Kitobni o'qish: «Алмаас уонна хара дьай»
Алмаас уонна хара дьай
Лучше жить бедняком, чем разбогатеть с грехом.
1
Дьокуускай. Сайыҥҥы ып-ыраас күн сарсыардата. Үлэҕэ барыы үгэнэ. Дзержинскэй уулуссатын туораары үөмэхтэһэн турааччы дьон, күөх уот умайаатын кытта, бары биир киһи курдук уҥуор таластылар. Арай маҥан сэлээппэлээх биир хатыҥыр эмээхсин массыыналартан урут турар «шашка» ойуулаах бороҥ өҥнөөх «Волгаҕа», сэрэн диэбиттии, сөмүйэтин чочоҥолотон, суол ортотугар бытаара сырытта. Мылайбыт кэтит сирэйдээх таксист ол аайы, хата, кыһаллан да бэрт – ылгын чыкыйынан, сүрэҕэлдьээбиттии, барбах, муннун эрэ хастар. Тахсыбыт дьон сорох өттө почтамт диэки туораары, эмиэ светофору өрө мыҥаата. Оттон баһыйар үксүлэрэ оптуобус тохтобулун диэки тиэтэйэ-саарайа хаамтылар. Кинилэри кытта бииргэ барсан испит бороҥ көстүүмнээх, хара ачыкылаах, уурбут-туппут курдук көрүҥнээх киһи эмискэ арахсан, эрчимнээхтик туора хааман, улахан халҕаны арыйаат, таас уораҕайга ньимис гынан хаалбытын өйдөөбөккө да хааллылар быһыылаах.
Саха АССР Государствоҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтин промышленноска уонна экономикаҕа салаатын начальнига подполковник Чистяков ыҥыртаран ылбыт киһитин, Соттинцевы, чинчийэрдии сыныйан көрө-көрө, күөх сукуна бүрүөһүннээх остуолун хаҥас өттүгэр ыкса олорорго ыҥыран, эттээх халыҥ ытыһын нэлэс гыннарда.
– Михаил Михайлович, туохха ыҥыртарбыппын эн, бука, сэрэйэр инигин?
– Сүнньүнэн сэрэйэбин.
Чистяков, эмиэ тонолуппакка одуулуу-одуулуу, салгыы биир кэмник саҥаран барда:
– Көмүс бириискэлэригэр чекист быһыытынан үчүгэйдик үлэлээбиккин билэбит. Онно олоҕураммыт, аны Севернэйдээҕи хайа комбинатыгар ыытарга быһаардыбыт. Чекист быһыытынан. Ол – эн кистэлэҥ үлэҥ. Аһаҕас, көстөр-биллэр дьарыгыҥ – комбинат генеральнай дириэктэрин солбуйааччы. Партия обкома сөбүлэҥин биэрдэ. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ генерал Горлицын дьаһалга хайыы-үйэ илии баттаата.
– Өйдөөтүм, табаарыс подполковник, – Соттинцев барбах кэҕис гынна, Чистяков биэрбит кумааҕытын ааҕан баран, илии баттаан эрилиттэ.
– Севернэйгэ алмааһы уоруу тохтообот. Силиһэ дириҥ быһыылаах. Биир союзнай республикаҕа тиийэ барар курдук. Ону арыйар сорудаҕы толорооччулартан биирдэстэринэн эн буоллуҥ. Уоруйахтар олус киитэрэйдэр. Туохха да ылбычча киирэн биэрбэт кырдьаҕас бөрөлөр курдуктар, – Чистяков күп-күөх харахтара, «саарбахтаама даҕаны» диэбиттии, уоттанан ыллылар, онтон мүчүк гынаат, салгыы саҥаран барда. – Оттон эн, булчут саха удьуора, бөрөлөөх дойду киһитэ, хапкааны хайдах мэҥиэлээн, ханна иитэри билиэҥ диэн эрэнэбит. Онно «киинтэн» эмиэ киһи баара сэрэйиллэр. Кыһалҕа үөскээтэ даҕаны, эйигин булуохтара. Быһата, «биир төбө үчүгэй, икки төбө оннооҕор ордук» диэн.
– Эһиги ааспыт да өттүгэр опердарга мэлдьи көмөлөһөр этигит. Онон уустук быһыыга соҕотох хаалыам суоҕа диэн эрэнэн туран сөбүлэһэбин.
– Эппитим курдук, эн онно хайа специалиһын эрэ быґыытынан көстүөхтээххин.
– Севернэй прокурорун кытта оскуолаҕа бииргэ үөрэммитим. Чугас доҕорум. Киниттэн сокуон өттүнэн сүбэлэтиэхпин сөп дуо?
– Адьас көҥүллэммэт. Прокурор да киһи буоллаҕа. Холуочуйан эҥин баран айахтатан кэбиһиэн сөп. Доҕордоһуу диэн доҕордоһуу, үлэ диэн үлэ. Эйиэхэ бэриллибит сорудах – чып кистэлэҥ. Эн арыгыны испэккин дии?
– Суох. Ол эрээри, сорох киһи ис санаатын итирдэҕинэ эрэ аһар ээ. «Өйдөөх мэйиитигэр сылдьар санаа – итирик тылын төрдүгэр баар» дииллэр.
– Ол ханна, кими кытта иһэртэн тутулуктаах буолуоҕа. Оттон алмаас уоруйахтара ити өттүгэр дьиҥнээх «саһыллар». Отой судургутук киирэн биэриэхтэрэ суоҕа. Хата, кэргэниҥ хайдаҕый?
– Махтал. Үчүгэй. Кини – мин уҥа илиим. Көмүскэ Аллаах Үүнүнэн уонна Өймөкөөнүнэн сырыттахпына, хата, үгүстүк көмөлөспүтэ. Оннооҕор биир түгэҥҥэ уоруйахтар эргимтэлэригэр баар дьахталлары кытта билсэн, элбэх кистэлэҥнэрин билэн турар.
– Ол аата үчүгэй! Мындыр кэргэннээх эбиккин. Чекист кэргэнэ эмиэ чекист буолуохтаах, – Чистяков буспут сугун курдук хараҕынан сылаастык көрөр.
– Чэ, көрүөҕүм, – Соттинцев биллэ-биллибэттик үөһэ тыынан ылар. – Бу сырыыга көмөлөһөр кыаҕа тиийэрэ дуу, суоҕа дуу? Бөрөлөр, саһыллар… Адьырҕалары оннооҕор булчут сонордуура уустук. Бэйэтин былдьатыан сөп…
– Оннук. Олус уустук өттүгэр кытыара сатыаҥ суоҕа буоллаҕа дии. Биһиги үлэбит ымпыга-чымпыга, иирбэтэ-таарбата үгүс. Сорох түгэни сыыһа даҕаны өйдүөн эмиэ сөп.
– Инньэ гынан көрүөм.
– Михаил Михайлович, хата, алмаасчыттар ортолоруттан кистэлэҥ агеннарда була сатаа. Бастаан, чинчийэн, күүскэ үөрэтэн, сылыктаан, тургутан баран. Кубулҕакка түбэһэн хаалыаҥ. Биһиги сэрэйиибитинэн улахан бөлөҕүнэн уораллар быһыылаах.
– Генеральнай дириэктэри кытта хайдах сыһыаннаһабыный?
– Үлэ быһыытынан. Специалист эрэ курдук.
– Кини уоруйахтары кытта ситимэ суох ини?
Чистяков, хонойо түһээт, тиэрэ түһэн олорон, илиилэрин даллатан, икки ытыһын нэлэс гыннарар:
– Дьэ, ону чопчутун билбит суох. Барыта үчүгэйгэ дылы. Ол эрээри, «чуумпу чүөмпэҕэ абааһылар уйаланаллар» диэн өс номоҕун умнарбыт сатаммат.
– Сибээһи хайдах олохтуубун?
– Эмиэ урукку үгэспитин салгыыбыт. Эн миигин билбэккин, мин эйигин билбэппин.
– Оччоҕо төлөпүөн көҥүллэммэт?
– Суох, табаарыс капитан.
– Оттон сүбэлэтэ, быһаарса охсор суһал кыһалҕа үөскээтэҕинэ хайыыбын?
– Онно да миэхэ быһаччы тахсыбаккын. Баҕар, уоруйахтар төлөпүөнү кистээн истэр тэриллээх тас дойдулар кистэлэҥ сулууспаларын кытта ситимнээх буолуохтарын сөп. Оннуктар баалларын кыл түгэҥҥэ да умнуо суохтаахпыт. Алмаас промышленноһыгар интэриэс олус улахан. Онон сибээһи обком нөҥүө эрэ олохтуохтаахпыт. Миряев – өйдөөх уонна чиҥ майгылаах киһи. Бэйэтэ сэрии кэмигэр Кытайга кистэлэҥ үлэҕэ сылдьыбыта… Дьэ, олус улахан кыһалҕа үөскээтэҕинэ эрэ, обкомҥа партийнай хайысханан эбэтэр промышленность министиэристибэтигэр наадыйбыт аатыран, командировкаҕа кэлиэхтээххин. Уонна туох ыйытыылардааххын?
– Билиҥҥитэ бүттүм.
– Чэ, сөп. Аны мин эйиэхэ промышленноска сыһыаннаах кистэлэҥ үлэ саҥа ньымаларын уонна биһиги илиибитигэр баар информацияны кытта билиһиннэриим. Онтон лоп курдук 12 чааска генерал Горлицыҥҥа киириэхпит.
* * *
Сарсыныгар чопчу этиллибит кэмҥэ Соттинцев «үрүҥ дьиэҕэ» барда. Дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар партия обкомун саҥа дьиэтин ити курдук ааттыыллар. Онно, бука, бу Ленин болуоссатыгар турар дьиэ, чахчыта, үрүҥ өҥнөөҕү эрэ буолбакка, АХШ президенин ордуута Үрүҥ дьиэ диэн ааттанара кырата суох суолталаннаҕа буолуо. Быһата, Америка сабыдыала итиннэ кытта көстөр…
Тас аантан хаҥас ойоҕоско турар кыра хоско киирэн, саҥата суох докумуонун биэрбитигэр, тоһоҕону ыйыстыбыт курдук көнөччү туттан олорор саас ортолоох дьахтар, ачыкытын үрдүнэн сэмээр одуулуу-одуулуу, толоро олорор сурунаалын быыһыттан түргэнник була охсон, эрдэ суруллубут көҥүлү туттарда. Дьахтар интэриэһиргээбит хараҕынан сирдэттэххэ, күн ахсын итинник дьаһамматтар быһыылаах.
Соттинцев көҥүлүн харабылга турар милииссийэҕэ көрдөрөн баран, үөһээ этээскэ тахсан, урут сылдьыбыт буолан, этиллибит кабинекка чопчу тиийдэ. Балтыһахтыы тардыллыбыт күөх сукуна бүрүөһүннээх остуол таһыгар турар, кабинет хаһаайына ыйбыт олоппоһугар олорунан кэбистэ.
Партия обкомун промышленноска сэкирэтээрэ Горнаков бэрт тупсаҕайдык бааллыбыт хаалтыстаах, сэргэх сэбэрэлээх саха киһитин астыммыттыы көрө-көрө:
– Үлэҥ сүнньүнэн Миниистирдэр Сэбиэттэрин промышленноска салаатыгар уонна атын туһааннаах сиргэ бэйэлэрин сүбэлэрин биэрбит буолуохтаахтар, – диэтэ.
Соттинцев «атын туһааннаах сиргэ» диэн тоһоҕолонон этиллибититтэн чөрбөс гына түстэ.
Горнаков, ону бэлиэтии көрөн, быһаарда:
– Эн кандидатураҥ киэҥ өрүттээх сүбэлэһиини, тургутууну ааспыта. Онон мин, чопчу, обком аатыттан партия сорудаҕын тиэрдэбин, – Горнаков остуолга иннигэр сытар паапканы арыйда.
– Истэргэ бэлэммин, Николай Дмитриевич.
– Быһаччы кэпсэтиэх, – Горнаков чаһытын көрүнэн ылла, ханна барыахтаах дуу, кими эрэ күүтэр дуу быһыылаах. – Бастакытынан, эйигин саҥа ананыыгынан эҕэрдэлиибин. Севернэйдээҕи хайа комбинатыгар генеральнай дириэктэр солбуйааччытынан барар буолбуккунан. Мин төлөпүөнүнэн генеральнай дириэктэр Бульдокову кытта хайыы-үйэ кэпсэппитим. Кини көрсөргө, үлэни билиһиннэрэргэ толору бэлэм олорор.
– Махтанабын!
Горнаков суруктаах, бэчээттээх лиис кумааҕыны көрдөрө-көрдөрө, Соттинцевка биэрэр.
– Маны, бюро уурааҕын, Бульдоковка илдьэн биэрэҕин. Сүрүн үлэҥ таһынан коллектив партийнай тэрилтэтин сэкирэтээринэн ананыаҥ. Ити – иккиһинэн. Ону эрдэттэн биһиги Бульдоковка эмиэ сэрэтиэхпит.
– Арай сөбүлэспэтин?
– Инньэ гынар бырааба суох, үрдүкү партийнай уурааҕы толоруохтаах. Субординацияттан ханна барыай? – Горнаков, кыраҕа да ымыттыа суох бэйэтэ, мүчүк гынан ылла.
– Миигин хонтуруоллата ыыппыттар диэн, иһигэр кымырдаҕас хаамыа суоҕа дуо?
– Дьэ, ол иһин сэрэтээри олоробун. Кинини кытта ханнык да күрсүүгэ киириэ суохтааххын. Сирэй утарсыма. Ол кэриэтин туохха эмит сөбүлэспэт түгэҥҥэр миэхэ биллэрэ тураар. Көмөлөһүөхпүт.
– Көмө хаһан баҕарар наада, – Соттинцев кэҕис гынаат, ыас хара өрүкүйбүт баттаҕын тарбаҕынан өрө анньан ылла.
Горнаков эмиэ чаһытын көрүнэр:
– Үсүһүнэн, коллективы сутурук курдук биир сомоҕо оҥорон, үлэни-хамнаһы өрө көтөҕөргө ылсаҕын, сүрүн күүскүн ол диэки туһаайыахтааххын. Ыйытардааххын дуо?
– Барытын өйдөөтүм. Партия сорудаҕыттан хаһан да аккаастана иликпин.
Горнаков, эмиэ чаһытын көрүнэ-көрүнэ, кириэһилэтиттэн туран кэллэ. Пиджагын тимэхтэннэ, хаалтыһын көннөрүннэ.
– Бюро буолара чугаһаабыт. Чэ, саҥа ананыыгынан өссө төгүл эҕэрдэлиибин уонна ситиһиини баҕарабын! – диэтэ.
Онтон, эмиэ оннуттан турбут Соттинцевка тиийэн, эрчимнээхтик илии тутуһан илигирэттэ.
* * *
Аллаах Үүнтэн кэлэн, Совнархозка үлэҕэ киирэн, икки оҕолоох ыал быһыытынан үс хостоох мас дьиэ ылан, дьэ, түптээн-таптаан олоруохпут диэн санаалаахтара. Хата, Нюрбината итини барытын буолуохтааҕын курдук ылынан иһэр. Хомнообот. Хомойбутун-хоргуппутун биллэрбэт. Үтүөкэн киһи! Дьиҥэр, кини ырыа-тойук, үҥкүү-битии куттаах, уйан-намчы уйулҕалаах киһи буоллаҕа. Бастаан, театртан барыах курдук буолбутугар, олус ытыктыыр киһитэ Суорун Омоллоон: «Нюрбина, театргын быраҕыма, эн хайаан да ыллыахтааххын», – диэбит этэ.
Свердловскай консерваториятыгар үөрэнэр эдэркээн, кэрэ бэйэлээх кыыһы кытта, оччотооҕуга, хайа инженерин идэтигэр үөрэнэ сылдьар Михаил, түөрт сыл устата эрийсибитэ, билсибитэ. Онтон бигэ санаатын киллэрэн: «Нюрбина, эн биһикки холбостохпутуна табыллар, мин эйигин хаһан да быраҕыам суоҕа», – диэн тылын ылыннаран, уруу тойун тэрийэн, устудьуон дьүөгэлэрин-доҕотторун үөрдүбүттэрэ.
Ол кэмҥэ, чахчы, Нюрбина артыыс быһыытынан кэскилэ арыллар сиригэр олоруохпут-үлэлиэхпит диэн саныыра. Онтулара баара ханна баар – Михаилы, үөрэҕин бүтэрээтин кытары, Өймөкөөҥҥө промышленность салаатыгар үлэҕэ ыыппыттара. Партия чилиэнэ, орган үлэһитэ дьаһалы ылыннаҕына уонна толордоҕуна эрэ сатанар. Атыннык буолар кыаҕа суох. Ону, хата, Нюрбината бэркэ өйдүүр.
Бу да сырыыга: «Миигин Севернэйгэ ыытар буоллулар, онон онно көһөбүт. Эн театргыттан эмиэ арахсаргар тиийэҕин, онно даҕаны культураҕа үлэлиэҥ буоллаҕа дии, музыка да өттүнэн барыаххын сөп», – диэбитин бэрт холкутук ылынан, хомунуу-көһүү уонна антах тиийэн олохсуйуу туһунан быһаарсан-токкоолоһон барбыта. Ити өттүнэн Михаил бэйэтин сэмэлэнэ саныыр, арай Нюрбина ити барыта киниттэн, Михаилтан, тутулуга суоҕун үчүгэйдик өйдүүрэ эрэ уоскутар.
Абаҕата Степан Сергеевич аан бастаан билсэн баран, таһырдьа тэлгэһэҕэ тахсан туран, туохтан эрэ улаханнык астыннаҕына биллэрэринии, будьурхай баттаҕын тарбахтарынан эрчимнээхтик өрө анньа-анньа, эйэҕэстик эриличчи көрө-көрө: «Дьэ, быраатым, үчүгэй кыыһы таба харбаан ылбыккын!» – диэбитэ уонна санныга охсон лап гыннарбыта. Дуобаттыы, саахыматтыы олорон күүстээх хаамыыны оҥордоҕуна эбэтэр, бултуу сылдьан, куһу-хааһы үчүгэйдик ытан түһэрдэҕинэ оннук гынааччы.
Михаил ийэтэ, оҕолоноругар хаана тоҕо түһэн, эрдэ суорума суолламмыта. Инньэ гынан, кинини эбээлээх эһээтэ ииппиттэрэ. Сэттис кылаас кэннэ Суоттуттан куоракка киирэн, абаҕатын аахха олорон, 2-с оскуоланы бүтэрбитэ. Онон киниэхэ махтала муҥура суох, иккис аҕатын тэҥэ саныыр. Абаҕата Борогонов – биллэр суруналыыс, суруйааччы. Салайар-тэрийэр үлэҕэ даҕаны эмиэ улаханнык миккиллибит киһи. Нюрбина оҕо сааһа ааспыт күөх Ньурбатыгар күөгэйэр күннэригэр үлэлии-хамсыы сылдьыбыт. Баҕардар, ол иһин даҕаны Нюрбинаны ордук сылаастык, истиҥник ылыммыта эбитэ буолуо.
Куоракка үөрэнэ киирдэҕин утаатыгар охсуһан, куһаҕан дьаллыкка ыллара сыспыттааҕа. Бэйэлэрин икки ардыларыгар да атааннаһыы баара, өрүс училищетын курсаннарын да кытта сотуһан ылаллара. Онтулара, өстөһүүгэ кубулуйан, дириҥээтэр дириҥээн иһиэх курдуга. Абаҕата кэмигэр орооһон, сөптөөх хайысха, сүбэ-ама биэрбэтэҕэ буоллар, Михаил олоҕун суола хайа диэки иэҕиллиэн ким-туох билиэ баарай?
Бииргэ үөрэнэр аймах уола Сёмалыын тарбахха кэтиллэр сибиниэс кастет уулларан оҥосто сылдьалларын балтылара, абаҕатын кыыһа, Саргылаана көрөн аҕатыгар эппит этэ. Степан Сергеевич элбэх моргуора суох уолаттар кастеттарын туура тутан ылбыта, иккиэннэрин бэйэтин иннигэр остуолга олордубута уонна: «Эһиги бу манан бэйэ-бэйэҕитин өлөрсөөрү гынаҕыт дуо? Эбэтэр атын кими эчэтээри гынаҕыт дуу? Ол сууттанар-хаайыыланар дьыала эбээт. Өскө күүскүтүн-уоххутун ханна да гынар дьарыккыт суох буоллаҕына, маста хайытыҥ, мууста аҕалыҥ. Аты мин булуоҕум», – диэн эппитэ. Уонна, ити курдук, чопчу сорудахтары биэрэн үлэлэтэр буолбута. Ону-маны уһаннарара – ол бэйэ илиитинэн тутан-хабан оҥоруу ураты кэрэхсэбиллээҕэ, син тугу эмэ бочоолоон, самаан-имээн, кыһан-кыччыйан таһаарар этилэрэ. Аны, иккис оскуола уонна өрүс училищетын дириэктэрдэригэр тиийэ сылдьыталаабыт этэ. Үөрэнээччилэри уонна төрөппүттэри кытары холбоһон кэпсэппиттэрэ, мунньахтары тэрийбиттэрэ, үөрэх кэнниттэн ыытыллар эбии дьарыктар үлэлэрин күүһүрдэн биэрбиттэрэ. Михаил ити кэмтэн спордунан үлүһүйэн барбыта.
Абаҕалара кэлин даҕаны оскуолаҕа ыччаттар ортолоругар быһыы-майгы хайдаҕын ыйыталаһа-билсэ сылдьааччы. Аһаҕастык, көнөтүнэн кэпсэтэри сөбүлүүрэ. Оскуола дириэктэрэ кылаастар ааннарын иннигэр туран, ыччаттар тугу кэпсэтэллэрин иһиллиир-чуҥнуур идэлээҕин, ону уолаттар ыраахтан көрөн: «Ааҥҥа Арамаан тура-ар!» – диэн үөгүлээн баран куотан хаалалларын уонна уолаттар икки ардыларыгар буолуталыыр бытархай бочооттоһуулар тустарынан кэпсиирин күлэ-күлэ истээччи уонна, олус бааспакка, бэрт эйэҕэстик туһалаах сүбэлэри биэрээччи.
Михаил абаҕатыгар сылдьан, эмиэ саҥа сиргэ ананан барар буолбутун кэпсиир санаалаах проспект устун баран истэ. Сотору-сотору массыыналар бирилэһэн ааһаллар. Массыына элбээн иһэрэ харахха быраҕыллар эбит. Абаҕата дьиэтин туттарын саҕана проспект Октябрьскай диэн ааттанара. Массыына ол сахха сэдэх этэ. Суол-иис даҕаны мөлтөҕө. Билигин, онно холоотооххо, быдан тупсан иһэр.
Өр гыммата, үс мас дьиэ турар кэҥэс тэлгэһэтигэр тиийэн кэллэ. Борогоновтаах дьиэлэрэ тэлгэһэ ортотугар турар. Тэлгэһэ аанын аттыгар турар дьиэ ойоҕоһуттан ханнык эрэ ыт, сүрэҕэлдьээбиттии, «моҥ…» диирэ иһилиннэ. Иччилэригэр «харабыллыыбын, баарбын, барытын билэ-көрө сытабын…» диэн биллэрээри муҥнанан эрдэҕэ буолуо.
Абаҕата дьиэтигэр соҕотох эбит. Кинигэ-кумааҕы өрөһөлөммүт остуолуттан туран, мэлдьи буоларыныы, эрилкэй харахтара үөрүү уотунан чаҕылыһан:
– Хайа, кэпсээниҥ бөҕө? – диэбитинэн көрүстэ.
Остуол тардан элэгэлдьитэ оҕуста. Курбалдьыйан, билигин даҕаны лаппа сэнэх. Төрүкү тыҥа ыарыһах киһи диэтэххэ, кытаанахтык тулуктаһан сылдьар. Ыалларга аҕыйах сыллаахтан бэттэх тэнийэн, киэҥ биһирэбили ылбыт холодильниктан биэс сулустаах ханньаагы таһааран, кыра үрүүмкэлэргэ кутта. Бэйэтэ биир үрүүмкэттэн ордугу хаһан да испэт идэлээх. Биирдэ хаһыатчыт доҕотторо кэлэн маанылата сырыттахтарына, ачыкылаах, ньалҕаархай баттаҕын хаҥас диэки ньылаччы тарааммыт, төтүгүрэс саҥалаах молойбут киһи: «Ыстапаан, эн бу туруорар биир иһит күндү арыгыҥ харчытыгар үс «Москуобускайы» ылбытыҥ буоллар, быдан үчүгэй буолуох этэ. Эбэтэр Испиир Уйбаанабыһы», – диэн баран, дьэ, хайдах курдук эттим диэбиттии, дьоннорун диэки олоп-чолоп көрүтэлээн кэбиспитэ. Онуоха абаҕата бэрт холкутук: «Оннук гыныахпын сөп этэ. Ол эрээри, дьон арыгылааһын курдук ыарахан кэмэлдьигэ ылларыахтарын, убаныахтарын баҕарбаппын», – диэбитэ Михаил мэйиитигэр хаһан да умнуллубаттык суруллан хаалбыт. «Лучше меньше, да лучше» диэн абаҕата сөбүлээн туттар этиитэ кини олоҕун биир сүрүн эркээйитинэн буолбута. Улуу Ленин суруйууларыгар ити курдук ааттаах, үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха каадыр уһулуччулаах суолтатын туһунан ыстатыйа баарын кэлин институкка үөрэнэ сылдьан билбитэ.
Михаил кэпсээнин истэн баран, абаҕата эппитэ:
– Чэ, бэрт. Миниистирдэр Сэбиэттэриттэн Степанов эйигин эркин курдук эрэнэрэ олус үчүгэй. Кэскиллээх, инникилээх салайааччы диэн көрөбүн, саныыбын. Аны, обком тойоно чопчу тугу сүбэлээбитин сөбүлүү иһиттим. Убай буоларбынан, олоххо билбиппэр олоҕуран, итиннэ кыра эбэрдээхпин. Бииргэ үлэлээччилэргин бэйэ дьоно уонна таһырахтар диэҥҥэ араартаама. Сүрүн айдаан хаһан баҕарар хайдыһыыттан тахсар. Мин, эдэрбэр улахан оройуоннарга үлэлээбит буолан, итини эппинэн-хааммынан билбитим. Ийэ-аҕа диэн уустаһыы уонна дьадаҥы-баай диэн хайдыһыы холбоһуктааһын саҕана, өрт уотунуу өрө күүрэн, миигин тирии курдук талкылаабыта. Онно хайаларын да диэки буолбакка, кырдьыгы кылаан оҥостубутум, тэҥник сыһыаннаспытым. Ол үрдүнэн урукку өттүгэр олус өрө тутуллубуттар, тэҥник сыһыаннаһыыны сөбүлээбэккэ, миигин обкомҥа уонна Киин кэмитиэккэ тиийэ үҥсүбүттэрэ.
– Ээ, ол саҕана буолумуна. Репрессияттан куттанан, былааска бэриниилээхтэрин көрдөрөөрү, киитэрэй киһийдэхтэр хобулаан дьаабыланнахтара дии. Билигин атын быһыы-майгы буоллаҕа… – Михаил, соччо-бачча хоҥоруутугар хоннорботтуу саҥаран эрдэҕинэ, Борогонов быһа түстэ.
– Кэбис, доҕоор, наһаа судургутук быһаарыма. Эн ити эдэргэр, дохсуҥҥар оҕустаран этэҕин. Хрущев «ириэриитин» тыына даҕаны сайа охсон эрдэҕэ. Эн биири кытаанахтык өйгөр хатаан кэбис: билиҥҥи киитэрэйдэр өссө эриллэҕэс ньымалардаахтар, уодаһыннаах киириилэрдээхтэр. Холобура, дуоһунаска үүнүөхтэрин баҕалаах карьеристар уонна конъюнктурщиктар саамай үрдүкү тойоттору кытта чугасыһарга бииртэн биир сонун албастары тутталлар. Бииргэ бултууллар-алтыыллар, ол-бу сылтаҕынан дьиэлэригэр ыалдьыттыыллар, бэл, преферанстаан аралдьыталлар.
– Ити, сорох кырдьаҕастар этэллэринэн, үйэ төһө да уларыйдар, былаас төһө да саҥатыйдар, дьон быһыыта-майгыта улаханнык уларыйбат үһү дии. Ону эн туох дии саныыгын?
– Ол – кырдьык. Сыл түөрт кэмнээх да, эмиэ хатылана турар. Итиитэ-тымныыта, ардаҕа-хаара, угута-кураана, үүнүүтэ-кэхтиитэ эрэ бэрт кыратык уларыйар. Былаас, политика да сол курдук ээ. Арай ити техника сайдыыта саҥаттан саҥа көрүҥнэринэн солбуллар. Ону батыһа, дьонуҥ да уустугуран истэхтэрэ дии. Ол эрээри, дьон баайгадуолга баҕата намыраабат, иҥсэтин-оботун маҥалайа аччаабат эбит. «Аска чугаһаатахха – иҥсэ көбөр» диэн саамай сөпкө эппиттэр. «Аппетит приходит во время еды». Ити алмааһы-көмүһү уоруу эмиэ онно маарынныыр ээ. Тутуллубакка, сатаан уордахтарын ахсын эбии имэҥирэн иһэллэр… Үрдэ суох хаһааҕа киирбиттии сананан…
– Абаҕам, саамай сөпкө быһаараҕын, мин көмүс бириискэлэригэр үлэлиир кэммэр итини илэ харахпынан көрдүм.
– Эн биир суолтан уһулуччу сэрэниэхтээххин. Түөкүттэр сирэйгэр олус бэртик сыһыаннаһыахтара, оттон кэтэххэр куһаҕаны оҥоруохтара. Быһата, кэтэххиттэн кэрбииргэ тууһугураллара эрэбил. Баллайар баһаам баайга-барыска баҕалаахтар киһи тыыныгар турары даҕаны кэрэйбэттэр. Ити – биирэ. Иккиһэ, бэйэлэрин хара санааларын ситиһэргэ араас сидьиҥ ньыманы туттартан туттунуохтара суоҕа. Үрдэ-анна суох холуннарыахтара, ол-бу оҕуруктаах үҥсүүлэри оҥоруохтара, дьону утары кигэн иэдээннээх иирээни тэрийиэхтэрэ. Бэйэм олорбут олохпуттан холобурдаатахпына, миигин «омугумсуйуук», «норуот өстөөҕө» диэн сордообуттарын-муҥнаабыттарын эйиэхэ урут кэпсээн турабын. Улахан политиканан буруйдаан, утарсааччыларын суорума суоллаабыттар элбэхтэр. Атын кыыбаҕанан кыайбатахтар сүрүн куоһурдара политиканан эргинии буоларын эн да билэҕин. Онуоха, билэр эрэ кыра, көмүскэнии, кырдьыгы булунуу – ол ыарахан.
Соттинцев үөһэ тыынан кэбистэ.
– Итини мин эмиэ амсайбытым. Өймөкөөн бириискэтин уоруйахтара арыллан эрэллэрин сэрэйээт, «омугумсук» Соттинцев атын омуктар көмүсчүттэрин сонордоон, үүртэлээн эрэр диэн, обкому «нөҥүөлээн», Киин кэмитиэккэ тиийэ үҥсүбүттэрэ. Ону уодьуганнааҥ диэн үрдүк сууттартан көрдөспүттэрэ. Бириискэҕэ анал хамыыһыйа кэлэн үлэлээн тугу да булбакка барбыта. Онон эрэ партийнай миэрэни ылбатаҕым.
– Политиканан ханна баҕарар, хаһан баҕарар эргинэллэр. Севернэйиҥ урдустарыттан да сэрэнээр, сэргэх сылдьаар.
– Сураҕа, кырдьык, алдьархайдаах халбархай, сүүлүк, салыҥнаах балык курдук дьон баар үһү. Сэрэнэн көрүөм да, дьэ, хайаһабын… Бөрөлөр, сылгыны үөмэн киирэн эрэ буолбакка, өр кэм устата илэ эккирэтэн охтороллоро эмиэ баар буолбат дуо…
– Сөпкө этэҕин: кинилэр – сур бөрөлөр. Ол эрээри, анаатылар да, хайыаххыный? Төннөр суол суох, инниҥ хоту дьулуруйан ис. Чэ, чэйдиэххэ. Аны хаһан көрсөрбүт биллибэт. Биһиги, аймахтарыҥ, эн бу дьиэҕэ олорон үөрэммиккин мэлдьи ахтабыт. Этэҥҥэ сырыттаххына, удьуор туйахпытын хатарааччы дьонтон биирдэстэрэ эн буолуоҥ.