Faqat Litresda o'qing

Kitobni fayl sifatida yuklab bo'lmaydi, lekin bizning ilovamizda yoki veb-saytda onlayn o'qilishi mumkin.

Kitobni o'qish: «Үс Бүлүү айдарыылаахтара»

Сборник
Shrift:
 
Амарах санаалаах Аана Эдьиийбит!
Албан үйэлэр тухары
Алгыстаах кутуҥ
Айыы сиэрдээх дьоҥҥун
Арчылыы-харыстыы,
Араҥаччылыы-көмүскүү,
Амалыйа турдун!
 

Аан тыл

Айылҕаттан айдарыылаах өбүгэлэрбит (ойууннар, удаҕаннар, отоһуттар, ичээннэр, көрбүөччүлэр) сирдиир, араҥаччылыыр, алгыыр, эмтиир оруоллара улахан буолан, саха киһитэ омук быһыытынан эстибэккэ, симэлийбэккэ, бүгүҥҥү сайдыылаах үйэҕэ тыыннаах ордон кэллэҕэ.

Ойуун – айыылары, иччилэри кытта ыкса сибээстээх, кинилэртэн көрдөһөн-ааттаһан тылын ылыннарар эбэтэр куһаҕан күүстэри үтэйэр дьоҕурдаах киһи. Анал таҥастаах, дүҥүрдээх буолар, ону кыырарыгар охсон тыаһатар, эккирээн үҥкүүлүүр.

Дьон өйдүүрүнэн, Айыы ойууна уонна сиэмэх ойуун диэн арахсаллар. ХVIII үйэ бастакы аҥаарыгар Саха сиригэр олоро сылдьыбыт Я.И. Линденау суруйбутунан, айыы ойууна сиэмэх ойуунтан күүстээх. Ойууннар Үрдүкү күүстэри кытта быһа кэпсэтэн дьону үтүөрдэллэр, оҕото суохтарга оҕо кутун иҥэрэллэр, ыраастыыллар, арчылыыллар, өтө көрөллөр. Наука билигин ити түгэннэри быһааран турар. Ойуун араас ыарыыны эмтиирин медицина эмиэ билинэр. Ол иһин сорох отоһуттарга эмтииллэригэр көҥүл биэрэллэр.

Биллиилээх историк Г.В. Ксенофонтов ойууннар тустарынан суруйуутугар «таҥара көмөлөһөөччүлэрэ» диэбиттээх.

Саха норуотун итэҕэлэ атын норуоттар итэҕэллэриттэн уратылардааҕын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Төрүт итэҕэли билиммэт Сэбиэскэй Сойуус сылларыгар саха отоһуттара төһөлөөх ыарыһахха көмөлөспүттэрэ буолуой! Ону сыаналаабакка сэбиэскэй былаас буруйдуур уорганнара ойууннары, удаҕаннары кыыралларын, эмтииллэрин боппуттара, таҥастарын-саптарын дүҥүрдэри баайдары уоттаабыттара, сууттаан баайдарын былдьаан, кулаак оҥортоон, гражданскай бырааптарын быспыттара. Ситэтэ суох көрдөрүүлэринэн 100-тэн тахса киһи эппиэккэ тардыллыбыта. Ойууннары «эксплуататорскай» кылаас диэн ааттыыр буолбуттара. Кинилэр тустарынан архыыпка баар матырыйааллары суох оҥортообуттара. Онон сэбиэскэй былаас сылларыгар ойууннааһын үөрэтиллибэтэҕэ.

Ойууннааһыҥҥа сыһыан 1980-с сыллартан сыыйа уларыйан барбыта. Ол курдук сорох отоһуттарга эмтииллэрин көҥүллээбиттэрэ. Оннооҕор Москва, Киев куораттарга гипнозка үөрэниэн баҕалаахтарга анал куурустары ыытар буолбуттара.

Бүлүү эбэ хотун былыр-былыргыттан сүдү ойууннарынан аатырара. Сорох чинчийээччилэр саха ойууннара тоҥус ойууннарыттан үөрэнэн, уһуйуллан тахсыбыттара дииллэр. Бүлүү сиригэр ХVII үйэ саҥатыгар Хаҥаластан кэлэн олохсуйбут Айыы ойууна Туоҕа Боотур бэйэтин кытта Лүксүрээни ойууну илдьэ кэлбитэ. Бу дьон култууралара үрдүгүнэн, олоххо сатабылларынан олохтоох дьонтон таґымнара үрдүгэ. Үс Бүлүү түөлбэтигэр Туоҕа Боотур кэнниттэн Тыгын Дархан убайа Ньыыка Тойон уолун Уһун Ойуун сыдьааннара (Тайана Махсыын, Быыгынас ойуун) Айыы итэҕэлин салгыы тарҕаппыттара. Кинилэр үтүө дьыалаларын Муоһай удаҕан, Аата Ааттаммат-Дьолуодай, Нээтийэ, Суор Ойуун, Баабыс, Алыһардаах Аана, Тумус Мэхээлэ, Отчут уола Оноху, Куонаан ойуун, Ылдьаана удаҕан, С.А. Сивцев-Боччуон, Ньыыкан ойуун, Бадыл ойуун уо.д.а. салҕаабыттара.

Удьуордааһын, утумнааһын баарын билигин учуонайдар билинэр буоллулар. В.Л. Серошевскай «Якуты» кинигэтигэр Саха сиригэр биир кэмҥэ түөрт улахан ойуунтан ордук үөскээбэт диэн суруйар. Бүлүүгэ көһөн барбыт хаҥаластартан, намнартан, таатталартан (Боотур ууһа) уонна бороҕоннортон утумнаан, Үс Бүлүүгэ элбэх ойуун төрөөн-ууһаан олорбута биллэр. Саҥа былаас бастакы сылларыгар Саха сиригэр 380 ойуун баарыттан 97-тэ Бүлүү үс түбэтиттэн эбит. Оччолорго ойуун ахсааныттан биэс гыммыт биириттэн ордуга бу үс улууска баара киһини сөхтөрөр. Удьуордааһын, утумнааһын билигин да бара турар, бара да туруоҕа. Ону биһиги кэммит уһулуччулаах идэлээхтэрэ Эдьиий Дора, Дьөккөн Сөдүөтэ Тайаана Туоҕаттан уонна Уһун Ойуунтан тымыр-сыдьаан тардаллара туоһулуур. Улахан дьоммут эмтиир ньымаларын, төрүччүлэрин төһө кыалларынан ырытан кинигэҕэ киллэрдибит. Баҕар, ким эмит айылҕаттан бэриһиннэриилээх буоллаҕына, ону сайыннаран норуотугар туһаны аҕалыа диэн эрэнэбит.

Сэбиэскэй кэмҥэ ойууннааһыны, отоһуттааһыны умна быһыытыйбыт бириэмэҕэ, Айыы үөрэҕин тарҕаппыт, аан дойду таһымыгар таһаарбыт киһинэн Владимир Алексеевич Кондаков буолар. Кини Саха сиринээҕи норуот эмчиттэрин ассоциациятын тэрийэн, элбэх эмтиир дьону иитэн таһаарбыта. Владимир Алексеевич аатын сүгэр ассоциация кинини суохтаппат курдук салгыы үлэлиир, дьону эмтээн норуот медицинатын суолтатын лаппа үрдэттэ.

Кинигэ сыала-соруга диэн урут олорон ааспытуос номоҕор киирбит айылҕаттан айдарыылаах, улуу өбүгэлэрбит ааттарын, үлэлэрин билиҥҥи ыччакка сырдатыы. Биһиги бу ытык дьоммутун көлүөнэлэр умнубаттарын туһугар үйэтитэр дьаһаллары ылыахтаахпыт. Былырыын улуу Алыһардаах удаҕан төрөөбүтэ 170, Ньыыкан ойуун – 120 cыллара саатар төрөөбүт нэһилиэктэригэр бэлиэтэммэтэ. Быйыл дьон билиниитин ылбыт Бадыл ойуун, В.А. Кондаков, Эдьиий Дора, Дьөккөн Сөдүөтэ бэлиэ сыллара үүннэ…

Кинигэҕэ, кыраайы үөрэтээччилэргэ, төрүт култуура учууталларыгар туһалаах буолаарай диэн, төһө кыалларынан үһүйээннэри уонна номохтору хомуйан киллэрдибит. Балар иитэр-үөрэтэр суолталарын өйдөөн, салгыы хомуйан, дьон-сэргэ билиитигэр бэчээккэ таһааран иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Кинигэҕэ Үс Бүлүү сиригэр-уотугар олорон ааспыт айылҕаттан айдарыылаах биллэр дьон туһунан матырыйаалы барытын киллэрдибит диир кыахпыт суох. Айах аһыллан, уос өһүллэн бардаҕына, бу кинигэҕэ киирбэтэҕи ситэрэн-хоторон биэрэр дьон көстүөхтэрэ диэн баҕа санаалаахпыт.

Итэҕэл баарын тухары норуот сүппэт. Онон Үрдүк Айыылартан бэриллибит итэҕэлбитин кэнэҕэски ыччаттарбыт сиэри-туому тутуһан үрдүкү таһымҥа тиэрдиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит. Үс Бүлүүгэ урукку өттүгэр олорон ааспыт улуу кырдьаҕастарбыт ааттара-суоллара аныгы үйэлэргэ ааттана, сураҕыра туруоҕа.

Күндү ааҕааччыларбыт, сүдү өбүгэлэрбит кэриэс этиилэрин эппитигэр-хааммытыгар иҥэрэн, төрүт итэҕэлбитин норуоппут туһугар туһанан кэскилбитин оҥостуоҕуҥ!

М.П. Григорьев, П.С. Колтовской, А.А. Павлов

Үс Бүлүүгэ ойууннааһын историятыттан

Аар Айыы Ойуун үөрэҕин тарҕатааччылар

Проснется маленький северный народ, весь мир содрогнется.

Содрогнутся юг, запад и восток. Эти северяне могущественны по своей природе, и лишь чужая религия их разнила.

Нострадамус

Ойууннааһын аан дойду норуоттарыгар барыларыгар тарҕана сылдьыбыт. Марксист-учуонайдар кылаассабай сыһыаннаһыыны кытта сибээстииллэр. Дьиҥэр, ойууннааһын дьон общинанан олорор кэмнэрин саҕаттан баара дакаастанар. Бастакы ойууннарынан (удаҕаннарынан) дьахталлар этилэр диэн бүрээт учуонайа Г.Ц. Цыбиков быһаарар. Сахаларга дьахтар оруола күүстээҕин 1941–1945 сс. А.П. Окладников салалтатынан оҥоһуллубут хаһыылар түмүктэригэр булуллубут маллар көрдөрөллөр. Кырдьык, былыр дьахтары үрдүктүк туталлара. Бэл сайдыылаах Грецияҕа тыын боппуруостары жрец-дьахтар быһаарара, кини этиититтэн ким да тахсыбат, утарбат этэ диэн эпостарга кэпсэнэр.

Аатырар сэбиэскэй археолог А.П. Окладников түүрдүү тыллаах биистэр Өлүөнэ өрүс орто сүнньүгэр ХVI – ХVII үйэлэр кирбиилэригэр кэлбиттэрин быһаарбыта. И.В. Константинов түүрдүү тыллаах биистэр Өлүөнэ өрүһү Х – ХI үйэлэргэ булбуттар диирэ сөп курдук. Бу дьон сүрүн баайдара сылгы, таба буолуон сөп. Балары сахалар төрүттэрэ диир омсолоох буолуо. Оттон сахалар төрүттэрэ Омоҕой, Эллэй Өлүөнэ орто сүнньүгэр, ол аата билигин олорор сирдэригэр ХV үйэ бүтүүтүн диэки кэлбиттэр диэн ааҕара эмиэ сөп. Нуучча учуонайа П.Л. Драверт сахалар бу билиҥҥи дойдуларыгар кэлиэхтэрин иннинэ суруктаахтар этэ диэн Казань куоракка Нуучча Географическай уопсастыбатын кыттыылаахтарын мунньахтарыгар этиитэ улаханнык сэҥээриллибитэ. Кини ойууннар эмтиир кыахтаахтарын бэйэтэ көрөн сөхпүтэ. Сахалар олус дьоҕурдаахтарын, тугу барытын сатыылларын, ураты мындырдарын, үөрэххэ баҕалаахтарын бэлиэтии көрөн бу инники кэскиллээх омук буоларын сэрэйбитэ. Кини 1913 с. Казань куоракка Нуучча Географическай уопсастыбатыгар «Саха уобалаһыгар этнография уонна география боппуруостарыгар матырыйааллар» диэн темаҕа дакылаат оҥорбута. Саха ойууннара ураты дьоҕурдарынан ханнык баҕарар ыарыыны эмтииллэрин кэпсээбитэ. Онно Верхоянскайтан сылдьар саха кырдьаҕас эмээхсинэ улахан чиновнигы «перелой – бөрөлөй – сифилис» ыарыыттан официальнай эмчиттэр бары аккаастаммыттарын кэннэ быыһаабытын холобур аҕалбыт. Эмээхсин ыарыһаҕы сууйан, ыраастаан баран ханнык эрэ от суурадаһынынан хас да күн ыстарбыт. Ыарыһах үтүөрэн, ойох ылан, чэгиэн оҕолору төрөппүт. Тойон киґи ыарыытын олох суох гыммытын иһин эмээхсиҥҥэ улаханнык махтаммыт. Эмээхсин сотору кэминэн эмтээбит отун кистэлэҥин кимиэхэ да эппэккэ өлбүт. Сахалар эмтээх отунан туһаналларын нууччалар ХVII үйэ иккис аҥаарыттан билбиттэрэ. Ол курдук, 1674 с. эмтээх оттору хомуйуунан дьарыктанар Семен Епишев воевода И.В. Волконскай сорудаҕынан Саха сирин киин улуустарыгар үүнэр оттору хомуйан ыраахтааҕыга ыытан турар. П.Л. Драверт саха ойууннара ураты эмтиир дьоҕурдаахтарыттан сылтаан былаас өттүттэн ураты сыһыан баар буолуохтааҕын ыйар.

Ол курдук ХVII үйэ дьалхааннаах кэмнэригэр хаһаахтар сахалартан патриотическай өйдөөх-санаалаах салайааччыларын, өр сылларга мунньуллубут билиини тарҕатар ойууннарын өлөртөөбүттэрэ. Норуот оннук уһулуччу дьонун умнубат, дьоруойдарын күүстээх, өйдөөх, аптаах дьонунан үһүйээннэргэ ахтара диэн бэлиэтиир. Сахалар бэйэлэрин аҕа баһылыктарын Тыгын туһунан үһүйээннэри истибэтэх киһи суоҕа буолуо.

Драверт саха ойууннарын кыахтарын үрдүктүк сыаналыыр этэ. Кини ойууннар норуот өйүн-санаатын түмээччи буолан, Үрдүкү Айыылары кытта сибээстиир кыахтаахтарын толору итэҕэйэрэ. Ойуун көрүүтэ космологияны кытта сибээстээҕин, кинилэртэн улахан тойоттор куттаналларын, иирсибэттэрин бэлиэтиир.

Православнай таҥара итэҕэлин тарҕатыы сахаларга, атын да кыра омуктарга уустуктук барбыта биллэр. Кириэстэммиттэр дьаһааҕы төлүүргэ чэпчэтии ылаллара. Ол эрээри саҥа итэҕэли ылыммыттар биир да малыыппаны билбэттэрэ. Губернатор Крафт эппитинэн, сатаан да кириэстэммэттэрэ. Православнай таҥара дьиэтэ Сибиир норуоттарыгар үөрэҕи тарҕаппыта, нуучча тылын, култууратын нөҥүө атын омуктары кытта билиһиннэрбитэ.

Ойуун сахаҕа жрец, эмчит. Кини киһи ис дууһатыгар киирэн, айыылар көмөлөрүнэн ыарыһаҕы алгыһынан, абынан-хомуһунан, отунан эмтиир. Ол иһин дьон ытыктыыр. Саха киһитэ төһө да православнай итэҕэли ылыннар, нууччалыы аакка көстөр, өбүгэлэрин итэҕэллэрин умнубат.

Православнай таҥара дьиэтэ ойууннары утары харса суох охсуһууну саҕалаабыта. Ойууннар саһан олорорго уонна кистээн ойууннуурга күһэллибиттэрэ. Дьон-сэргэ ойуун туһатын өйдөөн кыаҕа баарынан киниэхэ көмөлөһөрө, харыстыыра.

Ойууннар утары ыраахтааҕы сорунуулаахтык туруммута. Ойууннааһыны бобор туһунан ыйааҕы воевода М.И. Арсеньев 1699 с. таһаарбыта. Иккис итинник ис хоһоонноох ыйааҕы 1841 с. уобалас начаалынньыга Д.И. Рудаков олохтообута. Бу дьаһаллар сүрүн сыалларынан ойууннары суох оҥоруу этэ. Куораттарга уонна таҥара дьиэтин таһыгар кыыраллара бобуллубута, ол да үрдүнэн ойууннар син биир кыыраллара, эмтииллэрэ.

Сэбиэскэй былаас итэҕэли суох оҥорор үлэни сорунуулаахтык ыыппыта. 1919 с. ыам ыйын 1 күнүгэр Бүтүн Россиятааҕы суґал хамыыґыйа бэрэссэдээтэлигэр кистэлэҥ сорудах бэриллибит. Ол докумуону туох да уларытыыта суох биэрэбит.

Российская Социалистическая Федаративная Советская Республика

Всероссийский Центральный Исполнительный Комитет Советов Рабочих, Солдат, Крестьян и Казачьих Депутатов Москва, Кремль № 1866672

Указание

В соответствии с решением ВЦИК Сов. Нар. Комиссаров, необходимо как можно быстрее решить с попами и религией. Попов надлежит арестовывать как контрреволюционеров и саботажников, расстреливать беспощадно и повсеместно. И как можно больше.

Церкви подлежат закрытию. Помещения храмов опечатывать и превращать в склады.

Председатель ВЦИК М. Калинин
Председатель Совета Комиссаров В.И. Ульянов (Ленин)

Билиҥҥи историктар этэллэринэн, бу олус кырыктаах докумуону Л.В. Троцкай бэлэмнээн, Политбюроҕа ылыннаран, М.И. Калиниҥҥа илии баттаппыт. Ленин 1918 с. атырдьах ыйын 30 күнүгэр бааһыра сытан докумуоҥҥа илии баттыыр кыаҕа суоҕа. Бу докумуон дьайыыта сэриигэ хотторбут Россия олоҕор улахан этэ. Дойду үрдүнэн таҥара дьиэтин халааһын судаарыстыба бэлиитикэтэ буолбута, үлэһиттэрин, ойууннары, отоһуттары эккирэтии саҕаламмыта. Кинилэр ойууннуур тэриллэрин, баайдарын былдьыыллара, кулаак оҥорон көскө ыыталлара. 1923 с. Ньурба улууһугар олорор норуокка биллибит эмчит Михаил Алексеевы эмтиирин бобон кулаак оҥорбуттар уонна биэс ынаҕын, үс торбоһун, икки атын былдьаан ылбыттар (НА РС(Я). Ф.87. Оп.1. Д.105). 1930 с. Орто Бүлүү улууһугар тимиринэн уһанан оҕолорун иитэр Петр Гоголевы саалтыырдыырын иһин уһанар тэрилин былдьаабыттар уонна эмиэ кулаак оҥорбуттар (НА РС(Я). Ф.87. Оп.1. Д.759). Уопсайа, 37 киһини ойууннааһыҥҥа уонна таҥара дьиэтин үлэһитэҕин диэн буруйдаан, баайдарын былдьаан кулаак оҥорбуттар. Н.И. Аввакумов этэринэн, сахалар төһө да саҥа итэҕэлгэ киирдэллэр үрдүк мутуктаах ойууннартан куттаналлар этэ, убаастаан ааттыыллара. Ойууннар баһыйар өттүлэрэ эмтиир дьоҕурдаахтара, араҥаччылыыр аналлаахтара.

Ойууннары, отоһуттары бобуу дьон олоҕор охсубутун губернатор Ю.И. Штубендорф бэйэтин отчуотугар анаан ыйбыта. Ол иһин Святитель Иннокентий дьаһалынан Дьокуускайдааҕы духуобунай семинарияҕа төрдүс кылааска сүрүн ыарыылары быһаарарга, норуодунай эмтиир ньымалары үөрэтэр буолбуттара. Үөрэҕи бүтэрэн тыа сиригэр үлэлии барар дьоҥҥо аптечка булуналларын ирдииллэрэ. Сотору кэминэн үөрэх министиэристибэтин чиновниктара духуобунай үөрэҕи бүтэрбиттэр нэһилиэнньэҕэ туһалара суоҕун өйдөөн, программаттан уһулбуттара. Саха ойууннара, отоһуттара көҥүлэ да суох буоллар эмтээн төһөлөөх киһини өлөртөн быыһаабыттара буолуой. Саха ойууннара айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах дьон биһиги киэҥ дойдубутугар төрөөн-үөскээн аастахтара.

Сахалар ойууннары икки көрүҥҥэ араараллар: Айыы ойууна (үрүҥ ойуун), айыы ойууна үтүө санаанан салайтаран Үрдүкү Айыылары кытта сибээһи олохтуур аналлаах. Үрүҥ ойуун хаһан да киһиэхэ куһаҕаны оҥорбот, таҥастаммат, дүҥүрдэммэт, Үрүҥ Аар Тойонтон өрүү көрдөһөр. Холобур, оҕоломмот дьахтар уол оҕо көрдөстөҕүнэ, Үрүҥ Аар Тойоҥҥо сиэртибэ диэн тугу да көрдөөбөккө, Маҥан Сылгылаахха эбэтэр Иэйэхсит хотуҥҥа дьаһал биэрэр. Маҥан Сылгылаах уолаттара сиргэ түһэн дьээбэлэнэллэр, эдэр кыргыттары тыыталлар, дьахталлары иирдэллэр. Ити түбэлтэҕэ кинилэри сиэмэх (абааһы) ойууна кыайыан, үүртэлиэн эрэ сөп. Үрүҥ ойуун сиргэнэн Маҥан Сылгылаах уолаттарыгар чугаһаабат. Маныаха абааһы ойууна хараҥа күүстэри кытта сибээстээх буолан, кинилэри төттөрү үүрэр эбит.

Сахаларга ойууннааһын сайдыытын туһунан сурукка киллэрии ХIХ үйэ ортотуттан саҕаламмыта. Урукку өттүгэр биирдиилээн учуонайдар үлэлэригэр көрөбүт. 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ иннинэ тахсыбыт А.И. Муравьев-Апостол, В.Ф. Трощанскай, Р. Маак, Т.Ф. Миллер, В.Л. Серошевскай, И.А. Худяков, П.Л. Драверт үлэлэлэрэ биллэллэр. Бу учуонайдар Саха сиригэр ойууннааһын туһунан чинчийиилэрин үөрэтэн баран, биһиги кэммит улуу эмчитэ, ойууна В.А. Кондаков бу суруйуулар элбэх токурутуулардаахтарын, саха тылын билбэт буолан, элбэх сыыһа өйдөбүллээхтэрин, эбиитин бу дьон бэйэлэрэ ойууннааһын эйгэтин букатын билбэт, адьас ыраах турар дьон этилэр диэн сыаналаабыта.

В.Л. Серошевскай, Г.В. Ксенофонтов, Г.А. Попов ойууннары үс араҥаҕа араараллар: үрдүкү айдарыылаахтарга, орто баайыылаахтарга уонна кыра ойууннарга. Ойууннар бары кэриэтэ гипноһу кэмигэр сатаан тутталларынан уратылаахтар. Ойуун турукка киирэрин туһунан Сибиир ойууннарын үөрэппит В.М. Кандыба маннык түмүгү оҥорбут: «Наши личные исследования шаманизма в Сибири показали, что настоящий шаманизм – это явление, которое совершенно никем еще профессионально не изучено, так как ни один исследователь не знаком с трансовой наукой и феномологией, поэтому все прежние исследования совершенно дилетанские описания событий, сущность которых неизвестна. Мы абсолютно уверены, что понять, объяснить загадку шаманизма может только в области транса». Кандыба саха ойууннарын үрдүк таһымҥа туруорар.

Саха сиригэр ойууннааһыны В.А. Кондаков кэнниттэн К.Д. Уткин, Е.Н. Романова, У.А. Винокурова, Р.И. Бравина, В.Е. Васильев үөрэттилэр, кинилэр үлэлэрин ааҕааччы сэҥээрэн көрүстэ. Бу чинчийээччилэр сахаларга ойууннааһын түҥ былыр үөскээбитин билинэллэр. Ойууннар тыллара индоевропейскай төрүттээҕин, арийдар тылларын кытта сибээстээҕин ыйаллар. Сорох чинчийээччилэр скифтэри кытта сибээстииллэр. Ойууннааһыҥҥа сыһыаннаах үлэлэр кэрэһилииллэринэн, ойууннааһын философията, научнай төрүтэ, психологията кыайан быһаарылла илик. Онон болҕомто ууруллара наада.

А.А. Павлов

Үс Бүлүү ойууннара

Сахалар үйэлэр тухары ойууннааһыҥҥа улахан суолта биэрэллэрэ. Кинилэр тыл күүһүнэн өйү-санааны сайыннаран, араас ыарыылартан дьону эмтээн улахан көмөнү оҥороллоро. Хас биирдии ойуун бэйэтэ кистэлэҥнээх, туттар ньымалаах буолара. Өбүгэлэрин кистэлэҥин илдьэ кэлбит буолан, ойууннааһын дириҥ силистээҕэ.

Үрүҥ Аар Тойон итэҕэлин аан бастаан тарҕаппыт дьоммутун ахтан ааһар биһиги ытык иэстээхпит. Быдан былыргыттан биллэр Айыы ойууна Сандаар Уһуму Аар Айыы итэҕэлин ыыта сылдьыбыт. Сандаар Уһумуттан саҕалаан Айыы үөрэҕэ тарҕаммыт. Бу улуу ойуун – төрүттэрбит Байкал таһыттан улуу Туймаада хочотугар көһөн кэлэ иликтэринэ олоро сылдьыбыт киһи. Онон биһиги кинини Айыы үөрэҕин саҕалааччынан билинэбит. Бу улуу кырдьаҕас ХIV – ХV үйэлэр ыпсыыларыгар олоро сылдьыбыт диэн сабаҕаланар. Улуу Айыы ойууна Сандаар Уһуму, саннын байаатыгар диэри түспүт маҥан баттахтаах, үп-үрүҥ таҥастаах ытык мааны кырдьаҕас, тоҕус чуораана кылырҕаабытынан, үрүҥ дэйбиирдээх тус илинтэн сэрии сэптээх-сэбиргэллээх иһэр дьоҥҥо утары барбытыгар анарааҥҥылара Таҥара иһэрин курдук ылыммыттар.

Ытык кырдьаҕас эбэҥкилэргэ тиийэн тохтообут уонна халлаан диэки икки илиитин өрө уунан туран дорҕоонноох куолаһынан саҥаран дуораһыппыт: «Аан дойдуну айбыт Айыы Тойон Таҥара, үс дойдуну үөдүппүт Үрүҥ Аар Тойон! Айыы намыһын санааҕынан алдьархайы оҥорторума!» Ити тыллары истээт, эбэҥкилэр сэриилэһэр сэптэрин сиргэ ууран, биир сиргэ муспуттар – кыргыһыы буолбатах, хаан тохтубатах. Иллээх-эйэлээх олоххо бастакы хардыы оҥоһуллубут.

Улуу Айыы ойууна Сандаар Уһуму албан аата, Айыы ойууннарыгар итэҕэлэ чыпчаал, үрдүк билии, уһулуччу таһым холобура, уоттаах сирдиир сулус буолан, күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэ.

Татаар Тайма – Эллэй аҕата. Аар Айыы итэҕэлин улуу үөрэҕин Саха сиригэр тиэрдибит, онон айыы аймаҕар, күн ууһун дьонугар туохха да тэҥнэммэт улахан өҥөлөөх Айыы ойууна. Профессор Н.Е. Петров Саха киһитэ барыта кэриэтэ оҕо эрдэҕиттэн истибит, киэҥник тарҕаммыт Эллэй уонна Омоҕой туґунан историческай үһүйээҥҥэ Эллэй Боотур ыһыаҕы ыспыта, оһуохайы олохтообута: чороон арааһын, туос иһит эгэлгэтин оҥорон, кымыһы, аһы-үөлү дэлэйдик бэлэмнээн, Айыы итэҕэлин сиэрин-туомун тутуһан Үрүҥ Аар Тойонтон саҕалаан Үөһээ Аар Айыылары барыларын ааттаан, анаан-минээн алҕаан, арыылаах кымыһынан айах тутан, оһуохай тэрийэн, айыы тыына иҥмит илгэлээх кымыһынан дьонун-сэргэтин аһаппыта. Итиниэхэ Үрдүк Айыылар Эллэй таҥараҕа тиксэр алгыстаах улахан малааһынын, ритуальнай үҥкүүтүн бэркэ сэргээн илэ биллэн ааспыттара диэн суруйар.

Номоххо кэпсэнэринэн, Эллэйдээх бу дойдуга аҕалан испит кинигэлэрин ууга түһэрбиттэр. Улуу историктар Г.В. Ксенофонтов, Ф.Г. Сафронов, А.И. Гоголев сахалар руническай суруктаахтарын дакаастаан тураллар. Руническай сурук саха култууратыгар киэҥник тарҕамматах. Дьаархан Аартыга диэн сиргэ өбүгэлэрбит хайаҕа «Аһар улуу ытык хобу (алгыһы)» диэн сурук хаалларбыттар эбит (А.И. Кривошапкин-Айыҥа). Сахалар былыргы суруктарын туһунан Кытай архыыбыгар баар буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт.

Эллэй – Аар Айыы итэҕэлин сырдык уотун Саха сиригэр тэниппит умнуллубат үтүөлээх Улуу Айыы ойууна. Кини үөрэҕин салҕаабыт киһинэн Эллэй төрөппүт уола Намылҕа Силик (Сүүрүк) буолар. Кини аҕатын суолун солоон, Улуу Айыылартан үҥэн-сүгүрүйэн көрдөспүт. Улуу Туймаадаҕа уонна чугаһынааҕы сахалар олохсуйбут сирдэригэр саха олоҕо-дьаһаҕа үтүмэн үгүс үйэлэргэ сайдан, киэҥ, кэтит кэскиллэнэр кыаҕа суоҕун, муҥурун билэн улаханнык муунтуйбута уонна үөһээ Үрдүк Айыыларга тиийэн көрдөһөөрү, Халлааҥҥа илэ көппүтэ. Ол эрээри буолуохтаах дьылҕаны кыайан төлөрүттэрбэтэҕэ.

Н.Д. Васильева 2000 с. Дьокуускайга таһаартарбыт «Якутское шаманство. 1920–1930 гг.» кинигэтигэр саҥа былаас бастакы сылларыгар (1920—1930-с сс.) Саха сиригэр 380 ойуун баарын испииһэктээн киллэрбит, ол иһигэр 97-тэ Үс Бүлүүттэн эбит. Өссө сорох ойууннар киирбэтэхтэр, холобур, Тумус Мэхээлэ, Г.А. Эллээһэп-Григорьев. Бу ааттаммыт дьон ойууннааһыны утары охсуһуу күүһүрбүтүгэр Киччэҥинэн, Бүлүү өрүс бултаах-алтаах арыыларынан күрэнэн сылдьыбыттар. Онон, нэһилиэк «хараҕын» далыттан тахсаннар хабыллыбатахтар. Оччолорго Саха сирин ойууннарын биэс гыммыттан биирэ Бүлүү үс улууһугар олороллоро киһини сөхтөрөр. Ону хайдах быһаарыахха сөбүй?

Сахалар Бүлүү эбэ алын уонна орто сүнньүлэригэр олохсуйууларын саҕана Хаҥаластан кэлбит элбэх биллэр ойууннаахтара. Бастаан бу сирдэргэ көһөн кэлбит улахан бөлөх (40—80-ча киһилээх) баһылыга Туоҕа (Дуоҕа) Боотур (кэлин кинини олохтоохтор Тойон Булгудах диэн ааттаабыттар) Айыы ойуунун быһыытынан биллэр. Кинини кытта Лүксүрээни ойуун кэлсибит. Кини өлбүтүн кэннэ Миирээйик аҕа ууһун ойууна буолбут.

В.Л. Серошевскай «Якуты» кинигэтигэр олоро сылдьыбыт улахан ойууннар ааттарын (реестр шаманов) киллэрбит. Ол испииһэккэ Маһары уола Күүстээх Күчэнэк (Кылыыһыт ойуун, Хара Бытык); Хаҥаластан – Үрүҥ Бас; Куокуйтан – Сыдыбыл Дабудаков (кэлин Чочуга олохсуйбут бадахтаах), Иктей Кривой; Тоҕустан – Кулакай, Дебука, Челодай, Даку; Лүүчүнтэн – Одуй бааллар. Туоҕа Боотуру Даку (Дака) диэн аатынан оччотооҕу докумуоннарга нууччалар суруйа сылдьаллар. Онон кини улахан ойуун буоларын В.Л. Серошевскай бигэргэппит. Кинини уонна сиэнин Дьолуодайы (Ааттаммат Ойуун) Тоҕустарга киллэрбиттэригэр киһи соһуйара суох. Ону быһааран биэрэргэ холонобут.

Туоҕа Лүүчүн сиригэр тиийэн киис соноругар кэлбит тоҕус (элбэх) биистэн түммүт дьонун Тоҕустар диэн ааттаабыттар. Кырдьык да, үһүйээннэртэн уонна докумуоннартан сэдиптээтэххэ, инники тиийэн олохсуйбут Туоҕа Боотур баһылыктаах хаҥаластарга киин сирдэртэн кэлэн холбоспут дьону барыларын хас да аҕа ууһуттан турар биир Тоҕус аҕатын ууһа диэтэхтэрэ. Сахаларга аҕыс уонна тоҕус ахсаан элбэх диэн суолталааҕын М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ кинигэтигэр бэрт итэҕэтиилээхтик суруйан турар. Онон тоҕус диэн чопчу ахсааны көрдөрбөт, элбэх диэн өйдөбүллээх буолуон сөп курдук. Киис соноругар кэлин даҕаны Саха сирин араас муннуктарыттан Лүүчүн сиригэр элбэх дьон кэлэн тоҕуорустахтара. Кинилэртэн сорохторо бу сиргэ хаалан олохсуйдахтара. Олор кэлин, киис ахсаана лаппа аччаабытын кэннэ, аһаан-таҥнан олорор балыктара-бултара бүтэ быһыытыйбытыгар, сүөһү ииттэргэ табыгастаах сирдэргэ көһөртөөбүттэр. Оччотугар «тоҕус төрүттэрин биллиннэр», «тоҕус төгүл тоҕолоох тоҕус сэлэ олохтоох, Туоҕа баатыр баһылыктаах Тоҕус бииһэ» диэн этиилэр оруннаахтар. Онон Туоҕаны уонна Дьолуодайы Тоҕустарга киллэрбиттэригэр киһи соһуйара суох.

Лүксүрээни үөһэттэн анатыылаах, тойон ууһун биир бастыҥ Айыы ойууна, Туоҕа Боотур бииргэ төрөөбүт убайа. Кини Аар Айыы итэҕэлин илдьэ сылдьааччы Туймаадаттан Тыгын Тойон Бүлүүгэ сири баһылата ыыппыт дьонун кытта барсыбыта. Луксүрээни саҥа сиргэ Айыы ойууна ыытар сиэрдэрин-туомнарын толорон, үтүө сүбэһит быһыытынан көмөлөспүтэ.

Нууччалар Саха сиригэр кэлиилэригэр Үөһээ Бүлүүгэ сахалар суохтар этэ, аҥаардастыы тоҥустартан эрэ дьаһаах хомуйбуттара диэн учуонайдар бэлиэтииллэр. А.С. Парникова «Расселение якутов в XVII – начале XX вв.» үлэтигэр суруйарынан, бу сирдэргэ 1650–1652 сс. улахан уоспа туран, үгүс тоҥуһу эспит. Кураанахсыйбыт сирдэргэ Алын Бүлүүттэн уонна киин улуустартан сахалар кэлиилэрэ күүһүрбүт. Үөһээ Бүлүү симиэбийэтигэр 1667–1668 сс. 607 киһи дьаһаах төлүүр эбит буоллаҕына, онтон сахата – 321, тоҥуһа – 286 эбит. Сахалар манна 24 буоластан мустубуттара. Ордук хото Хаҥаластан (92 киһи), Бордоҥтон (63), Намтан (24). Улахан бөлөхтөр саҥа сирдэргэ көһөн тиийэллэригэр хайаан да ойууннаах буолалларын үһүйээннэртэн билэбит. Онон хаҥаластар да улахан ойууннардаах тиийбиттэрэ саарбаҕаламмат.

Биллэр учуонай Б.О. Долгих «Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII веке» кинигэтигэр Сибиир норуоттара ханнык аҕа уустаахтарын үөрэтэн ырыппыта. Ити кинигэтигэр 1660 с. диэки Лүүчүн аҕатын ууһун киһитэ Баку Одукеев биэс дуу, алта дуу хамначчыттаах, 60-ча биэлээх уонна сурукка «первой человек в лучинах» диэн бэлиэтэммит диэн суруллубут. «Баку» диэн аат, Багдарыын Сүлбэ суруйарынан, сахалыыта «Бакы» диэн буолуон сөп. Бу сахаҕа тарҕаммыт аат эбит. Бакылар Горнайга уонна Үөһээ Бүлүүгэ олорон ааспыттар. Өссө Бакыйа, Бакынай, Бакынар, Бакыр, Бакыры, Бакырыйа, Бакырыыс диэн ааттар бааллар (Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003).

Өссө биир суруйууга тохтуубут. С.А. Токарев «Общественный строй якутов XVII–XVIII вв.» үлэтигэр «У Вилюйского тойона Баку в 1667 г. было 5–6 холопей» диэн суруллар. Тэҥнээн көрүүгэ 1648–1649 сс. дьаһаах кинигэтигэр 1497 киһи аата киирбит буоллаҕына, олор истэриттэн 57-тэ хамначчыт эбит. Ол иһиттэн Хаҥалас 26 буолаһыттан, Мэҥэттэн – 5, Намтан – 2, Бороҕонтон – 1 бааллара ыйыллыбыт. Оччотугар Баку төрүт-уус киһи ыччата эбит. Кини аатыгар сөп түбэһэр Тыгын бииргэ төрөөбүт убайа Ника баар. Кини аҕыс уолаттардаах, олор истэригэр Одукей уонна Селбясин бааллар. Аны А.И. Эверстов «Ньидьили былыргыта» кинигэтигэр Одукей өссө биир Тукунай диэн аата сурукка киирбит уоллаах этэ диэбит. Тукунай уолаттара Ньидьили дьонун төрүттэрэ буолбуттара диэн ылыннарыылаахтык дакаастаабыт. Оччотугар Одукей-Уһун Ойуун уола Баку, сиэннэрэ Тения, Тулааһын (Тукунай уолаттара), Сэлбээһин уола Быыгынас ойуун ыччаттара Үс Бүлүүнэн киэҥник тарҕанан олохсуйбуттар эбит диэн этии оруннаах буолан тахсар.

Улуу Айыы ойууна Уһун Ойуун нуучча докумуоннарыгар Одукей Никин диэн аатынан киирэ сылдьар. Кини хаҥаластар биир улахан религиознай уонна көҥүл иһин 1641 с. өрө турууларын салайааччыта этэ. 1642 с. хабараан бойобуода П. Головин бу өрө туруу салайааччыларын, 23 киһини күүскэ накаастаан, ким да истибэтэх ыар муҥнааһыннарын муҥнаан баран, барыларын ыйаан өлөрбүтэ. Сорохторо, ити араастаан кэбилээһини тулуйбакка, эрдэ өлбүттэрэ, олору эмиэ хостотон таһааран ыйаталаабыта. Уһун Ойуун сүгүн өлбөккө, өлөрүөхсүттэри салыннарбыта. Ыйаабыттарыгар уһаан, атаҕа сиргэ тиийбит. Кини аптаах-хомуһуннаах Улуу Айыы ойууна этэ. Өлүөн иннинэ: «Аар Айыы Итэҕэлин Сырдык Уота саха дьонугар эргиллэр кэмэ кэлиэҕэ», – диэбит. Үйэ-саас тухары Айыы Ойууна, бу сүүрбэ үс ытык дьон ааттарын-суолларын Аар Айыыларга үҥэн-сүктэн ахта туруохтаах, үөскүүр, үүнэр саҥа көлүөнэ ыччат кинилэр ытык ааттарын ааттыы, кинилэргэ сүгүрүйэ турарыгар улахан олук оҥоһуллуон наада. Манна Одукей Никин-Уһун Ойуун аата маҥнайгынан ааттаныахтаах. Бу улуу төрүттэрбит, саха ньургун уолаттара Үөдүгэй, Ньыыка өлөллөрүгэр Аар уонна Айыы үөрэҕин тарҕатааччы Уһун Ойуун кинилэргэ туґаайан эппит этиитин өссө биирдэ санатар сөп: «Билигин кыайтардыбыт. Барыбытын кыргар санаалаахтар. Ол да буоллар Аар Айыы итэҕэлин кыыма куотта, бүктэ, саста. Онон кэнэҕэһин Аар Айыы үөрэҕэ төннүө!» (В.А. Кондаков).

Аҕатын өлөрөллөрүгэр Бакы (Баку) дьаһаах төлүүр сааһын ситэ илик эбит диэн сабаҕалыыбыт. Кини нууччалартан куотан Лүүчүн сиригэр, аймаҕа Туоҕа Боотур олохсуйбут дойдутугар, 1660-с сыллар эргин көһөн кэлбит бадахтаах. Сирэ-уота сүөһү ииттэргэ соччо табыгаһа суох буолан, Дьөккөн диэки көспүт. Кини уола Максим Гоголев-Тайана Багин (1699–1774 сс.) – 12 муостаах дүҥүрдээх Айыы ойууна.

Аны 1670-с сыллартан саҕалаан Орто Бүлүү симиэбийэтиттэн саҥа сирдэри баһылатаары сахалары Үөһээ Бүлүү симиэбийэтигэр көһөртөөн барбыттар. Олохтоох үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, 18 ыал Бүлүү өрүскэ кэлэн сүбэлэспиттэр. Өрүс уҥа өттүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, Чап, Быыгынас Боотур, Дьаархан, Күүлэ, Халбаакы хаалбыттар. Оттон өрүс хаҥас өттүгэр Наакаан баһылыктаах Дэди, Мотуруос, Лүһүрүкээн, Асхабыл, Эгэй, Өбүкэ, Суор ойуун, Түүлээх Түлэҕэй тахсаллар (Л.Ф. Николаев). Балар истэригэр Бакы уонна Быыгынас бааллара биһиэхэ кэрэхсэбиллээх. Сэһэҥҥэ Быыгынас ойуун (Боотур) Сиикэй Силбээһин уола дэнэр. Оччотугар Ника тойон сиэннэрэ тутуспутунан Лүүчүнүнэн эргийэн Үөһээ Бүлүүгэ тиийбэтэхтэрэ буолуо дуо?

Үөдүгэй буолаһыгар 1782 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ Бакы уолаттара Кукча уонна Тлектей ааттара киирбит. Аны Бүлүү сүнньүгэр ыытыллыбыт ходуһа үллэстиитин биэдэмэһигэр бу дьон ыччаттара Тыымпыга, Нялбигэҕэ, Сымалаахха, Соёх булуҥар, Саҥадьааҥҥа оттуур ходуһалаахтара бэлиэтэммит. Бакы сиэннэрэ Көтөрдөөххө тиийэ олохсуйбуттар, лаппа ыччатырбыттар (Бастакы Үөдүгэй. – Дьокуускай, 2013). Оччотугар Үөдүгэй, Көтөрдөөх, Сургуулук, Ыйылас аатырар ойууннара Ника тойон уолуттан Уһун Ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэллэр эбит диэн оруннаах сабаҕалааһыны оҥоруохха сөп.

В.Д. Стрелов «Акты архивов Якутской области (с 1650 г. до 1800 г.)» үлэтигэр «тигиилээх сирэйдээх» ойууннары Петербург куоракка ыҥырыы туһунан бастакы докумуон 1730 с. бэс ыйын 25 күнүгэр тахсыбытын суруйан турар.

Бу докумуоҥҥа ыйылларынан, дворянин Дмитрий Кычкин салалтатынан Санкт-Петербурга Сылан ойууна Кээрэкээн уола Кытаанах, Орто Бүлүү Лүүчүнүн ойууна Жолодой Дакин, Кэлтээки аҕатын ууһун дьоно Нямтуга Авранчин, Мияул Луксигин, Витимка, Хатылы нэһилиэгин киһитэ Топича Маянин бастаан утаа барыахтаах эбиттэр. Бу сэттэ киһиттэн биэһэ Орто Бүлүү ойууннара.

Тоҕо эрэ Бүлүү сириттэн ойууннары уонна «тигиилээх сирэйдээхтэри» өссө эбии көрдөөбүттэр. Онно Үгүлээт аҕатын ууһуттан Тулкига Урулин, Топича Маянин, Ардах Куреяков диэн тоҥустары эбии булбуттар. Санкт-Петербурга илдьэргэ Үгүлээт тоҥуһун Топича Маянины, Мукес Маржин, Кытаанах Налин диэн ойууннары, Намтага Мисяул, Витимка Куявылов диэн тоҥустары, Жолодай Дакины ойохтору илдьэргэ быһаарбыттар, атыттары барыларын дьиэлэригэр ыыталаабыттар (НА РС(Я). Ф.1-и. Оп.1. Д.4. Л.7).

Онно ыытарга Саха сирин үрдүнэн көрдөөбүттэр эбит. Ол аата элбэх киhини сыымайдаабыттар, талбыттар. Олоро бары Орто Бүлүү ойууннара буолбуттара киһини сөхтөрөр. Дьолуодай ийэтэ Нэлчэкэ аҕатын Туоҕа Боотуру удьуордаан удаҕан эбит, аҕата нуучча Михаил Жирков. Бииргэ төрөөбүттэрэ Соҕуру Оҕонньор-Клевинской Дакин, Дары Дакин-Степан Жирков (сахалыы аата Бэрэттимэй) эмиэ ойууннар этилэр. Балтылара Лыглыйа эмиэ аатырбыт удаҕан дьахтар, өссө убайдарыттан үрдүк таһымнааҕа үhү.

Орто Бүлүүттэн Үөһээ Бүлүүгэ тиийбит биир улахан бөлөх кырыкыйдар этилэр. Хойукка диэри Орто Бүлүү Кырыкыйа бэйэ-бэйэлэриттэн тус-туһунан сытар түөлбэлэртэн турара: Мукучу таһыгар Нээтийэ аҕатын ууһа олорбут сирэ, 3-с Тоҕуска (Тааһаҕар) Оҥхой уонна Үөһээ Бүлүүгэ билиҥҥи Кырыкый нэһилиэгин сирин сорҕото. Нээтийэ диэн ким буолуон сөбүй? История билимин доктора А.А. Борисов «Социальная история якутов в позднее средневековье и новое время» кинигэтигэр суруллубутунан, Тыгын сиэнэ Борток Мазарин 1720 с. түһээнин алта киис тириитинэн төлүүр эбит. Киниэхэ үс тастыҥ бырааттара Оелгу, Нятия, Оеннит көмөлөһөллөрө бэлиэтэммит. Онтон Күчэнэх (Кылыыһыт ойуун) кини бииргэ төрөөбүт быраата. Оччотугар Борток быраатын, Күчэнэх уолун аатырбыт Нээтийэ ойууну анаан-минээн киистэтэ диэн Орто Бүлүү Кырыкыйыгар олохсуппут буолуон сөп диэн сабаҕалыахха сөп. Онон Лүүчүн уонна кини таһынааҕы сирдэр хаҥаластар дьаһаахтарын төлүүллэригэр сүҥкэн оруоллаахтара саарбахтаммат. Нээтийэ Күчэнээхэп эмиэ Хаҥаластан төрүттээх ойуун эбит диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

75 000 s`om
Yosh cheklamasi:
0+
Litresda chiqarilgan sana:
18 aprel 2024
Hajm:
490 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-5529-6
Mualliflik huquqi egasi:
Айар

Ushbu kitob bilan o'qiladi

Muallifning boshqa kitoblari