Kitobni o'qish: «Алыһардаах Аана»
Айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах,
төрөөбүт дойдутун, дьонун туһугар тугу сатыырын,
кыайарын барытын оҥорбут Улуу Эдьиийбит
Анна Дмитриевна Павлова төрөөбүтэ 175 сылыгар аныыбыт
Киириитэ
Ойууннааһын киһи аймах үөскүөҕүттэн баар. Былыргы киһи айылҕа дьайар күүстэрин өйдөөбөт, утарылаһар кыаҕа суох буолан бу Үрдүкү Күүстэр дьаһалларын кытта сибээстиирэ, бэрик биэрэн манньыта сатыыра. Сахаларга итэҕэл улахан суолтаны ылара. Ол туһунан научнай литератураҕа элбэхтик суруллубут. Нууччалар кэлэллэрин саҕана сахаларга ойуун аптарытыата, салайар оруола үрдүк этэ. Ойууннар, Далан кинигэлэриттэн көрдөххө, аҕа баһылыктарга сүбэһит быһыытынан көмөлөһөллөрө. Олоҕу-дьаһаҕы тэрийиигэ, кыра иирсээннэри быһаарарга үтүө сүбэһит буолан, инники олоҕу сылыктыыллара, күнү-дьылы билгэлииллэрэ. Дьон көрдөһүүтүнэн ардаҕы түһэрэллэрэ, уот барыытын тохтотоллоро. Ойууннар ортолоругар отоһуттар араас ыарыыттан эмтииллэрэ.
Ойууннар туһунан В.Н. Басилов (Шаманство // Свод этнографических понятий и терминов. Религиозные верования. М., 1993), С.А. Токарев (Ранние формы религии и их развитие. М., 1993) суруйбуттара улахан сэҥээриини ылаллар. Ити учуонайдар быһаарбыттарынан, сахалар, бүрээттэр итэҕэллэрэ уруулуулар. Бэрт өрдөөҥҥүтэ Сибиир норуоттарын Киин Азияҕа тарҕаммыт ойууннааһын прогрессивнай дьайыылара сахаларга хаалбытын туһунан В.Л. Серошевскай (Якуты. – СПб, 1896), Г.В. Ксенофонтов (Хрестес. Шаманизм и христианство. – Иркутск, 1929), Г.В. Ксенофонтов (Урааҥхай сахалар. – Иркутск, 1937), Г.А. Попов (Шаманство у якутов. Т. 7. – Якутск, 2009), О.В. Ионова (Из истории якутского народа. – Якутск, 1944), Г.У. Эргис (Очерки по якутскому фольклору. – Якутск, 2008), Н.А. Алексеев (Традиционные религиозные верования якутов в ХIХ – начале ХХ вв. Этнография и фольклор народов Сибири. – Новосибирск, 2008), М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ (Үһүйээннэр уонна номохтор. – Дьокуускай, 2004), В.А. Кондаков (Ойуун эмтиир ньымалара. – Дьокуускай, 1998), В.А. Кондаков (Аар-Айыы итэҕэлэ. – Дьокуускай, 2011) үлэлэригэр суруйбуттар. Кэнники кэмҥэ саха төрүт итэҕэлин үөрэҕин киэҥ эйгэҕэ таһаардылар: У.А. Винокурова (Биһиги сахалар. – Дьокуускай, 2003), Р.И. Бравина (Шаманы – избранники небес и духов. – Якутск, 2016), В.В. Васильев-Чомпуу (Үһүйээннэр, номохтор. —Үөһээ Бүлүү, 2004), Н.Д. Васильева (Якутское шаманство (1920–1930 гг.). – Якутск, 2004).
Бу учуонайдар саха ойууннарыгар сөптөөх сыанабылы биэрэллэрин бэлиэтиибит. Холобура, В.Л. Серошевскай ойууннары үс категорияҕа араарар:
а) кыралар: Серошевскай суруйарынан, бу сымыйа ойууннар. Кинилэр гипнозтара суох, сиэртибэ биэрбитэ буолан дьону албынныыллар, сымыйанан эмтээбитэ буолаллар;
в) орто ойууннар: бу категорияҕа киирээччилэр чахчы аптаахтар (гипнозтаахтар), ону сатаан туһаналлар, ыарыһахха көмө оҥоруохтарын сөп;
с) улуу ойууннар: кинилэр күүстэрин Улуу Аар Тойон бэйэтинэн араҥаччылыыр. Күүстээх эмэгэттээхтэр. Итинник күүстээх ойууннары Хараҥа күүстэр баһылыктара истэр уонна кинилэр көрдөһүүлэрин толорор. В. Серошевскай этэринэн, Саха сиригэр биир кэмҥэ түөрт улуу ойуун баар буолуохтаах. Кини Бүлүү, Нам, Таатта уонна Бороҕон улуустарыгар олороллорун ыйбыт (В. Серошевский. Якуты. – СПб, 1896. – С. 606).
В. Серошевскай ити үлэтигэр Саха сирин улуу ойууннарын испииһэгин – «Реестр шаманов» киллэрбит. Реестргэ бааллар: Тоҕустан (оччолорго Лүүчүн Хоту Тоҕус дэнэрэ), Челодай (Дьолуодай), Даку (Туоҕа, Дуоҕа). Үһүйээҥҥэ Дуоҕа сааһыран иһэн ойууннаабыта дэнэрэ сурукка тиһиллэн киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Кини сиэнэ Дьолуодай ыраахтааҕыга илдьэ бараары бэлэмнээбит ойууннарыттан биирдэстэрэ. Кинилэри удьуордаан Лүүчүн сиригэр элбэх ойуун төрөөн-үөскээн аастаҕа.
Улуу учуонай Г.В. Ксенофонтов «ойууннары таҥараттан айыллыбыт дьонунан» сыаналаабыта. Итинник сыанабылы кини Алыһардаахха биэрбитэ. 1929 сыллаахха Гавриил Васильевич Булуҥҥа баран иһэн Ааналыын көрсөн кэпсэппитэ. Биллэн турар, уһун кэпсэтиигэ улуу учуонай бэйэтин үлэтин билиһиннэрбитэ. Эдьиий Аана быраһаайдаһарыгар киниэхэ ситиһиини баҕарбыт (Ойуку). Үгүс чинчийээччилэр этэллэринэн, ойууннарга уруурҕаһыы, удьуордааһын баарын билинэллэр. Холобур, Туоҕа Боотур уола Нэльчэкэ, киниттэн Дьолуодай төрүүр. Дьолуодай кыыһа Жирковтарга кийиит буолар. Аана хос сиэн эбит.
Саҥа былаас бастакы сылларыгар Саха сиригэр 380 ойуун баара, олортон 97-тэ Бүлүү уокуругуттан. Оччолорго ити ойуун уопсай ахсаанын үс гыммыт биириттэн ордуга киһини сөхтөрөр. Ойууннар үгүстэрэ Лүүчүн нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр, холобур, Алыһардаах удаҕан, Тумус Мэхээлэ, Мөлөкө ойуун уо.д.а.
А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Бастакы түһүмэх. Дуоҕа Боотур
Туоҕа Боотур удьуордара
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр былыргы номохтор кэпсииллэринэн, Орто Бүлүү баһыйар үгүс түөлбэлэрин ытык өбүгэлэринэн Тыгын чугас аймаҕа Дуоҕа (Туоҕа) буолар. Туоҕа Боотур Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылан, Кучантан чугас сытар Эбэ диэн ааттаах күөлгэ олохсуйбутун туһунан Н.Ф. Егоров суруйан ылбыт сэһэнигэр этиллэр. Дуоҕа аҕыс бииргэ төрөөбүттээҕэ эбитэ үһү. Олохтоох кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, кини сэттэ бырааттарын ааттара – Дагдаҕар Баатыр, Лэбиэрийэ Бөҕө, Таас Уллуҥах, Ньиирээйик ойуун, Дуораан Уус, Ырыа Чоҥкунаан, Кырамай.
Олортон ордук Дагдаҕар Боотур уос номоҕор элбэхтик киирбит. Дуоҕаны кытта Хаҥаластан 40, сорох үһүйээннэргэ этиллэринэн, 80 киһи кэлсибит. Бу дьон бары даҕаны ырааҕынан-чугаһынан аймахтыы буолуохтаахтар диэн В.А. Кондаков сабаҕалааһына оруннаах быһыылаах. Биһиги санаабытыгар Туоҕа Боотурдаах Тыгыны кытта иирсэн баран куотан Бүлүү диэки кэлбит диэн сыыһа өйдөбүл баар.
ХVII үйэ cаҕаланыытыттан Саха сирин хаҥаластарын муҥур баһылыга Тыгын Дархан омук дойдуларын кытта сибээһи олохтуур соругу туруорбута. Омук дьонун кытта сыһыаны олохтуурга валюта наада. Сахаларга харчы оруолун киис толороро. Ити кэмҥэ киис мэнээгэ буолан булчуттар ыырдара кэҥээбитэ. Тыгын саамай эрэнэр киһитин, аймаҕын, киистээх Бүлүүгэ ыытарга быһаарбыта. Туоҕа Боотур дьонун кытта бастаан Лүүчүҥҥэ олохсуйаат, атын түбэлэринэн тэнийэн, олохтоохтору кытта уруу-хаан тардыһан киирэн бараллар. Ол курдук, хаҥаластар билиҥҥи Кэбээйи Мастааҕынан, Мукучутунан, Баҕадьатынан, Лүүчүнүнэн, Арыттааҕынан тарҕаммыттара, саҥа түөлбэлэр ытык өбүгэлэринэн буолбуттара. Таас Уллуҥах диэн быраатын Тааһаҕар сиригэр олохтуур. Ньиирээйик диэн ойууну Бороҕон «Харыйалаах» диэн ааттаах күөлүгэр олохсутар. Кэлин ити ойуун олорбут сиринэн «Ойуун күөлэ» диэн ааттаммыта. Бороҕон сээркээн сэһэнньитэ Уоһук Мальцев кэпсээбитинэн, Тымтыалыкы Боотуру Бастакы Тоҕус сиригэр «Тыымпы» диэн күөлгэ олохтообута. Дуоҕа аччыгый инитэ Кырамайтан Бүлүү Дьөккөнүгэр Хаҥалас аҕатын ууһа төрүттэммитин туһунан номохтору суруйан ылбыт уонна ылыннарыылаахтык ырыппыт киһинэн В.А. Кондаков буолар.
Бүлүү Мастааҕын олохтооҕо 63 саастаах А.Н. Батагаев 1948 с. суруйтарбыт «Туоҕа Боотур» диэн үһүйээнэ НАССФ архыыбыгар харалла сыппыта «Лүүчүннэр» (Дьокуускай, 2012. С. 392–396) кинигэҕэ бэчээттээммит. Андрей Николаевич суруйарынан, Туоҕа Боотур түөрт уоллаах эбит. Ол уолаттар түөрт Тоҕус нэһилиэгин төрүттээбиттэр. Улахан уолтан Бастакы, кини анна уолтан Иккис (Мастаахха Отоһут, Атамай аҕаларын уустара), ортоттон Үһүс (Тааһаҕар), кыра уолтан Төрдүс Тоҕус (Мастаахха Энэлгэн аҕатын ууһа) дьоно-сэргэтэ тэнийэллэр. Итини А.А. Саввин 1938 с. олунньу 25 күнүгэр суруйбут үһүйээнэ бигэргэтэр (Архив ЯНЦ. Оп. 33. Д. 44. Л. 18). Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, «Ньээкэҥниир диэн олохтоох киһи Тоҕус нэһилиэк төрдө буолта. Тоҕус уоллаах киһи, (олортон) икки уола – Тигилээн (Атамай төрдө), Байытар (Энэлгэн төрдө) тахсаннар дьону ууһаталлар».
Оттон Дьокуускайга 2005 с. тахсыбыт «Бастакы Тоҕус нэһилиэгэ» кинигэҕэ суруллубутунан, Ньээкэҥниир – Дагдаҕар Боотур хос сиэнэ. Аҕата тоҕус уоллаах Чуохаан – Мэлтэгэр Боотур улахан уола. Чуохаан тоҕус уолаттарыттан биирдэстэрэ Ньээкэҥниир олохсуйбут сирэ Бастакы Тоҕус диэн ааттаммыта архыып докумуоннарынан бигэргэнэр. Ньээкэҥниир, Оконнеев, 1782 с. биэрэпискэ киирбитинэн Конон (1737–1789 сс.), Мачес (1749–1781 сс.), Бобров (1751 с.т.) диэн уолаттардаах. Ньээкэҥниир Конон Оконнеев диэн уолуттан сиэнэ Маныыһыт Дьэрэмэйтэн (1765 с.т.) Орто Бүлүүгэ аатырбыт-сураҕырбыт Дьэрэмэй аҕатын ууһа төрүттэммитэ. Бу Еремеевтэртэн Орто Бүлүү улууһугар Яков, Петр, Андрей, Григорий, Афанасий кулубалаабыттара (Бастакы Тоҕус нэһилиэгэ. – Дьокуускай, 2005. С. 37).
Аны Сэһэн Дьэрэмэй аҕатыттан, Иван Осипович Еремеевтэн-Сэһэн Дооскоттон, истибит номох сэһэниттэн быһа тутан киллэрэбит. «Уол оҕо төрөөбүтүн тоҕус хонук туолуута саха урааҥхай сиэринэн аҕата Туоҕа Боотур алгыс алҕаабыт: «Бу оҕом аар-саар аналыгар айыллан үөскээтэ. Орто бараан дойдуга олох олорорго үрдүк айыылар анаабыттар. Онон хаппар хаппаһын хараана Хатан Хаппас диэн буоллун», – диэбитэ үһү. Хаан Хатан Хаппастан бастакынан Тойон Соҕоччо төрөөбүт. Бу улахан киһи тохсус оҕотунан уол оҕо төрөөбүт. Кыратыттан ыарыһахтыыр, ол гынан баран биир киһи үйэтин толору олорбут, олоҥхоһут улуута, алгысчыт аарымата, кэпсээннээх кэрэһитэ, сэһэннээх силигэ Сэһэн Ньэкээн (Ньээкэҥниир) төрөөбүтэ эбитэ үһү. Бу киһиттэн бастакы сүһүөх хоту Тоҕус эбэтэр Бастакы Лүүчүн дьоно-сэргэтэ үөскээбит». Сэһэн Дьэрэмэй бу номоҕу кимиэхэ ордук анаан суруйбутун чопчу бэлиэтээбит: «… номох сэһэммин хоту Тоҕустар, түөрт Лүүчүн дьоно-сэргэтэ, тоҕус туспа төрүттэрин туһунан иһиттиннэр, сэргээтиннэр…».
Билиҥҥи киһиэхэ Лүүчүн тоҕо хоту Тоҕус диэн ааттаммыта өйдөммөт соҕус. Былыр сахалар өрүс түһэр (алын) өттүн хотунан ааҕаллара. Оттон Лүүчүн сирэ-уота тоҕустартан Бүлүү өрүс сүнньүнэн аллара диэки сытарынан хоту Тоҕус дэннэҕэ. Былыр түөрт Тоҕуһу – түөрт Лүүчүн, Лүүчүнү – хоту Тоҕус дииллэрэ биһиэхэ кэрэхсэбиллээх. Оччотугар лүүчүннэр уонна тоҕустар аймахтыы буолан тахсаллар. Онон да буолуо, кинилэр тоҕустар сорох аҕа уустарыгар бас-көс дьонунан буоллахтара.
Дьэ, бу лүүчүннэри кытта бэрт былыргыттан алтыһан олорбут тоҕустар кимнээх этилэрий? Бастакы сабаҕалааһыны аҕалабыт. Саха саарына Багдарыын Сүлбэ 1998 с. Дьокуускай куоракка «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Үс…Сэттэ…Тоҕус…» диэн кэрэхсэбиллээх үлэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Тоҕустар тустарынан сиһилии ырытан суруйбут. Онно суруллубуттан биһиэхэ сыһыаннаах сорох түгэннэри киллэрэбит. «Г.У. Эргис «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» (М.–Л.: Изд. АН СССР, 1960) бастакы чааһыгар Андросов диэн фольклору хомуйааччы 1940 с. Мэҥэ Хаҥалас Маҥнайгы Мөҥүрүөнүн 65-тээх киһитэ П.Д. Марковтан суруйбут үһүйээнэ киирбит (С. 159). Онно ити сиргэ урут Таҕыс диэн омуктар олорбуттара үһү, олору Чэҥкэгэр Эҥин диэн киһи хоту кыйдаабыта үһү дэнэр. Ити этнонимы быһаарарыгар Г.У. Эргис, Таҕыс диэһин, бука эрэ, Тоҕус диэни аакайдаан саҥарыы буоллаҕа буолуо диэбит. Оттон аны Я.И. Линденау «Описание народов Сибири» диэн биллэр үлэтигэр Мэйик, Чочу, Үөдүгэй, Таҕыс уустара Нам буолаһыгар холбоммута («причислены») диэн суруйбутун киллэрбит. Онон Таҕыс – Тоҕус биис ууһа диэн биһиэхэ былыр үйэттэн ыла баар, уонна Мэҥэ сириттэн кыйданан баран, Нам сирин ааһан, Бүлүүгэ тиийэн, олох сирин булбут эбит быһыылаах», – диэн түмүккэ кэлбит Багдарыын Сүлбэ (С. 141). Оттон Мөҥүрүөн уруккута Илин Хаҥалас сирэ. 1860 с. диэки Хаҥалас улууһа арахсан Арҕаа уонна Илин Хаҥаластар буолбуттарын санаттахха, тоҕустар уонна лүүчүннэр биир хаҥаластар эбиттэр. Маны өссө 2007 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Саха биис уустара» кинигэттэн ситэрэн биэрэбит: «Тоҕус бииһэ диэн кэпсииллэринэн 9-с төгүл тоҕолоох тоҕой сэлэ олохтоох, Туоҕа-баатыр баһылыктаах Тоҕус бииһэ буолар» (С. 100).
Дьикти буолла. Сахалар Бүлүү умнаһыгар бастаан кэлэн олохсуйууларын утаатын диэки кинилэри түөрт Лүүчүн дьоно уонна Туоҕа Боотур баһылыктаах киис соноругар кэлбит тоҕус (элбэх) биистэн хомуллубут Тоҕустар диэн ааттыыллар эбит. Кырдьык да, үһүйээннэртэн уонна докумуоннартан сэдиптээтэххэ, инники тиийэн олохсуйбут Туоҕа Боотур баһылыктаах хаҥаластарга киин сирдэртэн кэлэн холбоһон, кинилэри барыларын, хас да аҕа ууһа холбонон, биир Тоҕус аҕатын ууһа диэтэхтэрэ. Сахаларга аҕыс уонна тоҕус ахсаан элбэх диэн суолталааҕын Багдарыын Сүлбэ үөһэ ахтыллыбыт кинигэтигэр бэрт итэҕэтиилээхтик суруйан турар (С. 128–146). Онон тоҕус диэн чопчу ахсааны көрдөрбөт, элбэх диэн өйдөбүллээх буолуон сөп. Киис соноругар Саха сирин араас муннуктарыттан Лүүчүн сиригэр элбэх дьон кэлэн тоҕуорустахтара. Кинилэртэн сорохторо бу сиргэ хаалан олохсуйдахтара. Олор кэлин киис ахсаана лаппа аччаабытын кэннэ, аһаан-таҥнан олорор балыктара-бултара бүтэ быһыытыйбытыгар, сүөһү ииттэргэ табыгастаах сирдэринэн көһөн олохсуйдахтара. Оччотугар «тоҕус төрүттэрин биллиннэр», «9-с төгүл тоҕолоох тоҕус сэлэ олохтоох, Туоҕа баатыр баһылыктаах Тоҕус бииһэ» диэн оруннаах соҕус.
Тоҕустар диэн ааттанааччылар нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ Бүлүү умнаһыгар Туоҕа Боотурдаах кэннилэриттэн тиийэн олохсуйбуттар диэн сабаҕалыыбыт. Ол манныктан көстөр. 1639–40 сс. Тобол хаһааҕа Васька Фефилов табаарыстарын кытта суруйбут дьаһааҕы хомуйар кинигэлэригэр: «Тоҕус 52 ыалыттан дьаһаах хомуйдубут, барыта 161 кииһи», – диэбиттэр (Материалы по истории Якутии XVII века. – М.: Наука, 1970. С. 142–144). Икки баһылыктаахтарын бэлиэтээбиттэр. Испииһэк саҕаланыытыгар Арчикан диэн кинээстэн үс, онтон испииһэк бүтүүтүгэр Батур кинээстэн уонна кини икки уолуттан уон киис тириитин ылбыттарын суруйбуттар. Ону биһиги кинини Туоҕа Боотур сурулла сылдьар диэн сабаҕалыыбыт.
Историктар төһө киһи олорорун билээри гыннахтарына, дьон ахсаанын түөркэ төгүллүүллэр. Ол 200-тэн лаппа тахса киһи биирдэ көһөн кэлбэтэхтэрэ чуолкай. Төһө эмэ уһун кэмҥэ аҕыйахтыы киһилээх бөлөхтөр кэлэн инники кэлбит дьоҥҥо холбоһон истэхтэрэ. Ити син балачча кэми ылбыт буолуохтаах. Нууччалар кэлиилэригэр Орто Бүлүүгэ олорор аҕа уустарыттан тоҕустар ахсаан өттүнэн улаханнара. Ити кэмҥэ кыргыдайдартан 18, кырыкыйдартан 5, уоттулартан 6 киһиттэн дьаһаахтарын туппуттара биллэр (Долгих Б.О. Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII веке. – М.: Изд. АН СССР, 1960. С. 464–465). Аны туран ити докумуоҥҥа тоҕо эрэ Туоҕа дьоно ханна да ахтыллыбатах. Бука, кинилэр тоҕустарга киирэ сырыттахтара. Бу икки сабаҕалааһынтан хайата сөбө-сөтөгөйө буолла?
Иккис сабаҕалааһын арыый да ылыннарыылаах соҕус. Хаҥаластар саҥа сирдэргэ олохсуйалларыгар, биллэн турар, олохтоох уустары, биистэри кытта уруу-аймах сыһыаныгар киирэллэрэ. Ол эрээри, олохтоохтордуун булкуһан, симэлийэн хаалбакка, хата, төттөрүтүн кинилэри бэйэлэригэр тардан, сыһыаран, түөлбэ ахсын бас-көс дьон буолаллара. Дуоҕалаах, баҕар, саҥа сирдэри баһылыыр анал соруктаах кэлбиттэрэ буолаарай? Төһө даҕаны үһүйээннэргэ бу дьон Тыгыны кытта иирсэн баран, күрээн кэлбиттэрэ диэн кэпсээбиттэрин иһин, атын санааны этэр омнуоланыа суохтаах. Тоҕо диэтэххэ, Дуоҕалаах сүөһүлүүн-астыын, оҕолуун-дьахтардыын көһөн кэлбиттэр. Ким да кинилэри эккирэппэтэх, кэлин даҕаны ирдэһэ кэлбэтэх. Аны туран бу кэлии дьон саҥа сирдэригэр олохтоохтук оҥостон олохсуйаллар эбит, киһи-сүөһү төрдө буолаары. Онон бу хаҥаластар күрүөйэхтэргэ майгыннаабаттар. Хата кинилэр бу эргин хаҥаластар сабыдыалларын күүһүрдэргэ анаммыт курдуктар. Баҕар, оннук соруктаах көһөн кэлбиттэрэ буолаарай?
Сахалар Бүлүү диэки Дуоҕалаах быдан иннилэриттэн олохсуйбуттара үһүйээннэргэ ахтыллар. Сэһэн Дьэрэмэй «Тойон Түһүмэн алгыһынан» кинигэтигэр (Дьокуускай, 2001) киирбит номохтор кэпсииллэринэн, аатырбыт Арыылаах алааһыгар Дуоҕалаах саха дьахтара кэргэннээх, бэйэтэ табалаах, сахалартан төрүттээх сир түннүгэ Оойочоону көрсөллөр. Оойочоон өрүс аллараа өттүгэр олорор Дьорохойдоох сахаларын күтүөттэрэ. Оойочоон Дуоҕалаахха Эҥсиэлиттэн Ырыган Ыллыга диэн сиринэн кэлбит сүүрбэттэн тахса саха баарын туһунан кэпсиир. Кинилэргэ Дуоҕа Оойочоонунан илдьит ыытар: «Кыстык туттарга көмөҕө кыһаллабыт», – диэн. Ол илдьити тутаат, Сэһэн Силик баһылыктаах Ырыган Ыллыгын сахалара Дуоҕа Кучаҥҥа кыстык тэринэр үлэтигэр бука бары кэлэн көмөлөспүттэр. Н.Ф. Егоров суруйбут номоҕунан, Дуоҕа Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылбытыгар, Баай Эбэҕэ олорор кыыс таайа эдэр ыалга сылгы-ынах сүөһү биэрбит. Онон сылгы-ынах сүөһүлээхтэр Лүүчүн эргин Дуоҕалаах иннилэриттэн бааллар эбит, арай, ахсааннара аҕыйаҕа буолуо. Биһиги эмиэ итинник түмүгү кытта сөбүлэһэбит.
Сэһэн Дьэрэмэй кэпсиир номохторугар Улахан Ампара баһылыктаах Хорой Табалар биистэрэ табалаах сахалартан төрүттээхтэр дэнэр. Лүүчүҥҥэ уонна кини тулатынааҕы сирдэргэ даҕаны табалаах сахалар тоҕо суох буоллахтарай? Бааллара буолуо. Дуоҕалаах тиийэллэригэр Лүүчүн кырылас тоҥус дойдута буолбатах курдук. Олохтоохтор, хаҥаластар кэлиэхтээхтэрин билбит, күүппүт курдук, күүс-көмө, көх-нэм буолан, үөрэ-көтө көрсүбүттэр диэххэ сөп. Үһүйээннэр, сыныйан аахтахха, Дуоҕалаах тиийиэхтээх түбэлэригэр тиийбиттэр, төрүттүөхтээх түөлбэлэрин төрүттээбиттэр диэн санааны үөскэтэллэр. Хаҥаластар бэйэлэрин дьиҥнээх соруктарын (сабыдыалларын күүһүрдэр, ил тэринэр соруктарын) кистээннэр, Дуоҕалаах иирсэн, күрээн бардылар диэн сэһэннэри тарҕаппыттара буолуо диэн сэрэйиэххэ сөп. Оччотугар Дуоҕалаах да итинник номохтору бэйэлэрэ эмиэ тарҕаттахтара. Аналларын-соруктарын арыйаллара сатаммат буоллаҕа…
В.А. Кондаков суруйарынан, Дуоҕа Боотур кырдьарын саҕана Айыы ойуунун быһыытынан биллибит. Кини ойуун убайа эрдэ өлбүт. Дуоҕа урут Туймаадаҕа олорон Айыы ойууннара ыһыахха, сылгы, ынах, оҕо тардан кыыралларын үчүгэйдик өйдөөн хаалбыт. Онон кини Дьөһөгөй Айыыттан сылгы, Айыы Мылахсын Хотунтан ынах сүөһү көрдөһөр сиэри-туому толорор буолбут. Барыта маҥан таҥастанан, төгүрүк дүҥүрдэнэн туран үөһээ Айыылартан быйаҥы түһэрэргэ, сүөһүнү тэнитэргэ көрдөһөрө эбитэ үһү. Ол көрдөһүүтүн айыылар ылынаннар сылгы сиэлэ, ынах түүтэ үөһэттэн хаар курдук түһэрэ диэн кэпсэлгэ хаалбыт дэһэллэр. Дуоҕа ойууннаан, өйүн-санаатын, абын-хомуһунун, тылын күүһүнэн үөһээ Айыылары кытта алтыһар кыахтааҕа диэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үтүө сэһэн хаалбыт.
Дуоҕа дьиҥнээх аата Булгудах диэн сабаҕалыыр В.А. Кондаков. Багдарыын Сүлбэ «Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан» (Дьокуускай, 2003) «дуоҕа» диэн тыл «знамя» диэн өйдөбүллээх диэбит (С. 19). В.А. Кондаков «Айыым киһитэ, аах» кинигэтигэр (Дьокуускай, 2001) Дуоҕаны Дыгын былааҕын (знамятын) тута сылдьыбыт буойун буолуохтаах диэн суруйбут. Үһүйээннэргэ Дуоҕаны Тыгын көмөлөһөөччүтэ, эрэллээх сэрииһитэ, чугас аймах-билэ киһитэ диэн кэпсэнэр.
Дуоҕа Бүлүү сиригэр-уотугар нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ кэлбит киһи диэн сабаҕалыыбыт. Олохтоох үһүйээннэргэ кэргэннээх, оҕолоох кэлбитэ диэн кэпсэммэт. Онон орто саастаах киһи кэлбит буолуон сөп. Кини аата нууччалар дьаһаах хомуйар кинигэлэригэр киирбит. «Материалы по истории Якутии XVII века» кинигэҕэ (М., 1970. С. 119) 1639–1640 сс. Туоҕаттан биэс киис тириитин ылбыттарын туһунан суруллубут. Онон Туоҕа Боотур дьиҥнээхтик олоро сылдьыбыта номохторунан эрэ буолбакка, архыып докумуонунан эмиэ бигэргэнэр.
Суруйбучча ситэри суруйан кэбиһэбит. Лүүчүннэр диэн кимнээх этилэрий? Эрдэтээҥҥи докумуоннарга кинилэр ахтыллыбыттарыгар таба тайамматыбыт. Кэлин, 1651 сыллаахтан, кинилэри «киисчиттэр» («собольники») дииллэр эбит. Оттон 1654 сылтан эрэ, дьэ, «лүүчүннэр» диэн туспа аҕа ууһун быһыытынан сурукка киллэрэр буолбуттар (Долгих, С. 464). Аны 1732–1733 сс. ыытыллыбыт биэрэпискэ кинилэр уонна кырыкыйдар аҕа ууһун быһыытынан киирбэтэхтэр. Оччотугар кинилэри тоҕустары кытта бииргэ суруйбуттар диэн сабаҕалыыбыт.
Лүүчүн дьоно хас да биистэн, омуктан силис-мутук тардыбыттар. Г.В. Ксенофонтов сабаҕалааһынынан, бу Маньчжурияттан төрүттээх тоҥустар сахатытыллыбыт ааттара. «Нюй-чжень» диэн маньчжур бииһэ, монголлартан XVII үйэ саҕаланыытыгар хотторуон иннинэ, Хотугу Кытайы илиитигэр ылан, дьаһайан олорбута. Бу омук тоҥустартан төрүттээхтэрин үөрэхтээхтэр быһаарбыттара ыраатта. Нюй-чжень уларыйбыт-тэлэрийбит көрүҥнэрэ манныктар: нюй-чжи-ниучи, лу-чжень. Ниучи – нуучча, лу-чжень-лууча-лүүчүн буолбут. Г.В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахаларын» иккис кинигэтигэр «люю-чюн» – «нуу-чин» дэнэр бүлүүлэр эрдэтээҥҥи уустарын туһунан суруйбута (С. 186). Маньчжурияттан кэлбит тоҥус уустарыгар солоннар уонна лучиннар баалларын бигэргэппит (С. 187).
А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Ытык мас
Өрөөбүт уоспун өһүлэн,
Хоммут уоспун хоҥнорон,
Аламаас курдук чаҕылыйбыт,
Көмүс курдук күлүмнээбит,
Оҕуруо курдук кэккэлээбит
Оҕолорбут барахсаттарга
Былыргы быдан дьылларга
Олорон ааспыт өбүгэлэрбит
Уостубат уран тыллаахтара,
Өркөн-төлөн өйдөөхтөрө,
Үһүйэн кээспит үһүйээннэрин
Үкчү буолаарай диэн
Үтүктэн эрэбин,
Кэс тыл буолаарай диэн
Кэпсээн эрэбин.
Кэбээйи оройуонун I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Эбэ диэн ааттаах оттонор сир баар. Бу толоон соҕуруу өттүнэн Буурдаах үрэҕэ уонна Саһыл үрэх диэн уруккута оттонор үрэхтэр холбоһоллор. Бу Эбэ толоонун ортотугар (Эбэ толоонун хайа да өттүттэн көстөр) Ытык мас диэн тиит баара. Бу тиит ортотунан тостубута, төбөтө Ньыла диэн күөл атаҕын уҥуоргу өттүгэр тахсан сытара. Төрдө үс киһи кууһан илиилэрэ тиийбэт суон тиитэ этэ, ол мас төрдүгэр оттуу сылдьан отуу туттан, хонор буоларбыт.
Ол хоно сытан, аҕам Слепцов Федот оҕонньор сахалар бу дойдуга кэлэн олохсуйан, киһи төрдө буолан, ууһаан-тэнийэн испиттэрин туһунан маннык үһүйээни кэпсиир буолара. Тойон Булгудах Тыгын Муос уолун өлөрбүтүн иһин өстүйэн, Өрдүйэһит диэн Тыгыны уйар соҕотох миинэр аттааҕын өлөрөн баран, онон сылтах булан иирсибит уонна сүүрбэ киһилээх Горнай оройуонугар Орто Бүлүү Дьөккөн нэһилиэгинэн Бүлүү өрүһүн булардыы сиһи быһан, олохсуйар сири көрдүү кэлэн испиттэр.
Ол курдук айаннаан I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Куба Сиэбит диэн сиргэ кэлбиттэр. Бу сир таһыгар Күүлэлээх, Суордаах, Бэрдьигэстээх диэн силлиһэ үрэхтээх күөллэргэ бултаан аһаан, сэттэ ураһа тоҥ омуктар олороллор үһү. Бу дьоҥҥо Тойон Булгудах биир киһини илдьит ыыппыт. Бу киһи тоҥ омуктарга илдьити эппит: «Биһиги тойоммут Тойон Булгудах бу күөл уҥуоругар кэлэн олорон илдьиттиир, Тыгын мастаах сиргэ батарбакка куотан иһэбит, үтүөнү үтүөнэн төлүөхпүт, үтүө дьоммут, күүс-көмө буоллуннар, дьонурҕаһа кэллибит, сынньанан ааһыахпытын көҥүллээтиннэр диэтэ. Туох дииргитин биллэрэр үһүгүт».
Онуоха биир хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас оҕонньор этэр: «Тойоҥҥор эт, ол улуу дойду оҕото, оттооҕор сымнаатын, сыалыһар быара буолан сылаанньыйдын, кэлэн тыл үтүөтүн кэпсэтэн, аспыт амтаннааҕын аһаан бардын, үтүөттэн туораабат дьоммут. Оттон күүс өттүнэн күрэстэһэр буоллаҕына, күөнү кытта күрсэн үөскээбит, хааны кытта харсан хатаммыт биллибит дьоммут. Онон, бука диэн куһаҕан эркиннээхтик сылдьыбатын, иккиэммитигэр эмсэҕэлээх буолуо».
Тойон Булгудах илдьити истэн баран, дьонугар: «Бэрт ыллыктаах тыллаах, киһиэхэ доҕор буолуох дьон эбиттэр, киирэн билсиэҕиҥ», – диэн дьаһайбыт. Ох саатын кирсин сүөрэн баран, соһон киирбит, дьоно кинини үтүктүбүттэр. Олохтоохтор мас хоруудаларга кумах барчаны балык хоргунугар булкуйан кутан аҕалтар, ахсааннарынан хатыҥ хамыйахтары уурбуттар уонна ыалдьыттарын: «Кэлиҥ, олоруҥ, өллө хабыҥ», – диэн ыҥырбыттар. Тойон Булгудах дьонун кэриччи көрөн баран, хамыйаҕы туора уурбут уонна икки ытыһынан баһан аһаан барбыт, дьоно кинини үтүктүбүттэр. Олохтоохтор өйдүүллэригэр, кэлбит дьон хамыйаҕынан баһан аһаабыттара буоллар, сэриилэһэр санаалаах кутталлаах дьон, илиилэринэн баһан аһыыллара, сыаны туппут илиилэринэн ох саа кирсин тардар кыахтара суох, онон куттала суох үчүгэй дьон кэлбиттэр. Кыргыс саҕанааҕы кыһалҕалаах олох абыычайдара оннук үһү.
Дьэ, олохтоохтор үөрүү бөҕөнү үөрэн тойонноругар эппиттэр. Олохтоохтор тойонноро Куордьаан Хоһуун сарыы ураһаттан тахсан, Тойон Булгудаҕы кытта куустуһан уураспыттар, кэккэлэһэ олорон, тыл үтүөтүн кэпсэппиттэр. Өлөр-хаалар күҥҥэ өйөһөр үчүгэй дьон кэлбит диэн үөрүү бөҕө буолбут. Кэлбит дьону туос ураһа тардан хоннорбуттар.
Сарсыарда туран көрбүттэрэ: күөл ортотугар икки куба түһэн аһыы сылдьаллар эбит. Куордьаан Хоһуун этэр: «Нохоо, Муостай Бэргэн, ити кубалартан, ыалдьыттарбытын аһатыахпытын, атыырын өлөрөн таһаар эрэ». Биир быччайбыт харахтаах кыра киһи, кураахтаах саатын туппутунан сүүрэн кэлэн, саатыгар малтаахай оҕу ууран, иэмэх курдук тарда-тарда ыйытар: «Тугар ытабын?». Куордьаан Хоһуун: «Бэйэтигэр ыттаххына ас ордоруоҥ суоҕа, төбөтүгэр ыт». Муостай Бэргэн саатын иэмэх курдук төгүрүччү тардан ыһыктан кэбиспитэ, лыаба тыаһа хабылла түспүт, икки кубаттан биирэ көтөн тахсан эргийэ сылдьыбыт, биирэ сытан хаалбыт. Муостай Бэргэн дүлүҥ тыынан кубаны киирэн таһаарбыт, көрбүттэрэ: ох кубаны икки хараҕын илдьи көтөн ааспыт. Тойон Булгудах Муостай Бэргэни «үчүгэй ытааччы эбиккин» диэн хайҕаабыт, кубаларын таһааран буһаран сиэбиттэр. Уҥуоҕун чаҕылах тиити хайа охсон, онно кыбытан баран, үс күөл тумуһаҕар баар өтөҕү Куба Сиэбит диэн ааттаабыттар.
Кэлбит дьон сынньанан өрөөбүттэр, ол өрөөбүт күннэригэр далла мэндэйэн, хары хапсан, быа былдьаһан уонна илии-атах оонньуутун оонньообуттар. Муостай Бэргэн, өтөҕү төгүрүйэ сүүрэн иһэн, тоҕус оҕунан ытан субурутан баран, төттөрү түһүүтүгэр сиргэ түһэрбэккэ хабан, хомуйан ылбыт. Тойон Булгудах дьонугар ону кыайар киһи суох буолбут, кини киһитэ Көтөр Көччөх ачаахтаах тиити ачааҕын иһинэн төттөрү-таары ойуолаабыт, ону наһаа дьулайа көрбүттэр.
Ол курдук оонньоон-сынньанан баран, Тойон Булгудах этэр: «Биһиги олоҕура кэллибит, үтүө дьоннорум, көмөлөһүҥ, саха киһитэ олоруон сөптөөх сылгы-ынах үөскүүр сирэ баара буолаарай, ыйан кулуҥ», – диэн көрдөһөр. Онуоха хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас баара этэр: «Дьэ, бэрт, атын сиртэн кэлэн атаҕастыыр күннэригэр көмүскэһэ олоруохпут, оҕолорбут да уруурҕаһар буолуохтара. Өйдөөн, истэ олоруҥ, мантан тус илин бардахха, биир күн айаннаан тиийэр сиргэ илими үтэн баран, этэрбэһи кэтэ олордоххо тардыалаһан барар соболоох, хотугулуу-соҕуруу ньолбуһах улахан күөл баар. Ону Кучары диэн ааттаабыппыт, ол күөлтэн от үрэх тахсан холбоһор, өрүскэ түһэр бэрт түргэн сүүрүктээх Баппаҕаайы үрэҕи кыйа сытар от үрэх баар. Ол от үрэҕи маҥан табаны миинэн туораатахха бороҥ өҥнөнөр, бэрт нүөл оттоох киһи-сүөһү олохсуйуох сирэ баара», – диэн ыйбыт.
Барар аһылыктарын, сүүрүҥүйдүү буһарыллыбыт таба этин сул туоска хоторон, төгүрүччү олорон аһыыллар, оҕонньор кэпсиир: «Тус илин бардахха, үс хонон тиийэр сиргэ элбэх киһилээх-сүөһүлээх, тэҥнээҕин була илик Тэкилик Сүргэй диэн бэрт кутталлаах киһи олорор. Онтон бэркэ сэрэнэр буолаарыҥ. Күн ортотун туһунан бардахха Баайдаах диэн күөлү тула дьон олороро, чугаһынан икки атахтаах баарын билбэппин. Оттон бу Бүлүү эбэ хотун төбө өттүгэр саамайдар, дьирикинэйдэр бааллара, хоргус дьон этилэр. Бүлүүгэ хотуттан киирэр үрэххэ Маҥан Мэкчэ баар, оттон бэттэх Түҥ өрүһүн төбөтүгэр Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар суоллара сүтэн турар. Олор сүгүн олорпокко маннааҕы омуктары сордорун сордообуттара, арааһа, ыарыы кыайда быһыылаах. Мас бараныытыгар майаат омуктар бааллар. Эһиги батан кэлбит Танара диэн үрэххит төбө өттүгэр биһигини кырган үүрбүт Торгуу Дохсун аҕатын ууһа баар буолуохтаах», – диэн кэпсии олорбут. Тойон Булгудах, эбэтэр Туоҕа Боотур этэр: «Дьэ, кырдьаҕас, эн кэпсээбиккин сороҕун истэр этим, Торгуу Дохсун аҕатын ууһа хара ыарыыга эстэн турар, Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар улуу өрүһү батыһа баран бараннар сүппүттэрэ диэни истэбин».
Итигирдик кэпсэтэн, аһаан, бараары турдахтарына, оҕонньор мэҥкэрэ түгэҕиттэн биир чупчурҕан оҕу ылан Туоҕа Боотурга биэрэр: «Бу этитиилээх ох этэ, биһиги өстөөхпүт өлбүт, онон эдэр киһи, эн илдьэ сырыт». Суор тумсун курдук тумустаах оҕу ылан кэһэҕэр уган баран, Туоҕа Боотур оҕонньорго биилээх тимир төбөлөөх сэлэмэ кустук оҕу биэрэр. Оҕонньор ону ылан, тутан туран: «Дьэ, оҕолорум, бэйэҕит икки ардыгытыгар иирсэр эрэ буолаайаҕыт, көмүскэһэ, көрсүһэ олорор буолаарыҥ. Ити мин ыйбыт сирим хоту өттүгэр ортотугар арыылаах суол уҥуоргу өттүгэр мин быраатым кэргэнэ, кыыһа олороллор, бырааппын Торгуу Дохсун өлөрбүтэ. Сөбүлээтэххинэ, ол кыыһы кэргэн ылаар», – диэн ыйар. Уолугар Муостай Бэргэҥҥэ бу дьону сирдээн, олохторун булларан биэрэригэр соруйар.
Куордьаан Хоһуун сирдээн, Эбэ толоонун арҕаа өттүнэн киирэн кэлбиттэр, аттарын ыытан баран, бэйэлэрэ көрө турбуттар. Эбэ толоонун ортотугар соруйан оҥорбут курдук сүрдээх улахан мас көстөр. Харахтара ыларын тухары хойуу от үүнэн, араас үчүгэй сытынан сабыта биэрэн, долгулдьуйа хамсыыр.
Алыһардаах диэн көлүччэ күөл, уута көстүбэт үөр кус болуот курдук уста сылдьара, урут ким куттаабыта кэлиэй, киһиттэн олох кыһамматтар. Көтөр Көччөх, хас да буолан, күөлү эргийэ баран көрөн кэлбиттэр. Күөл үрэххэ түһэр сиэннээх эбит диэн, талахха хайыыларыттан тиһэн алыһары уонна биир сара көҕөнү илиилэринэн тутан аҕалбыттар. Ону ылан Туоҕа Боотур көхсүн түүтүн үргээн көрбүтэ халыҥ баҕайы тастаах, быһаҕынан быһан көрбүтэ: «Нүөл оттоох-мастаах, үтүөкэннээх дойду эбит. Атын киһи суох буоллаҕына, ол көстөр улахан мас төрдүгэр тиийэн тохтоон, сирин кэрийэн көрүөхпүт», – диэн дьаһайар. Аттарын тутан бараары туран: «Нохоо, Көтөр Көччөх, ити аартыкка турар маска ыттан, төгүрүйэ көр эрэ», – диир Тойон Булгудах. Көтөр Көччөх аартыкка турар тиит ачааҕар ыттан олорон, төгүрүйэ көрбүт: «Оо, бэрт үтүө дойду эбит, соҕуруу өттүнэн икки от үрэх киирэн бара турда, илин өттүнэн сүрдээх күүстээх сүүрүктээх өрүс курдук үрэх кэлэн ааһар, харах ыларын тухары таба, тайах үөрэ киирэн аһыы сылдьаллара көстөр. Киһи баар быһыыта биллибэт, күөх торҕону тарпыт курдук тыа көстөр, өрүс ыраах быһыылаах, көстүбэт…»
Аты иҥэһэ тэбэринэн күөх оту кэстэрэн, толоон ортотугар соҕотоҕун үүнэн турар халлаан диэки харбаспыт, буор оһох курдук суон, сүрдээх улахан сүдү маска тиийбитигэр көрбүттэрэ: арааһынай симэҕи, таҥас кырадаһынын, ох арааһын, ат иҥэһэтин, үүнүн ууран аан дойду иччитигэр бэлэх биэрэр мастара эбит. Ол маска кэлэн аттарын баайталаан, ыҥыырдарын устан, ырдыыларын түһэрэн, Туоҕа Боотур: «Оҕолоор, уотта оттуҥ, кэлиэхпит диэбит сирбитигэр кэллибит»,–диэн дьаһайбыт уонна куйаҕын устан, баараҕай мас төргүү мутугар тахсан, Куордьаан Хоһууну кытта киирбит аартыктарын таһыгар турар ачаахтаах тииккэ куорсуннаах элиэ кутуруга оҕунан дьуолка оҕустахпыт диэн иккиэн ыппыттар. Ол охторо икки салаалаах тииккэ кэккэлэһэ быһаҕастарыгар диэри батары түһэн туралларын кырдьаҕастар көрөллөрө үһү. Ол киэһэ кэлтэгэй отуу туттан хоммуттар, ойууннарын кыырдаран алгыс алҕаппыттар. Ойууннара салама баайбыт ытык мас төрдүгэр уот отуннаран, сиэллээх хамыйаҕынан буор көһүйэҕэ ууллубут арыыны баһан, уокка кута-кута алгыс алҕаабыт:
Аан дойду иччитэ
Аан Алахчын хотун,
От-мас иччилэрэ,
Ойуу-дьарҕаа уолаттаргын
Уҥа өттүгэр сэтиилэнэн,
Дьарҕаа-бичик кыргыттаргын
Хаҥас өттүгэр ханыыланан,
Үөрэн-көтөн мичилийэн
Истэн туруоххун
Төһө-хачча буолуоҕай,
Хаалдьыктаах бэйэбит
Хаҥкыйан туран,
Сүһүөхтээх бэйэбит
Сүгүрүйэн туран,
Көрдөһөн эрэбит.
Эн бэйэлээҕи
Аат ааттаан,
Айах тутан,
Аҕам ынах
Ахтаах арыытынан
Аһатан эрэбит.
Сиэл баайан,
Дэбдиргэ ыйаан,
Бэлэх-туһах биэрэн эрэбит.
Үөрүнньэҥҥинэн үс дойдуга
Үгүстүк сураҕырбытыҥ –
Үөрэн көрүөххүн
Төһө-хачча буолуой?
Иэримэ дьиэни иччилээри,
Алтан сэргэни анньаары,
Тойон сэргэни туруораары,
Дойду оҥостоору
Тулаайахтарыҥ кэллибит,
Туохтар кэллилэр диэн
Туората көрөр буолаайаҕын,
Дьоллоох хонноххор хорҕотон,
Бүтэй бүккэр бүктэрэн,
Түүлээх түһэххэр төкүнүтэн
Иэримэ дьиэни иччилэтэн,
Иитэр сүөһүнү күрүөлэтэн,
Улууһу ууһатан,
Кэнчээрини кэҥэтэн,
Түүлээх төлкөбүтүн
Төрүттээн көр диэн
Үҥэн-сүктэн эрэбит,
– диэн сиэллээх хамыйаҕынан түөрэх кээспитэ олоро түспүтэ, бары үөрэн: «Уруй! Уруй!»–диэн ыһыытаспыттара, онтон салгыы ойууннара кыыран: «Иэйэхсит уонна Ынахсыт быһаҕастарыгар диэри быган, иһэгэйи ыһыахтыы турар бэрт дьоллоох дойду эбит», – диэн көрүүлэммит.