Kitobni o'qish: «Түүл буолан сүтүмэ»
Сэргэлээхтээҕи эриэккэс эдэр сааһым эрэллээх доҕотторугар – «Саха салаата-79» устудьуоннарыгар ананар
Даша сүүрэр-хаамар икки ардынан түргэн-түргэнник элэгэлдьийэн дьиэтин диэки баран иһэр. Сар-сыардааҥҥы саҥа уһуктан эрэр айылҕа кэрэ көстүү-лэрэ, ыраах тыа кэтэҕэр кэҕэ чоргуйара, чыычаахтар чыбыгыраһаллара кини дууһатыгар баар өрө көтө-ҕүллүүтүн, ис иһиттэн үөрүүтүн-көтүүтүн оруобуна доҕуһуоллуурга дылылар. Барыта кини кулгааҕар кэрэ музыка буолан иһиллэр, ыраас ыра санааларынан кынаттыыр.
Бэҕэһээ киэһэ оскуоланы бүтэрбиттэрин банкет-таан баран, үгэс курдук, күнү көрүстүлэр, түүнү быһа сэлиэнньэлэрин уулуссаларынан хаамыстылар. Бан-кеты учууталлара, төрөппүттэрэ барахсаттар үчүгэй-дик да тэрийбиттэр. Бары даҕаны хаһан оскуола-бытын бүтэрэн улахан дьон буолабыт, этиллэринии олох киэҥ аартыгар атаарыллабыт диэн күүтэ, долгуйа сылдьыбыт оҕолор бэҕэһээ киэһэ уон сылы быһа үөрэппит-ииппит учууталлара саҥарбыттары-гар-иҥэрбиттэригэр, алгыс тылларын анаабыттарыгар уйадыйан ыллылар быһыылаах. Даша мунна кычыгы-ланан, күөмэйигэр туох эрэ хомуок кэлэн бүөлээн, хараҕа ууланан ыксаан ылла ээ…
Экзаменнарга бэлэмнэнэн буһуу-хатыы, аттестаты муҥутуурдук тупсаран салгыы үөрэххэ киирэр быраа-бы ыларга дьулуһуу күннэрэ кинилэр кылаастарын өссө түмсүүлээх оҥордо. Үөрэхтэригэр өрүү үчүгэй оҕолор предметтэринэн үллэстэн атыттарга көмөлөс-түлэр, иккилии-үстүү буолан кыттыһан экзаменнарга бииргэ бэлэмнэннилэр. Ол эрээри үөрэххэ барар быраап наар «4» уонна «5» сыанаҕа үөрэммит түөрт оҕоҕо бэрилиннэ. Атыттар бары «Оскуола – произ-водство – үрдүк үөрэх» девиһинэн совхозтарыгар хаалан икки-үс сыл үлэлиэхтэрэ турдаҕа. Кылааһынан бука бары биир фермаҕа тылламмыттара да, сураҕа, кыаллыбат курдук үһү. Учаастактарынан тарҕатыах-тара дэһэллэр.
Дьэ, Даша бу боппуруоска улахан толкуйга түһэ сылдьар. Саатар, оҕо эрдэҕиттэн доруобуйатынан мөлтөх, бүөрүнэн ыарытыйан эмтэнэн тахсар буоллаҕа үһү. Дьэ ол иһин ийэлээх аҕата туох иһин ферма үлэтигэр ыытыахтарын баҕарбаттар, хайдах эрэ гынан үөрэххэ ыытар санаалаахтар. Даша аттестатыгар икки эрэ «үстээх» иһэр. Химияҕа уонна алгебраҕа. Учуу-таллара төһө да «4» сыанаҕа тарда сатаабыттарын иһин кыаллыбата. Даша үрдүкү кылаастарга үөрэнэрин ту-хары ити предметтэр тустарыттан кылааһыгар хаачыс-тыба бырыһыанын таҥнары тарда сырытта.
– Дашоо, хайа, банкеттаан баран иһэҕин дуо? – ыала Кэтириис чаҕаарбытыттан Даша соһуйан «хо-дьох» гына түстэ.
– Дьэ, банкеттаан бөҕө. Эн ынахтаргын үүрэн ба-ран иһэҕин дуо? – Даша Кэтириис талаҕынан далбаатана-далбаатана дьиэтин диэки дьулуруйарын батыһа кэпсэтэ истэ.
– Үүрдэрбэккэ эрэ бэйэлэрэ дьиэ таһыттан ара-ҕыахтара диэтэҕиҥ дуу. Инньэ гымматахха күнү быһа сытыахтара. Эн ийэҥ ынахтара арай улгумнара бэрт. Хаһан да үүрэрин көрбөппүн, тиэргэн тас өттүгэр та-ҕыстылар да, соруктаах дьон курдук, баран хаалаллар.
– Үөрэтиитэ оннук, Кэтириис, – Даша, ынахта-рын хайҕатан киэн туттубуттуу саҥаран баран, бэйэтэ-бэйэтиттэн сонньуйа санаата.
– Даша, үөрэххэ путевка ыллыҥ ини? – Кэтириис ыйыталаһар.
– Суох, доҕор. Үстэрдээхпин дии.
– Оттон ийэҥ үөрэнэ барыа диирин истибитим, – Кэтириис соһуйар.
– Алгебраҕа, химияҕа «үстэн» үөһэ билбэтим. Оҕолорбун кытта үлэлии барыам буоллаҕа.
– Оттон доруобуйаҥ, сэгэриэм? Сэлиэнньэ таһы-нааҕы хотоннор бука бары үтүктүспүт курдук тым-ныылар, чэҥ муустар. Куһаҕан бүөрдээх киһи онно кыайан үлэлээбэт. Арай, туох эрэ чэпчэки үлэ баара буоллар. Ол туох көстүө буоллаҕай? – Кэтириис, хаа-марын тохтотон, бэркэ толкуйдаабыттыы туттунан турда.
– Чэ, көстөн иһиэ. Мин кылааһым оҕолоруттан туора барыахпын баҕарбаппын, – Даша кэлииккэтин аанын аһан олбуоругар киирэн хаалла.
Дьиэтигэр киирбитэ ийэлээх аҕата остуолларыгар утары көрсөн олороллор. Чэйдээри кинини күүппүт-тэр быһыылаах. Кэпсэтиилэрэ даҕаны кини – соҕотох оҕолоро Даша инники дьылҕатын туһунан буолбута сэрэйиллэр.
– Хайа, тоойуом, төһө бэркэ түмүктээтигит? – ийэтэ ыйыталаһан барда.
– Бэртээхэй! Ол эрээри, хайдах эрэ хомолтолоох курдук дии. Арай итиэннэ оскуолаҕа тэриммэтим дьикти эбит. Сайыҥҥы сынньалаҥ курдук санаан дуоһуйа утуйа түһүллүө, онтон оҕолорбунуун үлэлии барыам дии, – Даша ийэтин кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ хоһугар ааһан банкетыгар анаан тиктэрбит мааны былааччыйатын оронун төбөтүгэр кичэллээхтик ыйаан кэбистэ. Хараҕын кырыытынан сиэркилэҕэ көрбүтүт-тэн соһуйа санаата. Бэҕэһээ киэһэ ыала Нина уһун суһуоҕун өрө таһааран баран, оһох билиитэтигэр биилкэни ититэн, икки чанчыгынан бакенбард түһэ-рэн биэрбитэ. Санаатыгар, тута улахан киһи буола түспүтэ. «Аҕыйах сыллаахха диэри кып-кыра кыыс ньирэйдэрин кытта оонньоһон, үрүмэччилээн тэлээрэ сылдьар курдук этиҥ дии. Оҕо улаатара дөбөҥүн, ол иһин биһиги кырдьар буоллахпыт. Дьэ, кырасаабысса буоллуҥ, элбэх уол сүрэҕин уулларыаҥ турдаҕа. Суһуоххун кырыйтарарга тиэтэйимээр эрэ. Хойуута, үчүгэйэ да бэрт. Уой, былааччыйаҥ бэйэҕэр бара-рыын… Ончу да сүктэр кыыс курдуккун», – Нина Даша баттаҕын оҥоро-оҥоро үөрбүтэ-көппүтэ.
– Чэ эрэ, Даша, бэттэх кэл эрэ. Чэйдээри кэтэһэбит, – аҕата тиэтэтэр саҥата иһилиннэ.
Ийэтэ остуолу толору ас бөҕөтүн тардыбыт. Күөрчэхтээбит. Аны сахалыы баахылалаах.
– Саҥаһыҥ Өрүүнэ баахыла оҥорон ыыппыт. Бэ-ҕэһээ киэһэ эн биһикки оскуолаҕа барбыппыт кэнниттэн кэлэ сылдьыбыт үһү, – ийэтэ баахылалаах бүлүүһэни кыыһын диэки чугаһата-чугаһата кэпсиир.
– Төрөппүттэр бүгүн туохха мусталларый, ийээ? – Даша «сарсыарда өссө көрсөбүт ээ» диэбиттэрин муодарҕаан ыйытта.
– Оттон иһиппитин-хомуоспутун ким хомуйар? Эһиги утуйан сынньаныа этигит дии. Биэс-алта буо-лан мустуох буолбуппут.
– А-аа, иһити диэ, – Даша итии чэй иһэн, тото-хана аһаан сылаата киирбитин дьэ билбит курдук буолан барда.
– Даша, сарсын-өйүүн уталыппакка комском кыыска, Маринаҕа, бара сылдьарыҥ наада, – ийэтэ аҕатын диэки көрөн ыла-ыла аргыый эттэ.
– Комскомҥа даа, ол тоҕо, ийээ? – Даша кырдьык соһуйда.
– Марина райкомоллары кытта кэпсэппит, үөрэххэ барарга өссө биир путевканы ылыах буолбут, – ийэтэ кыыһа соһуйбутуттан куолаһа өссө кыччаата.
– Оо дьэ, ийээ, кэм буолуо, эмиэ оҕолортон туораан, уоран кэриэтэ путевка ылабын дуо? Үлэлии барыам дии, икки-үс сылынан кылааспын кытта тэҥҥэ туттарсыам буоллаҕа дии, – Даша мэктиэтигэр утуктаабыта ааһа быһыытыйан сэргэхсийэн кэллэ.
– Даша, эн доруобуйаҥ мөлтөҕүн бары билэллэр. Ийэҥ эмиэ ыарытыйар, сотору үлэлээн да бүтүө этэ. Үөрэнэ охсон үлэһит буоллаххына биһигини иитэриҥ буолуо. Таһыттан көрө-көрө хотон үлэтин туох эрэ бырааһынньыкка түмсэр курдук саныыгыт. Ол аҕыйах өрөбүлгэ ыанньыксыттары солбуйан, элбэх буолан көххө, мэниктии таарыйа сылдьаргыт курдук буолба-тах. Санаан көр, биир да өрөбүл, бырааһынньык күнэ суох, тыбыс-тымныы хотоннорго, күнү быһа эрэһиинэ саппыкынан сырыт эрэ. Киһиэхэ саамай күндүтэ – доруобуйата, – аҕата бэйэтэ дөрүн-дөрүн, аҕыйахтык саҥарар киһи, эрдэттэн бэлэмнэммит быһыылаах, кумааҕыттан ааҕар курдук, этэн-тыынан кэбистэ.
– Дьиэҕэ элбэхтик мөҕүстэххинэ сиһэ суох буолан хаалаҕын дии. Хотоҥҥо бэйи, олорон турбаккын. Ына-ҕыҥ ыаһына, аһатыыҥ-сиэтииҥ, түүннэри-күнүстэри манаан төрөтүүҥ, ноһуомуҥ күрдьүүтэ. Балыыһалар да көрүстэхтэрин аайы «хотоҥҥо ыыппат инигин» дэһэллэр. Сөпкө этэллэр, эйигин бу сыллар тухары билэллэрэ бэрт. Маринаҕа да путевканы эйиэхэ анаан биэриэх буолбуттар. Син биир үөрэххэр куһаҕана суоҕуҥ, активист комсомолка буоларыҥ аахсыллан эрдэҕэ. «Делегаппыт дии» диэбиттэр үһү. Оройуоннаа-ҕы конференцияҕа делегат этиҥ буолбат дуо? Аҕаҥ саамай сөпкө этэр. Мин эйигин харыстаан оннооҕор бэйэбит хотоммутугар киллэрбэккэ этэҥҥэ улаатын-нардым. Почтаҕа кэлиэхпэр диэри мин да өлүүбүн толорбутум, хотоҥҥо быста сыспытым. Онон «соҕотох кыыспын дьэ хотоҥҥо киллэрэр үһүбүөн» диэн са-наалаах этим, – аны ийэтэ, арааһа, былааннаабытта-рын курдук «атаакалаата».
Даша бастаан саҥата суох олордо. Дьонун кытта мөккүһэ үөрүйэҕэ суох. Элбэхтик эттэрэн, өсөһөн ийэтин хомоторун билэр. Оттон аҕаларын тыла кинилэр дьиэлэригэр – сокуон. Хаһан да элбэхтик саҥара, буойа-хаайа сылдьыбат эрээри кини этиитэ бүтэһиктээх буолар. Даша ийэтинээн аҕалара туох диэбитин болҕойон истэллэр, ылыналларын этэллэр, ол кэриэтин тугу эмит сөбүлэспэтэхтэринэ биллибэти-нэн-көстүбэтинэн көннөрүү киллэрэн биэриэхтэрин сөп. Ити олороллорун тухары ийэтин муудараһа. Аҕата Афанасий Егорович ийэтиттэн уон биэс сылынан аҕа. «Өйүн-төйүн булбут, толкуйдаах, саастаах киһиэхэ тахсаммын үчүгэйдик олордум», – диэччи. Аҕалара, сааһыран баран, дьиэ-уот тэриммэккэ, соҕотох хаала сыһан баран кэргэннэммит. Кыыһын олус күүскэ тап-тыыр. Онон эр киһи халыҥ хахха, суон дурда буо-ларын ийэлээх кыыс үчүгэйдик билэллэр.
– Чэ сөп, аҕаа. Утуйа барыым, сибиэһэй өйгө кэпсэтиэхпит буоллаҕа, – Даша тоҕо эрэ аҕатыгар эрэ туһаайан эппитин өйдөөбөккө хаалла.
Ийэлээх аҕата кыыстарын батыһа көрөн хааллылар.
* * *
Даша уһуктубута, күнүс 3 чаас буолбут. Дьиэ иһэ уу чуумпу. Дьоно үлэлэригэр бардахтара. Баарыан сар-сыардааҥҥы өрө көтөҕүллүүлээх санаата арыый намыраабыт курдук. Үөрэххэ ыытардыы быһаарбыт-тар. Хайдах гыныах муҥа буоллаҕай? Оҕолоругар «миэхэ путевка булбуттар, онон үөрэххэ барабын» диир дуу? Кыргыттарын кытта былааннара элбэх этэ. Сотору сайылыкка тахсан үлэлээбитинэн барыахпыт дэспиттэрэ. Арай саамай чугас дьүөгэтиттэн Ольга-тыттан арахсарыттан санаарҕыы сылдьыбыта. Оля мэл-дьи «4», «5» сыанаҕа үөрэммит киһи, путевка ылара чуолкай этэ. Идэтин да талбыта ыраатта, эмчит буо-луон баҕарар.
Даша даҕаны учуутал буоларга бигэтик быһаарым-мыта. Бастаан нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэр учуутал буоларым дуу дии сылдьан, үрдүкү кылаастарга тахсан баран төрөөбүт тылын, литература-тын үөрэтэр учуутал идэтин ылыан баҕарда. Ити, арааһа, кинилэр оскуолаларыгар кэлэн практикаларын барбыт саха тылын литературатын салаатыгар үөрэнэр устудьуонкалар сабыдыаллара быһыылаах. Үс эдэр-кээн, үчүгэйкээн кыргыттар үлэлээн барбыттара. Барыларын да ыра санааларыгар баар ырыаҕа ыллам-мыт, хоһооҥҥо холбоммут Сэргэлээх уопсайдарын олоҕун туһунан ыйыталаһан тахсыбыттара. Кыргыттар кэпсээннэриттэн Сэргэлээх өссө умсугутуулаах, дьик-ти кэрэ дойду буолан көстүбүтэ. Саха салаата ураты сылаас эйгэлээх, университет ханнык да факультетта-рыгар майгылаабат ис тыыннааҕын туһунан эмиэ эл-бэхтик истибиттэрэ.
Даша оҕо эрдэҕиттэн бэйэтиттэн кыралары кытта бодьуустаһарын, кинилэри үөрэтэ-иитэ, такайа сыл-дьарын сөбүлүүр. Пионерга киириэҕиттэн былдьаһык-таах баһаатай. Кылаас салайааччылара, оҕолор кылаас-тарыгар кинини аната сатаан оскуола ыстаарсай пионербаһаатайыгар Августина Захаровнаҕа сайаапка-лаһан биэрээччилэр.
Даша үөрэнэ бардаҕына бу сыллар тухары дьулуспут Сэргэлээҕэр олорон устудьуоннуур дьолго тиксиэхтээ-ҕиттэн бүтэйдии үөрэр, долгуйар. Арай, экзаменнарын этэҥҥэ туттаран киирэн хааллын. Республика араас оройуоннарыттан мустубут оҕолору кытта доҕордоһуо, саҥа дьүөгэлэр баар буолуохтара. Дьэ уонна «кинини» көрсүө дии, бу орто дойдуга ананан төрөөбүт аҥарын, олох үөрүүтүн-хомолтотун тэҥҥэ үллэстэр күндү доҕорун. Устудьуонка буолан таҥас-тыынсаптыын, дьүһүннүүн-бодолуун тупсан дойдутугар кыһыҥҥы-сайыҥҥы сынньалаҥар кэлиэ, ахтыһан-ахтыһан баран кылааһын оҕолорун кытта үөрэ-көтө көрсүө этэ.
Бэйи эрэ, оччоҕо ол кэпсэтиинэн ылыллыбыт пу-тевканы ылан туттарса барар дуо? Доруобуйатын туру-гуттан бэйэтэ да кыһыйа-абара саныыр, наар кини ыалдьан, сотору-сотору эмтэнэн тахсар. Бииргэ үөрэм-мит оҕолоро, учууталлара ону барытын билэллэр эрээри, син биир наар кини бары ыарахантан босхо-лонон иһэриттэн буруйдана саныыр.
Саалаҕа телефон тыаһаабытыгар Даша ойон таҕыста.
– Алло, Даша, дорообо. Маринабын.
– Дорообо, Марина.
– Бастатан туран, оскуолаҕын бүтэрбиккинэн!
– Баһыыба.
– Даша, эн өйүүн миэхэ киирээр. Сарсын оро-йуоҥҥа барабын, путевкаҕын аҕалыахтаахпын.
– Марина, оннук сатанар дуо? – Даша хайдах эрэ кыбыстан саҥата тахсыбат да курдук.
– Сатанымына. Икки эрэ «үстээххин» буолбат дуо. Райкомоллар да эйиэхэ үөрүүнэн биэрэллэр. Чэ, кытаат, – Марина, үгэһинэн ыксыы олорор быһыы-лаах, телефонун ууран кэбистэ.
Дьэ итиччэ райкомолу тиийэ аймаан баран путев-катын ыларыгар тиийбит буолбат дуо. Дьоно даҕаны күүһүнэн фермаҕа хааллаҕына хомойон бүтүөхтэрэ. Бэйэтиттэн да куттанар ээ. Оннооҕор биирдэ эбит почта мунньуллан хааллаҕына ийэтигэр көмөлөстөҕүнэ сиһинэн сыыллан хаалар. Ноҕоруускаланна да, сирэ-йэ-хараҕа иһэн, сиэркилэҕэ бэйэтин көрүнүөн баҕар-бат. Тоҕо да буулаабыт ыарыы эбитэ буолла?! Даша туран суунан-тараанан, дьоно кэлэллэригэр ас бэлэм-ниирдии тэриннэ. Хортуоска ыраастаан соркуой буһа-рыа. Ол иннигэр Оляҕа телефоннуурга быһаарынна.
– Оля-я, привет!
– Привет! Хайа, утуйбатыҥ дуо?
– Утуйдум, саҥа күөрэйдим. Доо, мин эйигин кыт-та Дьокуускайдыыр буоллум быһыылаах. Дьылҕам тосту уларыйан эрэр.
– Ура-а! Даша, наһаа үчүгэй дии. Ол аата хайдах? – Оля дьиҥинэн соһуччу сонунтан соһуйда, үөрдэ да быһыылаах.
– Сэгэрим, кэпсэтии ырааппыт. Комском Марина райкомоллартан путевка ылбыт. Сарсыарда ийэлээх аҕам эмиэ бэлэмнэммиттэр ахан, «лекциялыы» тоһуй-дулар. Бэйэҥ билэҕин, иннилэрин биэрэр санаалара суох.
– Сөп ээ, Даша… Ол иһин мин ийэм эмиэ соһуй да соһуй буолар. Хайдах Даша фермаҕа тулуйан үлэлиэҕэй диир.
– Вералаах Настя хомойоллоро буолуо. Үһүөн бииргэ сылдьыах буолбуппут, Хатыҥнаахха сайылыах-пыт, кыһын сэлиэнньэттэн чугас, үөһээҥҥи фермаҕа тылланыахпыт дэспиппит. Син биир кылааһынан ыыппаттар диэбиттэрин иһин бөлөхтөрүнэн тарҕаһар испииһэктээх этибит.
– Уой, наһаа үчүгэй! Иккиэн бииргэ сылдьыахпыт! Мин мантан киэһэ өссө бэлэмнэнэн уруок ааҕаары олоробун. Химиябын өссө чиҥэтиэм этэ.
– Айыкка, Оля, бүгүн сынньан ээ. Индийскэй киинэ кэлбит дииллэр дии, онно барар инибит.
– Барыахпыт. Дьэ дьикти, билигин улахан дьоммут. Төрөппүттэрбитин кытта бииргэ кулуупка, ханна баҕа-рар сылдьар бырааптаахпыт ээ. Өссө кулуупка үҥкүүгэ барыахпыт дии.
– Мин саамай онтон үөрэбин. «Хатыҥчааннар» ырыаларын дуоһуйа истиэхпит, оркестрынан үҥкүү-лүөхпүт.
– Арба, Даша, мин бу киэһэ сибидээнньэлээхпин. Улахан дьон буоллубут, көҥүл – биһиэхэ!
– Сеня дуо?
– Уонна ким үһү.
– Абыраммыт киһигин, истиҥник саныыр уоллаах-хын, – Даша дьүөгэтигэр чахчы ис сүрэҕиттэн ым-сыырар.
Олялаах Сеня ахсыс кылаастан доҕордоһоллор. Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин олус сөбүлэһэллэр.
– Эн да аналлааҕыҥ ханна эрэ сырыттаҕа.
– Уой, Оля, биэс ааспыт. Ас астыахтаахпын. Чэ, көрсүөххэ диэри!
– Көрсүөххэ диэри, хата олус үчүгэй сонуну иһитиннэрдиҥ.
Даша түргэн-түргэнник туттан хортуоскатын ыраас-таан, этин сууйан-сотон, кырбаан электрическэй оһоххо уурда. Син биир туохтан эрэ санаата оонньуур. Бэҕэһээ үөрүүлээх линейкаҕа түөрт эрэ чахчы бас-тыҥтан бастыҥнар үөрэххэ барар путевканы ылбытта-ра. Төрөппүттэр бары кимнээх барар чиэскэ тикси-биттэрин истибиттэрэ. Дьэ онтон, эмискэ үлүгэр бэ-һис киһинэн эбиллэн, Даша барар буолан хаалар дуу. Биллэн турар, арааһы саҥарааччылар да көстүөхтэрэ. «Баар-суох бэрээдэктээх комсомолкалара чиэһэ, суо-баһа суох эбит» диэхтэрэ. Арай, ийэлээх аҕабар «туох эмит чэпчэки үлэ булан хаалабын» диэтэхпинэ. Фермаҕа ыыппаттара чуолкай быһыылаах. Итинник санаа булуммутуттан бэйэтэ да үөрэ санаата. Киэһээҥҥи аһа бэлэм буола охсон таһырдьа күүлэҕэ боруокка олорон сөрүүкүүргэ сананна. Күнү быһа күн көрөн, ас буһан дьиэтин иһэ итийэн хаалбыкка дылы.
Таһырдьа, куйаас арыый намырыйан, сөрүүн түһэн эрэр. Даша сайыҥҥы нуурал киэһэлэргэ ийэтиниин бу курдук күүлэ боруогар олорон арааһы кэпсэтэллэрин сөбүлүүр да буоллаҕа. Аны, тиэргэниттэн тэйэрин, дойдутуттан арахсарын туһунан санаатаҕына эмиэ дол-гуйуох курдук. Маннык ыраас салгыннаах, үтүө-мааны дьонноох дойду ханна баар үһү?!
Даша уонна сааскы кэми эмиэ олус сөбүлүүр. Ыам ыйыгар ыаллара бары, тиэргэннэрин, саһааннарын таһын ыраастаан, бөх уматаллар. Ол сыта кини сүрэ-ҕэр-быарыгар түһэр минньигэс буолар. Кыргыттар кылааһынан ньургуһуннаах халдьаайыларга тахсан хаартыскаҕа түһэллэр, тыллан эрэр айылҕа сытын-сымарын дуоһуйа тыыналлар.
Үлэ чааһа бүтэн дьон өрө-таҥнары хаамсан эрэл-лэр. Аны аҕыйах хонугунан окко киирии буоллаҕына сэлиэнньэ уу-чуумпу буола түһүөҕэ.
– Хайыа-ыа, тоҕо таһырдьа тахсан олордуҥ? – диэн соһуйа-соһуйа ийэтэ тиийэн кэллэ.
– Эһигини күүтэ таарыйа диэххэ дуу. Почтаҕыт бүгүн кэллэ дуу?
– Самолет кэлбэтэ ээ, аҕыйах телеграмма баарын тарҕатан баран бүттүм. Итиитэ бэрт, онно да сөп буоллум, – Евдокия Андреевна хаһыатынан сапсына-сапсына кыыһыгар сэргэстэһэ олорунан кэбистэ.
– Ийээ, Марина эрийэ сырытта, – Даша аҕата суоҕар ийэтигэр баарыан толкуйдаабыт былаанын үллэстэргэ сананна.
– Путевкаҥ кэлбит дуо? – ийэтэ сэргэҕэлии түстэ.
– Өйүүн кэлээр диир. Ийээ, мин толкуйдаан көр-дөхпүнэ бастааҥҥыттан үөрэххэ направлениета суох эрээрибин, доруобуйам мөлтөҕүн биричиинэ оҥостон, оҕолортон хааларым сүрэ бэрт буолсу. Эн инньэ дии санаабаккын дуо? Арай мин манна хаалан, фермаҕа буолбакка, тугу эбит үлэлээтэхпинэ. Син биир «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» девиһи кэспэт курдук.
– Да-аша-а, хайдах буоллуҥ? Үлэлиэн баҕалаах элбэх, саҥа кэлбит кийииттэр туох да үлэни булбакка дьиэҕэ олороллорун истэҕин буолбат дуо. Эн мантан баран хаалаҕын да бүттэ. Ким да буруйдаабат. Наай гыннар тыллаах муҥутаан Анньыыска ол-бу диэн чорбоҥнуу түһэн баран тохтуоҕа. Маҕаһыыҥҥа наар фермалары мөҕүттэн тахсар. Кыыһа үлэлии хаалар буолбат дуо? – ийэтэ саҥаран-иҥэрэн, кутан-симэн кэбистэ, бэриммэтэ биллэр.
– Вера үлэлии хаалар. Дьэ кырдьык кини ийэтэ, бодоруугаҕыт Анньыыска дойдуну толорор эбит. Дуунньа кыыһын күрэттэ диэҕэ.
– Диэтин, биһиги онно кыһаллыбаппыт. Аҕаҥ эйигин тэрийэн ыытаары уоппускатын ылан эрэр. Олорунан кэбистэххинэ хомойон бүтэр. Эйигиттэн кистиир, наһаа ыарытыйар иҥин буолла. Арыый кыа-нар, үлэлиир эрдэхпинэ оҕобутун үөрэхтии охсуохха диэн тыллаах. Чэ, дьиэҕэ киириэххэ, остуолбутун бэлэмниэххэ. Аҕабыт кэлэрэ чугаһаабыта буолуо, – Евдокия Андреевна ити темаҕа кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн ойон турда.
Даша саҥата суох хаалла. Кырдьык, уулусса муннугуттан аҕата тахсан иһэрин көрөн, дьиэтигэр киирэн аһын-үөлүн тардыбытынан барда.
* * *
Бүгүн Дашаны совхоз комсомольскай тэрилтэтин кабинетыгар ыҥыран ылан үөрэххэ барар быраабы ылар направлениетын туттардылар. Комском Марина анаан-минээн тэрийбит, кылааһын салайааччытын Полина Тимофеевнаны ыҥырбыт. Иккиэн этэн-тыы-нан, алҕаан путевканы илиитигэр туттаран кэбистилэр. Даша туох да диэҕин тыла тахсыбакка хаалла. Эмиэ да дьүөгэтиниин Ольгалыын Дьокуускайдыырыттан, ыра санаатын ымыытынан буолбут Сэргэлээҕэр тиийэ-риттэн олус долгуйар, үөрэ саныыр. Ол эрээри бииргэ үөрэммит кылааһын оҕолоро туттарса баран эрэрин истэн улаханнык соһуйуохтарын санаатаҕына, хайдах эрэ ыксыы-ыгылыйа түһэр.
Даша, чэ, хайыай, махтанан, баһыыбалаан кабинет-тан тахсан дьиэтин диэки эрчимнээх хаамыынан дьулуруйда. Соруйан гыммыт курдук, аара суолга киһи бөҕөтүн көрүстэ. Бары тохтоон ханна үлэлии бараары сылдьарын ыйыталаһаллар, ханнык фермаҕа үлэлии хаалар ордугун сүбэлээччилэр эмиэ бааллар. Арай ийэтин кытта үчүгэйдик бодоруһар Борускуой: «Эн доруобуйаҥ олох кыайбат үлэтэ, ыанньыксыттыы барыма, олус кыһарыйдахтарына ньирэйдэ көр. Туох абааһы сокуона үөскээн оҕолору хотоҥҥо тэпсэллэрэ буолла», – диэмэхтээн, мөҕүттэн ылла. Даша дэлби ыксаата, бэйэтин тугу эрэ кистээн, уоран иһэр саарбах киһинэн ааҕынна. «Илдьэн төттөрү биэрэн баран хол-кутук сылдьыбыт киһи баар ини?» диэн санаалар кытта элэҥнээн аастылар. Ийэлээх аҕата хомойон бүтэллэр, кыһыны быһа биллибэтинэн-көстүбэтинэн сыраласпыт дьыалалара буолуохтаах. Ийэтэ секретарь Маринаҕа, оскуолаҕа да элбэхтик тиэстибитин таайа эрэ саныыр.
Даша бу күннэргэ дьиэтин үрдүн, истиэнэтин суу-йан-сотон бүтэрдэ. Түннүк сабыыларын сайыҥҥыга уларыталаата. Дьонун санаатын иһинэн бэрийэн эрэ бардаҕына холкутук сылдьыахтааҕын билэр. Үөрэххэ киирэн хааллаҕына, баҕар, күһүн дьиэтигэр кыайан кэлиэ суоҕа дии. Тута күһүҥҥү үлэҕэ ыыталлар диэн истээччи.
Аргыый таҥаһын-сабын хомунуон наада. Аҕыйах хонугунан айанныыллар ээ. Ольга оройуон киинигэр олорор эдьиийэ билиэттэрин ылыахтаах. Бүгүн ийэтэ, аҕата да эбиэттии кэлбэттэр. Ийэтигэр почта мун-ньуллубут, бу күннэргэ, ардахтаан самолет хас да күн кэлбэтэ. Аҕата барахсан, кыыһын тэрийэн ыытаары, дьоҥҥо мас эрбэтэн холтууралыы сылдьар. Онон бү-гүн Даша бэйэтигэр ойор күннээх оҕо саастыын бы-растыылаһыы күнүн анаан сылдьар. Туох да кыһалҕата суох ааспыт, ийэлээх аҕа итии тапталларынан угуттам-мыт оҕо саас дьоллоох күннэрин туоһулара хомуот аллараа дьааһыгар кичэллээхтик уурулла сылдьаллар. Дьиҥинэн бу хас да пачкаҕа холбуу тутуллан сылдьар хампыат сууларын, баһаам элбэх таҥастаах-саптаах кумааҕы куукулаларын, киинэ артистарын открытка-ларын бэрийэн көрбөтөҕө да ыраатта. Даша хампыат суулаах пачкалары муннугар даҕайбытыгар эриэккэс минньигэс сыт саба биэрдэ. Аргыый холбуу баайыл-лыбыт эрэһиинэтин устан, остуолга тэниппитэ эҥин араас ойуулаах-бичиктээх хампыат суулара ыһылла түстүлэр. Саамай тапталлаах «Белочката», «Буревес-тник», «Мишка косолапый», «Красная шапочка»… Ба-рылара араас түгэни кытта сибээстээххэ дылылар. Ол эрээри тоҕо эрэ ордук Саҥа Дьыл күлүмүрдэс күн-нэрин санаталлар, детсадын умсулҕаннаах утренник-тарын дьикти тыынынан илгийэллэр. Оттон бу кумааҕы куукулалар Дашаҕа өссө күндүлэр. «Мур-зилка» сурунаалыттан кырыммыт куукулалара олус кыраһыабайдар, Ольгатын кытта бэйэлэрэ да айбыт кыргыттара бииртэн биир кэрэлэр. Өргө да диэри кумааҕы куукулаларынан оонньообуттара, дьиэ-уот тутан, эмиэ кумааҕынан кырыйан таҥас-сап бөҕө-түнэн киэргэтэн астынар да этилэр. Атын дьүөгэлэ-ригэр пластмассовай, дьиҥнээх оонньуур куукулалар баар буолбуттарыгар ымсыырбыттара даҕаны. Оннук куукулалаах сорох дьүөгэлэрэ тыыттарбаттар да этэ, ыҥыран ылан баран ыраахтан көрдөрөллөрө. Даша дьиҥнээх куукуланы кууһан, аҕыйах да күн буоллар астына оонньоон ылбыттаах. Биирдэ аҕата үлэ бас-тыҥнарын мунньаҕар Дьокуускайдыыр чиэскэ тикси-битэ, дьэ онтон кыыһыгар куукулалаах кэлбитэ. Даша аҕыйах күн омуннаахтык оонньуу түһэн баран, ымсыырара бэрдин иһин Олятыгар уларсыбыта. Ону баара кыыһа ийэтин кытта маҕаһыыҥҥа бурдук атыылаһаары салааскаланан тойдонон барсан баран, тапталлаах «Настенькаларын» таһырдьа салааскаҕа умнан киирбитин, көрүөх бэтэрээ өттүгэр илдьэ баран хаалбыттар этэ. Даша онно хомойбутуон, мэктиэтигэр аанньа аһаабат буолбута. Аһыйбыта даҕаны. Билигин санаан сонньуйар. Хайыахтарай, Олятыгар кыратык куттуу, буугунуу түһэн баран, эмиэ уруккуларын кур-дук, кумааҕы куукулаларынан иллээх-эйэлээхтик оон-ньоон букунаһан барбыттара. Даша бу хаһаайысты-батын таһынааҕы ыалларын кыыстарыгар Ирочкаҕа бэлэхтиир санаалаах. Эмиэ хампыат суута мунньа са-тыырын, открыткаларга наһаа ымсыырарын сотору-тааҕыта билбитэ. Ийэтэ Роза үнүр кэпсээн эрэрэ, Ирочка кумааҕы куукула оҥосто сатыы-сатыы, онто сатамматыттан хомойон ытыыр үһү. Дьэ, үөрүө буол-лаҕа, эмискэ байа-тайа түһэриттэн. Дашаҕа ийэтин дьүөгэтэ Маайа соҕуруу курортан кэһиилэнэн кэлбит соломоттон оҥоһуллубут кыра корзината сылдьар. Бу дойдуга суох мааны иһит. Ыһыахха кыбына сырыт-таҕына үөлээннээх кыргыттара ымсыыран харахтара араҕааччыта суох. Даша Ирочкаҕа бэлэхтиирин бары-тын корзинаҕа сааһылаата. Таһырдьа тахсан ыалын тэлгэһэлэрин диэки көрбүтэ, оруобуна Роза сууйбут таҥаһын ыйыы сылдьар.
– Роза-а, дорообо! Ирочкаҥ ханнаный? – Даша үгэһинэн күүлэтин боруогар олорунан кэбистэ.
– Ол кыыс ханна эрэ сэлиэнньэ түгэҕин булла ини. Сөтүөлээри көҥүллэппитэ, күөлгэ бардылар дуу. Тоҕо ыйыттыҥ?
– Наадалаахпын, Ирочкаҕа. Кэллэҕинэ миэхэ ыытаар.
– Ол хотунуҥ эбиэтин көтүппэт. Кэлэн ааһыаҕа, этиэҕим. Хайа, хаһан Дьокуускайдаатыҥ? – Роза таҥаһын ыйаан бүтэн быар куустан туран кэпсэтэрдии сананна.
– Сотору барабын. Сололоох эрэ буолларгын, дьом-мор киирэ тураар эрэ. Ким да билсибэтэҕинэ, ийэм наһаа санааргыыр. Ыалдьыттаах ыал үчүгэй диэн тыллаах. Уой, эн тиэргэниҥ сибэккилэрэ үчүгэйдэрэ бэрт ээ, ситэн ырааппыттар дии. Ол оруосабай өҥнөөх нарын да нарын сибэкки биһиэхэ тоҕо эрэ суох ээ. Күн-дьыл ырааппыт дии, оҕолор сөтүөлээн эрэллэр эбит дуу, – Даша, быйылгы сайын түбүктэригэр үтү-рүйтэрэн, сөтүө кэмэ саҕаламмытын билбэтэҕиттэн соһуйда.
– Эбиэт буолбут, ас сылыттыахха сатаныыһы, – Роза дьиэтин диэки хаамта.
Даша эмиэ, ас бэлэмнээн эбиэттии түһэн баран, таҥас суунардыы тэриннэ. Куйаас күн буолбут, таҥас куурдарга ааттаах эбит. Киһи салгыах курдук ардахтаан да биэрдэ. Сууйар таҥастарын бэлэмнээн саҕалыах курдук сырыттаҕына, аҕылаабыт-мэҥилээбит Ирочка сүүрэн элэгэлдьийэн кэллэ. Күн уота харааччы сиэ-бит, харахтара эрэ оҕолуу тиэхэлээх уоттарынан чаҕы-лыҥнаһаллар.
– Даш-о, миигин ыҥырбытыҥ дуо? – Ирочка ыксыыр быһыылаах, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлиир.
– Даа, кырасаабысса, ыҥырбытым. Эн манна күүт эрэ, билигин кэлиэм, – Даша дьиэтигэр киирэн корзинатын таһааран кыысчааҥҥа уунна.
– Бу тугуй? Кимиэнэй? – Ирочка соһуччу киниэхэ тиксибит корзинатын хайа да өттүттэн тутуон билбэккэ эргичиҥнэттэ.
– Ирочка, эдьиий Дашаҥ улахан киһи буолла, оскуоланы бүтэрдэ. Сотору ыраах Дьокуускайга бара-бын. Бу эйиэхэ куукулалары, хампыат сууларын, от-крыткалары бэлэхтиибин.
– Миэхэ?! Куукулалар, открытка-а! – Ирочка ба-рахсан үөрүүтүттэн хайдах да буолуон билбэтэ, кыраһыабай корзина толору симиллибит барыта киниэнэ буолбутун итэҕэйбэтэхтии тэпсэҥнии түһэн баран, хата өй булан, «баһыыба» диэн тылын ыһык-таат, дьиэтин диэки дьиэрэҥкэйдээн хаалла.
Даша аны хаһан да эргиллибэт оҕо сааһа Ирочка сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйата тэлээрэ турбутун кытта ыраах-ыраах барбытын саҥата суох сайыспыттыы көрөн хаалла…
* * *
Лилия уһуктуон наһаа баҕарар да, утуйар барахсан мип-минньигэс абылаҥа баһыйан кыайан турбакка өөр-өр сытта. Остуол чаһыытын хараҕын кырыытынан көрбүтэ, таайбыт курдук, бириэмэ ырааппыт. Дьиэ иһэ-таһа толору киһи быһыылаах, кэпсэтии-ипсэтии, күлсүү-салсыы ырааппыта иһиллэр. Оскуоланы бүтэ-рии банкета бүгүн дьиэлэригэр салҕанар. Ийэтин идеята. Халлаан куйаас, ардаҕа суох буолан быраа-һынньык остуолун таһырдьа тэлгэһэҕэ тарда сылдьал-лар. Бурдук ас бөҕө буспут, собо ыһаарыламмыт бы-һыылаах. Кини ийэтэ бырааһынньыктары дьэ кыайа тутан оҥорор. Тэрээһинин кыайар диэххэ наада, дьүө-гэлэрэ, көннөрү билсэр да дьахталлара былдьасыһа-былдьасыһа көмөлөһөргө дылылар. Тоҕо олус улгумнук кэлэллэрин Лилия билээхтиир – ийэтэ олохтоох раб-коопка товароведынан үлэлиир. Биирдэ эмэтэ табаар кэллэҕинэ универмаг уҥуох тостор унньуктаах уһун уочаратыгар, күҥҥүн бараан да турбутуҥ иһин, туга да суох хаалыахха сөп. Лилия ийэтигэр Валентина Доро-феевнаҕа сатаан сыһыаннаһааччылар сөп-сөп араас дефициккэ эрэйэ суох тиксэллэр.
Лилия уһугуннар-уһуктан дьэ сэргэхсийэн турарга сананна. Бэҕэһээ киэһэ уоран дьүөгэлэрин кытта шам-панскай испиттэрэ төбөтө дэлби ыалдьыбыт эбит. Оскуолаҕа, саараан-саараан баран, арыгыта суох ос-туол тэрийбиттэрэ, онон Лилия, ийэтин хаһааһын билэр буолан, хас да шампанскайы «күрэппитэ». Бүгүн билэн айманар буолуохтаах. Тугу таҥнарын толкуйдаан эрдэҕинэ, ийэтэ киирэн кэллэ. Дьэ киэргэммит, баар суох көмүһүн бары иилиммит, саҥа ылбыт розовай көстүүмүн кэппит.
– Чэ, Лилька, тур эрэ. Ыалдьыттар кэлбиттэрэ ыраатта. Остуолга олоруохха, – ийэтэ кыыһын атты-гар кэлэн ороҥҥо олордо.
– Маама, эмиэ наһаа элбэх киһини ыҥырбыккын быһыылаах. Киһи дэлби сылайан сырыттаҕына, – Лилия, атаахтыан санаан кэлэн, оронугар сытынан кэбистэ.
– Чэ, чэ, тулуй биир киэһэни. Бары наадалаах дьон. Ханна үлэлии бараргын ыйыталастахтарына «Кырдал» ферматыгар барабын диэн ис.
– Онтон биир үтүө сарсыарда күрээн хаалабын дуу? – Лилия ийэтигэр сыһынна.
– Күрээминэ, соҕотох кыыспын хотоҥҥо умса анньан биэриэ суохпун. Кимиэхэ да дакылааттаабакка куораттаан хааллыҥ да бүттэ. Направлениеҥ райко-молга бэлэм сытарын билэҕин буолбат дуо, – дии-дии Валентина Дорофеевна ойон туран сиэркилэ иннигэр эргичиҥнээтэ.
– Тугу кэтэбиний? – Лилия бүгүҥҥү бырааһын-ньыкка хайдах таҥнарын быһаарына сатыы олордо.
– Хаартыскаҕа түһүөхпүт, бальнай былааччыйа-ҕын кэт.
– Эс, сыбаайбалаан эрэр киһиэхэ дылы маҥан таҥаһынан олоробун дуо.
– Олорумуна. Былааччыйаҥ барыларыттан кыра-һыабай этэ. Бэҕэһээ маамаҥ киэн туттан бөҕө. Уолат-тар бары эйигин одуулаһаллар быһыылааҕа.
– Ол миэхэ наада диигин дуо? Ити сыыҥтарын соһо сылдьар дьону этэҕин дуо? Куораттан булуом, уол оҕо талыытын, – Лилия былааччыйатын кэтэ-кэтэ күлэн сатарытта.
– Чэ, аргыый, улаханнык саҥарыма. Ыйааҕыҥ би-лиэ, ким кэргэнэ буоларгын, – Валентина Дорофеев-на үөһэ тыынан ылла.
– Маама, эн ыалдьыттаргар бар. Мин сирэйбин-харахпын көннөрүнэ түһэн баран тахсыам, – Лилия туалетнай остуолугар олорон хаалла.
Сотору дьиэ иһигэр уу чуумпу буола түстэ. Ийэтэ тахсан дьаһайда быһыылаах. Лилия тахсыбыта тэлгэ-һэҕэ тардыллыбыт остуолга бары орун-оннуларын булан олорбуттар. Биллэн турар, киһи үөйбэтэх-ахты-батах дьоно бары бааллар. Олохтоох сэбиэт председа-телэ Тарас Данилович кэргэнинээн, совхоз парткома Дмитрий Егорович эмиэ кэргэнинээн, олохтоох врач Елена Викторовналыын иҥин… Кулууп директора Алла Афанасьевна биэчэри иилээн-саҕалаан ыытта. Дьон бары тура-тура Валентина Дорофеевна маанылаан улаатыннарбыт, кэрэ сибэкки аатын биэрбит Лилията, кырдьык да хайдахтаах кыраһыабай кыыс буола улааппытын, оҕо эрдэҕиттэн олохтоох кулууп киэргэлэ буолбут үҥкүүһүт кыыс культура үлэһитин идэтин талара саамай сөптөөҕүн туһунан эттилэр. Ким да «оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн девиз тыл-ларын ахтыбата. Бары таайан, билэн олордохторо эбээт, Валентина Дорофеевна туох иһин кыыһын фермаҕа ыыппатын.
– Күндү табаарыстар, мин аҕыйах тылы эмиэ этиэхпин баҕарабын. Алла Афанасьевна мин баарыаҥ-ҥыттан илиибин ууна сатыырбын ончу көрбөт курдук туттар, – дии-дии универмаг сэбиэдиссэйэ Христина Григорьевна, уһун күөкэгэр моонньун үөрүйэх бэйэ-лээхтик хамсатан, туран кэллэ.
– Баһаалыста, Христина Григорьевна. Үөрүүнэн истэбит, – тамада көҥүллүүр саҥата иһилиннэ.
– Биһиги универмаг дьоҕус коллектива оҕобутугар кыра бэлэхтээхпит. Лилиябыт аны улахан киһи буолла, кини кэрэтин, кыраһыабайын бу кыһыл көмүс ытарҕа уонна кулон тупсаран, ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит, – диэн баран Христина Григорьевна Лилияҕа дьоҕус бархат хоруопканы туттаран кэбистэ.
Лилия омуннаахтык үөрэн-көтөн хоруопканы аһа баттаабыта… рубин таастаах ытарҕа, сүрэх быһыы-тынан оҥоһуллубут кулон килэбэчиһэ сыталлар!
– Баһыыбаларыҥ, универмагтар, – Лилия атыы-һыт дьахталлар олорор сирдэрин диэки туһаайан илиитинэн далбаатаата. «Көмүһүм элбээтэ ээ. Үнүр ийэтэ эмиэ уруккуттан аныы сылдьыбыт хас да суол киэргэллэрин бэлэхтээбитэ. Кулгааҕы үүттэтэ охсуохха наада». Лилия улам-улам бу остуолга буола турар кэп-сэтииттэн хайдах эрэ сылайан наар атыны саныыр буолан барда. Барытын этэн-тыынан бүттүлэр, өрүсү-һэ-өрүсүһэ ону-маны атыны кэпсэтэллэр. Сэбиэт, оннооҕор партком холуочуйа быһыытыйдылар. Лилия саҥата суох ойон туран дьиэҕэ киирдэ. Кылааһын кыргыттара, дьүөгэлэрэ тугу гыналлара буолла? Саатар аҕыйах кыыһы ыҥыртаары гыммытын ийэтэ буолум-матаҕа, «сэлиэнньэҕэ тыл-өс тарҕаныа» диэн бобон кэбиспитэ.