Kitobni o'qish: «Сүлүһүннээх таптал»
Киирии тыл
Бастыҥ суруналыыс, талааннаах кэпсээнньит Сардаана Сивцева-Даана Сард «Сүлүһүннээх таптал» айымньытынан көстүбүт телесериал элбэх киһи болҕомтотун тардан, бу тула үгүс кэпсэтии буолла. Онно биһиги эмиэ санаабытын үллэстэргэ быһаарынныбыт.
Сардаана Сивцева айымньытын сүрүн соруга бэлиитикэ да, норуот быһыытынан уратыбытын көрдөрүү да буолбатах, бастатан туран, кини дьон сыһыанын, таптал сырдык уонна хараҥа өрүттэрин, олох драматын ойуулуур. Айымньыны киэҥник, этэргэ дылы, тиэргэн таһыттан, киһи майгытын, олоххо көрүүтүн сыаннастарыгар олоҕуран ырытыллыахтаах. Биир соҥнонор идеяттан кыратык туора барда да киһи өстөөх аатырар кэмнэрэ баар буола сылдьыбыттара. Оттон билигин тиэргэн эрэ иһин эйгэтинэн сирдэтинии, кыра да тэппини атаҕастаныы, үөҕүллүү курдук ылыныы сүтэ илик, өссө сытыырхайбыт курдук. Оччоҕо да, баччаҕа да биир күрүөттэн тахсар куттала кытаанах эбит.
Бу айымньы сүрүн темата – киһи ыраас санаата уонна хара дьай охсуһуулара. Норуот үгэһин көрдөрүү, айылҕа, саха сайылыгын кэрэтин хоһуйуу диэн ылынар сыыһа. Арай сайылык тэттик эйгэтэ айымньы сүрүн тематын дириҥник арыйарга күүс-көмө буолар.
Ааптар Көмньө сайылык быһылаанын суруйбатах, оттон сюжет быһыытынан майгыннатыы литератураҕа баар суол. Хайа да омук литературатыгар, ол иһигэр сахаларга эмиэ араас трагедия, драма сурулуннаҕа аҕай. Холобур, Эрилик Эристиин Хачыгыра, Суорун Омоллоон Охонооно тэпсиллэн-охсуллан, кырбанан, кэйгэллэн өлөллөр. Хайдах өлөртөн тутулуга суох, уопсайынан, киһи олоҕор суудайыы – хара дьай. Онон ити ыар дьайыылары барытын биирдик, хара дьай диэн, өйдүүр наада. Ааптар тириэрдэр санаата диэн куруук сырдык, киэҥ, үтүө санаа баһыйыахтаах. Ханнык омук буоларгыттан дуу, ханна олороргуттан дуу тутулуга суох.
Биһиги «Сүлүһүннээх тапталы» киһиэхэ сырдык Итэҕэл, үтүө санаа баар буолуохтааҕын этэр, тириэрдэр айымньы диэн сыаналыыбыт. Даана Сардка айымньылаах үлэни баҕарабыт, мэлдьи сырдык санаа арыаллыы сырыттын!
Иван Мигалкин, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай поэта
Галина Фролова, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ култууратын туйгуна, поэт
1
1977 сыл. Оройуон түгэҕэр сытар чуумпу олохтоох, кыракый дэриэбинэ. Хаптаһын, туоль сиипэр кырыыһалаах дьиэлэр кэчигирэспиттэр. Сорохтор кырыыһалара да суохтар, ол оннугар ампаар дуу, балаҕан дуу курдук дьиэлэрин үрдүлэригэр сайынын күөх от чэлгийэ үүнэр, кыһынын бэргэһэ курдук хаар үллүктүүр.
Хонтуора дьиэтин мунньахтыыр хоһугар кэргэннии Мотуруона, Уйбаан Силэпсиэптэр уонна Маайа, Ньукулай Алаастыыраптар кэлэн олороллор. Алаастыыраптар өттүлэриттэн өссө Ньукулай бииргэ төрөөбүт эдьиийэ – Өкүлүүнэ диэн алта уон сааһын лаппа ааспыт, кырдьа барбыт дьахтар – баар. Бу кэм сиэринэн эмээхсин да диэххэ сөп. Мустубут дьон утары икки остуолга биригэдьиир Ыстапаан Ыстапаанабыс уонна сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Даарыйа Уйбаанабына олороллор. Дуоһунастаах үлэһит буоларын быһыытынан, Даарыйа Уйбаанабына бороҥ өҥнөөх көстүүмнээх, түөһүгэр «Ударник коммунистического труда» диэн значоктаах. Кэлбит дьон, «туохха эмиэ ыҥырдахтарай?» диэбиттии, сирэйдэригэр кыракый тыҥааһын баарга дылы.
– Чэ, табаарыстар, кыракый биллэрии баар… Һ-м, һ-м… Быйыл эһиги икки ыал, Силэпсиэптэр уонна Алаастыыраптар, Өллөөххө сайылыы тахсар буоллугут! Ньирэйдэргитин онно көрөҕүт. Онон, бу аҕыйах хаалбыт хонукка, күнү-дьылы баттаһа, хомуна охсуҥ! – диэн биригэдьиир биллэрэр.
Арааһа, итини эрэ көһүппэтэх буоланнар, бука бары чочумча тылларыттан матан олордулар. Кэмниэ кэнэҕэһин саамай аҕалара киһи, Өкүлүүнэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, «буолар да эбит!» диэбиттии, тыйаатыр артыыһын курдук төбөтүн быһа илгиһиннэ. Кини сопхуос бастыҥ үлэһитэ буолан, уордьана-мэтээлэ баһаам, хайҕал кумааҕыны этэ да барыллыбат. Олох кыһалҕатын, ыарахан үлэни оҕо сааһыттан билбит буолан эбитэ дуу, тутта-хапта сылдьара эр киһилии судургу, дьүһүнэ-бодото томороон, саҥата-иҥэтэ быһа-бааччы, сороҕор баламат да диэххэ сөп. Барыта кини эппитинэн буолуохтааҕын курдук туттар-хаптар. Үгүстэр Өкүлүүнэҕэ сүр баттатар буолан, ким да утарсыбат. Бу да сырыыга матан олоруо диэтэххит дуу, биригэдьиири биригэдьиир диэбэккэ, баран этэн-тыынан барда:
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, саҥам диэн аата саҥардаххыный! Оннук диэн хайдах да табыллыбат! Бэйэҥ билэҕин, биһиги урут уруккуттан сайылыыр сирбит – Дулҕалаах! Оҕолуун-уруулуун, ыттыын-кустуун, онно тиэллэн тиийэрбит. Онон, билбэт сирбитигэр туох иһин барбаппыт! Эрэйэ-муҥа суох урукку сайылыкпытыгар ыытыҥ!
– Мин эмиэ Өллөөххө барары кыккыраччы утарабын! Биһиги эмиэ куруук сайылыыр сирдээхпит. Уонна, аһаҕастык эттэххэ, бу Алаастыыраптары кытары эн-мин дэсиһэн хаһан да бииргэ үлэлээбэтэхпит! Манна диэн эттэххэ, тапсан олорорбут да саарбах! – Уйбаан Силэпсиэп эмиэ утарсааччы буолла.
– Айабыын! Ыарахан да дьоҥҥут! Биир сайын бииргэ үлэлээтэххитинэ, туоххут да туллан түһүө суоҕа! – биригэдьиир кэлэйбиттии саҥа аллайда.
– Һы, Ыстапаан Ыстапаанабыс, куолугунан, киһиттэн ыйыппакка даҕаны, барытын аҥаардастыы бэйэҥ эрэ быһаара охсоҕун дуу?
– Һ-м, онтон быһаардын диэн биригэдьииринэн таллыгыт ини!
– Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм онно олох таласпаппын! – Өкүлүүнэ муос-таас курдук этэн кэбистэ.
Биригэдьиир бу курдук утарсыы буолуоҕун, биллэн турар, эрдэттэн сэрэйбитэ. Биир дойдулаахтара хадаар майгылаахтарын кини бэркэ билэрэ. Бэйэтэ да оннук киһи буоллаҕа! Онон тута оргуйан турбата. Ханныгын да иһин Өкүлүүнэ киниттэн быдан аҕа саастаах. Дэлэҕэ Ыстапаан биригэдьииринэн анаммытын истэн баран, Өкүлүүнэ: «Нохоо, эдьиийгин хатаҕалыыргын умнума! Ханныгын да иһин, кыһыл оҕо эрдэххинэ, ийэҕин солбуйан, ньирэй аһатарым быыһыгар сүүрэн тиийэммин эйигин эмиэ хаста сүүстэ суосканан аһаппытым буолуой?» – дии-дии эр киһилии кытаанахтык көхсүгэ таптайыа баара дуо?! Хаһан эрэ, баҕар, оннук да буолбута буолуо. Билигин кэлэн ким ону билиэ баарай? Ыстапаан ийэтэ Куруунньа муҥнаах, эмискэччи сүрэҕэ тохтоон, хара буорга кистэммитэ ыраатта. Уола үөрэхтээх киһи буолан, дойдутугар төннөн биригэдьииринэн анаммытын көрөөхтөөбөтөҕө кыһыылаах. Биригэдьиир диэн, кыра да буоллар, былаас дуомата. Биир өттүнэн, ону Ыстапаан хаһан да умнуо суохтаах. Куруук кытаанах тыллаах, быһаарыныылаах буолуохтаах. Арааһа, итини санаан быһыылаах, Ыстапаан Ыстапаанабыс көхсүн этитээт, чиҥ куолаһынан Өкүлүүнэни тохтото сатаата:
– Өкүлүүнэ Баһылайабына, бээ, уоскуй!
– Дулҕалаахха тиийэ иликпинэ уоскуйбаппын! – диэн эппитин этэ турда. Туох да диэбит иһин, өһөс эмээхсин!
Ыстапаан Ыстапаанабыс кыйаханан барда:
– Чэ, ону эн хайдах да быһаарар быраабыҥ суох! Тугуй ол, Дулҕалаах эһиги бас билэр сиргит үһү дуо? Быйыл онно Һаабынаптар тахсаллар. Оттон эһиги – Өллөөххө!
Өкүлүүнэ итиччэни истэн баран, таах олорбото биллэр. Пиэрмэ тыйыс олоҕо кинини дьүккүөрдээх үлэҕэ эрэ буолбакка, этиһэргэ, аахсарга эмиэ үөрэппитэ. Тыастаахтык чыпчырынан ылаат, сөҥ куолаһынан дьэ этэн-тыынан барбата дуо?
– Һа, хаһааҥҥыттан бу эн, бэҕэһээҥҥи бэтэрээски, киһиттэн ыйыппакка да эрэ, быһаара охсор идэлэммиккитий? Төһө да биригэдьиир буолан тойомсуйдаргын, тохтуур инигин! Боростуой оробуочай дьон санаатын иһиттэххинэ табыллар!
Биригэдьиир Өкүлүүнэ «бэлэстээҕин» биригэдьиир бэркэ диэн билэр. Кинилиин ааҕыстаҕына, таах хотторорун билэр. Онон Ыстапаан Ыстапаанабыс били сарайбыт кынаттарын арыычча кумуччу тутунна. Арай ити кус-хаас саҥатын истэ олорбут сэбиэт бэрэссэдээтэлэ дьахтар эрэ Өкүлүүнэттэн толлубат. Кини саҕалары олоҕун тухары көрсөн, кум-хам тутан кэллэҕэ.
– Тоҕо Өллөөҕү сирэргитин сатаан санаабаппын! Онно үлэлииргэ быдан табыгастаах! Саамай мэччирэҥнээх сирбит дии! Хата борооскуларгыт сайын устата биллэ төлөһүйүөхтэрэ. Ону санааҥ! – диэтэ кини дьыалабыайдык.
– Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм ол Өллөөххүтүгэр саараама барбаппын! – Өкүлүүнэ иннин биэрэн бэрт.
– Һ-м, оччотугар атыттар санааларын истиэххэ! Холобура, Маайа, Өллөөххө барары туох дии саныыгыный? – Даарыйа Уйбаанабына бу олорор дьонтон ким ордук мөлтөҕүн, симигин, «бырааба кыратын» билэр. Ол иһин миигин эрэ тыыппаталлар ханнык диэбиттии, баара-суоҕа биллибэккэ олорор Маайаттан ыйытта. Анарааҥҥыта, киһи аһыныах, кутталыттан тута мух-мах барда. Сэбиэт Даайа дьүккүччү көрбүт хараҕын тулуйар кыаҕыттан ааһан, умса көрдө. Соппуоската бадараан буолан хаалбыт. Буолумуна, таһырдьа хаар ууллан, сир сиикэй сытар. Мунньахха хойутаамаары, бадарааны бадараан диэбэккэ, таах дайбаан кэлбиттэрэ ити баар. Маайа бара сатаан атыттар атахтарын таҥаһын көрөр: барыларын соппуоскалара бадараан буолбут. Бэл кини иннигэр суостаахтык туттан олорор сэбиэппит атаҕын таҥаһа эмиэ бадараан.
– Хайа, Маайа, тоҕо саҥата суох бардыҥ? Санааҕын этэн иһиэххин?! – Даарыйа Уйбаанабына Маайаны ыкта-түүрдэ. Анарааҥҥыта өссө долгуйда, оскуолаҕа «иккини» ылбыт үөрэнээччи курдук сананна. Кэмниэ кэнэҕэс нэһиилэ: «Мин эмиэ…» – диэн хантан эрэ иһин түгэҕиттэн икки тылы ыган таһаарда.
– «Мин эмиэ» диэн ол аата туох диэри гынаҕыный? Өйдөөбөтүм! – Сэбиэт Даайа чуолкайдаһыан баҕарда.
– Һ-м, Маайа, оттон эйиэхэ синэ биир буолбатах дуо? – биригэдьиир Ыстапаан сэнээбиттии тыл бырахта.
Маайа муҥнаах кыахтааҕа буоллар салгыҥҥа симэлийэн, көстүбэт буолан хаалыа эбит. Уҥуох-тирии бэйэтэ, куоптатыгар иһирдьэ киирэн саһан хаалыан баҕарбыттыы, хаҕа эрэ хаалан олордо. Умса көрдөҕүнэ эрэ быыһанарыныы, эмиэ соппуоскатын одуулаата. Атахтарын кумуччу туттубутугар хаппыт бадараан тоороттон түһэн, кырааската барбыт муостаҕа ыһылынна.
– Оо дьэ, Маайа, киһи ыйыттаҕына, саатар, саҥаран быстыаххыный?! – биригэдьиир кыйыттан барда.
– Оттон… Дулҕалаахпыт дэриэбинэттэн чугас буолан, сылдьарга үчүгэй этэ… – Маайа саҥата, төһө да бырдах сыыгынаабытын курдук кыра буоллар, уу чуумпуга иһилиннэ, бары өйдөөтүлэр.
– Һ-м, оттон, биллэн турар, Өллөөхтөн санаатаҕыҥ аайы маҕаһыыҥҥа тиэстэриҥ тохтуур! – биригэдьиир Ыстапаан эҕэлээхтик эттэ.
Баччааҥҥа диэри кулгаах-харах буолан олорбут Маайа оҕонньоро, Ньукулай, ити тыллары сөбүлүү истибэтэ.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, чэ, төһө да биригэдьиир, тойон аатырдаргын, тылгын арыый да кыатана тутун! – диэтэ, ойоҕун көмүскэһэн. Үйэтин тухары суостаах эдьиийигэр баттатан, эмиэ «ким да миигин тыыппатар ханнык» диэбит курдук туттар-хаптар бэйэтэ, итиччэ эр ылан утарсыбытыттан бэйэтэ да соһуйда быһыылаах. Тута мух-мах бараахтаата. Биригэдьиир Ньукулайы сиэн да топпот.
– Ньукулай, оччо айылаах туох диэтим? Баары этэр эмиэ буруй буоллаҕай? – Ыстапаан Ыстапаанабыс куолаһыгар дьахтардыҥы, чаҥкынас дорҕоон иһиллэн ылла. Даарыйа Уйбаанабына чуор кулгааҕа ити дорҕооҥҥо туох эрэ олуонаны, сөбө суоҕу иилэ хабан ыллаҕа дуу, ис иһиттэн атыҥыраата, тохтоторго сананна.
– Табаарыстар, бириэмэ баран иһэр! Атын боппуруостарга халыйымаҥ! – диэтэ туос-маас курдук кытаанахтык.
– Чэ туох да диэҥ, мин тус бэйэм ол дойдуга саараама барбаппын. Эчи, аата да ынырыгын! Өллөөх буолан! – Өкүлүүнэ санаатын этэ олордо.
Ити тухары киниэхэ бу кэпсэтии ханан да сыһыана суоҕун курдук туттан, мээнэ олорбут Мотуруона эмискэ уһуктан кэлбиккэ дылы буолла.
– Кырдьык да, хайа бэйэлээх итинник ааттаатаҕай? – диэтэ кини барыларыгар туһаайан.
– Аата, онтон-мантан хатыһан түһэҥҥит! Билиэххитин баҕардаххытына, ити сир аата «өл» диэн тылтан буолбатах! «Балык өлө» диэни иһиттигит ини? Бары да сахаларгыт дии? – диэтэ биригэдьиир өрөһүспүттүү.
Ити тыллары Мотуруона оҕонньоро Уйбаан сэргии иһиттэ.
– Ээ, күөлэ хата балыктаах дуо? – диэтэ бэрт сэргэхтик. Онуоха Мотуруона оҕонньорун кынчарыйда. Биригэдьиир итиччэ түгэни мүччү туппата:
– Оннук буолумуна! Саамай балыктаах күөлбүт дии! Баччааҥҥа диэри истэ иликкин дуо? – диэтэ.
– Һ-м, дьэ ким билэр! Ол дойду соботун амсайбыт суох! – диэтэ Мотуруона улаханнык саарбахтаабыттыы.
– Мотуруона-а, санааҕын төрүт түһэримэ! Астына-дуоһуйа дьэ амсайыаҥ турдаҕа! – Ыстапаан Ыстапаанаабыс сымыйанан көх-нэм буолбута буолла.
Ол эрээри Мотуруона кини тылларын кулгааҕын таһынан иһиттэ.
– Эчи, сыыра туруорутун! Били Хабдьы Хабырыыс муҥнаах ол сыыртан түһэн иһэн, массыыната эргийбитэ буолбат дуо? – кини, бэйэтэ да билбэтинэн, кэпсэтиигэ олох атын тыыны киллэрдэ.
– Пахай, ол былыр үйэтээҕини ахтымаҥ эрэ! – биригэдьиир саба саҥарда.
– Хайдах ахтыахпыт суоҕай? Ол дойдуга эн олоро барбаккын буолбаккын эбээт! Биһиги! – Мотуруона өрүкүйэ түстэ.
– Мотуруона сөпкө этэр. Истиэххитин баҕардаххытына, былырыын ол Өллөөххүт иччитэх турбута! Тоҕо диэтэргит, онно олорбут Далбараевтар табыллыбатахтара, – Өкүлүүнэ өссө биир түгэни өйдүү биэрдэ.
– Ээ, арба да өссө оннуктаах этибит дуу! Олох да умнан кэбиспиппин дии?! – Мотуруона сирэйэ кубарыйан хаалла.
– Ийэлэрэ бараххан пиэрмэҕэ үлэлии сырыттаҕына икки атаҕын тымырыгар хаана бөлүөхсэн, түргэн баҕайытык өлөн хаалаахтаабыта. Бохоруонатыгар сылдьыбытым ээ. Оҕонньоро Дьэбдьиэйин аһыйан, айманан да биэрбитэ. Киһи аатыттан букатын ааһаахтаабыт этэ. Түмүгэр, кини да уһаабатаҕа, – Өкүлүүнэ тылларыттан бары да кэри-куру буоллулар. Бэл биригэдьиир умса көрдө, илиитигэр тутан олорбут харандаһын ыгыта туппахтаата. Арай Сэбиэт Даайа сирэйэ биир тэҥ дьиппиэн. Эр киһилии холустук баттаҕын көннөрүннэ.
– Ааспыт аастаҕа! Итинник туохтан барытыттан куттанан чугуруҥнуу сырыттахпытына, былааммытын толорбоппутугар тиийэбит эбэтэр сопхуоспут хаалыылаах буолуон баҕараҕыт дуу? – диэтэ быһаччы.
Былаан-тайма туһунан умнаахтаабыт сопхуостаахтар букатын да мух-мах бараахтаатылар. Сэбиэт Даайа, ону таайан, тирэҕирбиккэ дылы буола түстэ.
– Уопсайынан, аҥаардас бэйэҕит эрэ иннигитин көрүнэргитин тохтотуҥ! – диэтэ хамаандалыыр куолаһынан. Былыргы үйэ эбитэ буоллар, отой Чоочо баай ойоҕо буолуоҕа хаалбыт. – Истиэххитин баҕардаххытына, Һаанньыкаптар онно кыһыннары-сайыннары бэри-бэркэ олороллор, туох да буолбаттар.
– Һ-м, кинилэр олорумуналар! Кинилэргэ саамай сөптөөх сир буоллаҕа ол! – Өкүлүүнэ хадаардаһарын тохтоппото.
– Ол аата туох диэри гынаҕыный? – биригэдьиир өйдөөбөтөхтүү ыйытта.
– Туох диэхпиний? Кинилэр хайдахтарын миигинэ да суох бэйэҕит билэҕит!
– Дьон дьон курдук инилэр! Эһигиттэн уратылара диэн иннилэринэн дьон, кыахтара баарынан үлэлииллэр.
– Ээ, оннук дуу! Һа-һа… Чэ биһиги да, кинилэртэн хаалсыбакка, үлэлии сатыыр инибит! – Өкүлүүнэ үгэргээтэ.
– Өкүлүүнэ Баһылайабына, эн уордьаннаах, ВДНХ-ҕа сылдьыбыт баар-суох бастыҥ үлэһиппит эрээригин, дьоҥҥун туох ааттаах таҥнары тардаҕыный? Уонна оттон партия чилиэнэ буоларгын умнума эрэ! – Сэбиэт Даайа тулуйарыттан ааһан кимэн киирэрин күүһүртэ, этэргэ дылы, батарантааһын бүтэһик ботуруоннарын ороото.
Итиччэлээҕи истэн, Өкүлүүнэ сирэйэ уларыйа түстэ, били көҥүл аахса олорбута тохтоото.
– Көрөҕүт?! – Сэбиэт Даайа, истиэнэҕэ ыйанан турар кыһыл плакаты тарбаҕынан ыйа-ыйа, этэн-тыынан барда. – Туох диэн суруллубутуй? «ССКП 25-с CЪЕҺИН ЫЙААХТАРЫН – ОЛОХХО!» диэн. Бу тыллар хас биирдиибитигэр туһааннаахтар. Ким да туора туруо суохтаах. Кыра оҕолор курдук хаппырыыстанаргытын тохтотуҥ!
Хос иһигэр уу чуумпу буола түстэ. Бука сэрэйдэххэ, бары истэригэр бэйэлэрин санааларын буһара олордохторо: Өкүлүүнэ Дулҕалааҕын ахтылҕана баартыйа этиитин кытары хайдах да сөп түбэспэтиттэн хомойдоҕо, Маайа – кимиэхэ да кыайан быһаарбат тус кыһалҕатын, моһуогун санаан өрө тыыннаҕа, Мотуруона – «чэ, туох да диэҥ, ол сир туохтаах эрэ, онно олорор олох сатаммат» диэн дьиксинэ санаатаҕа. Ити чуумпуну эмискэ Уйбаан куолаһа ыста.
– Оттон оччотугар көһөрбүтүгэр көмөлөһөр инигит?
Итиччэлээҕи истэн, Мотуруона оҕонньорун ис-иһиттэн кэлэйбиттии көрдө, кыахтааҕа буоллар, абаккатыттан охсуох да курдук этэ. Уйбаан сыыһа тылласпытын билэн ах барда. Ол эрээри биригэдьиир, ити эрэ тыллары кэтэспиттии, тута иилэ хабан ылан, эрдээх куолаһынан:
– Биллэн турар, көмөлөһүөхпүт! Бааска курусобуой массыынатынан эһигини таһаарыа! Онон, хата түргэнник хомуна охсуҥ! – диэтэ.
– Чэ, манан мунньахпыт түмүктэнэр. Бу сыл түмүгүнэн, биһиги сопхуоспут оройуоҥҥа биир бастыҥ көрдөрүүлээх буоларын туһугар бүттүүн кыһаллан туран үлэлиэхтээхпит! Онно эһиги кылааккыт эмиэ баар буолуохтаах! – диэтэ Сэбиэт Даайа мунньаҕы түмүктүүрдүү.
Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, мас ыскамыайкаларыттан ыарахан соҕустук орҕостон, кэлбит дьон хостон тахсан бардылар. Кинилэр хараастыбыттарын, бэл, көхсүлэрин ньүхсүччү туттубуттарыттан сэрэйиэххэ сөбө буолуо. Даарыйа Уйбаанабына түннүгүнэн ыраатан иһэр дьону одуулуу туран эмискэ:
– Ыстапаан Ыстапаанабыс? – диэтэ.
– Тугуй?
– Өллөөх күөлэ, кырдьык, соболоох дуо?
– Билбэтим, – биригэдьиир саннын ыгдах гынна.
– Эс, тоҕо оччоҕо собонон албыннаатыҥ? – Даарыйа Уйбаанабына биригэдьиир диэки сөбүлээбэтэхтии көрдө.
– Оттон тугунан уонна албынныахпыный? Киһини ымсыырдыах онно туох да суоҕун бэйэҥ бэркэ билэҕин, – Ыстапаан Ыстапаанабыс сиэбиттэн табаҕын ороото.
– Ол аата албыннаатахпыт, – диэтэ Даарыйа Уйбаанабына, түннүктэн эргиллэ биэрээт.
– Дьыала туһугар, Даарыйа Уйбаанабына. Ону умнума, – биригэдьиир Сэбиэт Даайа диэки тымныытык көрдө.
* * *
Күөстэнэр дьиэҕэ Маайа кирпииччэ оһоҕун тигинэччи оттон, чугуун хобордооххо төп-төгүрүк алаадьылары биир-биир саһарчы буһара турар. Уолаттара, ас минньигэс сытын ыраахтан билэн, хоспоххо кутулла түстүлэр. Үөрүүлэриттэн «Ураа, алаадьы!» – дэһээт, итиитинэ сиэн бардылар. Маайа уолаттарын көрөн мичээрдии турда, тугу эрэ этиэн олус баҕарар да, кыаллыбат. Кини куруук итинник – хараҕынан таптыыр, сэмэлиир, кыыһырар, санааргыыр. Тыллара ханна эрэ тиийэн туой иҥнэн хаалар курдуктар.
– Чэ сөп буолуо. Сарсын уоппутун аһатыахпыт дии, алаадьынан күндүлүөхпүт! – Маайа уолаттарын тохтото сатаата.
– Ийээ, өссө биири ылабын? Уонна онон бүтүөм, – Оппоо эттэ эрэ эппэтэ эрэ өссө биир алаадьыны ылан айаҕар уктар. – М-мм! Минньигэһиин!.. – диир астыммыта бэрдиттэн. Оппоо сааһа уон түөрдэ.
– Мин эмиэ! – Лөглөө илиитэ эмиэ алаадьылаах иһиккэ тардыста. Кини Маайалаах Ньукулай улахан уоллара. Аччыгыйдара – Куока «миэхэ эмиэ» диэбиттии, илиитин тоһуйар. Маайа, биллэр биллибэттик мичик гынаат, уол быыкаайык ытыһыгар алаадьы уурар.
– Чэ уонна сөп буолуҥ. Эдьиийгит аҕыйах алаадьыны буһарбыккын диэн аны киһини мөҕөн туруо дии?
– Сөп, ийээ, биирдиини эрэ сиибит, – Оппоо арыылаах алаадьыны бэрт иҥсэлээхтик сии туран.
– Ийээ, биһиги Арамаанаптарга оонньуу барабыт? – Лөглөө ийэтиттэн көҥүл ыйытар.
– Чэ барыҥ, ол эрээри хойутаамаҥ! Сөпкө утуйуоххутун наада, сарсын, арааһа, эрдэ соҕус сайылыктыырбыт буолуо.
– Ээ, массыынанан дуо? – Оппоо интэриэһиргээбиттии ыйыталаһар.
– Бааска курусобуойунан.
– Бэрт эбит дии оччоҕо! – Лөглөө үөрэ түһэр.
– Сөпкө кэлиэхпит-кэлиэхпит, өр буолуохпут суоҕа! – уолаттар күөстэнэр дьиэттэн таһырдьа ыстаннылар.
Маайа салгыы алаадьытын астыы хаалла. Ол туран кыракый үөлэһинэн таһырдьаны одууласта уонна чугаһынан ким да суоҕун көрөн, мас хоппо кэнниттэн номнуо арыллыбыт кыһыл арыгыны таһаарар. Онтон чэй иһэр чааскыга балачча куттаат, иҥсэлээхтик ыймахтаата. Чочумча толкуйдуу түһээт чааскытыгар өссө кыратык таммалатта уонна оһоҕун арыйан умайа турар уокка бэристэ, алаадьы бырахта.
– Аал уотум иччитэ, күлүм аллай, үөр-көт! Дьиэбитин араҥаччылаа, арчылаа! Сайыммыт этэҥҥэ аастын! – диэтэ. Ону истибиттии, уота төлөнө кытыаһынна.
Маайа алаадьытын астыы туран, сыыһа хамсанан илиитин итии арыыга сиэттэ. «Абыта-ай!» диэбитинэн илиитин саба тутунна. Өлүү түбэһиэх, ити кэмҥэ күөстэнэр дьиэҕэ Өкүлүүнэ киирдэ. Илиитин туттан турар Маайаны көрөөт, сирэйэ дьэбин уоста.
– Һ-м, барахсан! Номнуо били бэйэлээх аскын соппойо охсубуккун дуу? – Өкүлүүнэ кийиитин Маайаны өтө көрөрдүү саҥарда.
– Ээ, оттон… быыкаатык, – Маайа туох диэн саҥараахтыай, бара сатаан, илиитэ аһыйарын үрбүтэ буолар.
– Хайа, туох буоллуҥ эмиэ?
– Ээ илиибин арыыга сиэттим…
– Кэм буолуо, онтон ордуохпут дуо? – Өкүлүүнэ кэлэйбиттии саҥаран иһэн эмискэ хаһыытаата. – Көр, алаадьыгын хоруордан эрэҕин!
Чахчы да чугуун хобордооххо буһа турар алаадьы, хоруоран эрэр эбит. Маайа түргэнник онтукаларын нэлэгэр иһитигэр биилкэнэн иилэн быраҕаталыыр.
– Интикэйдэргин бэйэҥ сиэр! Уонна аһыы аскын ыймахтаан бүт! Бачча кэлээри-бараары сылдьан, саатар, туттунуоххун! Оҕолоруҥ таҥастарын-саптарын бэлэмнээтиҥ дуу, суох дуу?
– Бэлэмнээн… – Маайа көхсүнэн туран хоруйдуур.
– М-ммм… Ханна баалларый уолаттарыҥ?
– Арамаанаптарга тахсыбыттара.
– Арамаанаптарга даа? Хайдах мээнэ ыалга ыытаҕыный?
– Оттон оонньоотуннар ээ. Анараатах тиийдэхтэринэ, үлэттэн ордубат инилэр…
– Һы! Итинник сырыттахтарына, олох улдьаа буолар инилэр!
Маайа туох да диэбэт, Өкүлүүнэлиин аахсар туһата суох.
– Алаадьыгын ситэрээт, уолаттаргын ыҥыра оҕус! Уонна ити арыыга сиэппит илиигин хаһаайыстыбаннай мыыланан сотун. Оччоҕо түргэнник ааһыа… Аны илиим бааһырда диэн үлэттэн куотаары гынаҕын дуо?
– Эс, ама хайаан…
– Чэ, ким билэр, – Өкүлүүнэ, ааны хайа быраҕаат, таһырдьа таҕыста.
* * *
Курусобуой массыына буор суол устун айаннаан иһэр. Суоппар Бааска аттыгар Өкүлүүнэ алталаах Куоканы уонна Мотуруона аҕыстаах Баанньысканы көтөхсөн олороллор. Атыттар бука бары үөһэ куусапка тиэллибиттэр. Бааска уоһуттан бөппүрүөскэтин араарбат. Бэйэтэ айылҕаттан саҥалаах-иҥэлээх буолан, чуумпуну абааһы көрөр. Ол иһин да буолуо, кэккэлэһэ олорор дьонун диэки дьиктиргээбиттии көрөр.
– Хайа, сайылыкка айаннаан иһэр эрээригит, тоҕо үөрбүт-көппүт сирэйгит суоҕуй? – диэн ыйыталаһар.
– Ээ, биһиги ити сиргэ төрүт да таласпатахпыт! Күүстэринэн ыытан эрэллэр, – Өкүлүүнэ баары баарынан этэр.
– Һэ-һэ! Бука сэрэйдэххэ, Сэбиэт Даайа «баартыйа этиитин толоруҥ!» диэтэҕэ…
– Ама дуо! – Мотуруона саҥа аллайар.
– Хайыаххытый, оччотугар баартыйа этиитин толороргутугар тиийдэххит!
– Оттон эн да баартыйа этэринэн олорор инигин? Ханна туора турбут үһүгүнүй? – Өкүлүүнэ Бааска диэки көрөн ылар.
– Ээ, мин, баартыйата суох киһи, онно эрэ наадыйбаппын. Уруулбун эрийдэхпинэ да сөп!
– Туохха барытыгар эн кыттыгаһа суох буолан иһэҕин! – диир Өкүлүүнэ, ис иһиттэн абаккарбыттыы.
– Биллэн турар! – Бааска, куолутунан, күн кыһалҕата суох хоруйдуур. – Тойотторум туох дииллэр да, онно айанныыбын.
– Оттон тойотторуҥ, баартыйа ыйыытынан олорор дьон, эйигин да туора хаамтарбатылар ини! – суоппар Бааска аһара кыһалҕата суоҕуттан Өкүлүүнэ ис иһиттэн кыйаханар быһыылаах.
– Ээ, мин дьыалам кыра! Батыллыбакка айаннаатахпына да баһыыба!
– Һ-м, барахсан! Толкуйуҥ тугун чычааһай? Холобура, биһиги билигин партия этиитин толоро, Өллөөххө былаан толоро, үлэлии баран иһэбит! Эн биһигини тиэйэн иһэриҥ быһыытынан, эмиэ сыһыаннааххын!
– Ээ даа?
– Оннук буолумуна!
– Чэ буоллун даҕаны! Ол эрээри эһиги үөрбүт-көппүт көрүҥҥүт төрүт суох. Ол аата партия этиитин кытары искитигэр соччо сөбүлэспэт буоллаххыт.
– Ээ, бу оннугар Дулҕалаахпытыгар барбыппыт буоллар… Хайдах эрэ санаам ити Өллөөххө олох тардыспат… Хайдах эмэ гынан сайыммыт ааһа охсоро буоллар! – Өкүлүүнэ ис иһиттэн ыараханнык өрө тыынан ылар.
– Эс, тоҕо инньэ диэтэххиний? Мин биир бэйэм күөх сайыммыт уһаатар ханнык диэн толкуйдаахпын, – Бааска Өкүлүүнэ диэки дьиктиргээбиттии көрөн ылар.
Ийэтигэр көтөхтөрөн олорор Баанньыска сиэбиттэн бирээнньик таһааран, онтуката хаппыта бэрт буолан, эмэ-эмэ сиэн барар. Куока көрөн ымсыырар.
– Бирээнньиккиттэн бэрсиий! – диир. Онуоха анарааҥҥыта, көҥөнөн, баһын быһа илгистэр.
– Оттон, саатар, кыратык, – Куока арахсыбат.
– «Суох!» диэтим буотта! – Баанньыска буолуммат.
– Оттон мин эмиэ сиэхпин баҕарабын ээ!
Куока, наһаа көрдөөн барбытыгар, Баанньыска тоҥолоҕунан киэр садьыйар.
– Бүт эрэ, нохоо! Сүгүн олор! – Өкүлүүнэ уолун Куоканы буойар.
– Оттон мин эмиэ бирээнньик сиэхпин баҕарабын ээ!
– Баанньыска, бэрсиэххиний? Туох ааттаах көҥөскүнүй? – Мотуруона уолун сэмэлиир.
Баанньыска, улаханнык баҕарбатар да, сиэбиттэн бирээнньик таһааран, Куокаҕа уунар. Анарааҥҥыта үөрэ-көтө ол бирээнньигин кэбийбитинэн барар.
– Хайа, нохоо, бирээнньиктэнэн, абыранныҥ дуу? – Өкүлүүнэ мичик гынар, уолун кэтэҕиттэн сыллыыр.
– Аһаа!
Улахан дьон күлсэн тоҕо бараллар.
* * *
Куусапка олорор дьон, саллааттар курдук, бука бары бириһиэн матырыйаалыттан тигиллибит кууркалаахтар. Уолаттар таах олоруохтара баара дуо? Мэниктээн, анньыалаһаллар эҥин. Ордук Лөглөө баппат. Силэпсиэптэр хороччу улаатан эрэр кыргыттарын, Любускалаах Лидыкканы, биллибэтинэн, нэксиэ кэллэҕинэ, кэйиэлии олорор. Кыргыттар ол аайы часкыйан иһэллэр.
– Ноо, уоскуй эрэ эн! Туох ааттаах кыра оҕоҕо дылы мэнигилээн хааллыҥ! – Ньукулай уолун буойбута буолар.
– Мас курдук көнөтүк олоробун дии, олох да мэниктээбэппин ээ! – Лөглөө обургу аҕатын диэки ырааһынан көрөн кэбиһэр.
Айан устатын тухары Маайа сирэйэ дьиппиэн.
– Хайа, туохтан бачча айылаах санаарҕаатыҥ? – Ньукулай тулуйбакка ойоҕуттан ыйытар.
– Ээ, бэйэм…
– Бэйэҥ буолбаккаҕын, ким буолуой? Эбэтэр бэҕэһээҥҥиҥ кэнниттэн төбөҥ хампы барыахча дуу?
– Ньукулай, саатар эн миигин тыытыма! Саҥата суох айаннаа! – Маайа оҕонньорун саба саҥарар.
* * *
Биригэдьиир хоһугар олорон эрэ, тугу эрэ сурунар. Ол эрээри кини үлэлиир хоһун киһи кэбиниэт да диэн ааттыан баҕарбат: барыта эргэ-урба, этэргэ дылы, үйэтин моҥообут аҕыйах олоппос, биир остуол диэбит курдук маллар тураллар. Ленин уонна Брежнев мэтириэттэрэ бу хос соҕотох киэргэллэрэ буолан, истиэнэҕэ ыйаммыттар. Эмискэ телефон тыаһа тырылыыр.
– Олуо! Ээ, Даарыйа Уйбаанабына, дорообо!
– Хайа, дьоҥҥут Өллөөххө айаннаатылар дуу?
Сэбиэт Даайа кэбиниэтэ эмиэ судургу. Арай муннукка улахан тимир сиэйпэ, мин аҕай диэбиттии, миэстэ бөҕөтүн баһылаан турар. Түннүк сэҥийэтигэр ньаалбаан кэнсиэрбэ бааҥкаларыгар туох эрэ сибэкки дуомнара үүммүттэр.
– Айаннаан. Арааһа, тиийэн эрдэхтэрэ буолуо.
– Чэ, саатар эрэ. Ити Өкүлүүнэ ааспыкка туох ааттаах буолан турда, доҕоор? Дьон санаатын олох үлтү ыһа сыспыта дии?
– Ээ, уруккуттан бэлэстээҕин билэр инигин?!
– Да-а, олох түһэн биэрэ сыста. Дьэ, хайдах-туох үлэлииллэр!
– Ээ, төрүт долгуйума. Ханна Өкүлүүнэ баар да, онно үлэ күүдэпчилэнэн олорор.
– Оннугун оннук эрээри, ити эмээхсин настыранньатын олох сөбүлээбэтэҕим. Туох ааттаах Өллөөхтөн куттаннаҕай?
– Дьэ быһа!
– Туох-баар түгэни барытын санаппыта. Ончу партиялаах киһи курдук буолбатах!
– Даарыйа Уйбаанабына, сөпкө этэҕин. Партиялаах буолуохтааҕар, таҥнары тардааччы курдук.
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, ити дьонноргун, хайдах-туох үлэлии сылдьалларын, быыс-арыт булаҥҥын, хата хонтуруоллуу сылдьаар эрэ. Хайдах эрэ киһи эрэммэт дьоно буолбуттар.
– Сөп, Даарыйа Уйбаанабына, хайаан да хонтуруоллуом.
Биригэдьиир төлөпүөнүн уйатыгар уураат, чочумча тугу эрэ толкуйдуурдуу, саараан олордо. Онтон эмискэ Сэбиэт Даайаны, куолаһын уларыта-уларыта, үтүктэн барда: «Ыстапаан Ыстапаанабыс, ити дьонноргун, хайдах-туох үлэлии сылдьалларын, быыс-арыт булаҥҥын, хонтуруоллуу сылдьаар эрэ». Хонтуруоллаамына! Ону баҕас эйигинэ да суох бэркэ билэбин!
* * *
Курусобуой массыына буору бурҕатан, Санниковтар дьиэлэрин аттынан ааһар. Кырдьаҕас эмээхсин күн сыралҕаныгар сабараанньаҕа хамсатын тарда олорор. Төбөтүгэр былааттаах, сирэйэ эргэрбит хортуоска курдук ыбылы мырчыстыбыт. Суоппар Бааска эмээхсини көрөн күлүм аллайар.
– Һок! Ылдьаана эһиги кэлбиккитин, бадаҕа, сөбүлээбэтэ быһыылаах. Кынчарыйбыкка дылы буолла!
– Эс, ону эн көрө оҕустуҥ дуо? – Өкүлүүнэ соһуйбута буолла.
– Көрүмүнэ! Биһиги сирбитигэр кэллилэр диэн эмээхсин төһө эрэ көҥөннө!
– Уоспадьы, туоҕуттан көҥөннөҕөй? Киһи ымсыырара манна туох баарый?
– Эс, оттон уолунаан иккиэн эрэ бүөмнээн олорбуттара бүттэҕэ дии?
– Һэ-һэ! Бу сир төрүт, олохтоох абааһылара биһигини дьэ абааһы көрдүлэр! – Өкүлүүнэ күлэн күһүгүрээтэ.
* * *
Ылдьаана, массыына ааспытын кэннэ, дьиэтигэр төкүнүйэн киирдэ. Уола, Дьөгүөр, биэһэнчэлээх киһи, оһох иннигэр тарбыйах тириитин имитэ олорор.
– Хайа, туох массыыната ааста? – диэн ийэтиттэн аат харата ыйытта.
– Ээ, буору биир гына бурҕатан, кимнээх эрэ аастылар. Эчи, оҕолоро, бытырыһан, элбэхтэри-ин! Бүтүн биир кууһап! Мэнигилээн, киһини түүннэри да сүгүн утуппаттара буолуо. Айуу-айа… Хаарыан чуумпу олохпут бүтээхтээтэҕэ.
– Кимнээх кэлбиттэрин быһааран көрбөтүҥ дуо?
– Мэлигир! Бу харахпынан хантан көрүөхпүнүй? Былырыын сайын иккиэйэҕин эрэ бэккэ да сайылаабыппыт! Быйыл, дьэ, хайдах-хайдах буолабыт?!
Дьөгүөр, ийэтэ айманарыгар аахайбакка, тириитин имиппитин курдук имитэ олордо. Ол эрээри сирэйин олоруута быдан дьиппинийбитин бэлиэтии көрөр киһи, кини иһигэр долгуйбутун сэрэйиэ этэ. Онуоха эбии ийэтэ эмээхсин хам буолуо баара дуо? Суох. Бэйэтэ бэйэтигэр баллыгырыы олордо.
– Хаптаҕастыыр сирбитин ити оҕолор баҕайылар төһө эрэ үлтү тэпсэллэр! Бээ, арыычча уоскуйбуттарын кэннэ, маннааҕы бэрээдэги билиһиннэрэ тиийиллиэ буоллаҕа!
* * *
Курусобуой массыына эргэ дьиэлэр аттыларыгар тохтуур.
– Кэллиби-ит-кэллибит! – Бааска, туох эрэ үтүө сонуну этэрдии, биллэрэр.
– Оо, пахайбын даҕаны! Өтөх буолбут сир эбит буолбат дуо? – Өкүлүүнэ эрбэһин саба үүммүт сирин көрөн санаата харааһынна.
– Кырдьык да, оннук эбит! Аата сүрүн! – Мотуруона массыына иһиттэн тахсыан да баҕарбата.
– Чэ, чэ, этэҥҥэ кэллибит. Түргэн соҕустук малгытын сүөкэниҥ! – суоппар Бааска ыксатан барар.
– Хайыырбыт хаалбыт үһүнүй уонна… – Өкүлүүнэ өрө тыынаат, массыынаттан түһэр уонна тулатын эргиччи көрөр.
– Айабыын! Арбаллан дойду да бөҕөтө! – диир саллыбыттыы.
– Олорон бардаххытына, кэм ама буолуо, бэттэх кэлиэ, – Бааска уоскута сатыыр.
– Чэ! Хайыахпытый? Тэҥнэһиэхпит дуо? Малбытын сүөкэниэххэ, олохпутун оҥостуохха, – Өкүлүүнэ барыларыгар туһаайан этэр.
Уолаттар обургулар, сиргэ түһээт, сүүрэкэлэһэн бараллар.
– Уолаттар, мэниктээн бүтүҥ! Ийэлэрэ, таах даллайан баран туруоҥ дуо? Уолаттаргын дьаһайталаан ис! – Өкүлүүнэ куолутунан эмиэ Маайаҕа саба түһэр.
– Лөглөө, тукаам, бырааттаргынаан малы таһыҥ эрэ. Мэниктээмэҥ, – Маайа, сымнаҕас майгылаах буолан, көрдөһөрдүү саҥарар.
– Сээкэйи мээнэ сиргэ быраҕаттаамаҥ! Иһити-хомуоһу алдьатаҥҥыт, аны ол айдаана тахсыа! Иһит күндү! Барыны бары харыстыы үөрэниҥ! – Өкүлүүнэ идэтинэн тохтоло суох мөҕүттэр
Мотуруона кэргэнинээн кууллаах малларын олохсуйуохтаах дьиэлэрин диэки соһоллор.
– Айуу, билсэн бардахха, айдааннаах соҕус ыаллар быһыылаах ээ. Эдьиийдэрэ хамаандалаан түһэн, эчи кутталын.
– Оттон эн да оҕолоргун дьаһайан ис ээ. Таах сис туттан баран тураллар дии, ол?! Көрбөккүн дуо? – Уйбаан дэлби тириппит көрүҥнээх.
– Бэйэҥ этиэххиний?
– Эппэтэҕэ буолуо диигин дуо? Эппитим. Киһи тылын кумаардаан да көрбөттөр.
Мотуруона, ити тыллары иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, эргиллэ биэрэр. Кыргыттар, чахчы, тугу да гыналларын билбэтэхтии, тэпсэҥнэһэ тураллар, тугу эрэ сибигинэһэн кэпсэтэллэр, күлсэн ылаллар.
– Кыргыттар, таах туруоххут дуо? Сээкэйи тасыһыҥ! – Мотуруона итиччэлээҕи көрөн, кыынньа түһэр.
– Оттон итиччэтигэр уолгар эмиэ этиэххиний…
– Баанньыска, тоойуом, ити сиэккэлээх малы дьиэҕэ илт эрэ, – диир Мотуруона уолугар бэрт сымнаҕас куолаһынан.
– Муоча, уолгун атаахтатан да биэрэҕин, – Уйбаан сэмэлиирдии этэр.