Kitobni o'qish: «Дойду ахтылҕана»

Shrift:
ААҔААЧЧЫЛАРГА

Семен Данилов 1977 сыллаахха талыллыбыт айымньыларын бэйэтэ икки томҥа таҥмыта. Бастакы томугар 1966–1976 сс. суруйбут айымньылара, иккис томҥа 1937–1965 сс. суруллубуттара киирбиттэрэ. Оттон 2005 сыллаахха олохтоммут «Саха народнай суруйааччылара» диэн сериянан тахсыбыт бастакы томугар кини огдообото Анна Данилова уонна народнай поэт Михаил Тимофеев бэлэмнээбит талыллыбыт лириката «Айыы сыдьаайа» диэн аатынан, мин киирии тылбынан бэчээттэммитэ. Оттон субу иккис томҥа, хронологияны тутуһан, 1937 сылтан 1965 сылга диэри суруллубут хоһоонноро уонна поэмалара киирдилэр.

Салаалар поэт урут тахсыбыт кинигэлэрин ааттарынан «Мин дойдум», «Аймах дьонум», «Эйэлээх куорат», «Хотой дьоло», «Күн таммаҕа», «Алаас сулустара» диэн ааттаннылар. Манна Семен Данилов поэт быһыытынан үүнэн-сайдан испит суола ырылыччы көстөр. Ол курдук, бэйэтэ суруйбутунуу, маҥнай норуот ырыаларын олуктарыгар чугаһатардыы олоххо чахчы буолбут түгэннэри хоһуйбут эбит буоллаҕына, 60-с сылларга поэт айымньылара дириҥээн, олоҕу бөлүһүөктүү көрүүтэ ситэн сириэдийбит. Ордук «Алаас сулустара» диэн кинигэтигэр киирбит хоһоонноро чахчы да поэт аатын ааттатар айымньылар. Итиннэ «Олоҥхо кэнниттэн», «Сайыҥҥы Сиинэ», «Сайылык», «Саха үҥкүүтэ», «Ырыа туһунан», «Бастакы хаар» диэн чулуу хоһоонноро киирбиттэр. Дэлэҕэ да итилэртэн үгүстэрэ ырыа буолан күн бүгүҥҥэ диэри ыллана сылдьыахтара дуо?

60-с сыллар, уопсайынан, саха поэзията саҥа кэрдиис кэмҥэ тахсыбыт бэлиэ сыллара этилэр. Ити саҕана Леонид Попов, Рафаэль Баҕатаайыскай, Моисей Ефимов, Иван Гоголев, Савва Тарасов, Михаил Тимофеев ордук тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Кинилэр айымньылара, нууччалыы тылбаастанан, поэзияны киэҥ ыырга таһаарсыбыттара. Дьэ ити дьонтон биир бастаан иһээччинэн Семен Данилов буолан, ити сыллартан Россия бастыҥ поэттарын иһигэр аата ааттанар буолбута.

Кэлиҥҥи көлүөнэ ааҕааччыларга поэт маастарыстыбата муҥутаан испитин көрдөрөр кэрчик кэмэ бу томҥа кэрэһилэнэн киирдэ.

Н. Винокуров-Урсун,

поэт, кириитик,

П.А. Ойуунускай аатынан

Государственнай бириэмийэ лауреата

МИН ДОЙДУМ
(1937–1948)

 
ЫРЫА
Көмүс күнүм санньыйа
Киирэр сирин былдьаста,
Маайа ынах хамыйа
Барар кэмэ уолдьаста.
Ыллыыр чыычаах утуйан,
Айылҕабыт чуумпурда,
Оттуур колхоз уурайан,
Отуу уота умайда.
Паарка ыллаан эрдэҕэ
Маннык намыын киэһэҕэ,
Эдэр ыччат биэрэккэ
Эһиэкэйин эттэҕэ…
Намыын киэһэ дьаарбайа
Тахсыах эрэ, Даарыйа,
Сээкэй туһун аттара
Сэһэргэһиэх таарыйа.
 
 
* * *
Ый сырдыгар сүүрүгүм
Ырылыйа дьулуста.
Ырыам аргыһа чыычааҕым
Ыраах кытылга ыҥырда,
Күүгэн аллыбыт бакаалым
Күллэ-салла, дьалкыйда,
Көтөр көҥүлүм дабаана
Көҕөрүмтүйэн көһүннэ.
 
 
КЭЛЭР ҮЙЭ КИҺИТИГЭР
Мин төрөөн төлөһүйбүт алааспар
Эн үөскүөҥ, олоруоҥ – билэбин.
Эйиэхэ, ол ыраах бырааппар,
Бу ыллыыр ырыабын аныыбын.
Дьиибэргии, сонньуйа, эн ааҕыаҥ
Дирбийэр мин ырыам хоһоонун:
Биһиги үйэбит халлаанын,
Эн көрүөҥ охсуһуу толоонун.
Биһиги, эн убай дьонноруҥ,
Дүрбүөннээх үйэҕэ олоорпут,
Олохпут бу сырдык хоһоонун
Охсуһуу уотугар айарбыт.
Күн аайы куттанан турбакка,
Өлүүнү утары барарбыт,
Таптыырбыт, ыллыырбыт дьыбарга,
Буурҕаҕа муммуту сирдиирбит.
Мэһэйи, өлүүнү эһэрбит
Эн үөскүүр күөх мичил алааскар.
Күн аайы суол солуур этибит
Өспөт дьол айанын аартыгар.
Көмүскээн чэлгиппит алааспар
Эн үөскүөҥ, мичээриэҥ – билэбин…
«Быраатым, кэлэн мин үрдүбэр
Ахтаар!» – диэн кэриэспин этэбин.
 
 
КИЭҺЭ АЛААСКА
Ырааҕынан-чугаһынан
Ынахтар маҥырастылар,
Хаһыҥ курус тыалынан
Эккин-хааҥҥын сайа тыынар.
Бу дойду хас томторун,
Чугастааҕы дулҕаларын
Барытын мин билэрим,
Барытын тэпсибитим.
Үчүгэйиэн дойдум тыала
Сүрэхпин угуттуура,
Умнуллубут ырыа тыла
Уруккулуу сатарыыра.
Ханан эрэ ырааҕынан
Хаҥыл аттар тыбыырдылар,
Харалаабыт хатыҥнарым
Хараҥанан таҥыннылар.
Манна олох, манна тойук,
Манна атын сигили,
Сүрэхпинэн маны куруук
Ахтар, саныыр да этим.
Дьоллоох тойук, дьогдьоот киэһэ,
Дьолу булбут мин дойдум.
…Оҕо буолан ааспыт сааспын
Ордук саныы олордум.
 
 
ОЛОХ УОННА ОЛОҤХО
(А. Сурковтуу)
Этиҥ астыа. Сыллар ааһыахтара,
Биһиги кырдьан олоруохпут.
Бүгүҥҥү герой – олоҥхо бухатыыра,
Остуоруйа буолуо биһиги олохпут.
Этиэхтэрэ онно
айыы бухатыыра
Оччолоох-баччалаах
күүстээҕэ диэн,
Өлөр чааһыгар
өлбөт тыыннаах
Ырыа тылларын
эппитэ диэн.
Олоҥхо буолуо
улуу кыргыс туһунан,
Кырдьаҕастар уйадыйа истиэхпит:
Ол олоҥхо ойуулаах номоҕуттан
Амарахтык мичээрдиэхпит.
Оо, доҕоттоор,
Ол бухатыырдардыын
Биһиги буолбаппыат
арыаллаһан үөскээбиттэр,
Кинилэри кытта сайылык сыһыытыгар,
Оскуола олбуоругар
ойуоххалыы оонньообуттар,
Кинилэри кытта
Дьоллоох кэмҥэ
Дьолу үллэстэ
доҕордоспуттар,
Төрөөбүт дойдубут ыар дьылыгар
Хоһуок килиэби
үллэстибиттэр.
Билбэт этибит
Бүтүн күүстээхтэрин,
Киһиттэн ордук
киэптээхтэрин,
Саҥарар саҥалара
ырыа буолар
Сахаттан сабыйа
өйдөөхтөрүн.
Кинилэр сүгэллэрэ
киһи сүгэрин
Сылайан нүксүйбүт көҕүстэригэр,
Үөхсэр буолаллара, өлүү кэллэҕинэ,
Өлүүттэн
сиргэнэр
үгэстэринэн.
Биһиги билэбит:
Үрдүк баҕа,
Дойдуну таптыыр көнө сүрэх,
Көҥүлү таптыыр
модун санаа
Дьон курдук дьоҥҥо
олоортун.
Биһиги билэбит:
Дьон курдук дьон
Ийэ сирдэрин,
бар дьоннорун,
Алдьархайдаах
аат айаҕыттан
Араҥаччылаан ылбыттарын.
Этиҥ астыа,
Сыллар ааһыахтара.
Биһиги кырдьан олоруохпут,
Бүгүҥҥү герой –
олоҥхо бухатыыра,
Остуоруйа буолуо биһиги олохпут.
 
 
КЫАЙЫЫ КҮНЭ
Оҕонньорум биһикки
улуу сурахтан
Ойон туран
оҕолуу
уурастыбыт,
Оскуолабыт үрдүгэр
умайар былааҕы,
Оонньуу турдун
диэн,
ойутан таһаардыбыт.
Бүгүн биһиги,
Орто дойду билбэтэх
ороспуойун бииһин
Улуу
охсуһуу уотугар
уолугуттан ылан,
умса анньан,
урусхаллаабыттар,
Бүгүн биһиги,
илиибит көлөһүнүн
сүүспүтүгэр аҕаан,
Түөрт
күчүмэҕэй сылы
төлө түспүттэр,
Сардаҥа тыктаҕына,
күн көһүннэҕинэ –
Аан дайдым,
айылҕа ийэм,
Айгырыы
хамсыы
Айманарын курдук,
Аан дойдуну
сатарытар
Айхал бөҕөнү
айдаардахпыт
буоллун!
Улуу дойдуну
уһугуннарар,
Уруй бөҕөнү
уйгууртахпыт
буоллун.
Оҕонньорум барахсан
Оҕотугар түстэ:
Уулуссаҕа ойон тахсан
Уйадыйан турда,
Күрэх дьонун көрдө:
Кэлии,
Барыы,
Күлүү,
үөрүү!
Солко таҥас суугуна,
Хаарыс таҥас харсыыта,
Кыыс үөрбүт дьэдьэн имэ,
Уол оҕо ойуолуута.
Эмэн дьахтар эдэрсийбит,
Эмээхсин эккирээбит,
Сукуй тыа суугунаабыт,
Сулбут үрэх тыаһаабыт.
Уулусса,
дойду тыла
Уҕарыйбат музыка:
– Кыайыы!!!
– Кыайыы аатынан
кыайаргынан
үөр,
көт,
туой!
Уулуссаҕа
күйгүөр.
Көтөҕүллүү.
үгүс сиртэн,
суут дьиэттэн
Үрдүк сиргэ,
хонууга
Үмүөрүһэ
үөрдүстүлэр
Үөрүү былаахтара.
Трибунаҕа –
дьоллоох тыллар,
Дьон сүрэҕэр –
өспөт кыымнар…
Өрөгөйдүү
турбуппут онно
олох оҕолоро,
Оо, онтон
ырыа баарта
Ойуур,
толоон,
тыа аайы:
Айхаллан,
көҥүл кыраай!
Айхаллан,
улуу норуот!
Оҕонньорум булбут этэ
Уон көмүс остуопканы,
Оҕонньорум муспут этэ
Уон чулуу ыалдьыттары…
Оо! Дьэ, оҕонньорум,
Оҕонньор да буолбатах,
Уол оҕо – эдэр ырыа,
Ырыа – Кыайыы ырыата –
Ыҥырбыта остуолга.
 
 
МИН ДОЙДУМ
(Садофьевтыы)
Бу далай, бу халлаан сарыала,
Сүрэҕи угуттуур көй салгын,
Бу уйгу ыһыаҕын чараҥа,
Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Бу өлгөм үүнүүлээх алаастар,
Бу саһыл сыһыылар, толооннор,
Бу көмүс үктэллээх хайалар,
Угуттаан таһымныыр үрэхтэр –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Бу мичил күн түһэн саатаабыт
Киэҥтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду,
Бу «кэхтэр» диэн тылы сатаабат
Кэрэммэт кэккэлээх ыччатым –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Ньиргиэрдээх бу үрүҥ куораттар,
Киэҥтэн киэҥ куйаарар аартыктар,
Бу айар үлэбит этиҥэ,
Бу ыллыыр ырыабыт көмүһэ –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
 
 
МУУС УСТАРДААҔЫ САНАА
С.А. Местниковка
Таптыыбын эйигин, Сахам сирин,
Хаар хайыҥнаах төрөөбүт дойдубун,
Буурҕа сатыылыыр киэҥ сыһыыларын,
Үрдүк күннээх сааскы халлаанын.
Алҕас ааттаммыт муус устарга
Мин дойдубар муус устубат,
Тоҥоттуу барбыт кыстык хаарга
Халыйар хайыһар суолун хаалларбат.
Көтөр кэлэрин көһүтэр санаабар
Үлэм быыһыгар үрэҕи кэтэһэбин,
Кини тоҥ хара харалдьытыгар
Ньургуһун сибэкки ньургуйа үүнэрин.
Онно, мин санаабар, туманы курдат
Көстөргө дылылар көҕөрөр садтар,
Үрүҥ былытынан үллүммүт курдук
Үчүгэй бэйэлээх отонноох мастар.
Баҕар, кырдьык… (биһиги итэҕэйэбит)
Кыһын кыпчыарын биһиги кыайыахпыт –
Кулун тутар буурҕа кубулҕатын
Муустаах муораҕа кыйдаан ыытыахпыт.
Оччоҕо мин дойдум хаар хайыҥын
Кэмин иннинэ киэр гыныаҕа,
Сыыһа ааттаммыт муус устарым,
Ыам ыйыныы, балыгын ыытыаҕа.
Нарын бэйэлээх таҥара кийииттэрэ
Таҥнан туруохтара, сайынынан тыына.
Күннээх дойдум отонноох мастара
Кийииттии кэлиэхтэрэ чаллах тииппэр.
Алаас арыытыгар, отонноох садка
Дьоллоох оҕолор көрүлүү сырсыахтара.
Абрикос отону аҕалара дьоҥҥо
Айдаара сырса аҕалан биэриэхтэрэ.
Оччоҕо биһиги, кыһыны кыайбыттар,
Оҕобутугар түһэн олоруохпут,
Көҕөрө барбыт алаас куулатыгар
Кулун тутарга кус маныахпыт.
 
 
ХОДУҺА
Турда колхоз алааһыгар
Уоттаах куйаас өҥүрүгэ,
Үрдүк күҥҥэ талаһар
Сиҥнэ үүммүт бэттиэмэ.
Силлиэ тыал өлөҥ оту
Сирилэччи ытыйбата,
Үлэ күүрэн эбэ хотун
Үүммүт ото долгуннурда.
Кырбый кыыл кынатынан
Кыптыыйдана оонньообото,
Эмдэй-сэмдэй түһүстүлэр
Элитиэпкэ бэртэрэ.
Быыстала суох хабыгырыы
Бүлүмүөттэр күрсүбэттэр,
Xапсаҕайдык татыгырыы
Косилкалар сырыстылар.
Күөх уйгунан көмүллэн,
Сытта колхоз алааһа,
Сүрэххэ, быарга билиннэ
Самаан сайын сылааһа.
 
 
СААС
Уһуга суох ыллыы-туойа,
сааскы халлаан турда,
Чэбдик дойдум, мичил үөрэ,
тыына, уһугунна.
Совет дьиэтин былааҕын
күнүм үөрэ тиирэр,
Пионер оҕо ырыатын
тыалым ыраах илдьэр.
Сииктээх буорга түһэн тиллэр
төрөл көмүс сиэмэ,
Ыраас, сырдык ача үүнэр,
атар лабаа бүөрэ.
Уонна сырдык үрүйэлэр
киһи аймах дьолун
Ырыа гынан туойбуттар
сүүрүк көмүс тылынан.
Сирбитин симии, оҥоро,
тоҥсуйдулар уустар…
Советскай дойдум олоҕо
күнү көрсө устар.
Уһуга суох
ыллыы-туойа,
сааскы халлаан турда.
Уһуга суох
үөрүү тыына
сүрэххэ кутулунна.
 
 
САРСЫАРДА
Көр эрэ: сырдык дьол
Мичээригэр маарынныыр,
Көр эрэ: сардаҥа
саҕахха сыдьаайда.
Аан дойдум уһуктан,
Сырдыкка сыламныыр,
Аан дойдум саҥанан
сандаарда.
Саҥа күөх солкоҕо
Сууланан турдулар
Саҥа күөх
унаарар мырааннар,
Эн курдук мөлүйүөн
Дьон турар,
уһуктан,
Эн курдук,
хомунар,
тараанар.
Советскай киһи, эн,
дьиэ тута
тахсаҕын
Советскай Союзка –
мөлүйүөн.
Сүгэҕин эн маска батары охсоҕун,
Охсуллар сүгэлэр –
мөлүйүөн…
Дирбийэн-дарбыйан
үлэлии тураҕын;
Ыраатта
эн үлэҥ ырыата.
Дирбийэн-дарбыйан
сатарыы турдаҕа
Советскай сир ийэ
барыта.
Мас суоран, таҥастаан
Истиэнэ уураҕын –
Мөлүйүөн
истиэнэ ууруллар.
Эн түргэн
тутуунан
Сарайдаан бүтэҕин –
Мөлүйүөн
саҥа дьиэ
сандаарар.
Эн ыллыыр
ырыаҕар
Сардаҥа сыдьаайар,
Эн ырыаҥ иһиллэр
сир аайы.
Эн өлбөт ааккыныы
саҥа дьиэҥ сандаарар…
Сарсыарда
сайаҕас, ылааҥы.
 
 
КҮһҮН
Бурдук сириттэн улардар көттүлэр,
Буруо уһуннук тура унаарар,
Алаас аһыллан ынахтар маҥырастылар,
Амтаннаах кэнчээри сыта тунуйар.
Уонна дуо, доҕоттоор, сайдам салгыным,
Убуруу-сыллыы, уолукпар эриллэр,
Утаппыт сүрэххэ сүдүрүүн нууралым
Уһуннук-уһуннук угуттуу диэлийэр.
Оттообут хотуурун отунан баайан
Оҕонньор киһи хоспоҕор уурар,
Дьиктилээх күнүм, санньыйа ылааран,
Тииттэргэ саһаары тыаһа суох устар.
Ол дьиэҕэ киһи суох: оҕонньор дал тутар,
Хобороос хотону сыбаһа барбыта.
Маҥхааһай таһыгар бурдук астыыллар,
Уйбаан эһиилги сонуогу хорутар.
Көҥүл сир дьонноро олоҕу оҥостор
Күүрээннээх үлэнэн күһүнү көрсөбүт.
Үлэни үмүрүтэн муҥхаҕа, булка
Кыһыны кытта тэҥҥэ туруохпут.
 
 
* * *
Өйдүүгүөн үүнүүлээх хонуунан
Күүлэйдии миигинниин испиккин,
Хонууга сибэкки хомуйан
Хоскор эн киллэриэх буолбуккун?
Кэмчиэрэ ыйытар саҥабар
Хоруйдаан биир тылы эппиккин,
Сөрүүҥҥэ, сииктээх түүн үөһүгэр
Сэмэйдик сиэттиһэн испиккин?
Өйдүүгүөн олох киэҥ суолунан
Дьоллоохтук хаамыахпыт диирбитин,
Эриэккэс санааттан долгуйан,
Эн онно мичээрдии испиккин?
Оччоҕо мин, хоту көтөөрү,
Кынаппын куурдуна сылдьарым.
Арахсыы ол дьоллоох чаастарын
Ахтаҕыан, мин күндү Анютам?
 
 
КЫҺЫҤҤЫ СУОЛ
Тугун баҕас уһунай
Нуоралдьыма үрэҕэ,
Xаһан-хаһан тиийиэмий
Хампа алаас ыалыгар?
Тиийиэм киэһэ уот өһөн,
Имик-самык буолуута,
Остуоруйа түмүктэнэн
Уу чуумпу уйгууруута.
Дьиэҕэ киирэн мин иттиэм
Күөдьүппүт көмүлүөкпэр
Уонна нуктуу нухарыйыам
Уотум сылаас сыламар.
Оччоҕо түүлбэр охсуллуо
Сырдык уоттаах мин хоһум,
Онно тэтэрээт көннөрө
Олороро буолуо доҕорум.
Көннөр, көннөр, доҕорукуом,
Көтүтүмэ алҕаһы.
Олоххо сыыһа хардыылаабат
Дьон буоллуннар оҕолоруҥ.
 
 
КИЭҺЭ ТЫАҔА
Сииктээх киэһэ хааман истим
Чараҥ тыаны тэлэн,
Оһуор анньан илим-ситим
Ыйтан сырдык түһэр.
Онно алаас. Дьонум-сэргэм
Оонньоон-күлэн эрэр…
Сардаҥарар сырдык имим
Тиийиэм үүнэр кэмэр.
Ыйдаҥаҕа хахыйахтар,
Улааппыкка дылы,
Нуктуу, чуумпу налыйбыттар,
Мөһүүрэнэн сырдыы.
Уолбат наҕыл үрүйэлэр,
Уулбут көмүс уунан
Толбоннурар көлүччэбэр
Тохтообокко устуҥ!
Сииктээх киэһэ хааман истим
Хатыҥ чараҥ устун,
Сардаҥарар көмүс имим,
Инним – күрэх дьонум.
 
 
БЭЭҺЭЭ КУЛУУП ДЬИЭТИГЭР
(Кыыс ырыата)
Бээһээ кулууп дьиэтигэр
Биэс уол кэлэн тохтообут,
Бэһиэн эдэр инженердэр,
Бэһиэн эрэт бөтөстөр.
Оо, тэҥнээх да доҕоттор,
Оо, үчүгэй да уолаттар.
Көмүһү, чоҕу булар
Күрэхтээх дьон үһүлэр:
– Иччитэх Сиинэ сиһин
Иччилиэхпит дэһэллэр.
Уой, үксү да кэпсииллэр,
Оо, өйдөөх да уолаттар.
Бүгүн кулууп таһыгар
Бэһиэн тахсан туойдулар,
Оҕолору мунньаннар,
Оһуохайдаан тэйдилэр.
Уой, кэрэтик да ыллыыллар,
Уо, көрдөөх да уолаттар.
– Хайыахпытый, дьүөгэлээр,
Хайалар көһүтэллэр.
Сарсын эрдэ барабыт,
Саныыр буолуҥ, – дэстилэр.
Уо, кирдик да эрэттэр,
Оо, тохтуу да түспэттэр.
 
 
ЭЙИГИН УТУТА-УТУТА
Данилова Верочкаҕа
Эйигин утута-утута,
Биэличчээ, мин ырыа ыллаатым.
Кэм түргэн хардыынан ааһыыта
Эн, сэмэй кыыс оҕо, улаатыаҥ.
Сиинэҕэ, Куорунай сиригэр,
Ньоҕодьук диэн улуу күөл баара,
Ол эбэ соҕуруу өттүгэр
Турар ээ эн эһэҥ ампаара.
Ол ампаар аттыгар бэрт былыр
Баар этэ куһаҕан балаҕан,
Ол онно үрүҥ күн сырдыгар
Кэлбиттэр аҕалаах абаҕаҥ.
Биһиги, үлэнэн суол солоон,
Олох киэҥ аартыгын булбуппут,
Олох киэҥ буоругар үлэнэн
Үрдүк дьол үөрүүтүн билбиппит.
Билигин омуктар баайдара,
Аатамы арааран бараннар,
Өһүөннээх өйдөрүн ситээри,
Айдааран, арбанан эрэллэр.
Эн дьоҥҥун кыа хааҥҥа умсаран,
Эйигин эн бэйэҥ дойдугар
Дьоло суох кулут кыыс оҥостон
Байары түүл гынан түһүүллэр.
Биһиги: нууччалар, сахалар,
Хаһаактар – уон араас омуктар,
Биһиги, советскай норуоттар,
Бу сири бас билэн үүммүттэр,
Аан дойду дьолуттан көҥүлү,
Көҥүллүк үлэлиир үөрүүнү
Туохтан да үрдүктүк туппуттар,
Тобуктаан туруохпут кэриэтэ
Охсуһан умсуохпут. Охсуһан
Эн көҥүл олоххун айыахпыт.
Биһиги муҥура суох күүспүт –
Муҥура суох сырдык итэҕэл,
Дьон аймах түүнэ суох олоҕун
Бу буорга олохтуур итэҕэл,
Ол иһин биһиги ырыабыт
Ыҥырар саҥаттан саҥаҕа.
Итэҕэй – туолуоҕа ырабыт,
Мин сиэним, эн ону көрүөҕүҥ.
Эйигин утута-утута,
Биэличчээ, бу ырыа ыллаатым,
Ырыабар мин илэ көрөбүн
Эн үйэҥ алаарар халлаанын.
 
 
БОБО ТУТАР ОҔОННЬОР
1
Тоҕус уоннаах толунньаҥ
Токуйбутун көрүмэҥ:
Иҥиирдэрэ эрчимнээх,
Сындааһына сыралаах –
Ахсым болгуо быччыҥа
Ахсаабатах дэһэллэр.
«Алтан туура» хотуура
Айаннаатар эрэ дуо,
Дэмэ-хомо суох кэмнээх
Дэһээтинэ диэн кэбис.
Хотуур сыылба да буоллар
Ходуһаны хоротор,
Хоннохторо суойуулаах,
Хотоойулаах сырыылаах.
Ардайдаппат да эрэн,
Арсыын ылыы үрдүгэр
Үстүү бөссүөк кэриҥин
Өҕүрүтэр дэһэллэр.
Хамыырдаахтан хаалсыбат,
Хоннохтооххо куоттарбат,
Боччум илии муҥунан
Бобо тутар оҕонньор!
2
Бодьойбутун көрөҥҥүт
Бокоойуга ааҕымаҥ:
Алта салаа муостардаах
Атаралыыр тайах кыыл
Аҥаарытар айаҥҥа
Ааһан баарта суох дииллэр.
Кылатара кытарбыт,
Кыайан көрүө дуо диэмэҥ:
Кытарбытын иннигэр
Кыраан ылар кыҥааһын.
Кыырай халлаан кыстыктаах,
Кыптыгыркаан кынаттаах,
Кындыа көтөр кыыл бииһин
Кыдыйарын сөҕөллөр.
Кэлим элбэх кэлгиэлээх
Кэтириинискэй доруобун
Эҥсилгэннээх эстиитэ
Эккэ эрэ дэһэллэр.
Кэмчи соҕус да буоллар,
Кэнтиктэрэ охтуулаах,
Татым соҕус да буоллар,
Чааркааннара тардыылаах,
Эндэппэккэ таба биэрэр
Эбиэннэрэ иҥсэлээх.
Боччум илии муҥунан
Бобо тутар оҕонньор
Саһыл, саарба арааһын
Сааһылыырын сөҕөллөр.
Ыһыктары билбэтэх
Ыга тутар ытыстаах,
Ылыммытын ыпсарар
«Ыччат» буолар дэһэллэр.
 
 
ЫРААХ МУОРА КУМАҕАР
(Поэма)
Муораҕа күөх күдэрик түһэн,
Чуумпуттан чуумпутук доллоһуйар;
Хаһан эмэ хопто, арыт ытаан, арыт күлэн,
Аймыыр аҥааттыбыт чуҥ салгыны.
Хоту дойдуга көстүбэтэх күн тахсан
Холку хомо долгунугар оонньуур;
Хомо уҥуоргу хоптолоох кумаҕыттан
Тууһуурга1 туоруур тыы эрдиитэ оймуур.
Ол оҥочоҕо дьол туһунан, олох туһунан
Икки киһи кэпсэтэрэ.
Чуумпу долгун, балык умнуллан,
Санаа дьоллоох кэлэргэ тиийэрэ.
– Эн, – диирэ эр киһи куолаһа, –
Эрэн биһиэхэ – доҕотторгор,
Олоххо баар бары куһаҕан
Сырдык, ыраас аргыстаах буолар…
Дьахтар куолаһа махтанара
Ыар күнүгэр кээспэтэх доҕотторугар.
Ол курдук уста турбуттара
Муора доллоһуйар долгунугар.
1
Хатыҥ үрэх үрдүгэр
Баар ээ маҥан балаҕан,2
Ол дьиэ сырдык хоһугар,
Оо, эн кими көрөҕүн?
Сэрии суоҕар ол дьиэҕэ
Эдэр кэргэн олоорто,
Эдэр кэргэн ол дьиэҕэ
Элбэх дьолу билбитэ.
Онно баара эдэркээн
Бу дьиэ кэргэн аҕата,
Ааҕааччыа, эн кэрэхсиир
Театрыҥ артыыһа.
Онно баара оһуордаах
Түннүктэрин муҥунан
Сибэккини кэккэлиир
Мин эдэр героиням.
Онно баара дьиэ сэргиир
Эдэр кэргэн чыычааҕа,
Мэник киһи, кыра кэргэн –
Хара харах Валентина.
Онно баара үөрэ кырдьар,
Дьон таптыыр эмээхсинэ –
Дьиэни дьиэлиир, сиэнин иитэр
Маанылаах эбэлэрэ.
Хатыҥ үрэх үрдүгэр
Турар маҥан балаҕан…
Бур-бур буруо бургуйар:
Көр суох, чуҥкук, куһаҕан.
Бу дьиэ сырдык хоһугар
Хаалбыт сиэннээх эмээхсин.
Аһыы баттыыр, саас ылар…
Ол да буоллар ыал ээ син.
Кини кэпсиир бар дьоҥҥо:
– Күн-дьыл атын… айака!..
Баарта уолум боруоҥҥа,
Кийиит – хоту, балыкка.
Уонна уоста имэрийэр
Бу ыар сааһын сааталын –
Сиэнэ кыыс, хара харах
Валентина баттаҕын.
Оччоҕуна көмүс таммах
Иэдэһэр илибириир,
Валентина намчы санна
Аргыый ибигириир…
Эбэ кыайыы күнүгэр
Эрэн тиийиэ эриһэн,
Хатыҥ үрэх үрдүгэр
Хааллын маҥан балаҕан.
Ааҕааччыам, тиийиэх биһиги
Муустаах муора биэрэгэр,
Кыайыы иһин силлиэлиин
Бар дьон тустар сиригэр.
 
 
2
Уордаах муора милкийэр
Ардах, силлиэ сиригэр
Куба курдук балааккалар
Туртаҥнаһа тураллар.
Фронт сакааһын толоро,
Онно тиийэн олохсуйар
Кыайыы иһин охсуһар
Эдэр биригээдэ.
Онно тиийдэ саха кыыһа
Маня Готовцева,
Туустаах ууну, тыалы кэһэн,
Бэчимэни сосуһа.
Онно тиийдэ саха кыыһа,
Өстөөҕү өһүөмдьүлүү,
Суох эр дьону солбуйан,
Дьоллоох сирин көмүскүү…
Онно күн-дьыл аастар ааһар,
Дүрбүөннээх олох көтөҕөн.
Балык суоҕар кыһыы буолар,
Түүҥҥүн-күҥҥүн умнаҕын.
Оттон муҥха ийэтин тиирэр
Байым балык кэллэҕинэ,
Санааҥ көнөр, кынат буолар,
Үлүмнэһэр күрэххэр
Күнүҥ эмиэ көстө куотар.
Үлэ быыһар, күрэх быыһар
Эмиэ санаа сабардыыр:
«Оҕоҥ ытыыр ыраах дьиэҕэр,
Оттон Кешаҥ ханнаный?!»
Суох ээ сурук. Сыл буолла…
Ымыылыырыҥ туох баарый?
Ырыа этэр: «Көһүт».
Күүтэр.
Ырыа суоҕар мунчаарар.
Онуоха эбии быстах тылы
Дьон сэлбиэр тарҕаппыттар:
«Сураҕа, Кеша өлбүт үһү,
Ону кыыстан кистэтэллэр…»
Уонна харыастар сүрэҕэр
Өрүү ким эрэ сипсийэр:
«Үөр-көт, оонньоо эдэргэр,
Өлбүтү кытта өлбөттөр».
3
Кулуһун курдук уҥуохтаах,
Куппут курдук таһаалаах,
Биригээдэ килбиэннээҕэ
Мирон Сивцев диэн баара.
Кини уран кэпсээнинэн
Тыалы намыратар,
Ытаабыты күллэрэр,
Аһыылааҕы саататар.
Кыайбатахха көмөлөһөр,
Ыалдьыбыты эмтэһэр…
Эмэн дьоҥҥо – таптыыр оҕо,
Эдэр киһи доҕоро.
Санаа баттыыр муҥкук кэмэр
Маняҕа убай киһи,
Санааны сайар доҕор буолар,
Эрэйи үллэстиһэр.
Бииргэ үөрэ, хомойо
Ол курдук олоорторо.
Бииргэ эрдии эрдэллэрэ,
Бииргэ бэчимэлииллэрэ.
4
Биирдэ онно үөрүү буолта:
«Киев куорат – биһиэнэ!..»
Дьон-сэргэ тоҕуоруста,
Сынньалаҥ кэмэ этэ.
Бастаан уоттаах уруй тыллар,
Онтон оонньуу, оһуокай,
Үөрэр түгэн: сүрэх тиллэр
Кыайыы, кырдьык аатыгар.
Буурҕалардыын күрсэн-харсан
Бу буору чиҥэппиттэр,
Өрөгөйдөөҥ, ыллааҥ-туойуҥ,
Хоһуун дьон, балыксыттар!
Симик уоттар умайбыттар
Имик-самык балааккаҕа,
Арыгылар аччаабыттар
Былтаҕар бытыылкаҕа.
Ахсааннарын ситэрэ,
Ырыалар ылламмыттар.
Ис сүрэх кистэллэрэ
Элэккэ быламмыттар.
Оттон Мирон Маняттан
Ол киэһэ арахпатах,
Аптаах таптал ырыатын
Уоһуттан түһэрбэтэх.
Кини эппит:
– Эйигин
Олус да таптаахтаатым…
– Тоҕо миигин таптыыгын?
– Бу өйдөөх харахтаргын…
Уонна ол уол андаҕаммыт
Үйэлээх таптал аатыгар,
Хоруй күүтэ сүгүрүйбүт
Тапталлааҕын атаҕар.
Маня көрөр, Маня истэр,
Маня саныыр:
«Кеша суоҕар… маннык кэмҥэ…
Бу туохпут уҕалдьытай!..
Мирон?! Иирбит биитэр
Холуочуйан араас буолар…»
– Тур! – диир, кэрэ бэйэтинэн
Туруору көрөн туран. –
Айдаарыма! Аргыый буолуй…
Өйдөөххө кэпсэтиллиэ. –
Туруору тарта таалбыт уолу,
Оттон Мирон тэмтэриҥнэс.
5
Үлэ буолла. Ый түмүгэ.
Буурҕа сатыылаата.
Арыт дьону түүн бүрүйэр,
Арыт күнүс сардаҥарар.
Киэҥ муора кубулҕаттаах,
Балык да охсор кэмнээх.
Хас хонно?
Суох да суох…
Кураанаҕы соһор күннэр.
Ый толбонугар муора оонньуур,
Майаак күөрэлдьийэр.
Саҥата суох тыйыс тулуур
Бэчимэни чиккэҥнэтэр.
Ол түүн балхаан күүстээх этэ,
Ый ньуура симириҥниир.
Биирдэ муҥха ийэтэ кээлтэ,
Бысхалдьыйа, дьирибинии.
Оо, онно «ураа» буолта…
– Аҕыс туонна!
– Тоҕус туонна!
Дьон үөрдэ, ньамаласта,
Түргэнник тутта-хапта.
6
Күн санньыйан, кумахха
Күнүскү симиэнэ сынньанар,
Күрүс-күрүс балаакка
Тыалга тыаһыы сапсынар.
Эрэһэ тыалтан долгуннар
Эрэлиһэ сырсаллар,
Кумах тумулга охсулла,
Курулуу тохто уосталлар.
Дэҥҥэ көстөр күн ылааран
Сылаастык сылаанньытар,
Эрдии, бэчимэ сылаатын
Умнан, Маня ах барар.
Кини олорор күн көрөр
Уордаах муора култуугар,
Баттаҕынан тыал оонньуур:
Тарыыр, ыһар, бурайар.
Санаан ыраах дойдутугар
Кини тиийбит курдуга:
Хатыҥ үрэх үрдүгэр
Көстөр маҥан балаҕан…
Сибэккини силэйэн,
Кыһыл киистэ хамсыыра,
Илэ турар, мичилийэ,
Хара харах Валентина.
Сындаа-сылба сылайан быстан,
Ыар үлэ чаҕыттаҕына
Биитэр минньигэс түүл быыһыгар
Үлэ чааһа оҕустаҕына,
Ким эрэ кистэлэҥ, истиҥ куолаһа
Кини сүрэҕэр сипсийэрэ:
– Тулуй, кытаат, доҕорум сыыһа!
Хайыахпытый – сэрии сиэрэ…
Оо, бу муҥнаах сэрии туран
Бурайталыан иннинэ,
Саҥа ыал-сэргэ буолан
Олордубут да этэ!
Аһыылаах өйүгэр туох киирбэтэй:
Киирэр дьоллоох сырдык санаа,
Сырдыгы сабар хараҥа, дьүлэй,
Дууһаны тууйар ыар санаа.
Кини саныыра: аҥардас сылдьан
Оҕотун иитэр эрэйин,
Эдэр сааһыгар огдообо хаалан
Олох дьолуттан матыах муҥун.
Оччоҕо түөрт өттө бүүрүллэн,
Ыарыы, тууйа хараҥарар.
Хараҕа, хамсыы, симириҥнии,
Харыаста туманнырар.
7
Хатыҥ үрэх үрдүгэр
Турар маҥан балаҕан,
Ол дьиэ сырдык түннүгэр –
Валентина барахсан.
Уордаах сэрии сиригэр
Түптэ түрүлүөн, хараҥа…
Кеша тыыннаах, баар этэ
Партизанскай тайҕаҕа.
Эн соҕотох хааллаҕыҥ
Муустаах муора биэрэгэр,
Нарын бэйэҥ олороҕун
Санаа муҥар, саарал муҥар.
8
Биир киһи кэнниттэн кэлэн:
– Тоойуом, Маня, туох буоллуҥ? – диэтэ,
Баттаҕын көннөрдө, уйадыйа,
Эгэлгэлээх тыллары кини эттэ.
Онтон оонньуу, элэк умнуллан,
Олохтоох кэпсэтиигэ киирдилэр.
Сүппүт киһини умнар туһунан
Сүүйэр тыллар этилиннилэр.
– Хаһан да хайыаҥый, тулуй, – диэтэ,
Аргыый аҕай, амарахтык кууһа. –
Тыыннаах киһи тыыннаахтары кытта
Дьолло көрдөс, доҕорум сыыһаа!
– …Итинтэн аралдьыта сатыыр дуу
Биитэр тугу этээри гынар?! –
Санньыар бэйэтэ таалан олордо,
Таабырын таайа, үөһэ тыына.
– Өлбүтү кытта өлбүт суох… –
Уонна уол турда. –
Тоҕойуом, холбоһуох…
Маня дьик гынна.
Дьыбарсыйда…
– Тохтоо, бэйи!.. Суобаһа суох!.. –
Кынтас гынна, киэр аста
Уонна сөҥө таастыйда…
Уу-хаар баспыт хараҕар
Уор уота симириҥнээтэ,
Туох эрэ түөһүн тылыгар
Бүөлүү биэрдэ,
Тыынын хаайда.
Харыастан дуу, киэр хаамта
Эргийбэттик, тиэтэйэ.
«Көр эрэ маны!.. Тугун абатай!..
Муҥунан туһанан эрдэхтэрэ!..»
Соһуччу этэ – күүппэтэх суол,
Мирон саатта, тууйулунна.
Күн ылааран, былыт быыһынан
Көстө-көстө туналыйда.
Ыраах кумахха муҥхаһыттар
Бэчимэ ырыатын ылластылар,
Муора тураахтара хаадьылааннар
Мирон үрдүгэр сапсыннылар.
Ким эрэ дьолун угуйаннар,
Куоҕастар аҥаатталлар.
Эргийбэт эрэллии кылбаҥнаһа,
Кубалар ырааталлар.
Илимньит салбах эрдиитинэн
Салгыбыттыы эрдинэр…
Муора уҥуор киирэр күнтэн
Көмүс суол ырылыйар.
9
Пароходтар күн аайы,
Маня суругун ылаары,
Манна тиксэр эбиттэр.
Хаһыытаһан бырастыылаһа,
Сайыһыннара, ыраата
Суругу илдьэ сүтэллэр.
Ыытта үксү.
Хоруй суох.
Өссө ыытта – суох да суох.
Күн-дьыл ууна уһунна
Улугурдар көһүтүүгэ.
Олох, үлэ, куолутунан,
Өрө күүрэ турбута.
Харсаах тыллар умнуллан,
Хоргутуһуу да ааста.
Доҕордоһуу эмиэ тиллэн,
Аньыылаах санаа арахта.
Ол курдук аргыстаһан
Олох суолунан истилэр…
Биирдэ күһүн Тууһуурга
Үгүс баарса тигистэ.
Фроҥҥа ыытар балыгын
Биригээдэ таһыста.
Онно күнү, түүнү быһа
Буочука хачайданар,
Тыраап устун тыаһаан киирэн,
Кырыытынан кыстанар.
Маня эмиэ куруустаһар
Мироннуун сэргэ, бииргэ.
– Баҕар, Кеша быстар саҕар
Бу балык тиийиэ, – диирэ.
Улуу муора кудулутун
Арҕаран муспут балыгын
Биригээдэ таһан, кыстаан
Бүтэриитин саҕана
Эмискэччи айдаан буолар
Ол куруустаммыт баржаҕа:
– Уу киирэр!..
– Дьүүк туолла!..
Носуостаан туһа суоҕа.
– Ханан дьөлө ыстанна?..
Баржевойдар айманаллар:
– Куотуҥ, баржа былдьанна!
Уу дэбилийэр, уһаат устар.
Тыраабы иэмэхтии тэпсэн
Куотар дьон ньамаласта:
– Быраһаай, элбэх дьон эрэйэ,
Сүүс туонна хатыыс бэрдэ.
Биэрэккэ тахсан көрбүттэрэ:
Баржа ыарыы дьаакырданар.
Арай будулуйар дьүүккэ
Икки киһи чалбааттанар.
– Таҕыс, Маня!.. Субу туолуо!..
– Ханан?.. Манан!.. Бу тугуй?!
– Куота тарт!.. Бэйэм булуом!..
– Мирон! Мирон!!! Бу… Буллум…
– Куулла!
Кумахтаах куулунан
Дьөлөҕөһү бүөлүү кыстыыллар,
Ууну хачайдаан, төттөрү таһан,
Балыктарын быыһыыллар.
10
Киэһэ Маня, сылайбыттыы,
Куру-һары дьиэлээн истэ,
Хантан эрэ түргэн тыы
Буор биэрэккэ тигистэ:
– Готовцева… Тохтоо… Үөр-көт… –
Почтальон ойон турар.
Суумкатыттан үс муннук
Суругу ылан уунар.
«Кешаттан!..»
Маня саарбаҕалаан,
Ах бара, хатылаата.
Хатылаата, салгыы аахта:
– «Госпитальтан…»
Сүрэх-быар
Нүөлүйэ тэбиэлээтэ…
Онтон биирдэ баар буолта
Тулаайах оронугар.
Сүрэҕинэн кини аахта
Туох баарын ол суругар.
Арыт ытаан, арыт күлэн,
Оо, үөрүүтүн хайдах этиэй?!
– Тыыннаах! – диэтэ куолаһын муҥунан. –
Кеша! – диэтэ сибигинэйэн.
Уонна уунна баар дьоҥҥо
Дьолун эргиппит суругун.
Үрдүк үөрүү буолла онно,
Доҕор дьон мунньуһунна.
Үлэ, эрэй аргыстара
Маняны уруйдаатылар.
Кыбыстыбыт Мирон туран
Саҥарарга тыл ылар:
– Биһиги герой доҕорбутугар
Үөрүүбүтүн биллэриэҕиҥ!
Былаан икки сүүс бырыһыан туолуутунан
Эҕэрдэлээн сурук суруйуоҕуҥ!
– Суруйуоҕуҥ, өстөөх самнан,
Бар дьоммут эргийдиннэр!
Биһиги эмиэ балыкпытынан
Өстөөҕү охсуохпут! – дэстилэр.
11
Маня ылааҥы хараҕар
Дьол кыымнара түстүлэр,
Били маҥан балаҕан,
Санааҕа, үөрэ көстөр.
12
Дьоллоох кыыс, хара баттах,
Дьоллоох кыыс Валентина.
Сибэкки үүнэ турда
Холуода уйарынан…
Саалаҕа ытыс тыаһа
Артыыһы уруйдаата:
Норуот таптыыр артыыһа –
Маня тапталлааҕа.
Ол түүн Хоптолоох кумаҕар
Уоттара умуллубатаҕа:
Ыраах муора биэрэгэр
Кыайыы андаҕара…
ТУМАРА ТУЛЛУКТАРА
(Поэма)
Бырааппар Софроҥҥа
1
Чыычаахтар, кырдьары умнаары,
Чырыптыы, күн көрүн туойдулар,
Түгэҕэ суох ыраас халлааным
Көнньүөрэ, дьэҥкэрэ уйгуурар.
Мин уһун айантан эргийэн
Үөскээбит өтөхпөр турабын.
Ким да суох. Тэлгэһэм чэлгийэн
Сэтиэнэх анныттан көҕөрбүт.
Эдэркээн сэбирдэх быыһыгар,
Оо, хомус, эн тугу туойаҕын?
Оҕо саас үөрүүтүн буолаарай
Эбэтэр ыраах баар алааскын?
Оҕо саас тэбэнэт иэйиитэ
Эмиэ күн суолларын арыйар,
Ол кэмҥэ угуйбут айыылар
Эмиэ дьэ иннибэр турдулар.
Ол сытар килэҥҥэ тэлээрбит
Хаҥкы диэн дьулусхан кынатым,
Ол сытар оҕобор оонньообут
Соҕотох мин үөрүүм – чаачар саам.
Ол кэмнээх санаалар, баҕалар!
Оо, оҕо саас бардам дьайыыта.
Оччоҕо ымсыылаах буолара
Этиҥнээх чаҕылҕан сырыыта.
Ол ааспыт. Ол үөрүү, ол дьулуур,
Бу хаҥкы, чаачар саа ардыгар
Үлэҕэ, үөрэххэ устубут
Атын суол, сэттэ сыл турдаҕа.
2
Доҕоттор. Оо, ханна баартарай
Көрүлээн улааппыт дьоннорум?
Оннугар уруйдуу турбута
Ол кэмҥэ ыллаабыт хатыҥым.
Хатыҥым кыратык кырдьыбыт:
Лабаалар тоһуттан түспүттэр.
Кэбис, ол эрээри көҕөрбүт:
Лабаалар нуоҕаһа турбуттар.
– Хатыҥыам, эн миигин өйдүүгүөн,
Мэниктээн симээбит уолчааҥҥын?
Туох-ханнык буурҕалар аастылар
Аастыйбыт эн төбөҥ үрдүнэн?
Хатыҥым, бокулуон уурардыы,
Солконон суугунуу хамсаата.
Күн, халлаан, айылҕа тылынан
Күн сирин дьиктитин ыллаата.
Бу хатыҥ төрдүгэр турбутум,
Бастакы тапталбын ыҥыра.
Бу хатыҥ төрдүгэр билбитим
Бастакы көрсүһүү ырыатын.
Ол үөрүүм ырыабар киирбэтэх,
Ырыата суох умнан кээспиппин.
Ол үөрүүм туһунан билигин
Биир тылтан үөрүөх да эбиппин.
Онтум суох. Атыннар сиппиттэр…
Оо, сиккиэр, хатыҥмын табаҥҥын,
Сир улуу тапталын туһугар
Ыллаарыый ол сайын туһунан.
3
Иччитэх ампаарым иһигэр
Мин дьоллоох түүл түһээн хоммутум:
Сүрэҕим бастакы ырыатын,
Бастакы тапталым чаҕылын.
Кыыс оҕо саһарчы көрбүтэ,
Өрүүлээх чачархай төбөтө,
Кулуһун курдук үөл бэйэтэ
Туохтан да, туохтан да кэрэтэ.
Сымнаҕас унаархай хараҕын,
Сыллыырдыы, мин диэки санньытан,
Ытыахча ытаабат куолаһа
Аймана, ааттаһа турбута:
– Оо, Сэмэн, барыма, манна хаал…
Манна хаал тапталым туһугар.
Умнубут дьолбутун булуохпут
Эмиэ дьэ хатыҥмыт анныгар.
Ол албын. Кини суох билигин:
Ол оҕо бэйэтэ оҕолоох…
Ырыаһыт, эн ситэр силигин,
Этэрим итинтэн ордук суох.
Дүрбүөннээх олоххо баар буолар
Дьылҕа уон элэктээх тойуга,
Сүрэхпит тапталын суолугар
Сүүс аптаах тумара туллуга.
Ардыгар кинилэр ыллыыллар
Сир дьикти тапталын туһунан,
Ардыгар умсары кырыыллар
Иккиһин мичиппэт муҥунан.
Бастакы тапталбыт ырыата,
Оо, син биир сүрэххэ хаалааччы,
Саппахтаах саарабыл кэмигэр
Эн үҥэр таҥараҥ буолааччы.
Сибэкки ньургуйар тойуга,
Сибэкки ыалдьыбыт ыарыыта
Төһөтүн да иһин хаалыаҕа,
Үрдүк күүс айыытын кэриэтэ.
 
 
4
Дьол диэни, тумара туллугун
Мин буллум төрөөбүт дойдубар.
Сырыттым иккиһин уол буолан,
Баһыыба мин дьоммор-сэргэбэр.
Дьэлликтии үөрэммит сүрэҕи
Бэл ииппит биһигэ тохтоппот:
Мин эмиэ миҥэбин миинэбин,
Мин эмиэ айаҥҥа турабын.
Иннигэр элбэхтэр тураллар
Дууһаҕын абылыыр санаалар,
Олох уон охсуулаах суолугар
Араастаан ыҥырар халлааннар.
Эн санньы долгуйа көрөҕүн
Кэннигэр хаалларар дойдугун,
Ол эрэн көппүччэ көтөҕүн,
Санааҕын ырыанан дуйдуугун…
Ол ырыа – эн дойдуҥ симэҕэ,
Кининэн эн дьолгун кэпсиигин.
Ол иһин хойукку эн сиэниҥ
Өйдүөҕэ ол ырыаҥ кэрэтин.
Өйдөөтүн. Олоорпут биһиги
Сарсыҥҥы дьол иһин охсуһа,
Өлөртөн, тиллэртэн кырдьыгы
Ордорон оҕолуур туһугар.
 
1.Тууһуур – балык тууһуур собуот.
2.Эллэй тыллара.

Bepul matn qismi tugad.

Yosh cheklamasi:
12+
Litresda chiqarilgan sana:
05 aprel 2023
Hajm:
160 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-4217-3
Mualliflik huquqi egasi:
Айар
Yuklab olish formati:
seriyasiga kiradi "Саха народнай суруйааччылара"
Seriyadagi barcha kitoblar

Ushbu kitob bilan o'qiladi