Faqat Litresda o'qing

Kitobni fayl sifatida yuklab bo'lmaydi, lekin bizning ilovamizda yoki veb-saytda onlayn o'qilishi mumkin.

Kitobni o'qish: «Саха таабырыннара / Якутские загадки»

Xalq ijodiyoti (Folklor)
Shrift:

Таабырын төрдө Таам Татакай

Былыр өрөбөлүүссүйэ иннигэр саха дьоно-сэргэтэ кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ көмүлүөк оһох иннигэр олорон таабырыннаһар үгэстээхтэрин туһунан этнографтар, фольклористар И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай, С.В. Ястремскай, саха маҥнайгы үөрэхтээхтэрэ А.Е. Кулаковскай, С.А. Новгородов, Г.В. Ксенофонтов бэлиэтээн аһарбыттара үгүс.

Дьэ уонна таабырыннаһалларыгар таабырын төрдө Таам Татакай аата бэрт элбэхтик ахтыллар, уос номоҕо буолар эбит. Э.К. Пекарскай, онтон кини кэнниттэн таабырыннары норуот тылынан айымньытын жанрын быһыытынан анаан үөрэппит С.П. Ойунская Таам Татакайы анал аат курдук көрбөттөр. Биһиги санаабытыгар, син эмиэ Сээркээн Сэһэн эбэтэр Олоҥхолоон Обургу курдук таабырыны толорууга, таайсыыга сыһыаннаах мифологическай уобарас буолуон сөп. Таам диэн таабырын диэн тыл олоҕун курдук көрүөххэ сөп. Оттон Татакай – таабырыны таайсыыга татакайдааһыны, соһуйууну-өмүрүүнү ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан көрдөрүүнү кытта сыһыаннаах тыл дэгэтэ. С.П. Ойунская таба бэлиэтииринэн, таабырыннаһыы саҕаланыытыгар хайаан да этиллэр таабырыннаһыы саҕаланыытын көрдөрөр уос номоҕун да курдук көрүөххэ сөп. Былыр саха балаҕаныгар кыралыын-улаханныын мустан таабырыннаһан күө-дьаа буола олороллорун санатар. Ол да иһин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун-дьаһаҕын анаан үөрэппит В.Л. Серошевскай кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырыннаһыы оҕо аймах саамай сөбүлээн дьарыктанар дьарыга буоларын бэлиэтээбитэ мээнэҕэ буолбатах. Итиэннэ кини таабырыннар Саха сирин бары муннуктарыгар тэҥинэн тарҕаммыттарын анаан суруйбута. Саха литэрэтиирэтин аҕата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй өс хоһооннорун, саха таабырыннарын сахалартан биир бастакынан Саха сирин кэрийэ сылдьан олоҕун устата хомуйбута уонна кинилэр эмиэ бары улуустарга тэҥинэн тарҕаммыттарын, биллэллэрин бэлиэтээбитэ. Кини хомуурун Н.Н. Толоконскай бэйэтин аатынан «при ближайщем участии учителя А.Е. Кулаковского» диэн дьаралык суруктаан бэчээккэ өрөбөлүүссүйэ иннигэр таһаарбыта. Кэлин биллиилээх историк Е.Е. Алексеев, фольклорист Н.В. Емельянов Өксөкүлээх Өлөксөй тус бэйэтин үлэтэ буоларын олохтоохтук быһааран тураллар.

Сахалыы сурук-бичик ааптара С.А. Новгородов саха таабырыннара оҕо өйүн-санаатын сайыннарарга, булугас өйдөөх буоларга туһалааҕын ыйара. Ол да иһин кини маҥнайгы сахалыы үөрэх кинигэтин бэлэмнээн таһаарарыгар таабырыннары хайаан да киллэрэри наадалааҕынан аахпыта. ТЛИ Институтун (билигин ГЧ уонна ААХНПИ) фольклористара фольклорнай-диалектологическай экспедицияларга сылдьан уонна биирдиилээн фольклору хомуйааччылар Саха сирин улуустарыттан үгүс таабырыны суруйан үйэтиттилэр. Билигин уопсайа НА СС Саха сиринээҕи Научнай киинин Рукописнай фондатыгар 15 тыһыынча таабырын араас варианнара уурулла сыталлар. Бу сыаната биллибэт сөҕүмэр баай матырыйаалы С.П. Ойунская анаан чинчийбитэ-үөрэппитэ уонна кандидатскай диссертациятын оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска биллэр фольклорист учуонай Б.Н. Путилов салалтатынан ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини саха таабырыннарын хомуурунньугун сахалыы, нууччалыы тылларынан бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта. Онуоха 2855 таабырыны тоҕус суол бөлөххө наардаан киллэрбитэ. Хомуурунньукка саха киһитэ бэйэтин тулалыыр эйгэтин, айылҕаны, кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри, дьиэтин-уотун, туттар малын, туохха итэҕэйэрин туһунан уус-уран тылынан ойуулаан бэргэнник этэн таайтарар үгэстээҕэ көстөр.

С.П. Ойунская саха таабырыннарын наардааһыныгар олоҕуран, этнопедагог Е.П. Чехордуна ааптардыын бэйэтин кытта кыттыһан, учуутал И.К. Попов, учуонайдар Г.В. Попов, П.Н. Дмитриев кэнники хас да тэттик таабырыннарга аналлаах хомуурунньуктары бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттара атыыга хамаҕатык барбыттара, билигин дэбигис көстүбэттэр. Сунтаар улууһун учуутала, кыраайы үөрэтээччи И.И. Иванов-Чопчу Уйбаан «Сунтаарым таабырыннара – саха аман өһө» диэн бэртээхэй кинигэтигэр бэйэтин түөлбэтигэр тарҕана сылдьыбыт таабырыннары түмэн таһаарбыта кэрэхсэбиллээх. Билигин да таабырыннар дьон-сэргэ ортотугар болҕомтону ылалларын, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ, уус-уран тылга кэрэхсэбили үөскэтэллэрин кэрэһилииллэр. Онон саҥаттан саҥа, сонун норуот тылынан айымньыларын холобурдарын кинигэ оҥорон бэчээттээн таһаарарбыт наадалааҕа көстөр. Ол эбэтэр таабырын төрдө Таам Татакайдар биһиги бүгүҥҥү олохпутугар баар буола турдуннар.

В.В. Илларионов, филологическай наука дуоктара, профессор, фольклор уонна култуура кафедратын сэбиэдиссэйэ

Айылҕа
Природа

Сир-халлаан
Небо и земля

1. Түөрт ааттаах кырдьаҕас баар үһү.

У одного старца четыре имени.

2. Биир харыйа уон ордуга икки салаалаах үһү.

Есть, говорят, одна ель с двенадцатью ветвями.

3. Таҥаһын биир сылга түөртэ уларыттар баар үһү.

Кто в год четыре раза свою одежду меняет?

4. Баайтан ордук баайдаах Баай Баҕадах эмээхсин баар үһү.

Богаче всех богатая дородная старуха есть, говорят.

5. Бары кинини таптыыллар, оттон кини диэки көрдөхтөрүнэ, сирэйдэрин мырдыччы тутталлар үһү.

Все его любят, но кто на него взглянет – сразу хмурится.

6. Умайар-умайар да бүппэт баар үһү.

Горит-горит, да не выгорает.

7. Уу үрдүгэр көмүс чааскы уста сылдьар да илиигэ тутуллубат үһү.

На воде золотая чаша плавает, да в руки не дается.

8. Дьааһыкка хаайыллыбат манньыат баар үһү.

Есть, говорят, монета, которую ни в какой ящик не запрешь.

9. Тыа устун иһэн лабааны таарыйбат, муора устун иһэн долгуну хамсаппат.

По лесу идет – за ветви не цепляется, по морю плывет – волн не поднимает.

10. Балаҕан үрдүгэр хаптаҕай (кэлтэгэй) хамыйах сытар үһү.

Лежит на балагане плоская (щербатая) поварешка.

11. Туохтан да тутааҕа суох ыйанан турар баар үһү.

Без ручек, ничем не крепится, а стоит.

12. Хараҥаны сырдатар баар үһү.

Есть, говорят, нечто, что темноту освещает.

13. Балаҕан үрдэ барчанан сабыллыбыт.

Крыша юрты парчой покрыта.

14. Биир оҕонньор балаакка тиирбит, үрдүгэр кумах бырахпыт, ону ким да итигэстээбэт үһү.

Один старик растянул палатку, на ней песок рассыпал, и его, говорят, никто не собирает.

15. Байҕалга сэттэ манньыат сытар үһү.

Говорят, на дне моря семь монет лежит.

16. Тыаһа суох кэлэр үһү, тыаһа суох барар үһү.

Бесшумно приходит, бесшумно уходит.

17. Халлаан уолун хайыһарын суола хаалбыт үһү.

Говорят, следы от лыж небесного сына остались.

18. Түөрт ааттаах кыыл баар үhү.

Говорят, есть зверь с четырьмя именами.

19. Биир ийэ биэс ааттаах.

У одной матери пять имен.

20. Айдаана суох айанныыр, күүгээнэ суох көтөр баар үһү.

Есть, говорят, некто, кто без шума странствует, без шума летит.

21. Кылыйан кыыһа кылыйан эрэр үһү.

Дочь Кылыяна на одной ноге скачет.

22. Эдьигээнтэн эриэн таба эргийбит.

Из Жиганска воротился пестрый олень.

23. Тыаһа суох саба барыйан кэлэр баар үһү.

Есть, говорят, такой, что бесшумно приходит и застилает все мраком.

24. Муҥура биллибэт бороҥ биэ оҕотуттан аһаан улаатар үһү.

Говорят, большая серая кобыла объедает свое дитя и за счет него растет.

25. Атаҕа суох да сүүрэр.

Без ног, а бежит.

26. Кинитэ суох дьон өлүөх этэ.

Без него (нее) люди бы умерли.

27. Арбаҕар астаах тойон үйэ тухары турар үһү.

Косматый господин век стоит.

28. Биир ийэлээх икки кыыс баар үһү. Ийэлэрэ кыргыттарыгар саҕынньах, бэргэһэ биэрбит. Ол кэннэ улахан кыыһыгар эппит: «Эн бары дьоҥҥо туһалаах, тапталлаах буолуоҕуҥ, ол иһин бэргэһэҕэр бэлиэтээтим». Кыра кыыһыгар эппит: «Эн үчүгэйгин да, ким да таптыа суоҕа. Арай саҕынньаҕыҥ сыаналаах буолуо, ол иһин тэллэҕэр бытырыыстаатым, бэлиэтээтим».

У одной матери две дочери. Обеим дала по белой дохе и белой шапке. Старшей дочери она предрекла: «Ты будешь всем полезна, все тебя будут любить, и потому я сделала метку на твоей шапке», а младшей дочери она сказала: «Ты красавица, но никто не будет тебя любить, только доха твоя будет дорого цениться, и потому я украсила подол кисточкой, поставила метку».

Bepul matn qismi tugad.

38 804,81 s`om
Yosh cheklamasi:
0+
Litresda chiqarilgan sana:
18 aprel 2024
Hajm:
33 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-4527-3
Mualliflik huquqi egasi:
Айар