Faqat Litresda o'qing

Kitobni fayl sifatida yuklab bo'lmaydi, lekin bizning ilovamizda yoki veb-saytda onlayn o'qilishi mumkin.

Kitobni o'qish: «Кытылга кыыс ытыыра»

Shrift:

Кэпсээннэрин ааҕан үөрдүм

Уонтан эрэ тахса сыллааҕыта кыргыылаах баттахтаах кыргыттар халҕаһалара саха литературатын саба бүрүүкүүр атаакалара саҕаламмыта. Ол бастаан арҕаа уһуктан ааҥнаабыта – Сунтаар кыргыттара сулбу ойон тураннар (Сайа, Венера) уус тыллаах хоһооннорунан уйулҕаны хамсаппыттара. Онтон кинилэргэ уруккуттан суруйар Клара Васильева Ньурбаттан кынаттарыгар кыттыһан өрөгөйдөөх тылы өссө өрө көтүппүтэ, ол кэнниттэн Бүлүү куоратыттан Уйулҕаана олорсон устар ууну сомоҕолообута… Ити кэмҥэ илин өттүбүтүттэн илбистээх тыллаахтар кэккэлээн киирбиттэрэ – Умсуура, уолаттары умса садьыйталаат, оҕонньоттору ойоҕолоон ааспыта, саталаах тыллаах Саргы Куо саҥа күн тыктаҕын ахсын сайдан-тыллан испитэ, Амматтан эмиэ алыптаах саҥалаах Сардаана Амгинская саҕыллан таҕыста!

Поэзияҕа дьэ ити курдук, быһыты тоҕо тарпыттыы, кыргыттар күргүөмүнэн биирдэ көҥү анньан киирдилэр. Оттон проза, драматургия эйгэтигэр бастаан чуумпу соҕус этэ, онон-манан эрэ, сэниэтэ суох фонтаннардыы, өрүтэ тыгыалаан көрө-көрө уостан иһэллэрэ. Ол эрээри мин, хаһыаттарга үлэлиир публицист, очеркист кыргыттары ааҕа-ааҕа, күүтэр этим – прозабытыгар эмиэ кыргыттар тоҕо анньан киирэллэрэ буолуо диэн. Тоҕо диэтэххэ, хаһыат, сурунаал, телерадио үлэтэ, ол эбэтэр журналистика, уус-уран айымньыга киириигэ бастакы уонна эрэллээх олук буолар. Нуучча биллиилээх суруйааччылара хаһыаттан үүнэн тахсыбыттара, омуктар да оннуктар этэ (холобура, Хемингуэй), оттон саха суруйааччыларын үксүлэрэ бэчээккэ үлэлээбиттэрэ. Кыргыттар литератураҕа күргүөмүнэн анньан киириилэрэ билиҥҥи кэмҥэ сокуоннай – бэйэтин айылҕатынан кыыс оҕо нарын-намчы, иэйиилээх уйулҕалаах уонна куттаах-сүрдээх, онон кэрэни, үтүөнү ылбаҕайдык ылынымтыа. Аны туран ол да быһыытынан уонна эмиэ айылҕаттан кини иитэр, үөрэтэр-такайар аналлаах – санаан көрүҥ: үөрэҕэ суох саха ийэлэрэ-эбэлэрэ төһөлөөх үгүс оҕолорун, сиэннэрин иитэн, сүһүөхтэригэр туруоран киһи оҥорон таһаарбыттара буолуой! Оттон билиҥҥи кыргыттар ити үтүө айылгыларын таһынан өссө үрдүк үөрэхтэнэн билии-көрүү бөҕөнү ыллылар, аан дойдуну иилии эргийэн культуралара үрдээтэ, ис эйгэлэрин туруга бөҕөргөөтө – кинилэр хайа да нуучча, омук кыргыттарыттан-дьахталларыттан бэйэлэрин итэҕэстик санамматтар. Онон, былыргылыы эттэххэ, киһи сатыырын кини тоҕо сатыа суохтааҕый?!

Түбэһэн аахпаппынан уонна соло да буолбаккабын, мин билиҥҥи сахалыы прозаны барытын кыайан билбэппин буолан баран, аһаҕас көхсүм тоҕо эрэ сэрэйэр. Дьиибэ баҕайы, тумуулаары гыммыппын аан бастаан көхсүм билээччи – кини дьагдьайда да, ол аата сэрэтэр, дьаһалла ылына оҕус диир: ытырдан, сөтөллөн киирэн барабын, муннум уута сүүрэр… «Көхсүбүнэн сэрэйдэхпинэ» диэн төрүттэрбит ол иһин уос номоҕо оҥостоллоро эбитэ буолуо. Дьэ ол «сэрэйдэхпинэ», прозаик кыргыттар үөскээн-тахсан эрэллэр. Өссө саха кырдьаҕастара: «Сэрэйбит да, көрбүт да биир», – диэн этэр буолаллара, ол эмиэ саамай сөп эбит.

Мин Галина Нельбисова уус-уран суруйууга сыстыаҕа диэн сэрэйэр этим – кини очеркалара уус-уран өттүнэн олус табыллыбыт буолаллар, ис хоһоон да өттүнэн киэҥ ааҕааччыны кэрэхсэтэллэр, долгуталлар.

Кэпсээннэрин ааҕан сүрдээҕин үөрдүм. Тыла-өһө оннук уурбут-туппут, уус киһи ыпсарбытын курдук үчүгэй. Саамай сөбүлээбитим – бу уон кэпсээнин ис хоһооно барыта биһиги бүгүҥҥү олохпутун көрдөрөр, аныгы ыал, дьиэ кэргэн сыһыана. «Табыллыбатах абонент» геройа Егор Саввич кыһалҕатын кырдьаҕас дьон тута өйдүөхтэрэ уонна бэйэлэригэр чугастык ылыныахтара. Атын кэм, атын олох, туспа эйгэ оҕолоро, ордук киньиит, кинилэргэ «араабы» буолар оҕонньору истэригэр соччо киллэриэ суохтарын сөп, оттон оҕонньор эмиэ бэйэтин курдук огдообону, куорат эмээхсинин Марфа Михайловнаны, булсан бииргэ өйөһөн олороору тиийбитин эмээхсин туспа олорор уола кэлэн бэлэм дьиэҕэ бэрт буолан киирэҕин диэн үүрэн таһаарарын эмиэ өйдүүгүн: ол бүгүҥҥү олохпут иитиитэ. Куорат таас дьиэтигэр квартира билигин мөлүйүөнүнэн сыаналаах хамнаабат хаппытаал – «ийэм урут өллөҕүнэ дьиэ бу туора киһиэхэ тиксэр» диэн билиҥҥи олох сиэринэн баайга хараҥарыы төрдө дьэ итиннэ сытар. Урукку кэм буоллар, уол соҕотоҕун тэһийбэт ийэм муҥнаах үчүгэй оҕонньорго түбэһэн нус-хас суулаһан олордоллор диэн үөрүөхтээх этэ. Биэс уонуттан лаппа тахсыбыт Павел Ильич («Кырдьыгы эппэтэх ордук») тыаһа-ууһа суох дьахтар булунан баҕатын ханнаран кистээн «аралдьыйа» түһээри гыммытын киньиитэ алҕас билэн кэбиһэн тойонуттан кэлэйэн, тугу да уорбалаабакка оҕонньорун үлбүрүйэр аакка сылдьар хотунун аһынан, кэлин мин кэргэним эмиэ итинник буолуон сөп диэн санаа бөҕөҕө түһэр. «Ыал дьолун түстээтэҕэ» кэпсээҥҥэ Анна Семеновна төрөөтүн кытта ииттэрэ биэрбит көрө да илик кыыһа кэргэн тахсаары саахсаланарын истэн, чугас тыаттан куоракка кэлэн кистии-саба көрөн муҥҥа-таҥҥа түһэрин хайа баҕарар ийэ, кыыс харааста ааҕыаҕа. Сааһыран иһэн огдообо Володяҕа кэргэн барбыт Анфиса саҥа олоҕор, суох буоллар да, хаһаайка бокуонньук күлүгэ түһэн (Володя таптыыр кэргэнин букатын умнубат) эрэйи көрдөрбүтүн («Олох салҕанар аналлаах»), Хочуолунай Биичэ («Аҕа кэһиитэ») иһэн-аһаан тэмтэрийэ да сыстар көннөрүнэр кыахтааҕын, оттон Оля, Андрей, Софья «үс муннук» («Оо, тоҕо, тоҕо?») уһуктанан-кырыыланан хаалбыт олохторун муннуктара кыайан кыларыйбакка үһүөн өйдөрө-санаалара муҥ-кыһалҕа бөҕөтүгэр эриллэрин сүрэххинэн-быаргынан ылына, итэҕэйэ ааҕаҕын.

Галина Нельбисова кэпсээнньит быһыытынан хас да уратылаах. Бастакытынан, тыла-өһө хомоҕой, үчүгэй диэбитим (оннук буолбатаҕына, кэпсээнньит да дэниэ суохтаах этэ). Иккиһинэн, билиҥҥи дьиэ кэргэн тематыгар суруйар, кини ону өҥүн-талатын хойуннара, нөҥүөттэн нөҥүө наһаа түһэ сатаабат: үчүгэй геройдара киһи быһыытынан туох эмэ итэҕэстээх, мөлтөх геройдара үтүө өрүттээх, итэҕэстэрин көннөрүнэр кыахтаах буолаллар. Инньэ гынан ааҕааччы күүппэтэх, таайа охсубат түгэннэрин арыйар: сюжет хайдах сайдан иһэрин кэтэһэ, сэргэҕэлии олороҕун. Үсүһүнэн, кини геройдарын ис туруктарын, кинилэр өйдөрүн-санааларын, дууһаларын психологическай хамсааһынын сатаан биэрэр.

Бу кэпсээннэр түмүллэн, биир сутурук буолан, кинигэнэн таҕыстахтарына ааҕааччыны хайаан да кэрэхсэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин.

Семен Руфов,
саха народнай суруйааччыта

Эйиэхэ, Тапталинабар…

Инна урут эдэр сылдьан дьыл кэмиттэн саамай ордороро саас этэ. Халлаан дьыбара тахсан, күнэ улам-улам сылыйан, салгына ураты чэбдигирэн истэҕин аайы кини сүрэҕэ эмиэ сылааһынан, сырдыгынан туолара. Олоххо аҥаардас кэрэ күүтүүлээх саас эрэ кэлиэхтээх курдуга. Устудьуоннуу сылдьан сааскы нуурал киэһэлэргэ дьүөгэлэриниин буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ, күлэ-үөрэ куорат устун хаамсаллара, үҥкүү киэһэлэриттэн арыт үөрэн-көтөн, сороҕор хомойон, ытаһан-соҥоһон тарҕаһаллара. Билигин ол бэйэлэрэ бары тус-туспа дьылҕаланан, ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан, этэргэ дылы, ыйаахтара ыйбытынан ырааҕынан-чугаһынан тэлэһийэн олороллор. Ыал буолбакка соҕотох сааһыран эрээччилэр эмиэ бааллар. Инна саамай чугас дьүөгэтэ Ася эмиэ кэмигэр олоҕун оҥостубакка, билигин ончу да олус «өйдөнөн», холкутугар түһэн олорунан кэбистэ. Бэйэтэ биир хостоох, толору хааччыллыылаах дьиэлээх, өссө бу бэртээхэй даачалаах. Биэс-алта сыллааҕыта айылҕа анаан оҥорбутун курдук кэрэ миэстэҕэ турар, дьоҕус эрээри, үчүгэйкээн дьиэлээх даачаны атыыласпыта. Тыаттан убайдара, бырааттара мустаннар дьиэ силигин ситэрэн, саҥаттан олбуордаан биэрбиттэрэ.

Инна үгэһинэн, күһүн буолла да, дьүөгэтигэр Асяҕа анаан-минээн хас да күн сынньана, мас дьиэ салгыныгар астына утуйа кэлэр. Олох үөрүүтүн, хомолтотун барытын амсайан дуу эбэтэр сааһыран дуу, кини аны күһүҥҥү кэми олус сөбүлүүр. Араҕас көмүс өҥүнэн сууламмыт күһүҥҥү, иһиллээбит курдук уу чуумпу ойуур устун аргыый хаамар кэрэтигэр умсугуйар буолбута ыраатта. Ася дьиэтин хойуутук үүммүт хатыҥ, тиит мас тулалыыр буолан, тэлгэһэ таһыттан ырааппакка күһүҥҥү көстүү ураты кэрэтинэн дуоһуйуохха сөп. Онон бу күннэргэ дьүөгэлиилэр, оһохторун быргыччы оттон баран үүттээх чэй иһэ-иһэ, күһүҥҥү ардаҕы иһиллииллэр, араҕас сэбирдэхтэр тэлээрэн түһэллэрин одуулаһаллар. Соторутааҕыта аҕай силигилээн ситэн, көҕөрөн, чэлгийэн турбут, оттон билигин хагдарыйан тохтор сэбирдэхтэр ордук курус санаалары саҕар курдуктар. Олох барахсан үөрдэрэ-көтүтэрэ, эрэйдээн-муҥнаан даҕаны эрийэрэ-мускуйара элбэх буоллаҕа. Олох муудараһа үөрэтэрин курдук, сарсын эмиэ күн үүнүө, бүгүҥҥү хомолто хайаан да үөрүүнэн солбуллуо диэн эрэнэр эрэ наада.

Инналаах Ася, уруккуларын, эдэр эрдэҕинээҕилэрин, курдук, ыллаан да ылаллар, ытаһа да сыһаллар. Биллэн турар, ытааһын-соҥооһун Иннаттан тахсар. Ася ис санаатын мээнэ ыһа-тоҕо сылдьыбат, барытын бэйэтигэр тута сылдьар майгылаах. Ол эрээри аһыныгас сүрэхтээх, өрүү көмөлөһө, өйдүү сатыыр истиҥ, эрэллээх доҕор. Дьүөгэлэрэ онон туһанан бары кыһалҕаларын илдьэ киниэхэ кэлбиттэрин билбэккэ да хаалаллар. Ася, хас биирдиилэрин болҕойон истэн, уоскутааччы, уһун киэҥ санааны угааччы буолан иһэр. Арыт: «Санааҕытын кыраттан түһэрэҕит, олохтон табыллыыны эрэ күүтэҕит, атаахтыыгыт», – диэн мөҕүтэлээн да биэриэн сөп. Кини даҕаны санаата-оноото оонньуура, араас кыһалҕаланан ылара ханна барыай. Халыҥ аймах, бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун туһугар кылаабынай кыһаллааччы эмиэ кини. Бэйэтэ оҕото да суоҕун иһин, уонча оҕолоох ийэ курдук түбүгүрэр. Бу күннэргэ киэһэ хойукка диэри олорон наскы, үтүлүк баайталыыр. Кыһын устудьуон балтыларыгар, бырааттарыгар түҥэтээри. Эдьиийдэрин иһирэх сыһыанын биир эмит оҕо өйдөөн, кырдьар, кыаммат сааһыгар сылаастык сыһыаннаһан, үүттээх итии чэй кутан биэрэрэ дуу, суоҕа дуу.

Инна эмиэ туох баар олоҕун үөрүүтүн, хомолтотун, үрүҥ, хара күннэрин дьүөгэтин кытта үллэстэн кэллэ. Бастакы кэргэнин, Ганятын, кытта олорон, арыгылыыра бэрдиттэн сотору-сотору арахсаары сананан Асяҕа сүүрэн кэлэр буолара. Ася барахсан нэдиэлэни нэдиэлэнэн ханна барбыта биллибэккэ сүтэн хаалар үгэстээх Ганяны салгыбакка, сылайбакка көрдөһөрө, булан ыллахтарына эмиэ тэбис-тэҥҥэ тыл-өс, сүбэ-ама буолан салгыы ыал буолалларыгар көмөлөһөрө. «Оҕолоргун тыыннаах тулаайах оҥортоору гынаҕын дуо? Эйиэнэ өссө иһэр эрэ, дьиэтигэр-уотугар айдаана суох, атаҕастаабат, олоро сатаа. Мин көрдөхпүнэ, дьахталлар үгүстэрэ эн курдук олороллор. Кини да сааһырда, нуорматын иһээхтээтэ, сотору түспэтийиэҕэ. Кырдьар сааскар чэй исиһэр киһитэ суох соҕотох хаалаары гынаҕын дуо? Уолуҥ кэргэннэнэн баран хаалыа, кыргыттарыҥ Вералаах Надяҥ да эйигин манаан олоруохтара суоҕа. Бэйэлэрин олохторун оҥостунуохтарын наада буолуо. Оччолооҕу аастыҥ, тулуй», – диэн инникигэ эрэл санааларынан кынаттаан иһэрэ. Ону баара Ганя эрэйдээх түспэтийэригэр тиийбэтэҕэ, эмискэ быара аккаастаан күн сириттэн күрэммитэ. Оҕолоро оруобуна оскуоланы бүтэрэн, салгыы үөрэххэ барар-кэлэр эппиэттээх кэмнэригэр соҕотох хаалбытыттан Инна бастаан олус ыксаабыта. Ол эрээри кини, оччоттон баччааҥҥа диэри ыал тутаах киһитэ, хайдах да түүрүнэн олорунан кэбиһэр кыаҕа суоҕа. Аны саҥа дьиэ туттан испиттэрэ ситэ бүппэккэ хаалбыта. Бэйэтин, Ганя да аймахтара «дьиэҕин бүтэртэр» диэн үгүөрү соҕус үп хомуйан биэрэн абыраабыттара.

Инна куоракка чэпчэки сыаналаах тутуу матырыйаалын, түннүк холуодатын, ааннары атыылыыр маҕаһыын баарын истибитэ. «Маҕаһыын дириэктэрэ Дмитрий Николаевич – биһиги улууспут уола, биир дойдулаахтарыгар ураты болҕомтолоохтук сыһыаннаһар», – диэн буолбута. Биир үтүө күн Инна ол маҕаһыыны көрөөрү анаан-минээн куоракка киирбитэ. Атыыһыт уолаттартан ассортименнарын билсэ, сыаналарын ыйыталаһа турдаҕына, Дмитрий Николаевичтара тахсан кэлбитэ. Үрдүк уҥуохтаах, толору, киппэ эттээх-сииннээх, харахха быраҕыллар эр киһи этэ. Кини Иннаны кытта «кэҕис» гынан дорооболоспута. Инна хара бастааҥҥыттан дьон тугу этэллэрин чуолкайдыырга быһаарынан, биир дойдулаахтар буолалларын тоһоҕолоон эппитэ.

– Биир дойдулаахтарым барахсаттар, таах да наһаалаан эрэҕит ээ. Дьэ, тугу ыйытаҕын? Эйиэхэ кэлэн аккаастыам дуо, букатын билиэн баран турабын. Кэргэниҥ бэйэтэ көрүөҕүн, маннык нарын-намчы киһи, атыыластаххына, сүгэн бараҕын дуо? – дии-дии, күлбүтэ-үөрбүтэ.

– Кэргэним суох, өлбүтэ сылтан орто. Ол иһин бэйэм сырыттаҕым, – Инна бөтө сыһа-сыһа саҥарбытыгар Дмитрий Николаевич ыксаабыта. «Бырастыы гын», – диэмэхтээбитэ, күүстээх, сып-сылаас ытыһынан Инна саннын аргыый имэрийэн ылбыта.

Бу кэнниттэн маҕаһыыҥҥа сороҕор бэйэтэ, ардыгар уолунуун Мишалыын элбэхтик тиэстибиттэрэ. Аны дьиктитэ диэн, Инна киирэн кэллэ да, Дмитрий Николаевич хонтуора хоһуттан бэйэтэ тахсан кэлэрэ. Атыылыыр уолаттара, киксибит курдук, ханна эрэ симэлийэн хаалаллара. Кырдьык, сыанатын элбэхтик түһэрэн атыылаан абыраабыта. Улам билсэн, Иннаны кытта хайдах эрэ ураты истиҥник, сылаастык кэпсэтэр, киһи санаатын көтөҕөрдүү, дьээбэлэһэр, хаадьылаһар этэ. «Соҕотох дьахтар диэн бириэмэ атаараары оонньоһон эрэр дуу?» – диэн Инна арыт кыһыйа-абара санаан кэлэрэ. Ол эрээри, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн, Дмитрий Николаевич истиҥ бэйэлээхтик харахтыын мичээрдээбитинэн тахсан кэллэҕинэ, куолаһын иһиттэҕинэ, долгуйан хаалар буолбута. «Хайа эрэ дьоллоох анала буолла?! Арыгыга ылларбатах, чөл өйдөөх-санаалаах, биир бигэ тыллаах эр дьон ончу атыннар ээ», – дии саныыра Инна. Атыылаһалларын барытын кыра-кыра ылан бүтэрэн, Инна маҕаһыыҥҥа киирбэт буолбута. Ол эрээри онтуттан тоҕо эрэ санаата түспүтүн, туга эрэ тиийбэт курдугун өйдөөн сонньуйан ылара. Дмитрий Николаевич сылаас, сымнаҕас көрүүтүн, эйэҕэс мичээрин санаан тахсарыттан бэйэтин аралдьытына сатыыра.

Биир күн дьиэтигэр үлэлии сылдьар дьон Иннаны эмиэ куоракка «командировкалаабыттара». Итэҕэс-быһаҕас син көстүбүтэ. Инна куораттыан иннинээҕи киэһэттэн ис-иһиттэн сүргэтэ көтөҕүллэн, киҥинэйэн ыллыы сылдьар буолбутуттан бэйэтин мөҕүттэ санаабыта. Сарсыныгар өтөрүнэн киэргэммэтэҕин киэргэнэн, оҥостон-туттан куоракка киирбитэ. Маҕаһыыҥҥа киирэригэр атыыһыт уолаттар бааллара. Инна, наадалаах табаарын ыйыта-ыйыта, хараҕа хонтуора хос диэки этэ, сүрэҕэ битиргэччи тэбиэлээн олороро. Сотору биир атыыһыт уол хонтуора диэки элэс гыммыта уонна тута төттөрү тахсан сүр ыксаабыт куолаһынан:

– Инна Тимофеевна, Дмитрий Николаевиһы хайаан да күүтэр үһүгүн. Базаттан айаннаан кэлэн иһэр. Эйиэхэ олус наадыйар үһү, – диэбитэ.

Инна соһуйан, үөрэн да хаалбыта. Сотору Дмитрий Николаевич ыксаан ахан киирэн кэлбитэ.

– Оо, маладьыас, күүппүккүн дии. Кэл эрэ, кабинеппын көрдөрүүм, – диэн хоһугар батыһыннарбыта.

Бу күнү Инналаах Дмитрий куоракка бииргэ атаарбыттара. Куорат биир чөкө ресторанын булан бэйэ-бэйэлэрин олохторун бүүс-бүтүннүү тоҕо тэбээн кэпсэппиттэрэ.

– Инна, миигин кыратык чэпчээн, холуочуйан этэр диэмэ. Эйигин көрсүөхпүттэн туох эрэ буоллум. Эр киһи элээмэтэ бэйэм туох эрэ дьаһалы ыллахпына сатанар дии сырыттахпына, ити уолаттар сотовайбар эн кэлбитиҥ туһунан биллэрдилэр. Уол оҕо курдук долгуйан, оннооҕор улахан суолталаах дьыалабыай кэпсэтиини быраҕан сүүрүүнэн кэллим. Кэргэммин кытта сыһыаммыт тымныйбыта ыраатта эрээри, туора хаамар туһунан толкуй суоҕа, – дии-дии, Дмитрий элбэҕи этиммитэ.

Инна, бүүс-бүтүннүү ыга куустарбыт дьикти иэйиититтэн иэдэйэн да олордор, кытаанахтык, кыһаллыбатах курдук тутта сатаабыта. Дьиэтигэр төннөн баран эрэй бөҕөтүн көрбүтэ. Дмитрий киниэхэ нэдиэлэни быһа төлөппүөннээбитэ. Инна кистээн ытыы-ытыы, оҕолорунан «Инна Тимофеевна тыаҕа барбыта, хас да хонон баран кэлэр» дэттэрэ-дэттэрэ, сыппыта. Нэдиэлэ бүтүүтэ Дмитрий Николаевич бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Бу кэнниттэн кинилэр арахсыбатахтара, үөскээн хаалбыт күүстээх иэйиини саба баттыыр күүһү хайалара да кыайан булбатаҕа.

Инна сотору-сотору хайдах да буолуон билбэт турукка киирэн ылаттаабыта. Уонча сыллааҕыта кини дьахтар сэбиэтин председателэ буола сылдьан ыал олоҕун алдьатаары тииһэр дьахталлары сэмэлээн, дьиэлэринэн-уоттарынан сылдьан элэ-была тыла баранара. Ол айыытыгар бэйэтэ ыал аҕатын, киһи кэргэнин «уоран», кистэлэҥ тапталтан дьоллоно сырыттаҕа. Оскуолаҕа учууталлыыра, сиэри-майгыны тутуһуннарар аналлаах идэлээҕэ суобас суутун өссө сытыырхатара. Хаста да олус ыксаан, буруйданан, Дмитрийи тэйитэ сатаабыта. Ол эрээри кини били индийскэй киинэҕэ көстөр, ырыаҕа-тойукка холбонор, кинигэҕэ кэпсэнэр дьиҥнээх тапталга, арааһа, дьэ кырдьык таҥара бэлэҕэр тиксэн баран онтон аккаастанар кыаҕа суоҕа. Дмитрий эмиэ бачча сааһыгар диэри кэргэнин таҥнарбатах, улаатан эрэр уолун сэмэтиттэн дьулайар буолан элбэхтик эрэйдэммитэ. Кини да бэйэтин буойа, тохтото сатаабыт түгэннэрдээх этэ.

Үһүс сылларыгар Инналаах Дмитрий, этэргэ дылы, харахтарын симэн, кулгаахтарын бүөлэнэн бииргэ буолбуттара. Кинилэри тула элбэх тыл-өс, сэмэ-суҥха тарҕаммытын сүрэхтэринэн да сэрэйдэллэр, биир бигэ быһаарыныыга кэлэн хаалбыттара. Уонна бу сиргэ төрөөн тапталы билбит, тапталга тиксибит дьахтардаах эр киһи «түөрт дьоллоох сылы түөрт хонук кэлэн ааһарын курдук чаҕылхайдык олорбуттара эбитэ үһү» диэбит курдук дьылҕаламмыттара. Дмитрий, бэйэтэ ааттыырынан, бу күн сиригэр көрсүбүт баарын-суоҕун, баайын-дуолун, тапталлаах Иннатын—»Тапталинатын» соҕотох хаалларан эмискэ сүрэҕинэн охтон олохтон барбыта, хаһан да бүтүө суох харах уутунан сууннарбыта… Күүтүллүбэтэх өттүттэн ааҥнаан кэлбит аһыыттан хаҕа эрэ хаалбыт Иннаны оҕолоро эрэ олох диэки тардыһыннарбыттара.

Иннаҕа сир үрдүгэр тапталы билбит дьолун туоһулара – Дмитрий элбэх суруктара уонна иккиэн түспүт хаартыскалара хаалбыттара. Дьикти ээ, кылгас дьол түгэннэрин эрэ бэлэхтиирин билбит, сэрэйбит курдук, ураты уйаннык, сылаастык да сыһыаннаспыта. Дмитрийдиин ыал буолан куоракка көһөн киирэн баран Инна, оскуолаҕа буолбакка, элбэх командировкалаах, учууталлары кытта методика өттүнэн үлэлиир аналлаах тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Онон сотору-сотору командировкаҕа баран хаалара. Дмитрий Инната хайа күн тахсан барыаҕыттан сурук суруйа-суруйа сыттык анныгар мунньан барара. Кинитэ суох оҕолору кытта хайдах олорбуттарын, тугу гыммыттарын, ахтылҕантан, күүтүүттэн олус эрэйдэнэрин сурукка тиспит буолара. Аны хоһоонноругар ис сүрэҕиттэн тахсар истиҥ иэйиилэрин суруйан хаалларбыта…

Инна сыттыгын анныттан суруктарын* мунньа сылдьар альбомун таһааран арыйталаан барда.

Тапталлаах доҕорбор, Инна Тимофеевнаҕа, аныыбын.

Тапталинам
 
Таптааммын ааттыыбын, доҕоруом,
Таптыыр доҕорбун – Тапталинабын,
Эн эрэ баар буолаҥҥын,
Күндү таптыыр киһим,
Сахабыт сирин халлаана
Харахпар көҕөрөн көстөөхтүүр.
Таптыыр киһилээх буоламмын,
Олоҕум сырдыкка тардыһар,
Эйигин сөбүлүү көрөммүн,
Сыыспатах эбиппин, доҕоруом.
Эйигин өрүү таптыыр Дмитрийиҥ.
Ахсынньы 14 күнэ.
 
Тапталинабар
 
Арылхай эйэҕэс хараххын
Ахтабын, доҕоруом, куруутун.
Эйигин көрдөрбүн, доҕоруом,
Умнабын барытын сир үрдүгэр.
Кэрэчээн куоласкын истээри,
Кыракый оҕолуу үөрэбин,
Эйигин көрсөммүн, доҕоруом,
Дьоллоохпун дэнэбин өрүүтүн.
Дмитрий.
Тохсунньу 1 күнэ.
 
* * *

Доҕорум, дорообо!

Сэгэриэм, барытын олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Эйиэхэ олус махтанабын. Эн баар буолаҥҥын, эйигин көрсөммүн, олус дьоллоохпун дэнэбин. Сэгэр, эн биһикки, били этэргэ дылы, таҥара анабылынан көрсүбүт дьоммут, онон дьылҕа хаан анала хайдаҕын бэйэтэ быһаарыа.

Дмитрийиҥ. 16.03.

* * *

Ахтар, саныыр доҕорбор, Иннабар, аныыбын.

Доҕорбор
 
Доҕорбор, эйиэхэ, анааммын,
Дорҕоонноох тыллары этэбин.
Эн кэрэ мөссүөҥҥүн хоһуйан,
Эйиэхэ тапталы билинэбин.
Сүрэхтэн бу тыллар тахсаллар
Долгуйар Дьокуускай куоракка,
Эйигин санааммын, доҕоруом,
Олус диэн долгуйдум мин бүгүн.
Бааргар эйигин аахайбат курдукпун,
Барбытыҥ кэнниттэн ахтабын эйигин.
Эйигин аймыахпын баҕарбат эрээри,
Дууһалыын, сүрэхтиин эйиэхэ эбиппин.
Баҕардар, эйигин умнуом дуу дэнэбин,
Онтукам букатын табыллыа суох курдук,
Тапталы билбэтэх эрдэһин буоламмын,
Эйиэхэ таптатан олус диэн долгуйдум.
Доҕоруом, эйиэхэ сүрэхпин, дууһабын аныыбын,
Эн биһи хайаан да бииргэ буолуохпут.
Дьоллоох олоҕу олоруохпут
Үйэлэр тухары, тапталыам.
Муус устар 16 күнэ. Дмитрийиҥ.
 
* * *

Тапталинабар аныыбын.

Таптал
 
Таптал – бу саамай кэрэ иэйии,
Тапталынан ким да оонньуо суохтаах,
Таптал баар бу сир үрдүгэр
Икки атаҕы киһи гыммыт.
Таптал туһугар тахсаллар ырыалар, хоһооннор,
Таптал туһугар киһи аймах айманар,
Таптал, эн олус да күүстээххин,
Таптал, эн олус да нарыҥҥын.
Тапталы киһи кыайан кэпсээбэт,
Таптаһар дьон иккиэн эрэ билэр сыһыаннара,
Оо, таптал, эн олус да суоскун,
Оо, таптал, эн олус да уйаҥҥын…
 
* * *

Инночкам, привет!

Улахан тапталга ылларбыппынан эҕэрдэлиэххин сөп. Олох иэдэйэн эрэбин. Эйигин эрэ саныыр буоллум. Тоҕо эрэ эн эппитиҥ барыта туолан иһэр, дьэ дьикти. Дьиэбэр звоннаабатаҕым ыраатта, куттал да улахан, кутуйах иинин кэҥэтии бөҕө. Оннооҕор түүн түһээн көрөбүн, чэ ол ахтарым бэрт буолан буолуо или эн саныыгын быһыылаах. Дальше эйигинэ суох хайдах сылдьарбын өйүм хоппот. Мин эйиэхэ хайдах махтаныахпын билбэппин. Эн дьоллоох хараххын көрөр саҕа үчүгэй миэхэ суох… Мин санаам модун. Барҕа махтал эйиэхэ, күҥҥэ көстүбүт күндү доҕорбор. Эн баар буолаҥҥын, мин олоххо күүскэ тардыһабын. Эйиэхэ, күндүттэн күндү киһибэр, туох баар үчүгэйи, кэрэни, доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын.

Алгыс
 
Ахтабын эйигин, доҕоруом,
Ханна да, хаһан да буолларбын.
Эрэллээх доҕорбор, эйиэхэ,
Истиэнэ кэриэтэ эрэниэм.
Орто дойдубут олоҕор
Олоруох биһиги дьоллоохтук.
Ытаһан-соҥоһон бүтүөхпүт,
Ырыалаах-тойуктаах сылдьыахпыт.
Доҕорбор, эйиэхэ, аныыбын
Алгыһым ананар тылларын,
Кымыстаах чороону көтөҕүөм
Кыынньаахтыыр дьолбут туһугар.
Барҕа махтал буолуохтун
Эйиэхэҕэ, доҕорбор, эрэллээх киһибэр,
Элбэх махтал тылларын
Этиэм эйиэхэ, доҕорбор.
Ыам ыйын 5 күнэ. Дьокуускай к.
Дмитрийиҥ.
 
* * *

Күндү, таптыыр кэргэним Инна, привет!

Олох суохтаан иэдэйдибит, ордук кыргыттар уонна мин. Уол соччо кыһаммат. Аны хаһан да ыраах ыытыа суохпут, ахтарбыт бэрт, куруук саныы сылдьабын: ии, оҕом барахсан хайдах айаннаан иһэрэ буолла диэн. Ама тиийэ илик буолуоҥ дуо? 2 суукка 3 чаас ааста барбытыҥ, олох быданнаабыт курдук. Биһигини ахтарыҥ дуу, суоҕа дуу? Ээр-сэмээр телефон кэтэһэбит, мэлигир.

Бүгүн олунньу 7 күнэ. 23 ч. 20 мүнүүтэ. Ууруубун… Димаҥ. Наһаа күүскэ таптыыбын.

* * *

Күндү кэргэним, Иннам, привет!

Сурук суруйдахпына, хайдах эрэ эйигин кытта кэпсэппит курдук буолабын, олус чэпчиибин. Оҕом сыыһа, наһаа да ахтабын, кэлэр күҥҥүн эрэ кэтэһэбин. Чэ, бары үчүгэйи кытта Димаҥ.

Олунньу 10 күнэ. 18 ч. 50 мүн.

Улахан тапталы умнумуох
 
Атын дьоҥҥо аралдьыйан
Улахан тапталы умнума, доҕоччуок.
Мин курдук таптыыр киһини
Бу сиргэ буларыҥ саарбах.
Быстах санаа ухханыгар
Былдьатыма тапталбытын,
Араас эр бэртэрэ
Көрсүөхтэрэ өрүүтүн.
Улахан тапталы умнумуох,
Умайар сулуһуҥ мин буолуом,
Таптыыбын эйигин, сэгэриэм,
Үйэлэр тухары таптыаҕым.
Дмитрийиҥ.
 
* * *

Тапталинам, привет!

Дууһам олох уоскуйбат, санаам барыта эйиэхэ. Оҕом сыыһа, төһө эрэ ахта сылдьаҕын. Олох умнан кэбистиҥ дуу? Хайдах эрэ күнүүлүөх санаам кэлэр, автобуска таах сибиэ бэйэм атаарбаккабын диэн кэмсинэбин.

Доҕорбор
 
Доҕорбор эйиэхэ анааммын
Ыллыахпын-туойуохпун баҕардым.
Олус диэн ахтыбыт омуммар
Айманар сүрэҕим дьиктитик.
Тапталга бигэнэн мин эмиэ
Уһуннук, дьоллоохтук олоруом.
Эйиэхэ анаабыт сүрэхпин
Чиэстээхтик, ыраастык толоруом.
Ахтар муҥун билэммин
Айманабын, доҕоччугуом.
Кэлиий миэхэ түргэнник,
Кууһуом, сыллыам барахсаммын.
Олунньу 10 күнэ. Киэһэ 22 ч. 06 мүн.
Димаҥ.
 
* * *

Инночкам, дорообо!

Киэһэ 10 ч. 55 мүн. Бүгүн үлэбиттэн кэлбитим, Вера «маама звони гынна» диэн үөртэ. Наһаа үөрдүбүт. Жаркой буһардым. Онтон бэйэҥ звоннаабыккар куоласкын истэн, бирээмэ көтүөхпүн кынатым эрэ суох. Мин кэргэним түүн кэлэр диэн үлэбэр күн аҥаара барбатым. Бүгүн бары да настырыанньа бөҕөбүт. Чэ күүтэн-күүтэн, ахтан-ахтан көрсүһэрбит аҕыйах чаас хаалла.

Күүскэ да күүскэ ууруубун-сыллыыбын.

Димаҥ. Олунньу 11 күнэ. 11 чаас 06 мүн.

* * *

Дорообо, күндүттэн күндүбүт, маамабыт Инна!

Сурук суруйан ахтылҕаммын таһаарабын, хайдах эрэ кэпсэтэ олорор курдукпун. Киэһэ аайы ночной ырбаахыгын сыллаан баран утуйабын, сытыҥ хаалан хаалбыт.

Чэ, бары үчүгэйи, дьолу-соргуну кытта Димаҥ.

Ууруубун-сыллыыбын, наһаа күүскэ таптыыбын. Олунньу 27 күнэ. Киэһэ 6 ч. 45 мүн.

* * *

Инночкам, привет!

Үтүө күн үүммүтүнэн, олунньу ый бүтэһик күнүнэн уруйдуубун-айхаллыыбын. Сааскы ылааҥы күннэр саҕаланаллара бу кэллэ, арай мин оҕом кэлиэн баҕарбат. Хаайтаран сытар сураххытын телефонунан истэбин. Наһаа да аҕынным, доҕоччуок, санаам барыта эйиэхэ. Олус да долгуйан барыах курдукпун. Эмискэ баҕайы хараастан ылабын, халлааным хараҥарар. Оҕолорум үөрэнэ бардылар, сарсыарда туран глазунья буһаран биэрдим.

Соҕотох хаалар наһаа куһаҕан эбит. Билиэппит умайарыгар тиийдэ, эн суоххун. Эйигинэ суох концерт соччото суох буолуо дии.

Чэ, көрсүөххэ диэри, ахтабын, таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.

Димаҥ. Олунньу 28 күнэ. Сарсыарда 8 ч. 25 мүн.

* * *

Күндү киһим, Инночкам, привет!

Бу көрсөрбүт аҕыйах чаас хаалла, ол эрэн сурукпун син биир суруйан хаалабын. Маҕаһыыҥҥа тахса сырыттым, ону-маны ыла. Зина: «Туох алдьархайын үөрдүҥ?» – диир. «Тыый, Иннам кэлэн иһэр», – диэтим. «Ол да иһин», – диэхтиир. Кэлэргэр миин өрө сылдьабын, киэһэ собо сиэхпит.

Үөрүү
 
Бүгүн үөрүү, бүгүн дьол —
Маамабыт барахсан иһэр!
Оо, төһө эрэ үчүгэй буолар
Үөрэн-көтөн киирэриҥ,
Ахтан иэдэйбит дьону
Ууруу-сыллыы сылдьарыҥ,
Бу харахпар көстөн кэлэр
Күлүмүрдэс мичээриҥ.
Ол эрээри эмиэ толлобут
Маамабыт саҥатыттан,
Кини күөстүү оргуйан
Мөҕөн-этэн барарыттан.
 

Чэ, көрсөрбүт 1—2 чаас хаалла буолуо, этэҥҥэ айаннаа.

Өрүү бииргэ тапталыҥ Димаҥ.

Кулун тутар 4 күнэ. Понедельник. 9 күн буоллуҥ. Сарсыарда 8 ч. 45 мүн.

Күн аайы 2-лии суругу суруйдум.

* * *

Тапталлаах доҕорум Инна, привет!

Бүгүн сарсыарда 5 ч. Итииргээн уһугуннум, онтон хаһыат ааҕа сыттым уонна бу оҕобор сурук суруйан эрэбин. Төһө да ыраах сырыттаргын, санаабар субу баар курдуккун, ахтарым-саныырым күүһэ бэрт буолан, олох кууһа сытар курдукпун. Эйигин ахтарым бэрт буолан, уум олох көтөн хаалла. Доҕоччугуом, хаһан кэлэ охсон уоскутаҕын? Бэҕэһээ киэһэ телефонунан ахтыбытым ааһыар диэри кэпсэтэн наһаа дуоһуйбутум, олох субу баар курдуккун.

Чэ, бары үчүгэйи кытта оҕонньоруҥ Дмитрий.

Ахта-саныы, өйдүү-таптыы хаалабын. Ууруубун-сыллыыбын.

Муус устар 18 күнэ. Сарсыарда 6 ч. 47 мүн.

* * *

Ахтар-саныыр, өйдүүр, таптыыр, долгуйа күүтэр кэргэним Инна, дорообо!

Бу олус күүскэ ахтан, кэлэргэр тиийбэккэ сурук суруйан эрэбин. Хаһан да кыыһырсар буолумуох, туохпутун былдьаһыахпытый. Мин эйигин наһаа күүскэ, ис сүрэхпиттэн таптыыбын, ону бэйэҥ да сэрэйэр буолуохтааххын. Оҕом сыыһа, олох кыайан тэйсиэ суохпут, биир-икки күҥҥэ араҕыстыбыт да, ахтыһан барабыт. Оо, таптал, олус да күүстээх эбиккин, урут маннык олох буолбат этэ. Телефонунан куруук саанаҕын, «тиийдэхпинэ аахсыахпыт» диэн. Туох буруйбар? Олох өйдөөбөппүн, оонньуур быһыылаах дии саныыбын. Бэҕэһээ «Семейные узы» көрө-көрө: «Оо, дьахталлар үөннэр эбит», – дии саныыбын, ол мин оҕобор, конечно, сыһыана суох диэн эрэнэбин. Ол иһин олус күүскэ таптаан эрдэҕим буолла. Тапталбытын харыстыах, дьон ону-маны үлүннэрэн кэпсиирин итэҕэйимиэх, бэйэбит эрэ албыннаһымыах.

Тапталга буруй суох
 
Таптыырга буруй суох, доҕоруом,
Олуһун күүскэ да таптыыбын,
Кэрэчээн уостаргын уураары,
Күн аайы кэтэһэн эрдэҕим.
Аҕыйах хонукка арахсан,
Ахтыста сүрэхпит олуһун.
Омуннаах тапталга ылларан,
Олохпут уһуоҕа биһиэнэ.
Доҕоруом, эн бааргын мин сүрэхпэр,
Атыны букатын билбэппин,
Эрэнсиэх бэйэбит иннигэр,
Хаһан да сүтэрсибэт туһугар.
Сэтинньи 22 күнэ,
Димаҥ.
 
* * *

Сэгэрим, Иннам, привет!

Бу олох эрдэ уһуктан баран турдум. 5 ч. 40 мүн. уһуктубутум. Олох иэдэйииһикпин быһыылаах. Биир күнү нэһиилэ аһардым. Ахтарым бэрт, бу сир үрдүгэр таптыыр киһигинээн куустуһан сытар саҕа үчүгэй суох эбит. Чэ, хайдах эмэ тулуйар инибин. Кытаат, доруобай эрэ буол. Бары үчүгэйи кытта Димаҥ.

Күүскэ да күүскэ ууруубун. Арба, сыттыккар сытыҥ хаалбыт, ону сыллыы хоннум.

29/XI. 6 ч. 44 мүн.

* * *

Күндүттэн күндү киһим, Иннам, привет!

Эйигин санаан уум олох көтөн хаалла. Мантан түүн хаһыат ааҕар буоллум. Уопсайынан суох бириэмэҕэр кыайан утуйбакка сору көрдүм. Баар эрэ буоллаххына, утуйар эбиппин. Тоҕотун олох билбэппин. Оҕом сыыһа, суоҕуҥ наһаа куһаҕан, олох ылларан кэбиспиппин, күнү быһа эйигин санаан тахсабын, барахсаным тугу гына сылдьара буолла диэн. Халаатыҥ абырыыр, кэлэ-бара сыллыы сылдьабын. Ии, оҕом барахсан, төһө да мөхтөргүн олус күүскэ таптыыбын. Чэ, көрсөрбүт олох аҕыйах чаас хаалла, утуйа охсубут киһи.

Наһаа күүскэ таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.

14/IV. Түүн 1 ч. 40 мүн.

Дорообо, таптыыр кэргэним Инна!

Сэгэрим, олох ахтан иэдэйдим, аҥаарым эрэ хаалла быһыылаах.

Көрсүһүү
 
Күүтэбин, доҕоруом, олуһун
Ол кэми, көрсүһүүнү,
Аҕынным даҕаны эйигин,
Күндү көмүс биэбэйим.
Үөрүүнэн толорор дьиэ иһин
Эн көрдөөх күлүүҥ өрүүтүн,
Чуҥкуйда дьиэбит эн суоххар,
Айманна дууһабыт барыбыт.
Кэлиий дуу, доҕоруом, түргэнник,
Уоскутууй сүрэхпит төлөнүн.
Долгуйар Дьокуускай сиригэр
Кэтэһэ хааллыбыт биһиги.
 

Муус устар 24 күнэ.

Димаҥ. 18.00 ч.

Инна билигин бу суруктарынан күннээҕи олоҕун сырдатынан, ааспат-арахпат ахтылҕан буолбут тапталыттан сылаанньыйан, эрэллээх, бигэ тирэхтээх курдук сананан иннин диэки дьулуруйар. Суруктардаах альбомун күҥҥэ хаста да хабан ылан бу курдук ааҕа олорор буолар. Инна кэргэнин көмөн баран сүрэҕин хаһыытын, дууһатын кыланыытын суруйбут бэйэтин суругуттан эмиэ айманан, ытамньыйан ылла.

«Дима, Дмитрийим барахсан…

Эйигинэ суох сылдьыам, үөрүөм-көтүөм, бэйэбин толору дьоллоох киһинэн ааҕыныам диэхпин санаам буолбат. Бу сиргэ күндүттэн күндүбүн, нэһиилэ көстүбүт таҥарам бэлэҕин, эйигин, куоттардым, былдьаттым, мүлчү туттум.

Биһиги буруйбут буолуо дуо, хойутаан көрсүбүппүт?! Оо, олорбут сылларбытын төттөрү эргиппит киһи баар ини! Бачча булсан баран саатар 10-ча сыл бииргэ олорор дьолбут суох буоллаҕа. Суох буолаахтаатаҕа, барбыт эргийбэт, өлбүт тиллибэт…

Доҕорум оҕото, итэҕэй дуу… Эн буолаҕын мин сүрэхпин сүүйбүт, дууһабын долгуппут, тапталбын, иэйиибин иккистээн тыыннаабыт, хаһан да ааспат-арахпат, сүппэт-симэлийбэт мин улахан тапталым.

Мин эйигин, күндү киһибин, хаһан да умнуом суоҕа. Тыыннааҕым тухары түүлбэр көрсүөм, санаабар кэпсэтиэм. Ааспыт олоҕум оспот бааһа, сэниэбин эһэн, санаабын самнаран, хараҕым уутунан сууннаран барбытыҥ наһаа да абалаах, кыһыылаах. Олус ыарахан. Быраһаай.

Үнүр биир киэһэ бу суруктары Асяҕа көрдөрө олорон эмиэ ытаан-соҥоон барбыта.

– Ася, олох тоҕо олус уустугуй? Тоҕо сатамматый биһиги, хойутаан көрсүбүт дьон, арыый да уһуннук олоро түһэрбит?! Тоҕо дьылҕа хаан түөрт эрэ сыллаах дьолу быктаран баран былдьаан ыларый?

– Инна, олох оҥоһуута, ыйааххыт буоллаҕа. Хайдаҕын да иһин эн дьиҥнээх тапталы, улахан тапталы биллэҕиҥ. Мин урут да эппитим дии, оннооҕор биһиги, чугас дьүөгэлэриҥ, эйиэхэ кэлэн ааспыт дьолунан дьоллонон олоробут. Бу орто дойдуга таптал баар эбит ээ дэһэбит. Дьиҥнээхтик таптаабыт эр киһини илэ биллэхпит, ол тапталтан эн хайдахтаах курдук кыыс оҕолуу иккистээн тыллыбыккын, тупсуоххунан тупсубуккун көрдөхпүт. Билигин биһиги эмиэ эрэллээхтик, улаханнык таптал баар дэһэбит, – диэбитэ Ася.

Инна, дириҥник үөһэ тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, альбомун түөһүгэр хам кууһан оттуллубут оһох иннигэр олорунан кэбистэ. Таһырдьа эмиэ күһүҥҥү ардах түһэн сабыгыратан барда…

Bepul matn qismi tugad.

Yosh cheklamasi:
0+
Litresda chiqarilgan sana:
18 aprel 2024
Hajm:
120 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-2135-8
Mualliflik huquqi egasi:
Айар
Matn
O'rtacha reyting 0, 0 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,4, 51 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,7, 36 ta baholash asosida
Matn PDF
O'rtacha reyting 5, 2 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,4, 381 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,4, 91 ta baholash asosida
Matn
O'rtacha reyting 4,5, 25 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,9, 12 ta baholash asosida
Matn, audio format mavjud
O'rtacha reyting 4,5, 350 ta baholash asosida