатыҥыр, көнө таһаатыгар эдэр кыыстыы муодунайдык таҥныбыт, чаҕаан куолаһынан саҥаран-иҥэрэн чыбыйыктаммыт эдэр дьахтар. Кэргэннээх, хас да оҕолоох. Омос көрдөххө, иккиэн утарыта соҕус майгылаах эрээрилэр бэйэлэрин икки ардыларынан уу тэстибэт дьүөгэлиилэр. Лиза начаалынай кылаас учуутала. Кини киирдэ да, чуумпуран турбут хос иһэ эмискэ саҥанан-иҥэнэн туола түстэ.

– Дорообо, Саргы! Хайа, бу тоҕо хараҥаҕа соҕотоҕун олороҕун, ааҕааччыларыҥ суохтар эбит дуу? – диэт, аан таһыгар выключатели холбоон, хос иһин сандаарыс гыннарда.

– Миэхэ сырдык, көстөр ээ, – Саргы өскүөрүтүн хоруй эрэ буоллун диэн саҥарда уонна уот чаҕылхай сырдыгыттан харахтара симириктээн ыллылар.

– Хайа, дьүөгэм, дьэ, көстүбэтэҕиҥ-биллибэтэҕиҥ ыраатта, саатар эрийэн да көрбөккүн, ханна бардаҕай-кэллэҕэй диибин ээ, – Лиза эмиэ итинник ыйытыаҕын билэр буолан, Саргы өрүһүспүттүү урутаан ыйыта оҕуста.

– Тыый, бу да кыыс, хата бэйэҕин итинник этиэххэ баара, бэйэҥ да иһиттиҥ ини, төрдүс кылааска салайааччынан ананным, бу иллэрээ күн төрөппүттэрим уопсай мунньахтарын ыыттым ээ. Сүүрбэ оҕолоохпун. Мэниктэрэ диэн, урут сатаҕай соҕус кылаас этэ. Акулина Николаевна кылааһа, былырыын сүрдээҕин эрэйдэммитэ быһыылааҕа. Ыалдьабын, кыайбаппын диэн быйыл көрдөһөн тохтоото, кини оннугар миигин анаан кэбистилэр, – биир тыынынан кутан-симэн кэбистэ.

Лиза сонун, бэргэһэтин устан аан таһынааҕы көхөҕө ыйаан, дьүөгэтигэр наҕылыччы кэпсэтэ-ипсэтэ кэлбитэ билиннэ. Саргы иһигэр үөрэ санаата, хата ким да суоҕар кэлбитэ үчүгэй, кэпсэппэтэх-ипсэппэтэх да ыраатта. Бэйи, баҕар, суругу да кэпсээн, көрдөрөн көрүөм дуу, туох диирэ буолла, баар суох сэкириэттэһэр киһим кини эрэ эбээт диэн, бүччүм санаа кылам гынан ааста.

Лиза кыыс киирэр аан таһыгар турар трюмо сиэркилэҕэ сирэйин-хараҕын, баттаҕын, быһыытын-таһаатын көрүммэхтии түһэн баран, Саргы иннигэр турар олоппоско олорон иһэн, дьүөгэтин соһутан эмискэ өрө чаҕаара түстэ:

Bepul matn qismi tugad.

31 304,78 s`om