Kitobni o'qish: «Буулдьа суола»
Быһылааннаах сырыылар, мүччүргэннээх түгэннэр
Түспэтэх чааскы
Милииссийэҕэ оҕо хоһун иниспиэктэринэн быйыл сааскыттан саҥа үлэлээн эрэбин. Күһүн биир сарсыарда үлэбэр эрдэ кэлбиппэр холуобунай ирдэбил уолаттара миигин ыҥыран ыллылар. Оччолорго оҕо хоһо кинилэргэ баара.
– Аэропорт үлэһиттэрин оҕолоро сылдьар саадтарын буфетыгар бөлүүн киирэ сылдьыбыттар. Биһиги бара сырыттыбыт. Түннүгүнэн киирбиттэр. Таһырдьа түннүк анныгар оҕолор суоллара элбэх. Онон эһиги килиэпкитин былдьаһар отой былааммыт суох, бэйэбит да киэнэ сөп оҥортуох курдук. Баран дьарыктаныҥ, – диэн дьаһайдылар. Ыстаарсайбын Речкунованы кэтэспэккэ эрээри, онно бардым.
Түүн кыратык кыраһалаабыт этэ. Мин сатыы тиийиэхпэр диэри күн сардаҥалара, сир да сылаас буоллаҕа, сиигин эрэ хаалларбыттар. Тас түннүгү ылан сиргэ уурбуттар. Ис түннүк, таһырдьаттан көрдөххө, хаҥас өттө иһирдьэ анньыллан, кыратык аһаҕас турара. Түннүк аттыгар туох да суола-ииһэ хаалбатах, мал-сал баара көстүбэт.
Уоруйах туох эмит суолу хайаан да хаалларыахтааҕын чопчу билэрим. Ону булуохха эрэ наадата. Түннүгүнэн тахсарыгар таҥаһын тоһоҕоҕо таарыйбыт, өстүөкүлэҕэ тарбаҕын суолун хаалларбыт буолуохтаах. Түннүк аттыгар ыксалга ону-маны умнуон, алҕаска тугу эмэ түһэриэн да сөбө. Кичэйэн көрдүм да, тугу да булбатым. Тарбах суола баара көстүбэт, арааһа, чараас үтүлүктээх «үлэлээбиттэр» быһыылаах.
Буфет оҕо саадын иһигэр баара. Саад оҕо саҥатынан туолбут этэ. Буфет аана сабыылаах, ыйанар күлүүһүнэн хатанан турара. Буфетчицаны ыҥыттардым. Ол бириэмэҕэ кэрэһиттэри буллум. Төрөлкөй нуучча дьахтара тиийэн кэллэ:
– Ити оҕолор миигин ночоокко тэбэр буоллулар, – дьахтарым оҕолору буруйдаабытынан кэллэ.
– Оҕолор киирэ сылдьыбыттарын ити эн хантан биллиҥ? – диэн интэриэһиргээтим.
– Саад үлэһиттэрэ кэпсээтилэр. Сарсыарда кэлбиттэрэ, түннүк анныгар оҕолор суоллара элбэҕэ үһү. Кинилэр милииссийэҕэ тыллаабыттар. Эһиги дьоҥҥут хаарга оҕолор суолларын көрбүттэр үһү. Тутатына кэлбитиҥ буоллар, бэйэҥ да көрөн итэҕэйиэ этиҥ.
– Уонна өссө кимиэхэ күлүүс тыла баарый? – бэйэбитин буруйдуох курдук тылласпытын иһин быһа түһэн ыйыттым.
– Суох, миэхэ эрэ баар. Ол күлүүс тыла туохха нааданый, түннүгүнэн киирбиттэрэ көстөн турар буолбат дуо?
– Бэрээдэгэ оннук. Кэрэһиттэр кэлэн чугастан күлүүһү көрүҥ эрэ, – хас да буолан сирийэн көрдүбүт. Аһылла сылдьыбыт сибикитэ биллибэт. Боробуойа бүтүн. Бэчээтэ эмиэ алдьамматах.
– Аанынан уоруйах киирбэтэҕэр бары сөбүлэһэр инигит? Барыта бүтүн курдук буолбат дуо? Чэйиҥ, ааны аһан иһирдьэ киириэҕиҥ, – диэн хамаанда биэрдим.
Хоско киирээппитин кытта уоруйах киирэ сылдьыбыта харахха тутатына быраҕыллар: суулаах кэмпиэттэр, кэнсиэрбэлэр, соктаах иһиттэр муостаҕа ыһыллыбыттар. Киһи саарбахтыыра туох да суохха дылы. Онуоха эбии буфетчица хаама сылдьан:
– Манан билииккэ сакалааттар кыстанан турбуттара. Оо, манан суулаах кэмпиэттэр бааллара… – диэн айманан сүппүт малларын кураанах оннуларын көрдөртөөтө.
Кырдьык кыһыылаах дьыала дии… Үлэлиигин-үлэлиигин да, түмүгэ ити баар… «Хайалара сырытта буолла?.. Били соторутааҕыта ас маҕаһыыныгар киирэ сылдьыбыт оҕолор буоллахтарына да көҥүллэрэ…» – төбөм иһигэр араас сабаҕалааһыннары эргитэ санаатым.
– Таһырдьа тымныы, саба таарыйа түннүктэн саҕалыаҕыҥ, – диэт биир кэрэһиккэ таҥас миэтэрэни туттаран кэбистим. Бэйэм көрүү боротокуолун ылан суруйбутунан бардым.
– Хос уҥа өттүгэр 120½70 сэнтимиэтир кээмэйдээх икки хос түннүктээх. Ис түннүк таһыттан, уҥа өттүттэн күүскэ анньыллан холуода ортотугар сааллыбыт 7-лээх тоһоҕону токуруппут. Ол тоһоҕо сэлээппэтэ араама ойоҕоһугар харахха быраҕыллар саҥа суолу хаалларбыт. Түннүк арааматын уонна холуодатын икки ардыгар 12,5 сэнтимиэтир кэтиттээх уһун синньигэс хайаҕас үөскээбит. Түннүк аннынан 137½16 кээмэйдээх түннүк сэҥийэтэ баар. Маҥан кыраасканан сотуллубут. Түннүк сэҥийэтигэр ситэ иһиллибэтэх чэйдээх 10½ 8 кээмэйдээх чааскы турар. Аһыллыбыт түннүк аһаҕас өттүттэн 31 сэнтимиэтирдээх сиргэ арааматыгар сыстан турар. Чааскы түгэҕэ түннүк сэҥийэтиттэн түһэрдии 3 см салгыҥҥа ыйанан турар, – диэн кэрэһит эттэҕин аайы суруйан истим.
«Бэйи эрэ, түннүгү аспыттарыгар чааскы арааманы кытта бииргэ барсыбыт. Бачча кыра хайаҕаһынан хайдах киирбиттэрэй?!» диэн санаа күлүм гынна.
– Кэрэһиттэр көрүҥ эрэ, түннүк хайаҕаһа кыараҕас баҕайы дии, – суруйарбын тохтотон дьонум диэки хайыстым.
– Кыһыл оҕо да төбөтө батыа суох буолбат дуо, – кэрэһитим, кээмэйдээн көрөн баран саҥа аллайда.
– Тахсан баран саптахтара дии, – буфетчица миэхэ таарыччы өй угардыы өс-саҕа буола түстэ. «Кырдьык да» диэбиттии дьон саҥата суох бардылар.
– Көр эрэ, оччоҕо тоҕо чааскы түспэтэҕэ буолуой? – ыйан, буфетчицаҕа көрдөрдүм.
Дьахтарым маҥнай өйдөөбөтө быһыылаах. Онтон сирэйэ улам кытардар кытаран буспут хаптаҕас курдук тэтэрэн таҕыста. Саҥа-иҥэ тохтоото. Көрүү боротокуолун суруйан бүтэрээт көрүү кыттыылаахтарыгар илии баттаттым. Бу боротокуол дьыала аһыллыытыгар сүрүн оруолу ылыахтааҕын тута сэрэйдим.
– Чэ, ааҥҥын хатаа, бэчээттээ. Биһиэхэ баран быһаарсар буоллубут. Кэрэһиттэр, көмөҕүт иһин махтал, – илии тутуһан араҕыстыбыт.
Милииссийэҕэ тиийэн холуобунай ирдэбил иниспиэктэригэр Коля Сагайдакка көрүү боротокуолун биэрдим уонна дьыала сүнньүнэн тугу билбиппин кэпсээтим.
Кэлин истибитим, үөһэттэн бэрэбиэркэ иһэрин истэн, сиэбитин сабынаары, оҕолорго түһэрэргэ санаммыт. ОБХСС-тар үлэлэһэн көрөн баран, уорбут суумата кыратынан, бэрэбиэркэ кэмигэр итэҕэһин баҕа өттүнэн төлөөбүтүнэн сибээстээн холуобунай дьыаланы тэрийбэккэ, табаарыстыы суукка биэрбиттэрэ. Ити криминалистика диэн наука баарын билбэккэ да сылдьан, бэйэм сахалыы толкуйбунан таба көрөн арыйбыт дьыалаларбыттан биирдэстэрэ этэ.
Эркиҥҥэ ыйаммыт саа
Сулууспам устата сааҕа дэҥнэнии буолбут сиригэр элбэхтэ сырыттаҕым буолуо. Онно көрдөххө, үксүн бултуу сылдьан алҕаска сааҕа оһолломмут буолаллар. Ардыгар кус-куобах курдук, киһини соруйан да ытан тыынын быһаллар. Сорохтор бэйэлэригэр да тиийинэллэр.
Хайдах туох туһуттан киһи суорума суолламмытын чуолкайдааһын кини аймахтарыгар, табаарыстарыгар, билэр дьонугар улахан суолталаах буолар. Киһи салгынтан үөскээн кэлбэт. Хас биирдиибит төрөппүт дьоннордоохпут. Эйигин олох олордоору, төрүттэрин-уустарын салҕатаары күн сирин көрдөрөллөр. Ол иһин олохтон эрдэ туорааһын улахан аһыылаах, хомолтолоох суол.
Оттон бэйэ көҥүл өттүнэн барыыта хайа да сокуоҥҥа сөп түбэспэт. Былыр-былыргыттан дьону утары барыы, хаалбыттары убаастаабат быһыы курдук көрөллөр. Бэйэҕэ тиийиммиттээх ыалы дьон сөбүлээбэт. Уруулара-аймахтара буруйа да суохтарын иһин үйэлээх саастарыгар дьоҥҥо буруйдаах дьон курдук көстөллөр.
Биирдэ, Ньурбаҕа үлэлии сылдьан, учаскуобайы кытта кыһын биир кыра бөһүөлэккэ быһылаан буолбутугар таҕыстыбыт. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Гоголев кэпсээһининэн, Петров Иван Николаевич, саас ортолоох, нэһилиэк биир тутаах үлэһитэ киһи, доруоп саатынан кэргэнэ дьиэ иһигэр суоҕар ытынан өлбүт. Олус иллээх ыал диэн дьон билэр эбит. Ким ытыан, кимниин өстөһүөн таайа сатаабыттар да, оннук киһи баара көстүбэтэх. Туох да суругу хаалларбатах. Онон дэриэбинэ дьоно улахан санааҕа-онооҕо ылларан хараастан олороллоро.
Оҕолор ол кэмҥэ кулуупка сылдьыбыттар, кэргэнэ хотоҥҥо ынахтарын ыы тахсыбыт. Эр киһи оронугар сытан хаалбыт. Саа тыаһаабытыгар туох түстэҕэй диэн дьахтар соһуйан, хотонуттан киирэн кэргэнэ өлө сытарын булбут.
– Кини ытынар туох да төрүөтэ суох этэ. Хотоммор тахсарбар сынньана оронугар сытан хаалбыта. Ытыммыта буоллар, саатар, сурук хаалларыа этэ, – диэн кэргэнэ Маарыйа ытыыр, айманар.
Кэргэнэ кэпсээнинэн, ытымматаҕа чуолкай курдук. Ол аата өстүһэр киһилээх буолуон сөп дии санаатыбыт. Ити сабаҕалааһыны учаскуобай Ким Ир Сен бэрэбиэркэлээбитинэн барда. Мин көрүү боротокуолун суруйааччы буоллум. Ыалларыттан икки киһини кэрэһит гынаары ыҥыттаран ыллым. Ити кэннэ өлбүт киһи ханна, хайдах сытарыттан саҕалаан суруйан бардым.
Биир айахтаах, таһынан сомуоктаах, сомуога түспүт саа орон аттыгар сиргэ сытара. Дьиэлээх дьахтар кэргэнин саата буоларын бигэргэттэ:
– Күһүн куобахха сылдьан баран оронун үрдүгэр тоһоҕоҕо ити сааны ыйаан турбута…
– Оттон сүгэр быата ханнаный? – хаһаайкаттан суруйа олорон ыйытабын.
– Быаланааччыта суох. Итинник сулумах санныгар ууран уоһуттан тута сылдьааччы, – Маарыйа кэргэнэ булка сылдьарын үчүгэйдик билэр буолан, чуолкайдык эппиэттиир.
– Оччоҕуна эркиҥҥэ хайдах ыйанан турбутай? – ыйытыы биэрэбин.
– Мэлдьи дуҕатыттан ыйааччы, – ытыырын быыһыгар Маарыйа хардарда.
Сааны ылан бүк туппутум, эстибит тимир ботуруон сылдьара. Ол туран өйдөөн көрбүтүм, элбэрээгин кэннигэр быыла суох, оттон биир өттө быыллаах. Ону болҕойон көрүүгэ биир сиринэн кыратык быыл сотуллубут эбит. Сомуога тура сылдьар балаһыанньатыгар кэннэ быыла суох. Атын сирэ быыллаах. Сомуогун түһэрдэххэ, ол чуолкайдык көстө сылдьар.
Кэрэһиттэри, кэргэнин ыҥыран, үһүөннэригэр итини барытын көрдөрөн биэрдим. Саа уоһугар өссө күһүҥҥүттэн иитиилээх ботуруон хаалбыта, өссө сомуога туруоруллубутунан тоһоҕоҕо ыйаммыта көстөн кэллэ. Боротокуолу суруйан бүтэн баран бары истэн олордохторуна:
– Иван Николаевич алҕаска суорума суолламмыт. Саатын тоҕо эрэ ылан көрөөрү, алҕаска элбэрээгин тоһоҕоҕо таарыйбыт. Саа иитиилээх турбут. Ону бары көрдүгүт. Быраабыла быһыытынан күһүн бултаан баран сууйан-сотон, хааҕа уган тэйиччи ууруллубута буоллар, бу иэдээн тахсыа, атын дьон уорбаланыа суох этилэр.
– Оҕолорбут, эһиэхэ махтал. Үлэҕитигэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһаҥҥыт, хата, таба көрөн, ыар санааттан, буруйтан-сэмэттэн өрүһүйдүгүт, таптыыр аҕабыт сырдык аатын эргиттигит… – Маарыйа ытыырын быыһыгар биһиэхэ махтана хаалла.
Саппыкы суола
Бүлүүтээҕи педучилище үөрэнэр куорпуһа саҥа тутуллан үлэлии турар кэмэ этэ. Уолаттар-кыргыттар оройуон аайыттан сылын аайы кэлэн, учуутал идэтин ылаары, бэйэлэрин тэҥнээхтэрин кытта билиигэ күрэс былдьаһан, кыайыы дьолун билэн уопсай дьиэлэргэ тарҕанан үөрэнэ хаалаллара. Бу биһиэхэ биир саамай түбүктээх учаастагынан буолара.
Биир сарсыарда үлэбэр кэлбиппэр дьуһуурунай Васильев И.Н. кэпсии тоһуйда:
– Училище кыргыттарын уопсайыгар түүн түннүгүнэн киирэннэр, хас да маллардаах чымадааннары уоран тахсыбыттар. Түннүк тааһыгар хаан суола хаалбыт, таһырдьа хаарга атах суола баар дииллэр. Бу соторутааҕыта биллэрдилэр. Ким да кэлэ илик, бу кэтэһэн олоробут, – диэн Иван Николаевич быһылаан туһунан кылгастык билиһиннэрдэ. Ити кэмҥэ силиэдэбэтэл И.Е. Петров кэллэ. Массыынаҕа олороот, училищеҕа бардыбыт. Уопсайга кыргыттар кэтэһэн олороллоро. Таһырдьа тахсан, алдьаммыт түннүк аттын чинчийдибит. Онно көрдөххө, хаарга дириҥ, эриллэҕэс ойуулардаах саппыкы суола хаалбыт. Түннүгүнэн киирээри өстүөкүлэҕэ эчэйбиттэр, хаан хаалбыт. Иван Ефремович кэрэһиттэри булаттаан, быһылаан буолбут сирин көрүү боротокуолун суруйбутунан барда. Кыргыттары кытта кэпсэтэн көрдүбүт да, ким да уоруйах киирэ сылдьыбытын көрүөхтээҕэр буолуох, истибэтэх даҕаны. Оннооҕор түннүктэрэ аһыллан, дьиэлэрэ тоҥ хаһаа буолбутугар улаханнык маҥкыларыгар оҕустарбатахтар.
Атах суолуттан атын, итиитинэ биһиэхэ туһалаах, туох да суох курдук. Миэстэтигэр эмсэҕэлэммиттэртэн туһа тахсыа суоҕун билэн, холуобунай ирдэбил иниспиэктэрэ буоларым быһыытынан, саппыкы суолун суоллаабытынан бардым. Төһө да училище үөрэнээччилэрэ сарсыарда үөрэхтэригэр бараары-кэлээри суолу тэбистэллэр, бөдөҥ ойуулардаах саппыкы суолун син онно-манна булаттаатым. Кыылы суоллуур кэриэтэ төҥкөччү туттан, Калинин уулуссанан куорат киинин диэки бардым. Сотору-сотору суолун сүтэрэн, төттөрү-таары элбэхтэ тиэһинним. Сарсыардаттан да кэлии-барыы куорат сиргэ ханна барыай. Киһи сылдьар ыллык суолун батан, Үөһээ Бүлүү диэки барар киин Ленин уулуссаҕа таҕыстым. Уулуссабыт килэгир, өссө массыыналар соторутааҕыта сылдьыбыттар. Саппыкым суолун төрүт да сүтэрэн кэбистим.
Ити иһэн, Магадааҥҥа үөрэммит сылларбын өйдөөн кэллим. Суоллуурга икки албас баар: бастакыта – ити мин курдук быһылаан буолбут сириттэн батыһыы. Иккиһэ – суолгун сүтэрдэххинэ, тэйиччинэн эргийэ сылдьан көрдөөһүн. Уоруйах бастаан тоҕо эрэ киин диэки барбыт. Ол иһин уулуссаҕа тахсыбыт сириттэн суолу икки өттүнэн, өссө туора уулуссалары хабан ыраахха диэри тэлэкэччийэн, куорат диэки өттүн көрөн кэллим.
Уоруйах суолун ханна да булбатым. Суол суоҕа эмиэ түмүк. Ол аата киин диэки барбатах буолуон сөп. Ол иһин Үөһээ Бүлүү өттүн кичэйэн көрө-көрө, оргууй аҕай хааман истим. Ол иһэн биир сиргэ чуолкай баҕайы суолу булан ыллым. Куорат таһын диэки уулусса устун барбыт. Төһө да тоҥнорбун, суоллаан баран истим. Куорат кытыытыгар баар элэктростанция тиэргэнигэр суолум кэлэн киирдэ.
Быһа хонтуораҕа аастым. Бу тэрилтэ салайааччыта – мин бэркэ билэр киһим. Кузьма Иванович үлэтигэр баар буолан биэрдэ. Дэлби тоҥон киирээт батареяҕа сыстан турдум. Кузьма Иванович сылаас чэй кутан биэрдэ. Үлэ-хамнас туһунан сэһэргэстибит.
– Уоту биэрэр сүрүн дизельбит алдьанан, саппааспытын холбонон олоробут, – киһим кыһалҕатын кэпсиир. – Владивостоктан оннук мотуору өрөмүөннүүр дьон кэлэн үлэлээбиттэрэ ыраатта. Бүтэрэн эрэллэр.
– Дьоҥҥун ханна олордоҕун?
– Манна. «Кыһыл муннукка» үрдүттэн олорон үлэлииллэр.
Төлөпүөн үрдүгэр түстүм:
– Суһаллык силиэдэбэтэл Петров электростанцияҕа кэллин, педучилищеҕа баар буолуохтаах. Мин манна хонтуораҕа баарбын, – диэн дьуһуурунайы дьаһайдым.
Дьонум кэлиэхтэригэр диэри тугу гына олоруохпунуй, Кузьма Ивановичтыын кыһыл муннукка таҕыстыбыт. Таһырдьаттан манна быһа киирэр туһунан ааннаах эбит. Мин бастаатым. Ааны аһан киирбитим, үс нуучча уолаттара ону-маны гына сылдьаллар. Киирэр ааны утары турар олоппоско, уҥа саппыкылаах атаҕын оллооннуу ууран эдэр нуучча уола олорор эбит. Мин уллуҥаҕын көрбүтүнэн киирдим. Ойуута анарааҥҥы суолга олус майгынныыр! Дорооболоһоот, ол уолу ыҥыран, хонтуораҕа батыһыннаран таҕыстыбыт. Кузьма Иванович хонтуоратыгар киирээт милииссийэ сотруднига буоларым туһунан дастабырыанньабын таһааран уолга көрдөрдүм. Туохха кэлэ сылдьалларын, аатын-суолун чуолкайдаан баран:
– Бэҕэһээ киэһэ ханна сырыттыҥ? – диэн ыйыттым.
– Суох. Билбэт сирбэр ханна мэнээк сылдьыамый? Хоспутугар олорбуппут, – Поляков ымырыттан да көрбөтө.
– Бу эн саппыкыҥ дуо? – кэтэн олорор саппыкытын ыйабын.
– Суох, бу уопсай саппыкы. Ким баҕарар наадыйдаҕына кэтэр. Таһырдьа тахса сылдьаары, сарсыарда кэппиппинэн сылдьабын, – киһим адьас да чугаһатар санаата суох.
Ити кэмҥэ Иван Ефремович киирэн кэллэ. Бу түгэҥҥэ балаһыанньа хайдаҕын кылгастык билиһиннэрдим. Кэрэһиттэри киллэрэн, Поляковтан саппыкытын устан ыллыбыт. Бэйэтин атын хоско таһааран кэтэһиннэрдибит. Биригээдэ чилиэннэрин ыйыппыппытыттан туһа тахсыбата. Поляков сытар оронун көрүү кэмигэр тэллэҕин анныттан хааннаах биинтэни булан ыллыбыт. Кэтэ сылдьар таҥаһын устан көрбүппүт, хаҥас илиитин быччыҥар туох эрэ сытыынан туора сотуу баар. Силиэдэбэтэл уураах таһааран, Полякову балыыһаҕа илдьэн, илиитин бааһын чуолкайдатта. Экспертизэҕэ анаан хаан ылларда. Ити эрэ кэнниттэн Полякову милииссийэҕэ аҕалан, РСФСР ХПК-н 122 ыстатыйатыгар олоҕуран туттубут. Ити күн элбэх туоһуну, эмсэҕэлэммит кыргыттары доппуруостаатыбыт.
Поляков буруйун дакаастыыр балай да матырыйаал хомулунна. Ол курдук гипсэнэн кутан ылыллыбыт түннүк аннынааҕы атах суола, онно сөп түбэһэр ойуулаах кэтэ сылдьар саппыкыта. Ону тэҥэ уоруу тахсыбыт сиригэр өстүөкүлэҕэ сыстыбыт хаан уонна кини тэллэҕин анныттан ылыллыбыт биинтэҕэ хаалбыт хаан бээтинэтэ кини хаанын бөлөҕүн кытта сөп түбэһэллэрэ. Ити барыта кини уорбутун чопчу кэрэһилиирэ. Хомуллубут дакаастабылларга олоҕуран, силиэдэбэтэл Петров Поляковтаах олорор хонтуораларыгар уоруллубут маллары булар сыаллаах дьэҥдьиир оҥорорго уураах таһааран, борокуруортан көҥүл ылла. Полякову киллэрэн, ол уурааҕы кытта билиһиннэрдибит уонна бэйэтин буруйун чэпчэтэн, силиэстийэҕэ уорбут малларын көҥүл өттүнэн бэйэтэ көрдөрөн биэрэригэр сүбэлээтибит. Киһибит уйатыгар уу киирэн, буруйун билинэргэ күһэллибитэ. Электростанция дьиэтин анныгар кистээбит малларын ити киэһэ массыына фаратын сырдыгар көрдөрөн биэрбитэ.
Ити курдук уоруйах ир суолун ирдээн, тоҥ суолун тордоон, дакаастабылларынан муннукка хаайан, буруйун биир күн иһигэр толору билиннэрэн турабыт.
Пушкин хоһоонноро
Күнүс эбиэттии бараары олордохпутуна дьуһуурунайга Халбаакы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Павловна абаран-сатаран туран эрийбит: «Биир билбэт киһибит кэлэн буулаата. Бу туох ааттаах үлүгэрэй, от саамай үгэнигэр кустуу сылдьар диэн! Олохтоох киһи буолбатах, кус оҕолорун баччаҕа биһиэхэ ким да ыппат. Кэлэн быһаарсыа этигит», – диэн.
Биһиги сонно тута ким кустуон сөбүн сабаҕалаан биллибит. Бэрт соторутааҕыта Күүлэт диэки (ханнык дэриэбинэтин умнубуппун) биир хаайыыттан тахсыбыт киһи 60-чалаах аҥаардас дьахтары дьиэтигэр киирэн күүһүлээн баран, Бүлүү диэки сатыы куоппут этэ. Ойуур устун бу кумаарга ханна үлүбээй сырса сылдьыахпытый, көрдөөн көрөн баран төннүбүппүт. Биллиэн сөптөөх нэһилиэктэрин сэрэтэлээбиппит. Өр-өтөр буолбакка, ити Халбаакыттан биллэрии киирдэ. Кини буолуон сөп, билигин, кырдьык, ким сааланыай? Отчуттар кистээн илдьэ сылдьар эргэ сааларын уордаҕа. Анастасия Павловнаны кытта эбиэт кэннэ билсэ сырыттым. Киһибит дьону көрдөр эрэ саһан хаалар эбит. Ыппыт сирдэриттэн ботуруонун быыһын ылан көрдөхтөрүнэ, Пушкин хоһооннордоох кинигэ лииһэ буолар үһү.
Тутан аҕаларга С.В. Никифоров биһиккини ыыттылар. Халбаакыттан көмөҕө дружинник ылан аастыбыт. Отчуттартан туоһулаһан, кыһын мас кэрдээччилэр олоро сылдьыбыт болуоктара киһибит «кустуур» сирин таһыгар баарын биллибит. Уһуктаҕас буоллаҕына, киһини былдьыа диэн болуокка тиийбэккэ эрэ аара тохтоон, сарсыардааҥҥы саһарҕаны кэтэстибит. Сэксэ оҥостон сыта түстүбүт да, кумаар утуппата.
Болуокка чугаһаан баран, сэп курдук сэрэнэн, ох курдук оҥостон үөмэн киирдибит. Ыттааҕа буолуо диэн дьиксинэрбит. Хата, ыта суох эбит. Олох тыаһа суох кэлэн, ааны оргууй анньан көрбүппүт – иһиттэн хатыылаах эбит. Чэ, дэһээт, ааны тоҕо көтөн, эмискэ наара аттыгар баар буола түстүбүт, үрдүгэр түһэн, харытыгар тимир кыаһы кэтэртибит. Эргэ саа истиэнэҕэ өйөнүллэн турара. Уоһугар иитиилээх ботуруон сылдьара. Хас да иитиилээх ботуруон сыттыгын анныгар сытара.
– Эрдэ билтим буоллар, киирсэрим хаалла, – диэн чабыламмыта.
Төһө кырдьыгы эппитэ буолла? Биир ботуруон үрдүкү быыһын быһаҕынан олуйан ылан көрдүм. Кырдьык, Пушкин хоһооннордоох кинигэ лииһэ буолан биэрбитэ. Ону билигин, баҕардар, улуу поэт тыына араҥаччылаан, хаан тохтубатаҕа буолаарай диэх курдук санаан ылабын.
Ити курдук эҥкилэ суох, ардыгар мүччү-хаччы да буоллар, табыллыбыт сырыылар биһиги сэрэхтээх үлэбитигэр хам-түм баар буолааччылар. Кутталлаах сырыыларга үчүгэй толкуй, ыксаабат буолуу, буруйдаах санаатын, кыаллар буоллаҕына олоҕун да билии улахан суолталаах буолар. Буоллун-хааллын диэн сыһыан араас алдьархайга тэбиэн сөп.
Чүмэчи уота
Бүлүүгэ үлэлээбитим иккис дуу, үһүс дуу сылыгар Саҥа дьылы көрсөөрү урууларбытын, табаарыстарбытын ыҥыран аһыы олордохпутуна, «арахсыспат атаһым», төлөпүөн, тырылыы түстэ. Эмиэ быһылаан буолан, суһаллык үлэбэр ыҥырдылар. Холуобунай ирдэбил иниспиэктэрэ үлэтигэр түүн, күнүс мэлдьи бэлэм буолуохтаах. Өрөбүл-өрөгөй диэн аахсыллыбат.
Үлэбэр тиийбитим – универмаг умайан эрэр диэн биллэрии киирбит. Тиийбиппит – буруо бөҕөтө, ис өттүттэн умайар. Ыйыталаһан билбиппит, баһаарынайдар кэлэллэригэр универмаг хатыылааҕа үһү. Күлүүс тылын көрдөтөн булбатахтар. Онон алдьатан киирбиттэр. Бастаан, ойоҕос хостон уот барбытын баһаарынайдартан ыйыталаһан биллибит. Универмаг сэбиэдиссэйин милииссийэҕэ илдьэн быһаарыы ыллыбыт. Татьяна Дмитриевна көрдөрөрүнэн, бэҕэһээ киэһэ үлэ чааһа бүппүтүн кэннэ ойоҕос хоско саҥа дьыллаабыттар. Баралларыгар уоту барытын умулуннарбыттар үһү. Ити киэһэ бэрэдэбиэс Света ааны хатаабыт. Уларса сылдьан уочаратынан ааны хатыыллар уонна күлүүс тылын бэйэлэригэр илдьэ хаалар эбиттэр. Света ити күн дьиэтигэр улахан холуочук кэлбит. Иван Григорьевичтыын Света дьиэтигэр бардыбыт. Күлүүс тылын көрдөөн бу да сырыыга булбата. Итирик буолан аара түһэрдэҕэ диэн, төттөрү суоллаан бардыбыт. Ол иһэн суол модьоҕотугар түһэн хаалбыт, бииргэ баалла сылдьар күлүүс тылларын булан ыллыбыт.
Маҕаһыын иһигэр киһи киириэх буолбатах, буруо да буруо. Ол эрэн умайа турар аһаҕас уот чугас эргин баара көстүбэт. Милииссийэттэн баран, противогаз аҕалан маҕаһыын иһигэр киирдибит. Шлангалары соһо сылдьан, уоту сабыта ыстаран баһаарынайдарга көмөлөстүбүт. Сарсыарданан уоту умулуннаран, ыгыллар буола сытыйан, дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Мин милииссийэҕэ кэлэн, кэргэмминэн уларыттар таҥас аҕалтаран дьиэлээбитим.
Сарсыарда тохсунньу 1 күнүгэр үлэбитигэр мустан, маҕаһыын дьыалатынан дьарыктаммытынан бардыбыт. Күнүс милииссийэ начальнигын хоһугар сүбэ мунньах буолла. Милииссийэ капитана Т.Н. Сосин сулууспа начальниктарын биир-биир туруортаан, маҕаһыын умайбыт биричиинэтин быһаарыыга туох үлэни ыыппыттарын ыйыталаста:
– Баһаарга табаар, умайбатаҕын иһин, буруоттан уонна ууттан буорту буолбут. Онон улахан хоромньу таҕыста. Идэлээх үлэһит киһи быһыытынан, Корнил Архипович, эт эрэ, туохтан умайыы таҕыста? Биричиинэтэ туохханый?
– Баһаарынайдар бириэмэтигэр тиийбиттэр. Таһыттан киирии сибикитэ көстүбэт, маҕаһыын аана баһаарынайдар кэлиилэригэр хатыылааҕа үһү. Бэҕэһээ киэһэ ойоҕос хоско бырааһынньыктаабыттар. Итирбиттэр даҕаны. Бэл, күлүүстэрин тылын сүтэрбиттэр. Хайаан да табахтаабыт буолуохтаахтар. Ол төрүөт буолбута саарбаҕа суох. Ол хоско араас табаар толору. Баһаар ити хостон саҕаламмыт.
– Алексей Прокопьевич, эһиги санааҕытыгар туохтан уот турбутуй? – Тит Николаевич холуобунай ирдэбил ыстаарсай иниспиэктэрин диэки хайыста.
– Бастаан, уоту умуруорсубуппут. Онтон бэрэдэбиэстэри ыҥыртаан ыйыталаспыппыт. Түүн суоллаан, маҕаһыын күлүүһүн тылын суолтан булбуппут. Бастакы кэлбит баһаарынайдар көрдөрүүлэринэн аан хатыылаах, түннүктэр бүтүттэр үһү. Онон дьиэ иһиттэн умайыы тахсыбыт курдук.
– Холуобунай ирдэбил сыала-соруга – буруйдааҕы булуу. Туохтан баһаар таҕыста? Онно ким буруйдааҕый? Баҕар, уоттаабыттара буолуо? Ити эһиги соруккут. Баһаары умуруоруу – аналлаах дьон эбээһинэстэрэ. Алексей Прокопьевич, инникитин быһылаан буолбут сиригэр бэйэҕит тустаах үлэҕитин бастаан толорор буолуҥ, – начальник үөрэтэрдии эттэ.
Онтон тутан олорор кумааҕытын остуолга ууран баран, харахтарынан чыпчырыҥнаан ыла-ыла, салгыы саҥаран барда:
– Министиэристибэттэн суһал көмө кэлээри бэлэм олорор. Борокуруор, Дьокуускайтан эксперт кэлэ илигинэ, маҕаһыыҥҥа көрүүнү оҥорору көҥүллээбэтэ. Бүгүн, өрөбүл күн буолан, сөмөлүөт көтөрө саарбах. Прокопий Васильевич, дьыаланы көбүтэн маҕаһыын таһын көрдүгүт ини?
– Көрөн. Миэстэтин көрүү түмүгэр хас да түннүк алдьаммыта көһүннэ. Баһаарынайдар алдьаппыт буолуохтарын сөп. Сылдьыбыт дьону барыларын доппуруостуу сылдьабыт. Дьыаланы онуоха-маныаха диэри дьалаҕайтан диэн көбүттүм. Күлүүс тылын илдьэ сылдьыбыт бэрэдэбиэс Петрова көрдөрүүтэ халбаҥ. Кинини хаайарым буолуо. Төһө хоромньу тахсыбытын ааҕарга хамыыһыйа анаттым. Быһылаан буолбут сирин көрүүнү оҥоро охсуохха баар этэ. Тит Николаевич, ити боппуруоска өссө төгүл Афанасий Гаврильевиһы кытта кэпсэтэриҥ буоллар.
– Сөп. Дьокуускайтан дьон кэлэ илигинэ көҥүллүүрэ саарбах да буоллар, ыйытан көрүөм. Атыыһыттары эрэ буолбакка, кинилэр билсиилээхтэрин кытта доппуруостуохха наада. Элэктэриичэстибэ ситимин хаһан тардыбыттарын чуолкайдыахха. Софрон Васильевич, ол-бу сүппэтин наадатыгар дьуһуурустубаны салгыы тэрийиэххэ наада.
Ити күн сөмөлүөт кэлбэккэ туһата суох ааста. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда кэлэн барда, министиэристибэттэн ким да кэлбэтэ. Үһүс күнүгэр борокуруор А.Г. Парфенов сарсыардаттан көрүү оҥорорго сорудах биэрдэ. Сонно тута силиэдэбэтэл И.Е. Петров маҕаһыын кэлин ааныттан көрүүнү саҕалаата. Кини иҥэн-тоҥон туран, боротокуолу суруйар. Мин кэрэһиттэри кытта кэмнээн биэрээччи буоллум. Инньэ гынан, эбиэт саҕана маҕаһыын ортотун эрэ диэки тиийдибит. Онно намыһах хаптаһынынан эргитиллибит хоско хаасса аппараата турара. Ол туһунан Иван Ефремовичка этэ-этэ, иһирдьэ киирдим. Иван Ефремович кэрэһиттэри батыһыннара сылдьан барытын боротокуолга тиһэн истэ. Онно көрө түспүтүм, муостаҕа эргэ таҥастар сыталлар: ыстаан, истээх сон, бэргэһэ, тэстибит хаатыҥка, хаһан да сууллубатах ис таҥастар. Ол иһигэр кир-хох иҥэн хаалбыт, өҥө да кыайан быһаарыллыбат буолбут, көрөн олох билэр сибиитэрэм баар.
– Бай! Кэлиҥ эрэ, «бич» таҥастара сыталлар дии, – диэтим.
Дьонум биирдэ баар буола түстүлэр. Кимин саныы сатаатым да, төбөбөр киирбэтэ. Силиэдэбэтэл боротокуолга киллэрбитин кэннэ таҥастары милииссийэҕэ илдьэ бардым.
Хоспор киирээт, вытрезвитель сотруднигын Г.Г. Корякины ыҥыран ыллым, кини хайаан да билиэхтээх. Бу киһи кини илиитин иһинэн ааспыт буолуохтаах.
– Гриша, бу таҥастары үчүгэйдик өйдөөн көр эрэ. Бу киһини кыайан өйдөөбөккө олоробун, – дии-дии, сибиитэрэни көрдөрдүм.
– Голованов таҥаһа дии. Эн соторутааҕыта Үгүлээттэн киллэрэн, бытархай күлүгээнистибэҕэ олордо сылдьыбытыҥ буолбат дуо? Болдьоҕо бүтэн тахсыбыта аҕыйах хонно.
– Ээ, арба даҕаны!
Картотекабын хаба тардан ылан Головановы булан ыллым. Ханнык ыстатыйанан сууттаммыта, олорор сирэ, хаартыската, о.д.а. баара.
Начальникка киирэн дакылааттаатым:
– Быһылаан буолбут сирин көрүү кэмигэр хаасса аппараатын хоһуттан Голованов Иван Станиславович диэн 1951 сыллаахха Иркутскай уобаласка төрөөбүт, уорууга сууттана сылдьыбыт, ГорПО-ҕа хачыгаардыыр, түптээн олорор сирэ суох киһи таҥаһын булан ыллыбыт. Маҕаһыыҥҥа киирэн таҥаһын уларыттан тахсыбыт курдук. Онон кини уоттаабыт буолуон сөп. Иван Ефремович быһылаан буолбут сирин салгыы көрө хаалла.
– Головановы була охсуохха. Маҕаһыын умайыытыгар кини быһа сибээстээх буолуон сөп. Тугу-тугу уорбута биллибэт, – диэн Тит Николаевич дьыала иһэ, төһө да хараҥатын иһин, чуолкайданан эрэриттэн астынан харахтара симириҥнииллэрэ элбээтэ.
– Уолаттар Головановы көрдүү бардылар. Ханна ырааппыт үһүө, булуохпут, – диэт, мин тахсан бардым.
Бүлүү куорат учаскуобайа С.В. Никифоров сотору буолаат, хоспор киирэн кэллэ:
– Киһибит Саҥа дьылтан хачыгааркаҕа көстө илик үһү. Баҕар, дьахтар булуммута буолуо, – диэн түмүктээтэ.
Софрон Васильевич ис-иһиттэн милииссийэ буолар айылгылаах киһи этэ. Түмүк оҥоруон иннинэ барытын кэрийбит, ыйыталаспыт буолуохтаах. Кини билбэтэҕэ суох. Куруук учаастагын дьонун кытта үлэлэһэн тахсааччы. Биирдэ арыгыһыттар мустар сирдэрин кэрийэ сырыттахпытына, биир дьиэлээх дьахтар:
– Күнүс – Соппуруон, түүн – Соппуруон! Хаһан сынньанар-сынньатар киһигиний?! – диэн соһуппуттаах.
Онтон биир ордууга көтөн түспүппүт, хас да уол арыгылыы олороллор эбит. Быыс кэннигэр дьоннор хачыгыраһаллара иһиллэр. Софрон Васильевич быыһы баран сэгэтэн көрдө. Онтон дьахтар:
– Тохтоо, тохтоо! Саатар бүтэттэр эрэ! – диэн кыланар саҥата иһилиннэ. Оннук эмиэ баар буолааччы.
Прокопий Васильевичка киирэн сүбэлэстибит. Мин Иван Григорьевичтыын авиапорка тахсан бэрэбиэркэлиир буоллубут. Атыттар хайдыһан, арыгыһыттар түмсэр сирдэринэн кэрийэ бардылар. Киэһэ, төһө да хараҥардар, ДНД массыынатыгар олорон авиапортаатыбыт. Мин үлэлиир кэммэр сөмөлүөт өрүс уҥуор түһэрэ. Авиапорт үгүс үлэһиттэрэ үрдүттэн Тойон Хонууга олорон үлэлииллэрэ. Иван Григорьевич, олохтоох киһи буолан, ким ханна олорорун эндэппэккэ билэрэ. Тустаах киһини буламмыт, Дьокуускайга бэҕэһээ көппүт дьон билиэттэрин корешогун көрдүбүт. Онно Голованов сурулла сылдьар эбит.
Уорбаланааччыны көрдөтө, Тит Николаевич миигин кытта, көрөн билэр киһи диэн, Г.Г. Корякины көмөҕө биэрэн ыытта. Гриша – төрөлкөй, бааһынайдыҥы көрүҥнээх, кэтит сарыннаах, будьурхай баттахтаах, ис иһиттэн сайаҕас майгылаах, биир тылынан киһи астынар, эрэнэр киһитэ.
Куоракка тиийээт, үргүлдьү министиэристибэҕэ барбатыбыт. Вокзалга кэлэр-барар дьон мустар, аалсар сирдэрэ. Хайаан да кэрийэн көрөргө быһаарынныбыт. Сылдьыбыт сыыһы, көрдөөбүт көмүһү булар дииллэр. Аллараа этээһи төттөрү-таары хаамыталаатыбыт да, Головановка майгынныыр киһи баара көстүбэт. Иккис этээскэ кэтэһээччилэр ыскамыайка аайы толору олорбуттар. Ким кинигэ ааҕар, сэһэргэһэр, сорохтор олох да утуйбуттар. Икки өттүнэн бардыбыт. Көннөрү таҥастаах буолан, биһиги сылдьарбытыгар ким да наадыйбат. Дьоннор сирэйдэрин сэмээр кылап-халап көрө-көрө, аргыый аҕай хааман истим. Арай, киһим дьон быыһыгар бу олорор. Төһө да таҥаһа уларыйдар, көрөн тута биллим: сабыс саҥа кыһыҥҥы сонноох, харатыҥы көстүүмүн иһинэн спортивнайдаах, атаҕар тиэриллибит хара хаатыҥкалаах, төбөтүгэр сигиэйкэ бэргэһэтин кыҥнары анньынан уол оҕото!
– Дима, дорообо! Хайа диэки айаннаатыҥ? – табаарыспын көрсүбүттүү үөрэ-көтө дорооболостум.
– Ийэбэр бара сылдьаары. Көрбөтөҕүм да ыраатта, – диэн киһим туох да буолбатаҕын курдук хардарда.
– Көрсүбүччэ, баран бэлиэтиэххэ, – диэн ыҥыран кытыыга таһаардым.
Гриша кэлэн, милииссийэ хоһугар илдьэ бардыбыт. Кэпсэтии быһыытынан баһаар туһунан бастаан тугу да ыйыппатыбыт:
– Дима, ийэҕэр барардыы быһаарыммыккын биһириибит. Ити үчүгэй, хайдах куруук дьоно суох киһи курдук ускул-тэскил сылдьыаҥый, – диибин. Онтон соһуччу:
– Универмагтан ылбыт харчыҥ онно тиийэрэ саарбах. Ийэҥ Иркутскайга олорор дуо? – диэн ыйыттым.
– Иркутскай тыатыгар. Харчы кэтэһэн олорбутум этэ, телеграмма ыыппытым баара…
– Таҥаскын бэркэ саҥардыммыккын.
– Оттон кыһыыта бэрт ээ, кулуупка үөрүү-көтүү, үҥкүү-битии, бэлэх-туһах бөҕөтө. Арай мин эрэ эргэ, кирдээх баҕайы таҥастаах уулуссаҕа торҕон бөрөлүү соҕотоҕун сылдьарым. Дьон миигиттэн туораан ааһаллар. Оттон мин барбах холуочук эрэ этим, Саҥа дьыл буоллаҕа дии! Биирдэ көрбүтүм, универмаг аттынан ааһан иһэрим. Маҕаһыын түннүгүн маһынан тоҕо биэрэн, иһирдьэ киирбитим.
– Уотун тоҕо умаппатаххыный?
– Ону эмиэ билэҕит дуо?
– Чүмэчиҥ сыата муостаҕа тохтубут этэ дии.
– Дьон көрүө диэн, кырдьык, элэктэриичэстибэ уотун умаппатаҕым. Биир кыра хостон чүмэчини булан уматтыбытым.
– Элбэх сиргэ сылдьыбыт суолуҥ суоҕа.
– Ээ, ол хоско туох барыта баара.
– Оттон таҥаскын хаасса аппараатын хоһугар уларыттыбыт этиҥ дии?
– Урут ити маҕаһыыҥҥа сылдьыбыт буолан, хаасса ханна баарын билэрим. Баҕар, харчы баар буолуо диэн, остуол дьааһыктарын көрбүтүм.
– Бэрэдэбиэстэр дьааһыкка бэйэлэрин харчыларын хаалларбыттарын ылбыккын.
– Аҕыйах солкуобай баара. Онон көтөн кэлбитим.
– Сороҕун ханна гынныҥ?
– Манна рестораҥҥа аһаабытым.
– Маҕаһыынтан ханна барбыккыный? – Григорий Григорьевич ыйытыыга холбоһор.
– Туруору таҥнан баран, өссө кыра хостон булан одьукулуоннаммытым уонна кулуупка үнкүүгэ барбытым, – диэн Голованов, туох да буолбатаҕын курдук, барытын кэпсээн биэрдэ.
Кулуупка сылдьан баран, өрүс уҥуор порка тахсыбыт. Ити көрдөрүүттэн ордук, биһиэхэ туох да наадата суоҕа. Киһибитин порт быстах хаайыытыгар кэпсэтэн, сарсыҥҥа диэри хааллардыбыт.
Тута начальникпытыгар эрийдибит. Буруйдаах киһини туппуппут туһунан дакылааттаатым уонна Петрова умайыыга туох да сыһыана суоҕун быһыытынан хаайыыттан босхолуулларыгар көрдөстүм.