Kitobni o'qish: «Арыгыһыт кэргэннээх сор»

Shrift:

Өрүһүнүү – бэйэҥ илиигэр

– Убаай, чэ сарсын уопсайынан олоҕуҥ туһунан кэпсээҥҥин сааһыланан кэлээр. Эппит кэмҥэр кэлэн диктофоҥҥа устан ылыахпыт. Куттаныма, бу көннөрү биһигини кытта кэпсэтэ олороруҥ курдук саҥара олоруоҥ да, бүттэ. Онно туох да куттал суох, – Захары ааттаан-суоллаан, суотабай төлөпүөнүнэн «киинэ устар уолаттарбыт» диэн булан ылбыт ыччаттар омуннара-төлөннөрө салыннарбыта.

Киинэ лиэнтэтигэр курдук

Бу санаатаҕына, Захар аанньа аккаастаммата быһыылаах, «чэ, сөп даҕаны» диэн баран, кэтэҕин эрэ тарбанан хаалаахтаата. Эчи, хантан булан-талан, чуо киниэхэ тиийэн-тиксэн кэлбиттэрэ буолла?! Арыгы буулаабыт алдьархайыттан быыһанан, көнөр суолга тахсыбыт киһи туһунан киинэ устар сорудахтаахтар үһү. Дьэ, көтүөккэлэһэн түһэн ыксаллаах дьон, сарсын киинэ устан, өйүүн көрдөрүөх дьон курдуктар.

Сиэн Тиитэп ыллыыр ырыатыгар этиллэрин курдук, кырдьык, киһи тохтуу түһэн олорбут олоҕун туһунан санаатын сааһыланнаҕына, ааспыт күннэр-дьыллар хараххар киинэ лиэнтэтин курдук субулла көтөллөр. Захар бу 55 сааһын туолан олорон, этэргэ дылы, бэйэтин баҕатынан даҕаны диэбит курдук, олох барахсан араас уустуктарын этинэн-хаанынан билэн кэлээхтээтэ… Сибилиҥҥи өйүнэн-санаатынан ончу атыннык олоруохтааҕа. Суох буоллаҕа, оҥостубут олоҕун аһыы ууга атастаһан көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыспыта-тохпута, кэргэниттэн арахсыбыта, дьонун-сэргэтин кэлэппитэ…

Киинэ устар уолаттар этэллэринэн, кини олоҕор майгыннатан уһуллубут киинэ дьон өйүгэр-санаатыгар сабыдыаллаан, олохторун туһунан толкуйдуулларыгар, көнөр туһунан быһаарыналларыгар көмөлөһүөхтээх үһү. Бэрт буолуо этэ. Захар билигин сороҕор таксилаан Дьокуускай куорат автовокзалын таһынан ааһан иһэн, онно мустан батыаккалаһа сылдьар биир саастыылаахтарын, ыччаттары көрдөҕүнэ санаата түһэр. Кырдьык, сороҕор массыынаттан ойон тахсан өй угар, сүбэлиир, бэсиэдэ ааҕа түһүөн баҕарар. Бэсиэдэ буолар ээ, олус улаханнык эттэ! Дьиҥинэн, ол эрэттэр син биир кинини истэ да сорумматтарын билэр. Кини эмиэ ити автовокзал таһынан таҥас-сап, дьүһүн-бодо буолан сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ. Биир эмэ киһи тыл быраҕан аастаҕына өссө сөбүлээбэккэ өрөлөһөөрү хаайар, сааппакка, кыбыстыбакка харчы көрдөөн турар дьон буоллахтара эбээт. Арай биирдэ ийэтэ барахсан тэҥэ саастаах кырдьаҕас «оо, бараххаттар, хайа эрэ ийэ көмүс чыычаахтара, киһи-хара буоллун диэн сыраласпыт дьоно сылдьаахтаатаххыт дии» диэбитигэр Захар сүрэҕэ хамсаан, биир өлүүгэ сылдьар доҕотторуттан тэйэн, ыскаамыйаҕа олорон ытамньыйан ылбытын өйдүүр.

Онно киниэхэ ийэтэ барахсан, ыарахан ыарыы буулаабытыттан дэлби кыччаан, кууран-хатан суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан, уунан туолбут уота-күөһэ суох харахтарынан ааттаһардыы-көрдөһөрдүү көрө сытара көстөн кэлбитэ.

– Сахаар, чэ соҕотоҕун кэриэтэ хаалаахтаатыҥ. Арыый этэҥҥэ эрдэхпинэ киһи-хара буолбатыҥ, кэргэҥҥин, оҕолоргун итиэннэ кыайан төнүннэрбэккин быһыылаах. Бырааттаах балтыҥ бэйэлэрэ нэһиилэ кыанан олороллорун көрө-билэ сылдьаҕын. Киһи-хара буола сатаарыый… – диэн баран улаҕа хайыһан кэбиспитэ. Уонна саҥа таһааран ытаан көхсө бөгдьөҥөлөөн барбытыгар, Захар ол кэмҥэ уоскутуох, биир тылы этиэх киһи буолуо дуо, түргэнник таһырдьаны былдьаспыта. Ол киэһэ сэлиэнньэ ханнык эрэ хочуолунайыгар тиийэн, «ийэм өлөөрү сытар…» дии-дии арыгылаан ампаалыктаммытын эрэ өйдүүр. Оо, киси да бөҕөтө эбит!

Ийэтэ барахсан ити көрсүбүт күнүн өйүүнүгэр тыаһа-ууһа суох, түүн утуйбутунан анараа дойдуга баран хаалаахтаабыта. Өрүү кур холуочук кэриэтэ сылдьан ийэтин тиһэх суолугар атаарсыбыта эрээри, балта Даайыска ытыы-ытыы кинини хомуруйбутун тулуйумуна, үгэһинэн, кыыһырбыта, өһөспүтэ буолан, өрбөх ботуоҥкатын суулуу тутаат, куораттыырдыы тэринэн тыраассаҕа тахсыбыта. Даайыс: «Сахаар, эн киһилии сылдьыбытыҥ, кэргэҥҥиттэн арахсыбатаҕыҥ буоллар, ийэбит эмискэ инсуллаан охтуо суохтаах этэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар төбөтүн ыарыыта эн эрэ буолбуккун билэҕин дуо?!» – дии-дии айманаахтаабыта.

Ийэтэ суох буолбутун кэнниттэн төрөөбүт-үөскээбит сэлиэнньэтигэр өр буола-буола охсуллан ааһара. Дьиҥинэн, төһө да мөҕүтүннэллэр, быраата Аркадий, балта Даайыс убайдарын илдьэ олоро, көрө-истэ сатаахтыыллара. Саатар, Даайыс кэргэнэ Ылдьаа эмиэ аһыы ууну амсайарын сөбүлүүр этэ. Күтүөтүн субу-субу арыгылатан кэбиһэн балтыттан мөҕүллэрэ. Оччоҕо быраатын аахха, Аркадийдаахха, тиийэрэ. Онно кинини кийиитэ Настя үлэнэн иитэ сатаахтыыра. Тута таҥаһын-сабын сууйан-сотон, бэйэтин баанньыктаан баран, хотонноругар көмөҕө таһаараллара. Онно өр буолсу дуо, аҕыйах хонук сүөдэҥнээн баран, эмиэ сүтэн-иҥэн, өссө суохтарына дьону мунньан аһатан-сиэтэн кийиититтэн муустаах ураҕаһынан үүрүллэрэ. Оччоҕо эмиэ тыраассатыгар тахсан куораттааҕы «доҕотторун» кытта куодарыспытынан барара.

Аһыы утах барытын апчарыйбыта…

Захар аһыы ууга хайдах итинник күүскэ ылларбытын, дьиҥинэн, билбэккэ да хаалбыта. Ким итэҕэйиэй да буоллар, оскуолаҕа өрүү кылаас киэн туттар үөрэнээччитэ, барытын иилээччи-саҕалааччы, активист буолара. Спортсмен бэрдэ этэ, волейболлуура, баскетболлуура. Аҕалара Трофим Захарович сопхуоска мэлдьи биригэдьиир, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар, дьоһуннаах киһи этэ. Уола Захар 7-һи бүтэрбит сайыныгар эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан олохтон бараахтаабыта. Онон ыал улахан оҕото Захар ийэтигэр көмө киһитэ, уҥа илиитэ буола түспүтэ. Оскуолаҕа улахан кылааска да үөрэнэ сылдьан биирдэ пиибэ, арыгы диэни амсайан аньыыга киирбэтэҕэ. Уолаттар син быыска-арыкка ону-маны боруобалыыллар быһыылаахтара. Оннук үчүгэй, холобурга сылдьар бэрээдэктээх уолга оскуолатын бүтэрээтин кытта направление биэрэннэр, соҕуруу куоракка үөрэнэ барбыта. Оччотооҕу ыра санаатынан, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин бүтэрэн, аҕатын курдук тыа сириттэн, төрөөбүт түөлбэтиттэн тэйбэккэ үлэлиир санаалааҕа. Аҕатын эрэ буолуо дуо, мэлдьи холкуос бэрэссээдэтэлинэн үлэлээбит эһэтэ Сахаары утумнуур үлэһит киһи буолуохтааххын диэн биир дойдулаах кырдьаҕастара сыал-сорук туруораллара. «Дьэ, эһэҥ, аҕаҥ даҕаны иккиэн этэн-тыынан түһэн, киһиэхэ тылларын ылыннарар, дьоһуннаах салайааччылар этэ. Сахаар, эн дьоҥҥор тас көстүүгүнэн да майгынныыгын, ситтэххинэ-хоттоххуна дьонуҥ туйаҕын хатарар улахан киһи буолуо диэн эрэнэбит», – дииллэрэ.

Институт зоотехническэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ, устудьуон олоҕор төбөтүн оройунан түспүтэ. Арааһа, киниэхэ улахан киһи буоллум диэн көҥүл санаа олус күүскэ киирбитэ. Аны санаатахха, улахан куорат тэтимнээх олоҕор сөп түбэһэ охсорго тоҕо эрэ олус тиэтэйбит эбит. Саха сириттэн сылдьар устудьуоннар землячестволарын активиһа буолбутун өйдөөбөккө да хаалбыта. Эмиэ бэйэтин курдук сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт сытыы уолаттар эйгэлэригэр буола түспүтэ. Хас көрсүһүүлэрэ, тэрээһиннэрэ пиибэлээх, кыһыллаах остуолунан түмүктэнэр буолбута. Кинитэ суох туох да тэриллибэт курдуга. Саатар, сүгүн уопсай биэрбэккэлэр, куорат кытыытыгар кыттыһа-кыттыһа дьиэ куортамныыллара үүнэ-тэһиинэ суох баралларыгар төһүү буолбута быһыылааҕа… Пааралары көтүтэн сэмэлэнэрэ, сочуоттарга, эксээмэннэргэ «кутуруктанара» элбээн барбыта.

Арай, үһүс кууруска үктэммит күһүнүгэр култуура институтугар библиотечнай салааҕа үөрэнэр Варятын көрсө түһэн арыый оттомнонон, бэрээдэктэнэн ылбыт кэрдиис кэмнээҕэ. Хоту сиртэн төрүттээх кэрэ кыыска таптал кинини ол кэмҥэ чахчы дьоллообута. Кип-киэҥ, арылхай, күлэ сылдьар харахтардаах, кырдьык да, туундара туллугун курдук сып-сырдык мөссүөннээх кыысчаанныын аҕыйах ыйынан ыал буолбуттара. Варя ыал суос-соҕотох оҕото, мааны киһи этэ. Захар ону сыбаайбаҕа өйдөөбүтэ. Аҕата Алексей Андреевич, ийэтэ Аграфена Саввична уол дойдутугар оҥорбут сыбаайбаларыгар: «Дьэ олохпутугар көстүбүт туох баар күндүбүтүн, күҥҥэ көрдөрбүт суос-соҕотох оҕобутун, маанылаан үүннэрбит сибэккибитин, эйиэхэ, күтүөт уолга долгуйа туттаран эрэбит. Оҕобут бу күн сиригэр дьахтар киһиэхэ тиксэр сир дьолун төһө билэрэ, эйигиттэн, эр киһиттэн тутулуктаах буолуоҕа», – диэн тоһоҕолоон эппиттэрэ.

Варя сотору оҕо күүтэрин билбитэ, үөрэҕин кэтэхтэн көһөртөрбүтэ уонна Захар ийэтигэр Нина Николаевнаҕа олоро хаалбыта. Быраастартан чугас, киин сиргэ хаалара ордук диэн быһаарбыттара. Инньэ гынан бастакы оҕолоро Артемка төрөөбүтэ. Захар дьэ онно үөрэнэр куоратыгар соҕотох хаалбыт аҕа араас хампаанньаны кытта уол оҕоломмутун сууйан-сотон көрүлээбитэ, сотору ончу да үөрэҕиттэн үүрүллэн хаалбыта. Ийэтэ, кэргэнэ айманалларыттан куттаннаҕа буолан, дойдутугар, дьонугар кэлэн быстыбакка эмиэ эрэйдээбитэ. Төннөн кэлбитигэрбиир дойдулаахтара өйөөннөр, анал үөрэҕэ да суох буоллар, оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлэппиттэрэ. Иккис сылларыгар уоллара Алеша төрөөбүтэ. Эмиэ икки сылынан оруобуна ийэтин көрбүтүнэн төрөөбүт кыысчааннара Яночка баар буолбута.

Аны дьалхааннаах 90-с сыллар үүммүттэрэ. Захары оскуолатыттан сотору-сотору ууратаары хаайаллара. Бэйэтэ киирэн биэрэрэ элбээбитэ. Оскуолаҕа арыгы сыттаах кэлэр учууталы ким бырастыы гыныай? Төрөппүттэртэн «Захар Трофимович уруогар холуочук кэлэр» диэн үҥсүү суруктар сотору үлэтиттэн букатыннаахтык түөрэҥнэппиттэрэ.

Олох оҥкула тосту уларыйан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр иитэн-аһатан олорбут улахан сопхуостара ыһыллан хаалбыта. Захар оруобуна бу кэмҥэ үлэтиттэн ууратыллан, дьарыга суох буола түспүтэ. Институтугар баран көрдөспүтэ буоллар, баҕар, төттөрү ылан үөрэтиэ эбиттэрэ буолуо. «Тыа хаһаайыстыбатын идэтэ билигин кимиэхэ нааданый, барбаппын», – диэн аккаастанара. Ийэлэрэ аҕыйах сүөһүлээҕэ, онтун да нэһиилэ көрөөхтүүрэ. Дьон бары кэтэх хаһаайыстыбаларын кэҥэттэ сатаан, онтон ас-таҥас булунар кыһалҕаҕа киирбиттэрэ. Ийэтэ, кэргэнэ Варя: «Захар, үлэҥ суоҕунан сүөһүбүтүн элбэтэрбит дуу?» – диэн көрбүттэрин кулгааҕын таһынан истибитэ. Хата, ол оннугар биир да харчыны өлөрбөккө сылдьан куоракка көһүөхтэрин сөбүн туһунан тыллаһар буолбута.

Захар бу кэмҥэ биирдэ арыгыны амсайда да, тохтообокко салгыы барар, абырахтанан эрэ өрүттэр буолан сылдьар кэмэ этэ. Кини дьиэтигэр эмиэ «чэпчээн», дьаһайара, тойомсуйара элбээн иһэрин көрдөхтөрүнэ ийэтэ, кэргэнэ, оҕолоро бука бары соҥуора түһэллэрин сороҕор өйдөөн көрөрө да, ол саҕана ону долоҕойугар тохтотуо баара дуо! Ийэтэ, кэргэнэ тула көтө сылдьан утута сатаан муҥнаналлара. Аны санаатахха, улам арыгы дьаатыгар сутуллан, ончу атын майгылаах-сигилилээх Захар буолан бараахтаабыта.

«Дьиэ туттубаппыт дуо?» – диэхтээбитэ Варя. Бэйэтэ ол ыра санаата туоларыгар соччо итэҕэйбэтэр да. Биир эрэ киһи хамнаһыгар, үс кыра оҕолоох дьон хантан дьиэ туттуохтарай? Дьиҥинэн, Захар уруккута буоллар дойдутугар олохсуйарга быһаарыммыт эрээри, ону эрдэттэн толкуйдуохтаах этэ. Ийэлэрин дьиэтэ эргэрэн, акылаата тэллэйдэнэн, улам-улам иҥнэри түһэн бараахтаабыта. Кыһын тымныйара да бэрт этэ.

Итинник сылдьан үлэ, олорор сир көрдүүбүн диэн ааттаан, сотору-сотору Дьокуускайга баран хаалар идэлэммитэ. Урут соҕуруу бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт атастарын көрсөн хампаанньалаһан, биир эмэ өйдөөх киэһэтигэр аймахтарын булан хонон, нэдиэлэни быһа таах сылдьан баран төннөрө элбээбитэ. Иһээччи киһи начаас сымыйаччы буолар, нэдиэлэни быһа куоракка хайдах үлэ көрдүү сатаабытын, куортамныыр дьиэ-уот көрбүтүн туһунан «байкаларын» Варя барахсан бастаан сыҥаах баттанан олорон сэҥээрэн истэрэ.

Ийэтэ кэлэйээхтиир, итэҕэйбэт быһыылааҕа. Куораттан аҥнан-бохтон төннөн кэллэҕинэ саҥата суох унаарыччы көрөн баран хоһугар киирэн хаалара. Варя ис-иһиттэн сымнаҕас, холку майгылаах этэ. Ол эрээри, эмиэ уларыйаахтаабыта. Төһө кыалларынан, оҕолоро истибэттэригэр этэ-тыына, өйүн буллара сатыыра. Ытыыра-соҥуура элбээбитэ. Киһи хараҕар быраҕыллар курдук кууран-хатан барбыта.

Иһэр киһи улам-улам майгыта-сигилитэ, нууччалыы этэллэрин курдук, «деградацияланан», киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн уларыйан иһэр дииллэрэ кырдьык. Захар таҥара көмөтүнэн, кэргэнигэр илиитин көтөхпөтөҕө эрээри, түҥнэри анньыталыыр буолбут этэ. Оо, биирдэ ийэтэ эрэйдээҕи туох эрэ диэн сэмэлээри гыммытыгар «мээрилии олорума, утуй!» диэн баран оронугар түҥнэри анньан кээспитин билигин санаатаҕына тыына хаайтарыар диэри бэйэтиттэн кэлэйэр.

Биирдэ сэлиэнньэҕэ баар «туочукалары» кэрийэн аһыы-сии сылдьан, эмискэ куораттыырга быһаарынан дьиэтигэр киирэн, харчы көрдүү сатаабытын ким да биэрбэтэҕэ. Хантан оннук өй көтөн түспүтэ буолла, хоско хомуот үрдүгэр турар Варята киэргэллэрин уктар шкатулкатыттан кыһыл көмүс сыапачыканы, ытарҕаны сулбу тардан ылан сиэбигэр уктан тахсыбыта. Куоракка илдьэн онтун ломбарка туттаран икки-үс күн көрүлээбитэ. Өйдөнөн баран кэмсиммитин, төбөтүн кырбаммытын иһин туох кэлээхтиэй! Варя онно хомойон, абаран хараҕын уутунан сууммутуон… Ийэлэрин харыстаан киниэхэ эппэтэҕэ быһыылааҕа. Онон эрэ тохтуох киһийдэх буолуо дуо, ити буруй сойуута сотору эмиэ икки биһилэҕи «сойбоппута». «Ыал оҕолоро киирэн оонньообуттара, бу сырыыга мин ылбатаҕым», – дии-дии кэлиилии кэбэн, мэлдьэһэ олорбута.

Bepul matn qismi tugad.

Yosh cheklamasi:
0+
Litresda chiqarilgan sana:
09 may 2024
Hajm:
50 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-5499-2
Mualliflik huquqi egasi:
Айар
Формат скачивания:
epub, fb2, fb3, ios.epub, mobi, pdf, txt, zip

Ushbu kitob bilan o'qiladi