Kitobni o'qish: «Дьол кыымнара»
Shrift:
ДЬОЛ КЫЫМНАРА
В начале было Слово…
Евангелие от Иоанна
«Аан маҥнай баар этэ – Тыл…»
Аан маҥнай баар этэ – Тыл.
Ол Тылтан чугуруйбута хараҥа муора —
уу анныттан тахсыбыта сырдык кытыл
утуйа сыппыт Айылҕаны туруора.
Угуттаммыт ньүөл сири тилэри ыспыта
олоххо тардыһыы сибэккитэ,
умнас умнастыын хатыспыта,
силис силистиин силбэспитэ.
Аан дойду тыалын, тымныытын
аҥаардас, тулаайах тулуйбатын
этинэн-хаанынан илэ билэн,
ол Тыл дьикти күүһүгэр бэринэн
тыынар тыыннаах ханыыласпыта,
сүрэх сүрэххэ таласпыта…
Аан маҥнай баар этэ аптаах Тыл —
ол Тыл аата Таптал.
«Мин эйиэхэ этиэхпин баҕарбытым…»
Мин эйиэхэ этиэхпин баҕарбытым
ким да истэ илик кэрэ тылларын.
Мин хаспытым халыҥ тылдьыттары,
көрдөөбүтүм көмүс тыллары,
күүппүтүм күндү ыалдьыттары
күүтэр курдук нарын ырыалары.
Баҕарбытым ол ырыаларым
ытарҕа буолан эн кулгаахтаргар
эйигин куруук долгута, абылыы
эйэҥэлии ыллыахтарын.
Көрдөөн-көрдөөн мин булбатым
оннук тыллары букатын.
Ол эрээри мин билигин
эйиэхэ тугу этэрбин билэбин:
аан дойду аптаах тыллаахтара,
киһи аймах үрдүк өйдөрө
айбыт бары кэрэ ырыалара —
үс мэҥэ тыл үлтүркэйдэрэ.
МИН ЭЙИГИН ТАПТЫЫБЫН.
«Үрүҥ хаар үллүктүүрэ…»
Үрүҥ хаар үллүктүүрэ —
үтүөнү, кэрэни түстүүрэ.
Ол күн мин сэрэйбэт этим
олоххо күүтэр сэрэбэйбитин.
Мин саныырым бу хаар курдук,
бу хаардааҕар да ордук
тапталбыт ыраас буолуон,
ол ыра санаам туолуон.
Ууллубут, устан барбыт
оччотооҕу маҥан хаар.
Ол күнтэн ордон хаалбыт
мин сүрэхпэр маннык баар:
үрүҥ хаар үллүктүүрэ;
үөрбүт-көппүт, эдэр, кэрэ,
эн бу күҥҥэ махтана,
сыа хаарынан ыһыахтана
мэниктиигин, күлэҕин,
миигиттэн күрэнэҕин;
санньыйа, ытамньыйа төннөҕүн
санныбар уура төбөҕүн…
«Мин көрбүтүм сулустар күлэллэрин…»
(День Святого Валентина)
Мин көрбүтүм сулустар күлэллэрин…
Өйдүүгүн, эйигин атааран иһэн,
хараҥаҕа хаар хайыҥтан иҥнэн,
мин эниэ устун төкүнүйбүтүм,
чигдигэ тиэрэ сытан өр күлбүтүм.
Үрдүбэр Хомуос сулус иҥнэри түспүтэ,
онтон бэйэтэ да бэркиһээн, күлбүтэ.
Халлааҥҥа хойдубуттара
сулустар тырымнара,
хаарга ыһыллыбыттара
эн күлүүҥ кыымнара.
Мин күүппүтүм эн уоскуйаргын,
оргууй уураабытым обуйук уостаргын.
Олунньу халлаанын үөрбүт сулустара
өр күлэ, мичээрдии турбуттара.
…Сиртэн барар тиһэх чааспар
санаан кэлиэм эдэр сааспар
көрбүппүн дьоро киэһэлэрин
үөрбүт сулустар күлэллэрин.
Ону өйдөөн мин эмиэ сырдыы күлүөм,
үөрэ-көтө үрдүк сулустарга көтүөм.
«Аҕал миэхэ илиигин…»
Аҕал миэхэ илиигин,
нарын, намчы тарбахтаргын —
мин суохтаатым эйигин,
эн хара харахтаргын.
Тоҕо диэтэр, аан дойдуну,
олоҕу, дьолу-соргуну
тутан турар сырдык, кэрэ
соҕотох Таптал эрэ.
Кини баар буолан күн көрөр,
от-мас тыллар, көҕөрөр,
тыынар тыыннаах, сир ийэ
силигилии чэлгийэр.
Таптал өһөр күнүгэр,
Таптал өлөр түүнүгэр
туох барыта үрэллиэ,
буруо буолан бураллыа.
Онон үтүмэн үйэлэргэ,
кэнэҕэс кэлэр кэмнэргэ
Таптал арылы кустук курдук
аан дойдуну иилии, курдуу
тутан турдун олоҕу, дьолу
сир ийэни, бар дьону,
миигин уонна эйигин.
Аҕал миэхэ илиигин…
«Кылыһахтаах кырыымпа кыла…»
Кылыһахтаах кырыымпа кыла
кыҥкыныы кыланнаҕына,
хомуһуннаах хомус тыла
хоҥкунуу айманнаҕына
мин өйдөөн кэлэбин бу сиргэ
хонор хоноһо буоларбын,
таптыыр киһибин кытта бииргэ
татым кэм эрэ сылдьарбын.
Оччоҕо олоххо тардыһарым
уон оччонон уоҕурар,
күндү киһибин таптыырым
күүскэ сүрэхпэр суоһурар.
Оннук ээ, бу күн сиригэр
барыта ааһар аналлаах —
уос номоҕор этиллэр:
«Киһи күннээх, балык ыамнаах».
Онон биһиги бу кэрэ сиргэ
баар эрдэхпитинэ бииргэ
олох дьолун айхаллыы,
таптал эрэ туһунан ыллыы
кылыһахтаах кырыымпа кыла
кыҥкыныы дьириһийдин,
хомуһуннаах хомус тыла
хоҥкунуу дьүрүһүйдүн!
«Эн сылаас ытыһыҥ…»
Эн сылаас ытыһыҥ
тапталы ытыһан,
ытыһан ырыаны,
ып-ыраас ыраны
ыһыахтыыр тулабар,
ыһыахтыыр дууһабар.
Ол иһин күн сирэ —
өрүүтүн дьол эрэ
эргийэр эйгэтэ,
төлкөлөөх түөлбэтэ.
СУРУК
Хос иһин оргууй сабардыы
хойдон барда борук-сорук.
Арай остуолга тунаара сырдыыр
арыллыбыт сурук.
…Күөх туманы, от сиигин
күн уота көтүтэн эрэрэ.
Уоскуттан уураабытым эйигин,
төннүөм диэн эрэннэрэ.
Тарбаҕыттан туттараатын
төлө көтөн күрэнэр
дьол күлүгүн күрэҕэр
күммүн-дьылбын бараатым.
Ааҥҥар тиэрдэр уһун суолга
миигин күүтэргин ууратыаҥ.
Ыас хараҥа түүн
атын уолга
ытамньыйа эн ууратыаҥ.
Суох!
Эйигинниин эрэ сэргэ
дьол суолун сонордуоҕум.
Мин өйдөөтүм бу сиргэ
тапталтан үрдүк дьол суоҕун.
Ыраахха, ырааска суол ыйар
ыллыкчаан, ыллык курдук
ый уотугар туналыйар
ытыспар сытар сурук…
СҮТЭРСИБИТ СҮРЭХТЭР
Курас тыал алааска ыста
арахсыы араҕас өҥүн.
Атырдьах салаатыныы араҕыста
икки сүрэх бүгүн.
Сир үрдүгэр дьиримнии
Өрүү тыгыах курдуга
сүрэхтэри ситимниир
таптал сырдык кустуга.
Симэлийдэ курус кустук…
Сир киэҥ киэлитин устун
силлиэ ыһар сэбирдэхтэри.
Сүтэрсибит сүрэхтэри…
«Ааспыты анаара саныыбын…»
Ааспыты анаара саныыбын,
тугу эрэ өйдүү сатыыбын.
Тугу эрэ – истиҥтэн истиҥи —
эт кулгаахпынан истибиппин:
кыталык ыллаабыта дуу,
кыыс ытаабыта дуу…
«Сырдык дьолтон матарыма,
соҕотох хаалларан барыма!» —
мин кыталыкка сипсийтим дуу,
кыыс кэннибэр кыламмыта дуу…
Арай ардах чугаһаатаҕына,
ахтылҕан уота суоһаатаҕына
уйаҕас дууһабын уйадыта,
ыалдьар сүрэхпин ытата
дьикти дорҕоон кулгаахпар кутуллар,
ой дуораана буолан охсуллар —
кыталык кыҥкыныы ыллыыра дуу,
кыыс барахсан ытыыра дуу…
Bepul matn qismi tugad.
32 295,57 s`om
Janrlar va teglar
Yosh cheklamasi:
0+Litresda chiqarilgan sana:
09 may 2024Hajm:
24 Sahifa 1 tasvirISBN:
978-5-7696-6606-3Mualliflik huquqi egasi:
Айар