Kitobni o'qish: «Куорат булчуттара»
Тыаттан куоракка
Тыаттан куоракка көһөн киирэн баран, бастаан утаа эрэй бөҕөтүн көрбүппүт. Бу өрөбүллэрэ уһунун, таһырдьа киһи үлэлиирэ суох. Айаҕалыы сатаан, түһэр-тахсар кирилиэспитин, хомуйалларын үрдүнэн, сиппийбитэ буолан, чэбдик салгыҥҥа күнү-дьылы ыыта сатыырбыт. Оччолорго икки күннээх өрөбүлгэ үөрэммэтэх буолан, киһи онно-манна сылдьар да сирэ суох курдуга. Табаарыстаргар өрөбүл аайы тиэстиэҕи сүрэ бэрдэ. Үлэ-дьиэ, дьиэ-үлэ буолан олорбуппут.
Саас буолуута мин өссө «өлөн» бардым. «Бастакы кус кэлэн эрдэҕэ» диэн санааттан утуйар да уум уу буолбат. Өрүү халлааны хантайа сылдьар буоллум. Онно эбии дэҥ-дуҥ кустуу сылдьарбын түһээммин, өссө алдьанан турабын.
Биирдэ оҕо сааһым доҕоро төлөпүөннээн, ууга-уокка түһэрдэ. «Бииргэ үлэлиир уолаттарбын кытта куорат таһыгар кустуу бараары тэринэбит. Барсаҕын дуо, сааҥ баар ини?» – диэн буолла. Мин үөрүүнү кытта сөбүлэстим. Чурапчыттан көһөн киирэрбэр көҥүллээх, үөһэ-аллара уостаах Тоз-34 Е саабын илдьэ кэлбитим. Тыаҕа үксүн сүгэ сылдьар буоламмын, хаһан даҕаны саа хаата диэни билбэтэҕим. Бу даҕаны сырыыга куулга суулаан, аҕыйах ботуруоннаахпын сиэппэр уктан, кустуу барарга бэлэм буолбутум.
Ити сыл олус хаардаах кыһын ааһан эрэрэ. Төһө даҕаны ыам ыйын 9 күнэ буоллар, ойуур иһигэр киһи кыайан хаампат халыҥ хаара сытара. Икки массыынанан Нам диэки куугунатан иһэн, хаҥас диэки эрийэ тутан, алаастарынан сыыйылыннардыбыт. Сирдьиппит Куобахчыт диэн таптал ааттаах. Аммаҕа куобах мэнээгэр ытарынан, элбэх куобаҕы сүгэринэн ити ааты ылбыт. Саҥа билсибит доҕотторум бары даҕаны «булт диэн баран муннукка ытаабыт» уолаттар.
Суол баар эрээри, кыһыны быһа мас соспуттар, хаспах да хаспах. Массыынабыт хаста даҕаны ыйана сырытта. Биир алааска эрилиҥнэтэн, ойутан киирбиппит, алаас ортотугар үүнэн турар хатыҥҥа атыыр куртуйах олорор эбит. Бары да, куорат чугаһыгар булт баарыгар эрэммэккэ испит дьон, соһуйан, омун-төлөн бөҕө буоллубут. Бэрт ыксалынан саабытын хомуйан адаарыҥнастыбыт. Куртуйахпыт саа ылбат сиригэр олорор. Саамылаһан, сааларбытын бэлэм тутан, суолунан айанната түһэн баран, туораан тахсан чугаһаары гыммыппыт, ханна баарый? Массыына барбат халыҥ хаара. Эрийтэрэн барылатан, суолтан уонча миэтэрэни бардыбыт эрэ, суох эрэ. Олорон хааллыбыт. Куртуйахпыт 80-ча миэтэрэ бадахтаах. Тоҕо эбитэ буолла, ытар чиэс миэхэ тигистэ. Ойон тахсаат, ырааҕырҕатан, үрдүн көрөн баран, ытан бытарыттым. Куртуйаҕым умса баран иһэн, арыый кыанан, ойуур саҕатыгар тиийэн түстэ. Тута охтубатаҕыттан табыллыбатаҕынан аахтылар. Эккирэтэн тиийэн көрүөҕү, массыына сыҕарыйан абырыа суох, эгэ, сатыылыыр кэлиэ дуо? Итинник хааллаҕа.
Кустуохтаах сирбитигэр тиийбиппит, олох даҕаны хаарынан көрө сытар. Манна саас кэлбит сибикитэ диэн – сырдыкпыт эрэ уһаабыт. Сылгыһыттар үүтээннэригэр бэрт үчүгэйдик хоноот, төттөрү айаннаатыбыт. Кус көрөр, ытар баҕа баһыйан, айан суолугар тахсаат, өрүс диэки тутан кэбистибит. Үөрүөхпүт иһин, манна уу-хаар баһаам буолан биэрдэ. Күөрэгэй ырыата, чиибистэр тэлиэс-былаас көтүүлэрэ чахчы да саас барахсан кэлбитин туоһулуура.
Халлаан лаппа хараҥарыыта чалбах ууларга олоро сатаан, биир тылбыйар кынаттааҕы көрбөккө, отуубутугар таҕыстыбыт. Куорат таһыгар маннык буолуохтааҕын бары даҕаны билэр буоламмыт, кыһаллыбатыбыт. Чэбдик салгыны толору сиэн, дурдаҕа тоҥон-хатан, сыал ытан, бастакы уохпут хараатаҕа. Айылҕаҕа тахсан сынньаннахпыт.
Арай халлаан сырдыыта тоҥон уһуктубутум, ханна эрэ чугас соҕус кус чурустуур. Ойон туран, саабын хаба тардаат, ол диэки хаамтым. Күнүс кэрийэн, ханан уу тахсыбытын, ханан үөмүүлээҕин билэбин. Атыыр чөккөй биир кэм айманар. Саабын бэлэм тутан, талахтарынан хаххаланан иһэн көрбүтүм, кырыыбалыы соҕус кыттыгаһым үөмэн иһэр эбит. Куспут уу уҥуор, дулҕа үөһэ олорон чурустуур. Дьиҥэр, кус элбэҕэ буоллар, киһи ырааҕырҕатан ытыа суох эбит. Эргийэ барыаҕы, талаҕа хаамтарыа суох. Куһу ыппыт ааттыын үчүгэй. Бэлиэ бэрсэн баран, ытан саай! Куспут өрө көтөн таҕыста. Тутуу былдьаһан, иккис уоспунан батыһыннаран ытан хабылыннарбытым, куһум, өс киирбэх, умса баран түстэ.
Бачча сааспар диэри син араас куһу-хааһы бултаан кэллэҕим. Ол эрээри ити бултаабыт атыыр чөккөйүм тус бэйэбэр олус күндү буолбута. Булка умсулҕаным, бэйэбэр эрэмньим саҥалыы күөдьүйбүтэ. Хайа, уонна куорат даҕаны таһыгар бултуохха, санааны сайгыахха сөп эбит диэн өйдөбүлгэ кэлбитим.
Куорат таһыгар бу бастакы бултааһыммыт кэнниттэн үһүө буолан хаалбыппыт. Атыттарбыт хамаанда тэринэн, туспа «буруо» таһаарыммыттара. Ол оннугар биһиэхэ, булт дьиҥнээх фанаттара диэххэ дуу, баар буолбуттара. Ырааҕынан-чугаһынан араас сирдэргэ араас булду бултаан, бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсибиппит. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ биир тыла суох өйдөһөр, кэлиигэ-барыыга, булка-алка буспут-хаппыт, уопуттаах, күүстээх хамаанда үөскээбитэ. Биһиги хамаандаҕа сыстыах баҕалаах хара баһаам этэ. Сорохтор сырыыны-айаны кыайбакка, бэйэлэрэ тохтууллара. Оттон сорохторун биир-икки сырыыга көрүүгэ илдьэ сылдьан баран, тэйитэр түгэннэрбит эмиэ бааллара.
Булт – улахан үлэ. Биир киһи курдук олорон-туран истэххэ, сырыы-айан кыайтарар, булт бултанар. Аһыы утаҕы ас, эмп курдук көрбөт буоллаххына, эмиэ кыайан сылдьыспаккын. Кус, балык, куобах, мас көтөрө, бэл диэтэххэ, тайах көҥүлэ буолла да, өрүү тахса турааччыбыт. Кыһын өрөбүл аайы трасса таһынан туһахтыыр, мас көтөрдүүр идэлэммиппит. Оччолорго куорат таһыгар куобах үчүгэйдик үөскээбит кэмэ этэ. Күһүн аҕыйах буолан өрөбүллэргэ хааман, үүрэн, 80-чаҕа тиийэ куобаҕы бултуурбут. Хаар түһүөр диэри итинник сылдьан, биирдии бэйэбит 40-чаҕа тиийэ куобахтанарбыт. Итиннэ өссө мас көтөрүн эбэн кэбис. Онон куоракка да олорон, ырыаҕа ылланарыныы, «…Уонна бултаан эбиниэххэ сөп эбит» диэн бигэ санааҕа кэлбиппит. Сыыйа тугун-ханныгын үөрэтэн, булт арааһыттан көрөн, үчүгэй саалар, карабиннар баар буолбуттара. Эккирэтиһэн, сыралаһан, көҥүл, лицензия ылан, туртаска, тайахха анаан, оҥостон тахсыталыырбыт. Уолаттар булка амтаһыйан, бэл диэтэххэ, тыатааҕыны бултаһар сорсуннаах булчут аатырбыттара.
Бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэ иликпитинэ, барытыгар харса суох, ким хайдах сатыырынан саба түһэн, көмөлөөн оҥорооччубут. Кэлин хас биирдиибит туохха ордук сыстаҕаһа биллэн, сыыйа тыаҕа-уокка эрэ туһаныллар анал идэлэри баһылаан барбыппыт.
Потап
Потап Мирнэйтэн төрүттээх, төһө даҕаны промышленнай куорат оҕото буоллар, аҕата Тыаһыт такайыытынан, булка олус сыстаҕас. Мин урут алмаастаах Мирнэйи, эмиэ куоратын эрэ иһин, олох булт тохтообот, суох сиринэн ааҕарым. Онтум баара, олус бултаах-алтаах мааны дойду эбит. Чэ, ити туһунан кэпсээн.
Потап – биһиги хамаанда көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа. Ону таһынан, ойуурга хас хонорбутуттан сиэттэрэн, сметаны оҥорооччу. Ити сүрүнэ. Эбиитин фонаригыттан саҕалаан оптикаҕа тиийэ этэр тыла ыйааһыннаах. Чааһы быһа лаҕыыр сытан эрэ оптикалаах сааны перестрелкэлээн, иннин-кэннин быһаарар дьүккүөрдээх. Спортиҥҥа, буулдьа саатынан, бэстилиэтинэн ытыыга республика таһымнаах араас күрэхтэһиилэр кыайыылааҕа, призера.
Биир талаана тахсыбыта – куорат иһигэр массыына ыытыыта. Ол эбэтэр тыа суолугар тахсыахха диэри эбэтэр төттөрү кэлэргэ солбуллубат суоппар. Атаҕар лаппа кыанар. Онон ыксаллаах түгэннэргэ эбэлэри эргийээччи, систэри быһыта түһээччи эмиэ Кини. Ити быыһыгар навигаторы биир бастакынан баһылаан, сылдьыбыт сирдэрбитин көмпүүтэргэ киллэрэн, анал каартаны оҥорон сөхтөртүүрэ. Хаартыскалары биир сиргэ кииннээн, уһуллубут киинэлэри таҥан, сүппэт-оспот өйдөбүллэри оҥорбутугар махталбыт улахан.
Уолаттарым туһунан өссө интэриэһинэй буолаарай диэн, булка сылдьарбыт тухары «аргыс» гынар көрдөөх, сорох ардыгар ыксаллаах даҕаны түгэннэртэн билиһиннэриим.
Саҥа тэриллэр
Ааспыт ХХ үйэ бүтүүтэ этэ диэххэ дуу, олох балысханнык уларыйар, сайдар кэмигэр, булчуттарга тыаҕа-уокка сылдьар тэриллэрэ, саалара-саадахтара, олох хаамыытынан, уларыйбыта-тэлэрийбитэ. Дьиэ кэргэн биир саамай харыстаан туттар, оҕоттон оҕоҕо бэриллэр илимнэрэ, муҥхалара ампаартан мээнэ тахсыбат буолбуттара. Ол оннугар «биир күннээх» Кытай илимнэрэ дэлэйбитэ. Ону даҕаны харыстыы үөрэммит балыксыттар сыа-сым курдук тутан, абырахтыы-абырахтыы, хастыы эмэ сыл тутталлара. Харахтаан көрбөтөх араас бултуур тэриллэрбит ырыынагы, маҕаһыыннары ыһан кэбиспитэ. Оччолорго мөлүйүөнүнэн харчыны аахсар буоламмыт, сыана да ол сиэринэн этэ. Биирдэ табаарыспыт соҕуруу сынньана бара сылдьан, икки устуука бэйэ-бэйэни кытта кэпсэтэр рацияны аҕалла. Ити кэмнэргэ суотабай төлөпүөнү түһээн даҕаны көрбөт этибит. Сөҕүөхпүт иһин, 1,5 биэрэстэҕэ диэри кэпсэтиэххэ сөп диэн суруктаах. Оччолорго булка илдьэ сылдьарга аналлаах итинник тэриллэр атын дьоҥҥо бааллара дуу, суоҕа дуу – биллибэт.
Ол күһүн кус көҥүлүгэр тэринэн, бултуу бардыбыт. Икки массыынанан сылдьабыт, массыына аайы биирдии рациялаахпыт. Олус бэрт, кэпсэтэ иһэбит. Ыраас сиргэ син балачча ыраахтан хабар. Арай ханаалын арыый сыыһа туттахха, арааһы барытын хабар. Ордук ГАИ, милииссийэ ханаалыгар киирэн сордуур. Ол да буоллар, инникилээн иһэр массыыналаахтарбыт суолга туох буоларын кэпсии иһэллэр. ГАИ-лар ханна тоһуйан туралларын, тугу көрөллөрүн, ханна тохтоон күүтэллэрин эҥин. Оттон кустуурга киэҥ-куоҥ эбэлэри икки өттүнэн эргийэргэ, күрэтиһэргэ абыраллаах тэрил буолбута. «Урут рацията суох хайдах бултаабыппытый?» диэх курдук. Ити гынан баран, тиэхиникэ буоллаҕа, хабар-хаппат сирдээх, хардьыгынаан, чуһууран, сороҕор саҥата улаатан соһуталыыра. Онтон сылтаан араас көр, дьээбэлэһии бөҕө.
Биирдэ, сарсыардааҥҥы ытыы бүтэн, уолаттар отууга тахсан кутаа оттон, чэй оргутан, Потап биһикки тахсарбытын кэтэһэн олороллоро. Сарсыардааҥҥы чуумпуга биһигини ыҥыран үөгүлүүллэрэ ыраахха диэри дуораһыйан иһиллэрэ. Потап эрэһиинэ тыынан сылдьан кус хомуйара, эбиитин хойобул буолбут кустары аа-дьуо мин туһаайыыбынан үүрэн иһэрэ. Туман саҥа көтөн эрэрэ. Иккиэн рациялаахпыт. Бу түөлбэлээн сытар Эбэбит наһаа оннук улахана суох. 5–6 киһи кус киирэр-тахсар аартыктарын маныы төгүрүччү турдаҕына, сөп буолабыт.
Сотору-сотору рациям тиллэн хардьыгыныыр, араас тыас-уус быыһыгар: «Прием, прием. Кустар бардылар», онтон сыыгыныы түһээт: «…201, 201, истэҕин дуо? Нүөмэрэ суох массыына ааста. Тохтотуҥ! Тохтотуҥ! Как слышно, прием», – диэн ыксаабыт куолас иһиллэн ааһар. «Уҥа өттүгэр кустар түстүлэр. Көрдүҥ ини, көрдүҥ ини?» – диэн саҥа быста-быста кэлэр. «Көрөн, көрөн, кустаргын үөскэ киллэримэ», – диэн киһибэр көх-нэм буолабын. Ол быыһыгар киэҥ куйаартан нарын ырыа эйээрэн ааһар. «¥үрэн иһэбин, үүрэн иһэбин. Бэлэмнэн», – диэн хамаанда иһиллэр. Өйдөөн көрбүтүм, уҥа өттүбэр баар кыра от арыыга хас даҕаны кус ньыкыйыахтарынан ньыкыйан, устан киирдэ. Ити арыыттан мин диэки уһуннулар даҕаны, килэгир ууга тахсыахтаахтар. Саа ылар сиригэр киллэрэн, хоһулаан ытарга бэлэмнэнэбин. «Аа-дьуо эрдин. Уҥа өттүбэр баар арыыга киирдилэр. ¥өс өттүнэн күөйэ эрдээр», – диэн киһибэр рациянан сэрэнэ соҕус саҥарабын. Сотору буолаат, арыыттан кустар биир-биир тахсан кэлэллэр. Сэрэхэдийэн, аа-дьуо эргийбэхтээн ыллылар да, миигин көрбүтүнэн, бөлүөхсэ түһээт, утары устан истилэр. Олох хамсаабакка турабын. Саа ылар сирэ буолла эрээри, кустарым эмиэ тохтоон, сэрэхэдийэн, уҥа-хаҥас устуохтуу эргичиҥнээн бардылар. Ыһыллаары гыннылар дии санаат, икки куһу холбоон кыҥаан эрдэхпинэ: «Становись на зарядку, раз, два, три, четыре…» – диэн рациям тоҕо барбат дуо? Соһуйаммын, чыыбыспын тардан кэбистим…Көтөөччү көттө, умсааччы умуста. Хата, алҕаска биир кус таптарбыт. Кыһыыбар рациябын харбаан ыллым. «Хайа, хайастыҥ? Хайа, хайастыҥ? Хайа диэки бардылар?» – диэн Потап саҥата хардырхас тыас быыһынан иһиллэн кэллэ. «Бу сэби ууга быраҕаары турабын. Тахсыах, тахсыах», – диэн эппиэттиибин. Арай отууга уолаттар күлсэн ньиргиһэллэрэ субу иһиллэр. Ол быыһыгар: «Доор, эфири буортулаамаҥ. Тахсыҥ, тахсыҥ. Ас буста», – диэн бэрт нэһиилэ хаһыытыыллар. Өйдөөн көрбүтүм, Потап от кытыытынан субу кэлбит эбит. Рациянан кэпсэтэн дьаабыланарбытын дьоммут бэйэбитинээҕэр үчүгэйдик истэ олороллор быһыылаах.
Тыыбытын соһон отууга тахсыбыппыт, уолаттарбыт «быара суох» сыталлар. Сарсыардааҥҥы чуумпуга рациянан кэпсэтэрбит субу иһиллэн олорор үһү. Рацията суох сибигинэйэн кэпсэппиппит буоллар, быдан ордук буолуохтааҕа хааллаҕа.
Дьэ, бастакы рациялары илдьэ сылдьан, итинник кустаан турардаахпыт. Кэлин бэйэтэ навигатордаах кэпсэтэр рациялары хас биирдиибитигэр ылынан, бэркэ туһана сылдьабыт. Хайа муҥун, «учуонай» буоллахпыт. Саҥа рациялар барахсаттар үчүгэйдэрэ сүрдээх. Эфиртэн буолары-буолбаты хаппаттар, тыаһаабаттар, иһиирбэттэр. Хайа, уонна биир саамай үчүгэй хаачыстыбата – олох ыраахтан кэпсэтиэххэ сөп. Дьонуҥ ханна туралларын экраныгар көрөҕүн, кэлбит-барбыт суолгун ырылыччы көрдөрөр, отуугар, үүтээҥҥэр диэри сирдээн биэрэр.
Бээ-бээ. Ол эрээри бастакы навигаторбытыгар бастаан эрэммэтэхпит ээ. Ити эмиэ ырааттаҕа. Уолаттар итинник мал баарын интэриниэт нөҥүө булан, сакаастаан ылбыттара быһыылааҕа. Ол дьыл ханна даҕаны куобах элбэх этэ. Өрөбүллэргэ куорат таһыгар хааман, үүрэн, алталыы-сэттэлии куобахтаах киирэрбит. Онно эбии ардаҕа суох дьыл буолан, массыына көлө ханна баҕарар тиэрдэрэ. Биирдэ эмиэ хомуллан, эрдэттэн бэлэмнэнэн, массыына төһө барарынан икки хоно куобахтыы айаннаатыбыт. Төһө даҕаны дьыл ырааттар, хаардыы илигэ. Бэл, улахан эбэлэр тоҥмокко уунан көрө сыталлара. Хас даҕаны итинник эбэлэргэ, үөр кустарга түбэһэммит, төгүрүйэн киирэн, көтүтэн ытыалаан баһаамы бултаан, үөрүү бөҕө.
Бу сырыыбытыгар ол навигатор диэн тэрили боруобалаары илдьэ тахсыбыттара. Омуктуу суруктаах инструкциятын нууччалыыга уларытан, уолаттар начаас баһылаабыттара. Төһө да билиҥҥилэргэ холоотоххо кылааһынан намыһах буоллар, оччолорго сүрдээх тэрил этэ. Ити тэрили Потап бэрэлиир. Кини, итини таһынан, оччолорго саҥа атыыга тахсыбыт кольминаторы, оптикалары көрөр-истэр.
Урукку сырыыларга былыргы каартанан уонна куомпаһынан сирдэтинэрбит. Онно улахан убайбыт Тыаһыт баһылыыра-көһүлүүрэ. Улаханнык мунаардаҕына эрэ куомпастанара. Сиргэ сылдьа үөрүйэх буолан, отунан-маһынан, оргулунан, күнүнэн, сулуһунан ыйдаран, тиийиэхтээх сирин чопчу булара. Бастаан саҥа тэрилбитигэр улаханнык итэҕэйбэппит, суолта уурбаппыт. Хайа, уонна кэм удумаҕалыыр сирбитигэр сылдьар буоллахпыт. Арай Потап үөһэ-аллара тутар, олох иилинэ сылдьар.
Бастакы күммүтүгэр, аҕыйах да буолларбыт, тоһуйан, үүрэн, син бултаатыбыт. Сарсыныгар эрдэ туран, иккитэ аһыыр аспытын сүгэн, тоһуура суох тараахтаан хааман, сири-уоту үөрэтэ диэн ааттаан иннибит хоту түһэ турдубут. Күһүҥҥү чэбдик салгыҥҥа саа сүгэн хаамар үчүгэй да буоллаҕа. Онно эбии көмнөх түһэн, ойуур иһэ ырааһырбыт, сырдаабыт курдуга. Уҥа уонна хаҥас кырыыларбыт арыый уруттаан иһэллэр. Онон кинилэртэн үргүбүт куобахтар, мас да көтөрдөрө биһигини даҕаны табаллар. Биитэр биһигиттэн куоппуттар кинилэргэ тиийэллэр. Бары биир эфиргэ холбоно сылдьар рациялаах буоламмыт, кэпсэтэ иһэбит, күүтүһэбит. Сорох ардыгар, итинник иһэн, тумуска аҕыйахтыы куобаҕы ыган, бэркэ ылаттаатыбыт.
Төннөрбүтүгэр оручуоттаан, биир сиргэ наҕылыччы чэйдээн баран, атын сиринэн эргийэн төннөргө сүбэлэстибит. Эмиэ ыта иһэбит. Бултаабыт куобахтарбытын сотору-сотору тэҥ гына үллэстэн сүгэбит. Биэс-алта куобах, ону таһынан мас көтөрө, бэйи, сөбүгэр таһаҕас. Сотору-сотору сынньанарбыт элбээн барда. Күһүҥҥү күн киирээтин кытта тымныйан, халлаан хараҥарыахча буолла. Олус эргиир оҥороммут, сыыйа тэйэн хаалбыппыт. Биир сынньалаҥҥа түмсэммит, мунньахтаан турдубут. Тыаһыт убайбыт аатырар куомпаһын таһааран, отуубут ханан баарын тускулаата эрээри, бу сырыыга навигаторы боруобалыырга биир санаанан кэллибит. Потап тэрилин көрөн баран, отууга диэри быһалыы бардахха төһө биэрэстэ баарын, өссө, сөҕүөхпүт иһин, маннык хаамыынан бардахпытына хас чааһынан тиийиэхтээхпитин эттэ.
Саабытыттан ботуруоннарбытын хостоон, таһаҕаспытын тэҥ гына үллэстэн, Потаппытын «ыйар сулус» оҥостон, кэнниттэн субуруһан отуубут туһун диэки түһүнэн кэбистибит. Олох сылдьыбатах сирдэрбит. Сорох ардыгар от үрэҕи сыыйабыт, сороҕор лиҥкир ойуурунан хаамабыт. Хата, фонариктардаах буолан, сулбурҕа соҕустук иһэбит. Потап сотору-сотору массыынабытыгар диэри төһө хаалбытын, төһөнөн тиийиэхтээхпитин этэ иһэр. Улахан убайбыт тугу даҕаны саҥарбат эрээри, кыратык тохтоон, сулустарынан сирдэтэн, фонаригынан куомпаһын тыктаран ылар.
– Олох отуубутун көрбүтүнэн иһэбит, – диэн биир тохтобулга «Сулуспут» кэпсиир. Бу тохтоон турар сирбититтэн уҥа диэки 200 миэтэрэни бардахпытына, эргэ суолга түһэр эбиппит. Ол эрээри, ити суолу баттахпытына, улахан эргиири оҥоробут. Онон хайыыбыт? Салгыы быһалыы бардахпытына, маннык хаамыынан чаас курдугунан тиийиэхтээхпит. Оттон суолга киирдэхпитинэ, үктэлэ үчүгэй буолуо гынан баран, өссө чаастан ордугу сүтэрииһикпит. Бары даҕаны аччыктаан, сылайан ахан иһэбит. Эбии биир чаас олус илистиилээх буолсу диэн, отуубутун көрбүтүнэн түһүнэр буоллубут. Олох хараҥарда. Ол эрээри сиргэ мээнэ хоммоппутугар, муммаппытыгар эрэллээхпит. Хайа, уонна саппааска диэбиккэ дылы, Тыаһыппыт баар буоллаҕа дии!
Биир сиргэ эмиэ тохтоон ыллыбыт. Тэрилбит… батарыайата бүппүт! Хайысхабытын чуолкайдаан баран, түргэн үлүгэрдик онтубутун уларыттыбыт. Аны тэрилбит куйаартан спутниктары көрдөөн, син балачча бириэмэни сиэтэ. Түҥ хараҥаҕа тыа иһигэр, төһө даҕаны фонариктаах буоллар, харбыалаһан хаамар саҕа куһаҕан суох.
Хаамабыт, хаамабыт, отуубут кэлэн биэрбэт. Сорох-сорохтор ити тэрилгэ итэҕэлбитин сүтэрээри гынныбыт. Арааһа, батарыайа уларыйыытыгар «булкуллан» хаалла быһыылаах диэн сэрэхэдийэбит.
– Массыынаҕа диэри 200 миэтэрэ хаалла, – диэн Потап иһитиннэрэр. – Чэ, уолаттар, отой кыра хаалла. Отууга пиибэ күүтэр!
Итини истэн эгди буолан, хаамыыбытын эбэн биэрэбит.
– 50 миэтэрэнэн массыына, – диэн саҥа дуораһыйар.
– Ээ, ити сэп «булкуллубут» быһыылаах. Массыынабыт ойуур саҕатыттан бэйэтэ 50-ча миэтэрэлээх ыраас сиргэ турар буолбатах этэ дуо? Оттон биһиги олох ойуурунан иһэбит дии, – диэн тэрилгэ эрэммэтэх саҥа иһиллэр.
– Чэ, уолаттар, кэллибит, массыына 10 миэтэрэ, – диэтин кытта аһаҕас сир биирдэ нэлэс гына түстэ.
Фонарик уотугар массыынабыт тааһа килбэчиҥнээн көһүннэ! Бары уһуутаһа түстүбүт. Абыраллаах тэрилбит хайдах сирдээн аҕалбытын былдьаһа-былдьаһа көрүү буолла.
Дьэ, навигаторы итинтэн ылата олус сөбүлээн туттар буолбуппут. Ол эрээри, эмиэ тиэхиникэ буоллаҕа, батарыайата бүтүөн, алдьаныан уонна былыттаах күн спутниктары булбакка, улахан эрэйгэ тэбиэн сөп. Онон тыаҕа сылдьар киһи, убайбыт Тыаһыт курдук, хайа баҕарар түгэҥҥэ суолу тобулар албастары толору баһылыахтаах диэн бигэтик өйдүүбүт. Чэ, аны ол туһунан кэпсээн.
Оттон тепловизоры хара маҥнайгыттан олус сөхпүппүт. Ол маннык этэ. Ити тэрил кэлбитигэр куобахтыы таҕыстыбыт. Балачча сири айаннаан баран, көҕүрэттээри, табахтаары, салгын сиэри массыынаттан бары тоҕо сууллан таҕыстыбыт. Потап тепловизоры бэрэбиэркэлээри тутан таҕыста. Хоруопкатыттан хостоон, батарыайа уган, боруобалааһын буолла. Итии салгын кэлэринэн шкала сүүрэлээн биллэрэр эбит. Киһи диэки туһаайдахха, шкалата улаатан кэлэр, ыраатыннардахха, сүтэн барар. Ону таһынан кулгааххар наушник кэттэххэ, итии кэлэрин тырылаан биллэрэр.
Потап ойуур диэки туһаайан хамсата туран: «Уолаттар, бу диэки туох эрэ баар быһыылаах», – диэн ыйан көрдөрдө. Эмиэ итэҕэйбэтибит. Биир уолбут саатын хомуйан, ботуруон уктан, Потап ыйбыт сиринэн ойуурга иһирдьэ киирэн эрэрэ баара да, саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Өр буолбата, киһибит биир куобаҕы туппутунан тахсан кэллэ. Сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут. Тепловизоры эргитэ сылдьан көрдүбүт-иһиттибит.
Кэлин хаста даҕаны илдьэ сылдьыбыппыт, ол эрээри талкыта бэрт курдук. Ыксалга ону бостууктаһар бириэмэ суох. Хаамыы-сиимии бөҕө буоллахпыт. Ол эрээри биирдэ эмиэ сөхтөрбүтэ. Хаар балачча түспүтүн кэннэ, туртаска көҥүл ылан, ыраах сирдэринэн кэрийэ сырыттыбыт. Биир сиргэ тохтоон, кутаа оттон, чэйдиирдии тэриннибит. Тепловизорбыт туһунан таһы-быһа умнан сылдьарбыт. Потап үрүсээгиттэн хостообутугар, итинник тэрил баарын биирдэ өйдөөтүбүт.
– Уолаттар, бу арыы тыаҕа туох эрэ баар. Бу сэп тугу эрэ билгэлиир, – диэт, туоһапка сааны ылан, онно барда.
Бастаан тыаҕа киирбэккэ, таһынан эргийэн, суолу-ииһи үөрэттэ. Улахан булт суох быһыылаах, бэйэтэ киирдэ. Сотору буолаат, туоһапка тыаһа «пус» гынна. Өтөр буолбата, биир тииҥи туппутунан тахсан кэллэ.
– Сүрдээхтик булларда. Чуо тиийэн, ытан ыллым, – диэн Потап үөрбүт ахан.
Ити кэнниттэн өссө биир куобаҕы ыйан биэрэн бултаппыта. Ол эрээри, кэлин үөрэтэн көрдөххө, мөлтөх хаачыстыбата элбэх курдук. Саас, күһүн табыллыбыт куһу ити тэрилинэн буларыҥ уустук. Оттон-мастан тэйэр итиини барытын көрдөрөр. Бэл, күн киирбитин кэннэ сойо илик мастан кытта сылааһы билэн, долгутуута элбэх этэ. Хаардаахха табыллыбыты син булуох быһыылааҕа эрээри, ыраах барбаккын, батареята тоҥор. Дьиктитэ, тутта үөрэммэтэх буоламмыт, өрүү базаҕа умнан кэбиһэбит.