Kitobni o'qish: «Саха оноҕоһо»

Shrift:

Саха оноҕоһо
«Хоһооммун сыттана кырдьыаҕым…»

Муус устар 6 күнүгэр 1975 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаһыакка мин бастакы хоһоонум бэчээттэммитэ. Онтон ыла хайыы үйэ 47 сыл ааста. Ол күнтэн мин, бадаҕа, литератураҕа киириим саҕаламмыта. Мин онно 23 саастааҕым. Биллэн турар, бу күн үүнүөн быдан инниттэн мин литератураҕа тардыһыым, хоһоон суруйуум саҕаламмыта, ол оскуоланы бүтэрэр кэмнэрбэр ордук биллибитэ. 1976 сыллаахха мин кып-кыра, ытыс саҕа «Аэроплан» диэн бастакы кинигэм «Чэчир» кассетаҕа тахсыбыта…

Ол саҕана мин, эдэр автор, хайдахтаах курдук улуу ситимҥэ, сүдү дьон алтыһар эргиирдэригэр, омугум чиэһэ-суобаһа, үтүөтэ, кэлэр кэскилэ уһаарыллан тахсар эйгэтигэр киирбиппин ситэ өйдөөбөтөх да буолуохпун син. Ол эрээри, мин көлүөнэм дьолугар субу аттыбытыгар бааллара ытык кырдьаҕастарбыт, бастакы норуодунайдарбыт Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон. Күүскэ үлэлии сылдьаллара Семён уонна Софрон Даниловтар, Леонид Попов, Савва Тарасов, Далан… Кинилэр аттыларыгар сылдьан киһи хайдах да саха литературатын историятын, ол тула мөккүөрдэри, классикабыт салҕанар ситимнэрин туһунан билбэтэ, толкуйдаабата табыллыбат этэ. Суруйааччы, поэт көннөрү ырыа чыычаах буолбатаҕын өйдөтөр кэпсэтиилэр, дьаһаллар, ону ааһан мөккүөрдэр, киирсиилэр ортолоругар мин айар кутум хатарыллыбыта.

Бастакы хоһоонум бэчээккэ тахсыаҕыттан, олоҕум устатын тухары хайа да үлэҕэ ананнарбын, ардыгар салайааччы, ардыгар саллаат быһыытынан сылдьыбыт да буолларбын, быстахха үрдүк солоҕо тиксибитим да иһин, мин олоҕум сүрүн суолтата – литератураҕа үлэ этэ. Үйэм тухары илиибин араарбакка литератураҕа үлэлээтим, айдым, суруйдум. Сахам литературата сайдарын туһугар, аатырарын туһугар. Онно мин бэйэбинэн бу дьикти, кэрэ эйгэни киэргэтэрдии санаммакка, төттөрүтүн, бу эйгэ миигин үрдэтэрин, киэргэтэрин курдук ылынан кэллим. Литератураны өрө тутан, таптаан, сүгүрүйэн, литератураҕа сулууспалаан. Хойут, литературнай нэһилиэстибэбин ырытааччы көһүннэҕинэ, көрүөҕэ – мин саха литературатын классиктарын суолун батыһа айаннаабытым, айанныыбын. Айар үлэбэр да, дьаһалларбар да.

Ол баҕар, сахалыы толкуйунан, удьуор тардыыта буолуо – мин төрүччүбэр олоҥхоһут эһэм, удаҕанныгы тыыннаах эбэм уонна ааттара ааттаммат ураты айылгылаах, тыл илбиһин мииммит былыргы эдьиийдэрим бааллар. Кинилэр хаҥыл майгыларын, олоҕу ураты көрүүлэрин сааһыран баран ордук күүскэ бэйэбэр сыһыара өйдүүр, ылынар буоллум. Бу кэккэҕэ мин ийэбин ааттаабатым хайдах да табыллыбат – кыра оҕо эрдэхпиттэн кини мин айар куттаахпын өйдөөн, иитиэхтээн, маанылаан киһи оҥорбута. Кини мындыр кэпсээннэригэр, былыргы туһунан ахтыыларыгар, олоҕу уустаан-ураннаан көрүүтүгэр мин биһиктэнэн улааппытым. Омугум бастыҥнара, саха литературатын классиктара тэлбит суолларын батыһарбар ити сабыдыал күүс-көмө, тирэх    буолбута саарбаҕа суох.

Үөһэ көтөргө икки кынат наада. Мин иккис кынатым – нуучча литературата, нуучча поэзията. Бу эмиэ саха литературатын классиктарыттан кэлбит үтүө үгэс. Биһиги көлүөнэ кинилэртэн уратыбыт диэн, нуучча уонна атын омук суруйааччыларын айымньыларын ааҕан эрэ билсэр буолбатах, сирэй сирэйгэ көрсөр, бодоруһар, доҕордоһор кыахтаахпыт. Ол алтыһыы айар киһиэхэ элбэҕи биэрэр.

Бу кинигэҕэ бастакы «Аэроплан» кинигэбиттэн саҕалаан ааҕааччы ылыммыт, санаатын уурбут хоһооннорун бары кинигэлэрбиттэн хомуйан киллэрдим. Мин лирик поэппын. Ол эрээри айар үлэбэр мин соҕотох сүрэх өрүкүйүүтүнэн, таптал иэйиитинэн эрэ салайтаран кэлбэтим. Лирическэй хоһоон хос биэтэһигэр мэлдьи да бөлүһүөктүү көрүү, мучумаан, мунчаарыы баар буолар. Ардыгар ааҕааччылар ону өйдөөн биир хоһоону атын-атыннык ылынааччылар. Омугум историята, сайдыыта, саха бэйэтин билиниитэ, киэн туттуута, ааспыты анаарыыта, кэлэр кэмнэртэн дьиксиниитэ – барыта баар манна… Ол да иһин кинигэм    «Саха оноҕоһо» диэн ааттаах – ханна көтөр бүгүҥҥү ырабыт, хайдах сайдар инникибит?

Кинигэ тиһэх түһүмэҕэр саҥа хоһооннорум киирдилэр. Бу кинигэҕэ мин обургу айымньыларбын, поэмаларбын киллэрбэтим. Онон, этэргэ дылы, ыраас лирика кинигэтэ буолан таҕыста.

Саха поэзиятын хараҥа халлааныгар улуу убайдарбыт бөдөҥ сулустарын аттыгар кыра, симик сулустар тыгарга дылылар… Олор ортолоругар мин сулуһум тыгыалыыр буоллаҕына, сэттэ уоммун туоларбар урукку строкаларбын хатылыахпын сөп курдук:

 
Хоһооммун сыттана кырдьыаҕым —
Мин дьоллоох эмээхсин буолуоҕум!
 
Наталья Харлампьева,
саха норуодунай поэта

Аэроплан (1976)
Саха оноҕоһо

 
Ханна көтөр саха оноҕоһо,
Хайдах салаллар саха олоҕо?
Чуумпу алаастан, чараҥтан,
Байанайдаах хара тыаттан,
Ыһыах мааны түһүлгэтиттэн,
Олоҥхо үрдүк куйаарыттан?
Ханна көтөр саха оноҕоһо,
Хайдах салаллар саха олоҕо?
Сайдыы дохсун аартыгар,
Дьонтон хаалбат санаатыгар,
Аата суох сүппэт баҕатыгар,
Сомоҕолоһуу туолбат ыратыгар?
Ханна көтөр саха оноҕоһо,
Хайдах салаллар саха олоҕо?
Өбүгэм тардыбыт оноҕоһо
Нөҥүөлүө дуо үйэлэри,
Иччилээх былыргы алгыһа
Түстүө дуо кэлэр кэскили?
Ханна көтөр саха оноҕоһо…
 

Уоскутуу

 
Дьахтар киһи анала —
Кэтэс Ньургун Боотуру!
Кэлиэхтээх кини эйиэхэ,
Күүт, кэлиэ сотору…
 
 
Күүт, эн итэҕэлиҥ
Ууттан, уоттан таһаарыа,
Ытамньыйбыт хараҕыҥ
Ыраахтан үтүөҕэ ыҥырыа.
 
 
Күүт, үрдүк халлаантан
Хаһан көтөн кэлэрин.
Күүт, дьиэ таһыттан
Уолун сиэтэн киирэрин.
 
 
Кэтэһэртэн сылайан
Үөһэ тыыныма эн,
Күүтүү – дьахтар анала
Былыыр-былыргыттан.
 
***
 
Сиргэ күүтэр аналтан
Араардаргын ханнык,
Былыт буолан кынаккар
Сыстыам этэ нарыннык…
 
***
 
Аҕам өлбүтэ биэс сылын
Бу киэһэ туолар.
Ийэм эрэйдээх саҥата суох
Алаадьы астаан букунайар.
 
 
Добун тыатыгар тахсар суол
Олус да уһун этэ.
Хараҕым уута иэдэспин
Итиитик илиппитэ.
 
 
«Хаалбыт дьон олоруохпут», —
Ийэм аргыый эппитэ
Уонна, түҥнэри хайыһан,
Хараҕын туора соппута.
 
 
Аҕам өлбүтэ биэс сылын
Бу киэһэ туолар.
«Хаалбыт дьон олордохпут», —
Ийэм үөһэ тыынар.
 

Сурук

 
«Барытын бырах, кэлэ тарт.
Ахтан аҥарым хаалла.
Буолар буоллун. Үлэ хааллын —
Санаам олус ыараата».
 
 
Сурукпун тутуоҥ. Ылан ааҕыаҥ.
Сылайбытыҥ дьэ биллиэ.
Эн тоҥмут тарбахтаргын
Тымныы санаа хаарыйыа.
 
 
Доҕоруом, хайдах гынан
Мин эйигин үөрдэбин…
Хайдах ахтылҕан кынатын
Итии, нарын тыынныыбын?
 
***
 
Өйдүүрүҥ дуу, умнубутуҥ дуу
Доҕотторбут урууларын,
Күлэ-сала эн биһиги
Сэргэстэһэ олорбуппутун.
 
 
Дьоллоох да этим мин
Ол умнуллубат түгэннэргэ,
Испиттэн сырдыы чэпчиирим
Эн эрэ мичээрдээтэргин.
 
 
Мин илиим – эн илиигэр,
Тугу эрэ этэҕин кулгаахпар…
Иккиэ эрэ этибит санаабытыгар,
Ырыа-тойук ортотугар.
 
 
Уруу аҕыс айдааныгар
Ким да кыһамматаҕа биһиэхэ.
Алгыы дуу, ымсыыра дуу, арай,
Биир билбэт киһим көрбүтэ.
 
 
Аастылар күннэр, сыллар…
Эн ырааххын, туспаҕын.
Аара көрсөн ардыгар
Симиктик дорооболоһоҕун.
 
 
Мин бүгүн өйдөөтүм
Ол киһи хараҕын —
Ымсыыра дуу, алгыы дуу,
Эн биһигини көрбүтүн…
 

«Кыһын тымныы кынатынан, арааһа…»

 
Кыһын тымныы кынатынан, арааһа,
Эн биһиги сүрэхпитин хаарыйбыт,
Харахпар – хара тыа санньыара,
Дууһабар – ый быыһа хараҥа.
 
 
Буурҕалар, өһүөн тыаллар
Ыйылыы ытыыллар кулгаахпар,
Эйигин, миигиттэн туоратан,
Илдьэ барбыт курдуктар.
 
 
Батыһа, хаһыытыы, сайыһа
Тыалы утары турабын,
Илиибин уунабын эйиэхэ,
Ааспыт сулуспун аһыйа.
 
 
Кырдьык, кыһын тымныы кынатынан
Эн биһигини хаарыйбыт эбит дии,
Харахпар – хара тыа санньыара,
Дууһабар – ый быыһа хараҥа…
 

«Күн уота сарсыарда…»

 
Күн уота сарсыарда
Симмит хараххын
Симиктик ууруоҕа…
Ол мин этим.
Ол мин буолуом.
 
 
Эйэҕэс тыал эйигин
Санньыар киэһэҕэр
Баттаххын имэрийиэ…
Ол мин буолуом,
Ол мин этим.
 
 
Күһүҥҥү ардахтар
Күһүҥҥү ардахтар,
Хойутаабыт ардахтар
Тыаһа суох үктэнэн,
Бу тиийэн кэллилэр.
 
 
Күһүҥҥү ардахха,
Сып-сылаас ардахха
Үөрбүттүү, сир ийэ
Симиктик иһийэр.
 
 
Күһүҥҥү ардахтар,
Нап-наҕыл ардахтар
Кэлэр кэм кэскилин
Сипсийэр курдуктар.
 
 
Күһүҥҥү ардах —
Килбик, амарах,
Үтүөнү билгэлиир
Ыралаах эбит дии.
 
***
 
Мэник кыысчаан аахайбакка
Таҥас сыыһын
аттарбытыныы,
Мин күннэрим кэннибэр
Дьэрэкээннэһэ хааллылар.
 
 
Таба эрэ, сыыһа эрэ,
Аны кэлэн көтүрбэккин.
Кэнэҕэски кэмнэрбин
Халты эрэ тикпэтэрбин.
 
***
 
Таптал – үөрүү, таптал – дьол,
Өйдөһүү үрдүк өрөгөйө.
Сороҕор кырыыс, хара сор,
Кураанах халлаан эрэйэ.
 
 
Хайата ордук күүстээҕин
Киһи аймах билбэт,
Хайата эйиэхэ кэлиэҕин
Ким да кыайан эппэт…
 
***
 
Истиий, мин өссө кэлиэҕим
Хараҥа кыһыҥҥы киэһэҕэр,
Уоскутуу тылларын сааһылыы,
Мин өссө эйиэхэ кэлиэҕим.
 
 
Кэлиэҕим эйигин иэдээнтэн
Быыһаан эрэрдии сананан,
Уонна ол оҕотук санаабын
Саарбахтыыр киһиэхэ абаран.
 
 
Кэлиэҕим хайа да ыраахтан,
Тутуо суоҕа түспэтийии —
Эн эрэ итэҕэй мин күүспэр,
Эн эрэ итэҕэй кэлэрбэр.
 

Дьахтар санаата

 
Мин – уоппун.
Сулуспун хараҥа халлааҥҥа,
Кутаабын тыа саҕатыгар,
Дьиэтийбит оһох төлөнөбүн.
 
 
Мин – уоппун.
Сылытар, ириэрэр баҕалаахпын,
Ыраахтан ыҥырар аптаахпын,
Айылҕаттан оннук аналлаахпын.
 
 
Мин – уоппун.
Санаабын табарыҥ уустук,
Син биир уот иччитинии
Дууһам кубулҕат, хараҥа.
 
 
Баҕарыам – тоҥу уулларыам,
Холус тылы мичээргэ кубулутуом,
Тоҥуй дууһаны иччилиэм.
 
 
Хомотуоҥ – кулүнэн бүрүнүөм,
Уонна биир эрэ албаска бэриниэм —
Эн эрэ мичээриҥ сыдьаайыгар.
 
***
 
Сотору-сотору түһүүбүн
(Тоҕо эбитэ буолла?)
Төгүрүк алааска мэччийэр
Кулунчуктаах биэни.
 
 
Оҕотун ыҥыран иҥиэттэр,
Иһиллиир кулгааҕын чөрөтөн.
Мэник кулунчук тула көтөр,
Эмэр ийэтин, өйдөөн кэлэн…
 
 
Туора дьон дьолун
Уоран көрбүт кэриэтэ,
Ымсыыра буруйданан,
Уһуктабын сарсыарда.
 

Ыксыыбыт

 
Саас өрүс аһыллан,
Тугу эрэ этиэхчэ
Кытылга мууһу кыралыырын
Биһиги аахайбаппыт,
Ыксыыбыт!
 
 
Саҥа тыллыбыт сибэкки
Сиртэн өндөйөөт,
Тугу эрэ сибигинэйэр,
Атыллаан ааһабыт,
Ыксыыбыт!
 
 
Умнан эрэр доҕорбут
Урукку эйэ лоскуйугар
Суулаан аҕалбыт иэйиитин
Истэ барбаппыт,
Ыксыыбыт!
 

Хайа эрэ эргииргэ

 
Сайыспыттыы көрөн хаалбыт
Туолбатах ырабытын
Сүрэх бааһа оҥостубаппыт,
Ыксыыбыт!
 
 
Ыксыыбыт!
Ыксыыбыт.
Ыксыыбыт…
 
***
 
Олох уһун, суол элбэх —
Чэпчэкитик ааннары сабабын,
Мин чугас дьоннорбунуун
Судургутук да арахсабын.
 
 
Олох уһун, суол элбэх —
Уоскутунабын бэйэбин.
Арай бүгүн сүтүктэрбин
Кыайан ааҕан сиппэтим.
 
 
Олох уһун, суол элбэх —
Төннүөҥ, баҕар, кураанахха,
Тоҥсуй, ытаа аһыллыбат
Хатаммыт халыҥ ааҥҥа.
 
 
Солуута суохтук ыксаабакка,
Истиҥ тылы эппит киһи…
Чугас дьонуҥ аҕыйах,
Олох уһун, суол элбэх.
 
***
 
Оо, билбэтим хантан кэлэрин
Бэҕэһээ суох дьикти күүс
Уонна симик дууһаны
Хоһоонньуппун дэнэрин.
 
 
Бастакы хаар хорсуннук
Сылаас ытыска түһэринии,
Түһэллэр мин тылларым
Үөлээннээҕим дууһатыгар.
 
 
Бэйэтэ эппиттии санана
Хатылыа дуо мин строкабын
Сэксэччи кырдьыбыт оҕонньор,
Түбүктээх олохтоох кыыс оҕо?
 
 
Турабын эһиги иннигитигэр
Хаар эрэлин саҕа эрэллээх…
Уунуҥ сылаас ытыскытын,
Хоһооммун эһиэхэ биэрэбин!
 

Кыһыл ньургуһун

 
Мин омун, мин нарын доҕорум
Дойдутун киэргэтэр уоҕар
Кэпсээбитэ ким да билбэтин —
Кыһыл ньургуһуну булбутун.
 
 
Ханнык да сыһыыга, кырдалга
Истибэтим ол оннук баарын,
Сахам сирин тыйыс айылҕата
Сааскыттан чаҕылын ыспытын.
 
 
Кэрэҕэ тардыһар дууһалаах
Мин омун доҕорбун таптыыбын,
Кырдалыгар кыһыл ньургуһуннаах
Дойдуттан кэлбитин билэбин.
 
 
Билэбин мин хаһан да тиксибэт
Алааспар айаннаан иһэрин,
Бүгүн дуу, сарсын дуу күлүгэ
Хара тыа кэтэҕэр сүтүөҕүн.
 
 
Ол онно күннээх ыллыкка
Дьол кинини кууһуоҕа.
Мин түннүгүм анныгар
Кыһыл ньургуһун тыллыаҕа.
 

Саҥа сулус

 
Атын тыаллар үрдүлэр,
Атын кэмнэр үүннүлэр,
Хараҥа халлаан иэнигэр
Саҥа сулустар тыктылар.
 
 
Онно куйаар үрдүккэ
Эн сулуһуҥ таҕыста,
Кини дьэҥкир уотугар
Киһи үксэ соһуйда.
 
 
Оо, мин урут билэрим
Эн уотуҥ холумтанын,
Кини сүрэҕи хаарыйар
Чаҕылхай абылаҥын.
 
 
Сырдаа, сыдьаай, саҥа сулус,
Аргыстаргын тула мус!
Этэр тылым үтүөтэ
Алгыс буоллун эйиэхэ.
 
***
 
Мин түргэн күннэрбиттэн,
Мин нүһэр олохпуттан
Биир кыра үөрүү кыыма сүттэ,
Биир мичээр сыдьаайа уоһунна.
Букатын да аахайбатым
Ол сырдык мичээрдээх киһини,
Билбэтим
Кини харыстыыр санаатын
Ичигэс иитигэр сылдьарбын…
Тымныы тыал үрбүтүгэр,
Мэник холорук сөрөөбүтүгэр
Дьэ өйдөөтүм
Биир кып-кыра мичээр
Сыанатын,
Араҥаччылыы, атаахтата
Мин дьылҕабар тыкпытын.
 
***
 
Оо, кэбис даа!
Мин үҥэр бухатыырым,
Сууллума
Туус маҥан аккыттан,
Эн ааккар, солоҕор
Сөбө суох
Санааҕа кыттыһыма!
Оннооҕор буолуох
Олох тыйыс аартыктарын
Ыгылыйбакка,
Дьылҕаҕар да муҥатыйбакка
Аастаҕыҥ буолуо…
Көрдөһөбүн,
Көстүмэриий
Сүргэн сөллүбүт,
Санааҥ түспүт
Түгэнигэр!
Мин ыраахтан
Эйиэхэ үҥүөхпүн,
Эн атыҥ дьоруотун
Батыһа көрүөхпүн,
Олох чалбаҕар
Түһүмэ,
Сүтүмэ,
Бухатыыр!
 
***
 
Мин Музам —
Кугас баттахтаах
Солуута суох эдэр кыыс
Чэпчэкитик элэстэнэр
Маҥан мааны чараҥнарынан…
Баҕар, ол иһин
Ырыаларым
Оҕотук майгылаахтар,
Тапталынан тыыннаахтар,
Көнтөрүк соҕустар,
Дьэллик атахтаахтар.
Баҕарбаппын кинилэр
Атын буолуохтарын —
Түспэтийиэхтэрин,
Киһи аайы хайҕаныахтарын,
Нүһэрдик олоруохтарын.
Баҕарбаппын Музам кырдьыан!
Түс-бас дьүһүннээх эмээхсиҥҥэ
Түгэн булан сибигинэйдин
Итии, мэник тыллары
Уруккуттан билэр кыыһым!
 

Сэрэйбэтиҥ

 
Оо, эн хаһан да сэрэйбэт этиҥ
Мин дууһам мучумаанын,
Санаам түһүүтүн,
Муҥатыйыыбын.
Эн билбэт этиҥ
Мин хайдах
Дьылҕам күрүөтүгэр хаайтаран
Абаккара айманарбын.
Эн суох этиҥ аттыбар
Соҕотохсуйбут күннэрбэр!
Амсайбатаҕыҥ бииргэ
Алдьархайым хара уутун,
Кэриэрбэтэҕиҥ тэҥҥэ
Кэмсиниим кэҥсик уотугар.
Эн билэҕин миигин —
Атыны.
Дьоһун,
Дьоллоох киһини,
Мэлдьи табыллар айаннааҕы,
Мэлдьи үөрэр аналлааҕы…
Ол мин
Эн муҥатыйыыгын үллэстээри,
Эн абаккарыыгын аһараары,
Эн санааҕын аралдьытаары
Ситинник этим.
Эн ону сэрэйбэтиҥ.
 

Гоби истиэбэр түүл

 
Түүҥҥү истиэп. Сай ортото
Симик кутаа умайар.
Олоробун ол уот аттыгар
Туохтан эрэ олус мунчааран.
 
 
Мин эдэрбин. Туҥуй сүрэхпин
Үөрүү сибикитэ долгутар,
Таптал диэн тыл абылаҥа
Тулабын дьиктитик сырдатар.
 
 
О, таптал туһунан саныырга
Табыгаһа суох күннэр үүммүттэр,
Хара өс илбиһэ бар дьоммун
Харааччы булкуйбут, иирдибит.
 
 
Өрүс уҥуоргу көс дьонтон
Иэстэһэр сылтахтаах үһүбүт,
Өстөһүү батаһа сытыыланар,
Өргөс-кылаан сүлүһүннэнэр.
 
 
Оттон мин бэҕэһээ киэһэ
Кулунчукпун көрдүү сылдьан,
Көрбүтүм анараа кытылга
Үрүҥ аттаах уоланы.
 
 
Кини миигин одуулаһан
Томторго балай да турбута,
Хараҕын уотун сылааһа
Мин иэдэспин итиппитэ…
Бүгүн эмиэ сытыы охтор
Салгыны хайыта сүүрдүлэр,
Өлүү хаан иччитэ саһыгыраата,
Сиргэммит ат тыбыырда, кистээтэ.
 
 
Бэҕэһээ көрбүт уоланым,
Ханна тиийдэ эн үрүҥ атыҥ,
Арҕааттан үрэр тыаллар
Ааккын тоҕо ааттаабаттар?
 
 
Түүҥҥү хараҥаҕа муҥатыйа,
Симик кутаа аттыгар
Олоробун сүппүт үйэҕэ
Гоби истиэбэр. Түүлбэр.
..................................................
Батас, үҥүү үлтүрүйбүт,
Охтор сытыйбыттар буорга.
Арай таптал сүдү күүһүн
Кыайбатах кыргыс үйэтэ.
 
 
Ол иһин Гоби истиэбэр
Ити түүл миэхэ кэллэҕэ,
Таптал диэн тыл абылаҥын
Саҥалыы дууһабар куттаҕа.
 
***
 
Саха бэлэхтиир чороону
Олус истиҥ киһитигэр,
Доҕор кэлэр кэскилэ
Дэлэйдик салалларыгар.
 
 
Саха бэлэхтиир чороону
Үрдүк үөрүү түгэнигэр,
Эйэлээх олох салҕанар
Алгыстаах кэрэ кэмигэр.
 
 
Саха бэлэхтиир чороону
Үтүөнү эрэ билгэлээн,
Уруу, аймах үксүүрүгэр
Сырдык санааны иччилээн.
 
 
Саха бэлэхтиир чороону
Бииргэ ырыа таһаардаҕына,
Сарсын, өйүүн, хаһан эмэ
Көрсүһүүгэ эрэннэҕинэ.
 
 
Өлгөм быйаҥ илдьитин,
Кыынньар кымыс иһитин —
Бэлэхтээ доҕоргор чороону
Дьолу кутан толору!
 

Bepul matn qismi tugad.

38 119,44 s`om
Yosh cheklamasi:
0+
Litresda chiqarilgan sana:
02 may 2024
Hajm:
70 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-6607-0
Mualliflik huquqi egasi:
Айар
Yuklab olish formati:
Audio
O'rtacha reyting 4,7, 1124 ta baholash asosida
Audio
O'rtacha reyting 4,9, 186 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,9, 43 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,3, 306 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,7, 615 ta baholash asosida
Matn
O'rtacha reyting 4,8, 414 ta baholash asosida
Matn
O'rtacha reyting 0, 0 ta baholash asosida