Kitobni o'qish: «Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа»

Shrift:

«Кучан булуута, Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа».

Өс хоһооно

Тумаҥҥа симэлийбиттэр
(Роман маҥнайгы олуга)

1

Сатыы киһи күннүктээн хаамар иэннээх сүүнэ улахан күөл ып-ыраас суорҕан хаарынан сабыллан нэлэһийэр. Уҥуоргу тыата быста-быста салҕанан, хара дьирбии сурааһын буолан, тумаҥҥа симэлийэр. Чугас кытыла, күөхтүҥү толбонунан күлүктэнэ, быллаардары ыга анньан, бөдөҥ тиит, хатыҥ, тэтиҥ былааһыктаах ойуурунан сэлэлээбит. Арҕаа баһынан кытарымтыйан көстөр дьахтар талахтарынан ыраахха диэри нэлэһийэр хотоойутугар хойукка диэри тоҥмот сир үрүйэтэ тыынан бурҕачыйар. Сииктээх туманынан өрүкүйэн, тула үүммүт талахтарга, хахыйахтарга муус чопчу ытарҕалары ыйаталаабыт. Маннык кэрэ көстүүгэ кыттыһаары гыммыттыы, аарыма хатыҥнар бөдөҥ тииттэринэн, титирик ойуурунан арыаллатан, тумуһах өтөн киирбит. Дэбигис көстүбэт кыараҕас ырааһыйатыгар кыстык угун саҕа чороҥ соҕотох саха балаҕана, көстүбэтэрбин ханнык диэбиттии, кыччаан-кыччаан, тула өттө хаарынан хайыллан, быллаар биир көрүҥэ буолан, саһан тураахтыыр. Чигдигирбит кыараҕас тэлгэһэттэн уонна тыа иһигэр киирэн симэлийэ сүтэр ыллыктан ураты дьон олорор сибикитэ суох курдук. Бэл, кыс мастанар сир ыркый иһигэр кирийбит. Халтаамаҕа маарынныыр эрээри, хатырык үрдүлээх, улахан киһи төҥкөйөн киирэр дьиэл сабыылаах тутуу ыарҕа талахтарынан саба үүммүт. Күрүө-хаһаа оннугар, дурда-хахха буолардыы, төгүрүччү үүммүт тииттэр саба барыйа чоҥуорбуттар. Чахчыта даҕаны, иннинэн сирэйдээх, икки атахтаах таба көрөн тохтооботугар ананан, кистэммит, саһыарыллыбыт курдук. Бэрт чугаһынан да ааспыт киһи дэбигис көрүө суох айылаах. Арай, халлааҥҥа сулустар бачыгырастахтарына, балаҕан үөлэһиттэн кытыастар кыымнар өрө үөмэхтэнэ хараҥаҕа баттатан, симэлийэ сүтэллэриттэн сылыктаатахха, балаҕан олохтоох дьонноох…

Бу Тыгын Тойон Чачы сиригэр Уһун Кутурук Бадьаайыны утары кырыктаах кыргыһыыларыттан тыыннарын тэскилэппит Дыгый оҕонньор эмээхсинэ Хатыылыын, иитэр кыыстара Татыйыктыын хорҕойор кыс балаҕаннара. Суолу-ииһи улаханнык таһаарбакка, сүрэх баастаах буолан, кэтэнэн-мананан олороллор. Иннилэрэ төһө да кылгаатар, олоххо тардыһар соҕотох утумнарын бүөбэйдээн-харыстаан, Татыйыктарыгар наара орон анныгар оҥкучах хаспыттара. Онтон, дьаарбаҥ саҕана, Эбэлэрин уута сайан, салгына сымныыр кэмигэр туос тыыларыгар мэҥэстэн, күөллэрин арыытыгар киирэллэр. Онно холомолоохтор. Ыҥырыыта суох «ыалдьыттар» тыыта суох киирбэттэрин билэн, холкутук тыынан, талбыттарынан туран-олорон сылдьаллар. Туулаан, ардьалаан, тиргэлээн, сир астаан, табылыннаҕына күлүмэнтэн куотан ууга түспүт тайаҕы бултаан, айахтарын ииттинэллэр. Мундуну хохтолоон, күһүҥҥү буһурук саҕана лыыбалаан, үөлэн хатаран – барча оҥорон, хаһаас бэлэмнэнэллэр. Быыһыгар эмтээх от, сир аһын хомуйан сэмсэнэллэр, таҥас-сап сэлбинэн, туу баайан күннэрин-дьылларын барыыллар.

Дыгый, төһө даҕаны кырыйдар, билигин даҕаны атаҕын үрдүгэр, бэрт тэтиэнэхтик сылдьар. Туһахтаан, сохсолоон, айалаан, чаархаан иитэн, кыһыҥҥы кылгас күнү бүтэрэр. Арай маҥхайбыт астаах хаҥас чэчэгэйиттэн дьабадьытыгар диэри хайа оҕустарбыт дириҥ чэрэ халлаан тыалын-буркунун, хаарын-самыырын биттэнэн, кытара-көҕөрө ыылаах ымынаҕынан бырдьыгынаан, сирэйин аҥаара иһэн дарбайар. Онтон сылтаан халтаһалара силимнэһэн, хаҥас хараҕа сабыллан эрэйдиир. Оччоҕо өй-мэй баран, оҕотугар түһэн, баастаах иэдэһин үнтү ньухханан, хаанынан суунан, дьонун куттаталыыр.

Бүгүн түүн эмиэ мэнэрийэ эрэ хоммото. Хатыы ыксаан, түүн ортото харбыалаһан туран, куобах тириитин ис өттүн уокка сырайан кэриэрдэн, бааһыгар сыбыы туппута. Дыгый ол сылааһыгар тартаран, аҕыйах кэмҥэ нухарыйан ылбыта. Түһээн, Лиһэ күөлүн кытыытын уһун хомус отун силэйбэхтии, сүүрэн бырдааттанара. Эчи, күнэ чаҕылхайа, бэйэтэ эдэрэ, эрчимэ сүрэ. Эмискэ күнү бүөлээн, киһитэ-кыыла биллибэт хара бэкир барыс гынаат, килэбэчигэс батас өрө күөрэйэн эрэрэ…

Дыгый хаһыытаабытынан, иэдэһин саба туттубутунан олоро биэрдэ. Ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн, сүрэҕэ мөхсөн, уҥуохтара халыр босхо баран, салыбыраата. Хатыы соһуйан, куобах суорҕанын туора садьыйан олоро түһээт, ытыстарынан ньилбэктэрин таһына, ис хоһооно суохтук кутура, илгистэ түстэ. «Ийэ-ээ!» – диэн Татыйык бэбигирии сарылаат, суорҕанын саба тардынан, дьигиҥнээтэ. Уккунньах барбах сырдыгар кырыарбыт эркиҥҥэ күлүк удаҕан үҥкүүтүн түһэрэн ыһыахтанна. Кыараҕас балаҕан иһэ, кылгас кэмҥэ, өрө түллэҥнии түстэ.

«Тохтоо! Уоскуй!» – диэн баргыытаат, Дыгый бакыр тарбахтарын тыҥырахтарынан эркинтэн кырыаны кыһыйа тардан, эмээхсинин сирэйин ньуххайдаата. «Татат, татат, хайа үөдэн буоллум, һуу!» – диэн өрө уһуутаат, Хатыы тохтуу түстэ. Сирэйин саба түһэн ыһыллыбыт, онон-манан маҥан сүүмэхтэммит баттаҕын кэтэҕин диэки сотуолуу, суорҕан нөҥүө кыыһын туппахтаата. Аҕылыырын кыатана, кыыһын кууспутунан, токуллан сытынан кэбистэ. Дыгый, өрүтэ эппэҥнии сыппахтаат, айаккалаан-ойокколоон олорон, таҥнан хачыгырайда.

Сыыгыныы төлөннүрэн ылар уккунньаҕы үөттүрэҕинэн дьөлүтэ анньыалыы хамсатта. Киэһэ бэлэмнээбит хатыҥ туоһун илиитин иминэн ылан, уккунньаҕын үрдүгэр саба уурда. Туос, куттаммыттыы түүрүллэн, үрүҥ субата онон-манан хабахтана үллэн иһэн, умайан күлүбүрүү түстэ. Дыгый уотун көрбөхтүү, чыыппааннары, үрдүгэр быһыта кэрдиллэн, хайыта сынньыллыбыт мастары көмүлүөк оһох кэлин эркинигэр өйөннөрү уурталаата. Уот күүһүн ылан, тачыгыраччы умайан, хараҥа күлүктэри эркиҥҥэ, буор муостаҕа ирбинньэхтэтэ оонньотто.

Дыгый талах олоппоһугар аргынньахтыы олорон, иэдэһин дириҥ чэрин уокка сырайа, бааһыгар сыстыбыт куобаҕын элээмэ тириитин сэрэнэн хастыы ынчыктаста: «Бу эрэйдэниэм кэриэтин, ситэри хайа охсон, өлөрөн да кэбиспэт буолан… Аал уотум иччитэ Хатан Тэмиэрийэ, Бырдьа Бытык… Көрдөһөр да күттүөннээх, ааттаһар да ахсааннаах… Инним иһийэн эрэр оҕонньору куһаҕан ымынаҕынан сытытан-ымытан буор сирэйдээмэ, көрөрбүттэн мэлитимэ… Көрдөһөбүн, ааттаһабын, быһа көтүппэт күүскүнэн симэлит эрэ. Ыы симэһиннээх тириини биэрдэ диэн, ханнан хаалыма, кырыы хараххынан көрүмэ… Бу орто дойду кирин-хаҕын эн курдук ыраастааччы баарын билбэтим. Эт мэйиибинэн эргитэ санаан, кыһалҕа үтэйэн, куһаҕаны оҥордум эрэ, хайа сах… Күһүгүрэччи күлэ күл гын, күдэҥҥэ көтүт…» – диэмэхтии, тыынын тута ботугуруу хастаабыт тириитин эрийэ тутан, умайан эрэр хардаҕас быыһыгар кыбыта аста. Уот, бөтө бэрдэрэн, хара буруонан өҕүйбэхтии, кэҥсик сытынан тунуйа сыыгыныы сытан, өй булбуттуу күлүбүрүү түстэ.

Дыгый аҕата Барча өлүөҕүттэн, ырааҕынан аймаҕа Ньолох оҕонньорго иитиллибитэ. Оҥойор айахтарыгар бултаан-алтаан, балыктаан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сылдьан улааппыта. Ньолох оҕонньор тук курдук сылдьар, барыга сыстаҕас уолу сөбүлээбитэ. Бэйэтэ тугу сатыырыгар, булка-алка үөрэтэ-такайа сатаабыта. Оччолорго Чачы сирин Уһун Кутурук Бадьаайы диэн сүрдээх киэптээх киһи баһылаан-көһүлээн олороро. Күүһүттэн-уоҕуттан, кырыктааҕыттан уонна ох саата тэбэр күүһүттэн саллан, тоҥ биистэр, туматтар, атын даҕаны урдустар утары кыргыһыыга киирбэт этилэр. Ырааҕынан сылдьан чуҥнааччылар, баайга-дуолга дураһыйааччылар элбэхтэрэ. Быыстаан-арыттаан, хараҥа түүнү сирэйдэнэн, уоран-талаан, өлөрөн-өһөрөн бараллара. Уһун Кутурук Бадьаайыны ааттаан-суоллаан, «кутуругун быһа үктүөх буолан» күүс, аат былдьаһа, күөн көрсө кэлэн, күдэҥҥэ көппүт үгүһэ. Ол аайы Уһун Кутурук Бадьаайы суон сураҕа улаатан, баайа үллэн иһэрэ. Кый ыраах дойду ааттаахтара итини истэн кыбдьырыналлара, ыҥырыы курдук ылыналлара. Кинилэр ааттара-суоллара, суон сурахтара үрдүкү туруон баҕараллара.

Биирдэ Хаҥалас Тыгына диэн бэрт элбэх боотурдардаах киһи Уһун Кутурук Бадьаайыны аат ааттаан, суол суоллаан иһэрэ иһиллибитэ. Бадьаайы ону истэн, арҕам-тарҕам олорор урааҥхайдары, сорохтору күүс өттүнэн, сорохтору ыҥыртаран, кыргыһыыга бэлэмнэммитэ. Бадьаайы кыайтарар түгэнигэр баайы-дуолу кытта Чачы тыыннаах орпут олохтоох дьоно сирдэриттэн-уоттарыттан үүрүллэн баралларын билэллэрэ. Ол иһин үҥүүнү-батаһы тутарга күһэллибиттэрэ.

Дыгый илдьити истибитэ эрээри, туутун көрө барбыт Ньолох оҕонньору күүтэн, олорон хаалбыта. Атын өтөхтөртөн, уоттан куотан эрэрдии, хас да ыал бэрт тиэтэлинэн Лиһэ күөлүн диэки ааспыттара. Дыгый ону көрөн, ыксаан барбыта. Кыргыс ыҥырыытын ылымматаҕына, икки уот икки ардыгар түбэһэн, кимтэн баҕарар дүгдүөлэнэн, сирэ-дойдута суох буолуон билэрэ. Хайа эрэ өлбүт хоһуунтан уһуллубут, тайах ойоҕоһун уҥуоҕуттан тиһиллибит биирдэ эмэ кэтиллэр куйаҕын таһынан кэһэҕин, ох саатын кэтэн, кылгас үҥүүтүн ылан, оҕонньорго утары барбыта. Ойуур иһинэн уллуҥах барбах аҕыйахта тэпсибит ыллык омоонун устун тиэтэйэ-саарайа бэдьэйэн иһэн, Ньолох суон тиити кууһан, өрө хантайан турарыгар кэтиллэ сыспыта. Ыксаабыт омунугар, оҕонньорун санныттан тардыахча буолан иһэн, хайдах эрэ атыҥыраан, илиитин эһэ охсон ылбыта. Ньолох оҕонньор көхсүн хараҕар ох саа оноҕоһо эриэн куорсунугар диэри тобулу түһэн, тииккэ хам хараҕалаабыт этэ. Сирэйэ кубарыйан, мунна сүһүөхтэнэ кырыыланан, дьабадьытыттан хойуу хаан аллара ньолҕоруйбутун көрөн, туора ыстаммыта. Бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө, һэлии төбөлөөх үҥүүтүнэн биллибэт өстөөҕүн өтөрү түһэрдии иннигэр тутан, тула холоруктаабыта. Сүрэҕэ көбөн, өҕүйэн ыҥырҕаабыта, хараҕын уута ыгыллан тахсан, тулата күөгэҥнээн барбыта. Эмискэ аттыгар турар суон тиит кэнниттэн эриэн кыыл ыстанан эрэрэ… Дыгый, хараҕын уутун соттор бокуойа суох, үҥүүтүн утары тутан эрдэҕинэ, сирэйэ күөх ураанньыктаах кыыл икки атаҕынан дьирэс гына түһээт, котокоон батас өрө күөрэйэн эрэрэ… Кулгааҕар муос куйаҕын уҥуохтара тостон хардырҕаһан эрэллэрэ иһиллибитэ уонна барыта сүппүтэ…

Биирдэ өйдөммүтэ, уотунан умайыктана ыалдьар иэдэһигэр ким эрэ сэрэнэн дьикти сыттаах оттору уурара. Ыараабыт халтаһаларын бэрт нэһиилэ аппатан, туман-имэн быыһынан көрдөҕүнэ, сарыы ырбаахылаах, мукулай бэргэһэлээх кыыс, кини өйдөммүтүн билэн, хап-хара харахтарынан тобулу одуулаан олороро. Бу эмиэ Уһун Кутурук Бадьаайы түөлбэтигэр кыайан тиийбэккэ, хаан тахсарын биттэнэн, хантан күөрэйбиттэрэ биллибэт тигии сирэйдээхтэргэ суолун быһа астаран, муна-тэнэ сылдьар Хатыы этэ. Суккуруур тыына эрэ ордон, хаанынан уста сытар Дыгыйы кини булан сосуһан, Ньолох туос тыытыгар уган, элээҥҥэ таһаарбыта. Тыалтан-куустан, ардахтан хаххаланар кэлтэгэй отууну туруорбута. Илдьэ сылдьар куутуттан үнтү охсон, буор көһүйэҕэ оргутан, Дыгый хайа оҕустарбыт дириҥ бааһын сууйан-сотон, хам тутан, хас да сиринэн силимнээбитэ. Испитин тартаран, ыарыытын мүлүрүтэн, эмтээх отунан угуттуура. Эдэр эт-сиин түргэнник чөлүгэр түһэн барбыта. Дыгый хаҥас хараҕын чараас сарыынан саба баанан олорор, турар буолбута. Ньолох оҕонньор туутун булан балыктыыра, сорсу кустарга тиргэлээн барбыта. Хаста даҕаны, Бадьаайы түөлбэтигэр барар санаа кииртэлээбитэ эрээри, тугу эрэ көрдүүр курдук төттөрү-таары сүүрдэр аттаах дьону көрөн, уйулҕалара хамсаабыта. Дыгый бу сиртэн букатыннаахтык барарга санаммыта эрээри, куттаммыттыы чоҕулуччу көрбүт Хатыы тутара. Төһө да ыкса билсибэтэллэр, биир өлүүгэ түбэһиилэрэ, онно эбии саастара араа-бараата кинилэри ыксалаһыннарбыта.

– Мин бу дойдуттан сыҕарыйаары гынабын, – диэбитэ биир сарсыарда Дыгый уоту одуулуу олорон. Хатыы соһуйан, саҥатыттан матан, чочумча турбахтыы түһээт, уол таһыгар сэргэстэһэ олорбута.

– Оттон мин… Мин хайдах буолабын?

– Иэдээни эҥээрдэспит, эрэйи-муҥу билбит дьон бииргэлэһиэх… Сөбүлэһэр буоллаххына, иккиэн барыах. Сир-дойду киэҥ. Оҥойор айахпытыгар бултаан, балыктаан олоруо этибит…

– Холомобор төнүннэхпинэ, көмүскэһэр киһим суох. Туран эрэр инибин тумат хоһууннара, сэрэппэккэ кэлэн, өлөрөн барбыттара… Уһун Кутурук Бадьаайы кыргыһыыга кыайтарбатах буоллаҕына, кыралары-харалары үтүрүйэн эрдэҕэ. Миигин бэйэтэ ойох оҥостубатаҕына, хайа эмэ боотуругар анньан биэриэ… – диэт, сирэйин саба туттан ытаан сыҥырҕаан, санныларын уҥуохтара чороһо титирэстээбитэ. Өтөр буолбатаҕа, көнө түһэн, уһун суһуоҕун иннигэр түһэринэн, сыыйа өһүлэн барбыта.

– Барсабын… – диэн сибигинэйэ, сирэйин умса туттубута…

Ити күнтэн ылата айаннарыгар бэлэмнэнэн барбыттара. Балык хатарынар, кус үөлүнэр түбүгэр түспүттэрэ. Биир күн туос тыыларыгар мэҥэстэн, бэркэ сэрэнэн, уҥуор туораабыттара. Кыыл-сүөл ыскайдаабыт Ньолох оҕонньор кырамталарын хомуйан, туоска суулаан, ачаахтаах тииккэ ыйаабыттара, сатыылларынан сиэри-туому тутуспуттара. Балыктыыр холомотуттан бултуур мал-сал, догдо саҥыйах, таба тэллэх, дьэс чыҥылла булан, матаҕаҕа хааламмыттара. Бу сиргэ аны хаһан да төннүбэттии сананан, туос тордуйаны түгэҕин дьөлөҕөстөөн, халҕан хаҥас өттүгэр ыйаан кэбиспиттэрэ. Киэһээҥҥи сөрүүн түһүүтэ, Ньолох оҕонньор уһун кыһыны быһа Дыгыйга кэпсиир кэрэ сиригэр, ааттаммат атаһа Барчыгай оҕонньор түөлбэтигэр тиийэрдии соруктанан, уһун айаҥҥа туруммуттара. Улахан эбэҕэ кинилэр туос тыылара долгуҥҥа күөрэҥнии, хопто көтөрдүү маҥхаҥнаабыта. Кытылга балкыйар үрүҥ күүгэн сайыспыттыы өрүтэ ыһыахтана хаалбыта.

Дьонноох сирдэри ырааҕынан тумнан, күөлтэн күөлгэ түһэн, сүүрүктээх үрэхтэри өксөйөн, бүтэһигэр матаҕаларын сүгэн, туос сатыылаан, сара кус көтүүтэ, ортотугар арыылаах улахан Эбэҕэ тохтообуттара. Санааларын бөҕөргөтөн, быһаҕынан түөрэх быраҕан, кыстык угун саҕа балаҕан туттан, олохсуйардыы тэринэн барбыттара.

«Үчүгэйдик олордоххо, сыл – хонук» дииллэр эрээри, Дыгыйдаах Хатыы тустарыгар хас саҥа күн күөрэйиитэ олох туһугар туруулаһыыттан саҕаланара… Хатыы үстэ быыһаммыта эрээри, оҕо турбатаҕа. Онтон сылтаан кууран-хатан, сытыганныыра элбээбитэ.

Биирдэ, арыыларыгар киирэн олордохторуна, Эбэлэрин уҥуоргу өттүгэр буруо тыргыллан тахсыбыта. Сайыҥҥы күйгүөр быыһынан, быста-быста мас кэрдэр тыас иһиллэн иһэн, симэлийбитэ. Дыгыйдаах онтон сээбэҥнээбиттэрэ. Эбэлэрин мэндээрэр уутун кэтииртэн сылайан барбыттара. Олоро-тура сатаан баран Дыгый тулуйбакка, чуҥнаан көрөргө санаммыта. Түүҥҥү тумаҥҥа балыйтаран, эрдинэн уҥуор туораабыта. Ууттан тэйиччи соҕус, ойуур саҕатыгар соҕотох тордох тардыллан турарын көрөн эрдийбитэ. Тугун-ханныгын быһаарарга санаммыта. Тордоххо ыкса чугаһаан кэлэн, балачча кэтээн сыппыта. Тордохтон киирии-тахсыы суоҕуттан, ох саатын ытардыы тутан: «Эбэ киһитэ кэллим… Омолуйуҥ!» – диэн хаһыытаан тоҕо барбыта. Тордох эйэҥэлии түспүтэ. Онон-манан тырыттыбыт дьиэл сыыйа арыллан, санныгар холтону иилэ быраҕыммыт, хохту хараҕа харахтаммыт дьэкир киһи аа-дьуо тахсан кэлбитэ.

– Чугаһаама… куһаҕан тыыннанан, үтүрүллэн иһэр дьоммут. Күлүкпүтүн көрдөхпүтүнэ, тыыннаахпытын итэҕэйэбит… Куттаныма, сарсын ааһа туруохпут, – диэн титирэстээбит куолаһынан саҥара-саҥара, тохтоло суох тоҥхоҥнообута. – Эстэн-быстан тохтоотубут. Аһын, өлөрүмэ, үүрүмэ… үс кыыстаахпын. Ыран-дьүдьэйэн, турар кыахтарын былдьатан сытаахтыыллар… Ордук кырам иэдэйдэ. Мантан салгыы көрөр-харайар кыах суох… Күн киһитэ буоллаххына көмөлөс. Кыра кыыспын ылан хаал… Баҕар, киһи төрдө буолар аналлааҕа буолуо… Оттон өллөҕүнэ киһилии харайаар…

Дыгый итини истэн, хайдах буолуон билбэккэ тэпсэҥнээбитэ.

– Туох алдьархайыгар түбэһэн, эрэйи эҥээрдэспит дьон эбиккит буолла? Иэдээн да эбит. Оҕону диэ, оҕо эрэйдээх туох буруйдаах буолуой, ылан көрүүм… Куһаҕан буолар түбэлтэтигэр санааҕа-онооҕо киирбэтэрбин ханнык, – Дыгый ох саатын кэннигэр кэтэн, тордох диэки атыллаан эрдэҕинэ, оҕонньор илиитинэн сапсыйбахтаан тохтоппута.

– Кииримэ, баҕар… Ыарыы сыстыбатах буолуохтаах этэ даҕаны… Түгэнэ түбэһэн, туох эмэ куһаҕан буоллаххытына, кырыы-таныйа сылдьыаххыт… Бэйэм таһаарыым, – диэт, төҥкөҥнүүрүн кубулуппакка, кэннинэн дьиэли силэйэн, иһирдьэ киирбитэ. Сөтөллөн хахсыйа, сүгэргэ анаан талахтан өрөн оҥоһуллубут тымтайы маадьаччы көтөҕөн таһааран, Дыгый иннигэр олордон кэбиспитэ.

– Бу… Таатык. Киһи буолар күннээх буоллаҕына, биһиги туспутунан кэпсээйэххиний. Туох аанньа дьон буоламмыт… Сор-муҥ эккирэтиэ… Бүтэй Бүк өрүс Элиэнэ эбэҕэ түһэр элбэх ахсааннаах арыыларыттан биирдэстэригэр, таас хайалардаах, бултаах-астаах сиргэ олорбуппут. Куһаҕан ыарыы туран, кэргэним уонна түөрт оҕоттон соҕотох туйах хатарааччы уолум өлөн, ол дойдуттан үүрүллүбүт дьоммут… Онно биһиги олоро сылдьыбыппытын кэрэһилиир туох да хаалбата, барытын уоттаабыттара… Хаһан эрэ Кыйаар дойдутугар дьонноох-сэргэлээх этим… Онно тиийдэрбит диэн, ыраланан иһэбит. Тиийэбит эрэ, тиийбэппит эрэ… – тымтай сарыы сабыытын арыйан, оҕотун төбөтүн салыбырыыр илиитин бакыр тарбахтарынан имэрийэн ылбыта. Ыгыллан тахсыбыт хараҕын уутун ытыһынан соттоот, аат эрэ харата арыычча салбыҥнаан, тордоҕор киирэн хаалбыта. Уу чуумпу буолбута, сип-сибилигин киһи тахса сылдьыбытын мэлдьэһэрдии, бэл, дьиэл эйэҥэлээбэтэҕэ. Үөл-дьүөлгэ түүлэ-илэтэ биллибэт түгэни олоххо эргитэн, арай туртайбыт сарыылаах тымтай олорон хаалбыта туоһулуура.

Хатыы кэргэнэ Дыгый тумаҥҥа киирэн сүтүөҕүттэн, тыы тахсар сириттэн харыс да хамсаабакка, олорон хаалбыта. Бэйэтэ даҕаны билбэт дьикти туругар киирэн куттана, долгуйа, хараҕын дьүккэтэ кытарыар диэри үүт тураан туманы кэтээбитэ. Эрдии тыаһа чалымнаабытыгар биирдэ өйдөнөн, хабытайдана түспүтэ. Оллоонугар тиийэн, бэлэмнээбит маһыгар кыаны анньан, хататын охсон, уот сахпыта.

Дыгый кытылга тыытын өрө тардаат, тымтайын көтөҕөн аҕалан, кутаа таһыгар олордон кэбиспитэ.

– Уоккун эбэн биэр… Ыраастаныа этибит, – диэт, тымтай иһиттэн чараас сарыы суулаах оҕону сэрэнэн көтөҕөн таһаарбыта. Хатыы ону көрөн соһуйан, уолугун харбаммытынан, лэкэчэккэ олоро түспүтэ. Кэҥээбит харахтарынан Дыгый хас хамсаныытын кэтии, субу туран кэлиэхтии дьигиҥнээбитэ. Дыгый оҕо суутун хастыы тардан, уокка бырахпыта. Өссө даҕаны уһуктубакка сылдьар кус сыгынньах оҕону бэйэтиттэн тэйиччи тутан, тараҥнаппытынан кутаатын тула эргийбитэ. Аҥаар атаҕар тобуктуу түһэн, уот буруотун, сылаас салгынын оҕоҕо илбийбэхтээбитэ. Ойон туран, өссө даҕаны дөйүөрэн олорор кэргэнин ньилбэгэр оҕону сытыаран кэбиспитэ.

– Хатыы, кыыстанныбыт! Оҕоҕун тут, туох эмэ бүрүйэр таҥас таһаарыам, – дии-дии холомотун аанын тэлэччи арыйбыта…

Тордохтоох киһи, тыы тумаҥҥа киирэн симэлийэрин кытта, уһуктаҕас кыргыттарын тиэтэтэн, хомуммутунан барбыттара… Ити түүн Дыгыйдаах долгуйан, үөрэн, эмиэ даҕаны куттанан, аанньа утуйбатахтара. Сарсыарда күн лаппа күөрэйиитэ, Дыгый оҕону уган аҕалбыт тымтайыгар тобус-толору балык, кус хаалаан, уҥуор туораабыта. Соһуйуон иһин, дьон кэлэн барбытын туоһулаан, дьылҕан мастар эрэ хороһон тураллара…

Саҥардыы хааман эрэр Таатык-Татыйык Дыгыйдаахха ити курдук оҕо буолан хаалбыта. Хатыы, хайа күн оҕону түөһүгэр ыксары кууһуоҕуттан, урукку чөлүгэр түһэн барбыта. Күннэрэ-ыйдара Таатык тула эргийэр буолбута.

Итинтэн ылата элбэх уу-хаар устан аастаҕа. Кинилэргэ үөһэттэн анаммыт кыыстарын туһугар, өлөр өлүүттэн хаста-хаста мүччү-хаччы харбатан, баччаҕа тиийэн кэллэхтэрэ.

Бүгүн халлаан буркуннанан, онно эбии Дыгый ыарыыланан, булдун тэриллэрин көрө барбата. Онтон, хата, чөмчүүк саастаах Татыйык кыыс үөрүүтэ баһаамнаата. Дьоно иккиэн баалларыттан үөрэн, күлэн чаҕаарыйа наара ороҥҥо булумахтанар. Быыһыгар модороон сандалыга быардыы сытан, ийэтэ куобах сүлэрин кыҥастаһар. Көмөлөспүтэ буола, куобах кулгаахтарын тута, араастаан хамсатан оонньуур.

– Сыллыай, Таатык, булдунан оонньооботтор, Барылах буруйугар-сэмэтигэр киириэҥ. Эһэкээн оҕонньор кэлэйэн, аны аҕабыт айатыгар, сохсотугар булду тосхойуо суоҕа. Хата, били аҕаҥ кыспыт талах оонньуурдарынан оонньоо. Мин эйиэхэ кэпсиэм, – Хатыы астыырын тохтотон, кыыһын төбөтүттэн сыллаан ылла. Сандалы анныттан кыра туос тордуйаны ылан, талах оонньуурдары сандалыга уурталаата.

– Ийээ, бу маннык кыыллар ханна баалларый?

– Ыы, чыычааҕым. Ырыых-ыраах биһиги курдук дьон элбиих-элбэх буолан, киэҥ да киэҥ хонуулаах сиргэ олороллор. Кинилэр итинник икки муостаах дьиэ кыыллаахтар. Өссө уһун сиэллээх, кутуруктаах сылгылаахтар. Ынахтарын ыан, ол үүтүттэн араас иһэгэйдээҕи астыыллар.

Дыгый, эмээхсиннээх кыыһын кэпсэтиилэрин истэ-истэ, оһоҕун иннигэр аргынньахтаан олорон, сүлүллүбүт киис тириитин сөҕүрүйбүт уокка үҥүлүтэр, эргитэр-урбатар. «Бу тыал сэби-сэбиргэли типтэҕэ. Уларытан туруорбут сохсом астанна ини? Сарсын хайдах эмэ гынан көрдөххө сатанар. Сир түннүгэ Аташкаан кэлэрэ чугаһаатаҕа, көбүөччү биэрэн ыытыллыа этэ буоллаҕа», – дии саныы-саныы тириини ньилбэгэр ууран, быһаҕынан сыатын кыһыйбахтаата.

Күүтэр Аташкаана дьикти айылгылаах – сир түннүгэ киһи. Уҥуоҕунан намыһах, хатыҥыр, түргэн-тарҕан туттуутун таһынан, доргуордаах саҥалаах. Хараҕын далыгар киллэрбит киһитигэр, күөл уҥуоруттан даҕаны, тугу билбитин, көрбүтүн кэпсээтэҕинэ эрэ холкутуйар. Бэйэтэ тоҥус бэрдэ эрээри, табалаах сахаларга сыстан, хайа да халыан майгылаах дьоннуун биир тылы булар. Бэл, тигии сирэйдээхтэр ситэн кэлэн, тыынын иһиллээри чиччигинээн баран, алыптаах тылга ылларан, тыыппакка ааһаллара. Айаны-сырыыны кыайар буолан, анаан сыал-сорук туруорунан, дьонноох сирдэринэн кэрийэн, сонуну барытын тарҕатар үгэстээх. Сымыйаны, көрбөтөҕүн-билбэтэҕин кэпсээбэтинэн ытыктанар киһи. Итинник сылдьарын быыһыгар, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөн, түүлээххэ көрдөспүттэрин мэнэйдэһэн, булан-талан аҕалар.

– Улуу добдурҕа буолла, сир түннүгэ Аташкаан таарыйан ааһар ини? Кини киһи сырыыта киэҥэ, истибитэ-билбитэ элбэх буолуо. Ынахтаах дьонтон тугу эмэ булан кэһиилэннэр, абырыа этэ. Арыы амтанын умнан да бардым… Быйыл саарба, үрүҥ үйэн элбэх. Эһэкээн даҕаны тосхойо сатаата. Аташкааҥҥа биэрэн, эргиттэриэ этибит…

– Дьэ, абырыа этэ… Чачыга хайдах-туох олороллорун даҕаны истиллиэ. Төрөөбүт түөлбэбит буоллаҕа, дэҥ түүлбэр киирэр ээ… Тоҥ биистэр бары кини курдук буолбаттар ньии… Хаһан, байан дуу, хайаан дуу, кыргыспакка, таласпакка олорор кэм буолар… Таарыйдар, оҕобутун да кыһыҥҥы таҥастыырга тугу эмэ мэнэйдэһиэ этибит. Киһи буоллаҕа, улаатан туох да баппат буолла. Саары аҕалбат ээ, сарыыбыт даҕаны киһи туһаммата хаалла, – Хатыы өрө тыынан ылла.

– Иэхэйбиин! Оччоҕо мин аҕабын кытта тыаҕа бултуу тахсыһыам, – Татыйык оонньуурдарын туппутунан, аҕатыгар сүүрэн тиийэн, көтөхтөрөөрү илиилэрин даллаччы уунаҕалаата. Дыгый тутан олорор тириитин, быһаҕын хааһах үрдүгэр уурталаат, испит иэдэһин кыыһыгар таарыйтарымаары уҥа өттүнэн хайыһа, көтөҕөн ылан ньилбэгэр олорто. Кыыһын кэтэҕиттэн сыттаан эрэрдии сыҥсырыйан сыллыы, икки илиитинэн күөмчүлүүрдүү кууста.

– Аам, оҕом сыта минньигиһиэн, – икки өттүнэн иэҕэҥнии, ис хоһооно суохтук тойуктаан кигинэйдэ. Ол аайы талах олоппос, кырыымпалаан эрэрдии, араастаан кыычыгыраата.

– Ээ, оҕом барахсан, барсымынаҕын. Хайа, аҕыйах сылынан бэйэҥ бултаан, булан-талан аһатыаҥ дии. Биһиги эн улаатарыҥ саҕана балаҕаммытын иччилээн, этэҥҥэ сырыттарбыт… – Хатыы саҥата суох барда.

– Аҕаа, Барылах диэн кимий, миигин куобах кулгааҕын тыытта диэн, сэмэлээбэт ини? Ити куобаҕы эйиэхэ хайдах биэрбитэй?

– Ыы, чыычааҕым. Эйигин сэмэлиир баар буолуо дуо?! Барылах диэн ойуур тойоно. Барыбытыгар Эһэкээн буолар. Кинини үөрдэ-көтүтэ, маанылыы, сирин-уотун, отун-маһын алдьаппакка сырыттахха, кыылыттан-көтөрүттэн бэрсэр. Ити куобаҕын эйигин сиэтин, улааттын диэн, туһахпар үүрэн аҕалан киллэрбит.

– Оок, суор хаһыытаан ааста. Аҕаа, иһиттиҥ дуо? «Хуух» диэн хаһыытыырын билэбин ээ.

– Ээ, ити миигин булка ыҥырар. «Тоҕо бултуу тахсыбаккын?» – диир. Суор – тыҥырахтаах көтөр. Кинини тыыппаттар. Барылах көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа. Сорох ардыгар, булкуттан тииһинээри, булду ыйан биэрэр. Бултуйдаххына үөрэр. Ардыгар, иҥсэтэ көптөҕүнэ, туһахтары кэрийэн, иҥнибит бултаргын барытын сиэн кэбиһэр. Сиэмэх, олус хаанымсах көтөр. Мин булпун олус буулаатаҕына, Барылахха үҥсүөм диэн куттуубун. Оччоҕо истэр курдук буолааччы.

– Мин суору сөбүлээбэппин. Өлүү-сүтүү, хаан тахсаары гыннаҕына хаһыытыыр быһыылаах, – Хатыы куобаҕын хол-буут араара, үөһээ тыынан ылла. – Бу улуу добдурҕаҕа сиэхситтэр, үөр бөрө курдук, эмиэ субуруҥнууллара буолуо. Бачча үчүгэй бултаах-алтаах, саарба дэлэй дойдутугар саха биистэрэ тоҕо кэлбэттэрэ буолла? Саатар сүөһүлээх-астаах аҕыйах ыал кэллэр… Ыл эрэ, быһаххын уларыс. Аташкаан саха быһаҕын да аҕалбат ээ. Бу муос быһах бүтэн эрэр.

– Дьэ диэ… – Дыгый туохха сөбүлэһэрэ биллибэккэ, хап-сабар быһаҕы уһугуттан ылан, уунна. – Аташкаан кэпсииринэн, Элиэнэ эбэ Туймаада хочотун урааҥхай сахалар баһылаан олороллор үһү. Аҕа баһылыктара Тыгын Тойон диэн сүрдээх өйдөөх, ырааҕы анаарар киһи курдук кэпсиирэ. Били, Уһун Кутурук Бадьаайыны сэриилии кэлэн баран төннүбүт киһи эбитэ дуу, атын эбитэ дуу, билбэтим. Ол Тыгын Тойон саха биистэрин барытын Туймаадаҕа мунньа сатыыр үһү. Олус элбээннэр, булт-алт мөлтөөн, саҥа сири көрдөөн, көһөртөөн эрэллэр диэбитэ. Баҕар, бу да диэки булду эккирэтэн, тиийэн кэлиэхтэрин сөп ээ. Аташкаан бу дойдуну кэпсээбит курдук этэрэ.

– Хайаан кэпсиэ суоҕай, кэпсээтэҕэ. Били, биһиги күрүүрбүтүгэр, улахан кыргыһыы буолбатах диэн сэһэргээбитэ дии. Аҕыйах киһи өлбүтүн ахсааҥҥа да ылбат буоллахтара… Таатыкпыт улаатарын саҕана кэлэллэрэ буоллар… Кэм биир тыллаах буоллахпыт. Оҕобутун үчүгэй киһиэхэ ойох биэрэн, нус-хас буолуо этибит…

– Аҕаа, суор эмиэ хаһыытаата. Эйигин тоҕо тахсыбаккын диир быһыылаах, – Таатык кып-кыра ыйар тарбаҕын чоротон иһиллии сатыырдыы хараҕын быһа симпэхтээтэ.

Эмискэ таһырдьа табалар эҥээннэрэ тыһыгыраан, дьон саҥата ньамалаһан, тэбэнэр-сахсынар тыастара иһилиннэ.

– Таатык, Таатык, кытаат, хорооҥҥор киирэ оҕус, – диэн Хатыы ыксаабыт саҥата иһиллэн эрдэҕинэ, Татыйык наара орон анныгар сылыпыс гынна. Хатыы биир таба тириитин ылан, кыыһа киирбит сирин бүөлүү анньаат, куобаҕын иһин хостообут мас үүйүүлээх туос иһити ол таһыгар уура оҕуста. Дыгый ыраастыы олорбут кииһин сиргэ сытар хааһахха симээт, оһох кэннин диэки атаҕынан хаһыйаат, сандалыттан саха быһаҕын харбаан ылла. Ыарахан халҕан сүр эрчимнээхтик аһыллан тиэрэ барда, тымныы салгын, үөмэн эрэрдии алларанан сыыйыллан, үүт тураанынан бурҕачыйа түстэ, үөһэттэн саба баттыыр сылаас салгыны кытта охсуһан, өрө түллэҥнээтэ. Төбөлөрүттэн атахтарыгар диэри таба таҥастаах, нимчикааннарын көхсүлэригэр сүкпүт, һэлии муоһуттан төбөлөөх кылгас үҥүүнү туппут үс хоһуун, хараҥаҕа атыллыахтарын саараабыттыы тэпсэҥнээмэхтээт, тымныынан аҥылыйан, көтүөккэлэһэн киирдилэр, сырдыгы бүөлээн, өрө үөмэхтэстилэр. Өссө да сабыллыбакка аҥайан турар аанынан өрүһүспүттүү кутуллар тымныы туман бурҕачыйан иһэн, аан тыастаахтык сабыллыбытыгар өрө түллэҥнээт, симэлийэ уһунна.

Кырыа, түү быыһынан кыаһаанныҥы сирэйэ тиирэ тардыллыбыт дүҥүрдүү биир даҕаны мырчыстаҕаһа суох, мэкчиргэ хараҕыныы эрилиҥнэтэ көрбүт хоһуун Дыгый иннигэр хорус гына түстэ. Хараҕар саба түспүт бэргэһэтин өрө анньынаат, үҥүүтүнэн тирээтэ. Хатыы сарылаабытынан оҕонньорун кэннигэр сөрөннө.

– Быһаххын бырах! Хара шуоруҥ халаахтаабытыгар тоҕо быыралаһа тахшыбатыҥ? Биитэр маангааҥҥын баттыы шытаҕын дуу? – тирээбит үҥүүтүн хамсаппакка эрэ өрө дыгдаҥныы, сахалыы саҥара сатаан, сыыгыныы күлэн ыгыһынна.

Дыгый сиргэ ыһыктыбыт быһаҕын атаҕынан хаһыйа тэптэ. Сирэйдэрэ бэргэһэлэрин уһун түүтүнэн саба түспүт хоһууннар, кырыалара ирэн илийбит түү быыһынан көрө сатыырдыы өрө хантаарыҥнаһа, күлэн күһүгүрэстилэр. Биир кэм бэдьэйэ, өрө эккирии, үҥүүлэрин төбөтүнэн наараҕа сытар таба тириилэрин дьөлүтэ кэйэ, өрө-таҥнары сахсыйталаатылар. Тугу эрэ көрдүүрдүү тиҥсирийэ өҥөҥнөһө, тоҕута тарда, ыһан-тоҕон бардылар. Таба түүтэ ыам бырдаҕыныы түллэҥнии көтөн, сиргэ түспэккэ дэйбэҥнии кыймаҥнаста.

– Өссө ким баарый, хаһыҥырыыр кыыллаах шаха бииштэрэ таарыйдылар дуо? Тыыҥҥын иһиллии иликпинэ этэ оҕуш! – Мэкчиргэ Харах үҥүүтүн санньытан, оҕонньору уолугуттан харбаан ылла.

Хатыы баттаҕа ыһыллан, оҕонньорун быыһыахтыы, хоһуун харытыгар ыйааста түстэ:

– Өлөрүмэ-э, өлөрүмэ! Иннинэн сирэйдээх, икки атахтаах тумнан ааһар ыалабыт… Ыыт, ыыт, – диэн тардыалаһан эрдэҕинэ, биир хоһуун ойон кэлэн, баттаҕыттан харбаан ылаат, тиэрэ тардан, тахсар аан диэки соһо ынчыктаста. Кыайбакка, наара ороҥҥо умса анньаат, сутуругунан көхсүгэ охсуолаан ньиргитэлээтэ. Дьоно көрбөттөрүнэн туһанан, үһүс киһилэрэ хааһахтан ороон таһаарбыт киис тириитин бокуойа суох хоонньугар симиннэ. Бэргэһэтин кэннигэр силэйэн, өссө булаары, наара аннын өҥөлдьүйэн, симиллибит таба тириитин оруу тардаары куобах иһэ ороммут туос иһитин үктээн, халтарыйа сыһан, хаһыытаан тоҕо барда. Кыыһырбыт уоҕар тэбэн күдээриттэ. Куобах иһэ ньаҕайдаммыт уллуҥун наара орон кытыытыгар ньиккирийбэхтээт, тириини өссө өрө тардан эрдэҕинэ, Хатыы хаһыытаабытынан ойон туран, хоһуун баттаҕар икки илиитинэн түстэ. Ыһыытаппытынан кэдэрчи тардан онолуйда:

– Аа, абам! Кимнээх буолан иэстэтиэм баарай? Инибин эһиги сиэбиккит… Аны миигин сиэҥ!

Хоһуун төбөтүн чолоччу тартаран, далбаатана кэдэйдэ. Ону көрөн, аттыгар турбут хоһуун ойон кэлэн, Хатыыны сиргэ сөрөөн түһэрэн, тэбиэлээн күрдүргэттэ. Дыгый итини көрөн, уһуутаабытынан өрө чиччигинээн эрдэҕинэ, Мэкчиргэ Харах умса тардан тобуктата түһэрээт, үҥүүтүнэн үлүбээй охсуолаан сабырҕатта.

– Өлөр, өлөөр! Суох гын! Сынньат! Эһиэхэ даҕаны дьиэлгитин тэлэйэр күһэҥэлээх киһи көстүө! – Дыгый төбөтүн тутта, ынчыктаан хардырҕаата. Мэкчиргэ Харах аҕылаан мэҥийэ, тохтуу түстэ. Дьонугар ыстанан тиийэн садьыйталаан, үҥүүтүн туора тутан түөскэ анньыалаан, сарылаата:

– Тохтооҥ! Түксү! Өлөрөөрү гынныгыт! Кэлэ-бара бэлэм түүлээҕи, аһы, балыгы ыларга туһалыахтара, – диэн көбүөлээт, түүрүллэн сытар Дыгыйы үҥүүтүн төбөтүнэн анньыалаата:

– Кубулунума, бу аайы өлбөт урааҥхай буолуоҥ. Ый кыһыл эргэтэ буолуута, өшшө биирдэ кэлиэхпит. Күн шырдыга баҕалаах буоллаҕына, шаарба кыылларда бэлэмнээн тоһуйаар. Маангааҥҥын таһыйан, үөрэтэн биэр. Сэптээх-сэбиргэллээх дьоҥҥо тыҥыраҕын сараппат оҥороор, – дии-дии кураанаҕынан силлээмэхтээт, сандалыга сытар куобах хааннаах буутун айаҕар батары аста. Буор көһүйэни, иһити-хомуоһу сиргэ тоҕо солоон түһэрдэ. Туохтан эрэ куотан эрэрдии үтүрүһэ-анньыһа таһырдьаны былдьастылар. Бэйэлэрин тылларынан добдугураһан иһэн, биир хоһуун төттөрү ойон киирэн, тугу эрэ көрдүүрдүү сандалы, наара ороннор анныларын харбыаласта. Көнө түһэн тула кулахачыйда, бөтүөхтүү сытар Дыгыйы куттаммыттыы көрө тэпсэммэхтээт, таһырдьа ыстанна.

Балаҕан иһэ кураанахсыйа, тымныйа түстэ. Бургучуйан киирэр тымныы салгынтан өйдөммүттүү, Хатыы ынчыктаабытынан, наараттан тардыһан, туран кэллэ. Байааттаҥныы сыҥыргыы, оҕонньоругар кэлэн саба түстэ, уйа-хайа суох ытаан энэлийдэ. Наара орон анныттан Татыйык аҕатын быһаҕын түөһүгэр ыксары туппутунан тахсан кэллэ. Сыҥсырыйа-сыҥсырыйа, кырачаан ытыһынан ийэтин баттаҕын имэрийдэ.

– Ийээ, ытаама… Аҕам эппитин курдук, сотору сахалар кэллэхтэринэ, ити түүлээх таҥастаахтары мантан хаһан да кэлбэт гына ыраах үүрүөхтэрэ…

Yosh cheklamasi:
0+
Litresda chiqarilgan sana:
08 may 2023
Hajm:
190 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-5464-0
Mualliflik huquqi egasi:
Айар
Yuklab olish formati:

Ushbu kitob bilan o'qiladi