Kitobni o'qish: «Тыын былдьаһыгар»

Shrift:

КИИРИИ ТЫЛ

Биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан үтүө дьон эбит. Төрөөбүт-үөскээбит аар айылҕаларын харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ-уокка сиэри-туому тутуһаллара, бэйэ-бэйэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Сахалар өркөн өйдөөх, сылайбат сындааһыннаах дьон буолан, бу томороон тымныыга силис-мутук тардан, үүнэн-чэчирээн, сайдан-сириэдийэн олордохпут. Быһый атахтаах бөрөнү туут хайыһарынан ситэн бултуур сындалыйбат сындааһыннаах дьон эбиттэр. Оннук ситэн бултуулларын итэҕэйбэт этим да, Сунтаар сорсуннаах булчуттарын туһунан кинигэ суруйа сылдьан бөрөнү сиппит Аппырыкаан Миитэрэйэби көрсөн, атах тэпсэн олорон, кэпсэтэн итэҕэйбитим.

Өбүгэлэрбит өркөн өйдөөх дьон буолан, ньуолбар сэрэх саһылы айа кылыытын эстэрэн, маалтаар оноҕоһунан сүнньүн тосту түһэрэн, сымара таас курдук өрө сүгүллүбүт аакка киирбит суостаах-суодаллаах ардьай анаҕастаах адьырҕаны аҥаардас тайыынан арҕахха киирэн бултууллара. Дьэ оннук хорсун санаалаах, эр сүрэхтээх дьон этэ.

Сахалар мындыр буолан айаны, тыатааҕы сохсотун, тиргэни, чааркааны, кыра кыылларга сохсолору айдахтара уонна сатабыллаахтык туһаннахтара. Дьэ ити сатабылбыт, сылайбат сындааһыммыт, өркөн өйбүт, эр сүрэхпит барыта холбоһон, аан дойдуга биллэбит. Омук хайдаҕа аан дойду араас күрэхтэһиитигэр көстөр эбит. Тустууктарбыт өбүгэлэриттэн бэриллибит булчут хааннаах буолан, сири сиксигинэн арҕаран, кыайыы-хотуу көтөллөөх эргийэн кэлэллэр. Ол курдук, икки олимпиада уонна аан дойду чөмпүйүөннэрдээхпит. Билигин норуоту ахсаанынан буолбакка, чулуу дьонунан сыаналыыллара биллэр.

Ол эрээри билигин оҕолор айылҕаттан тэйэн мөлтүү быһыытыйдылар. Көмпүүтэргэ, тэлэбиисэргэ хам хатанан олорор буоллулар. Кыра саастаах оҕолорбут сатаан сахалыы саҥарбакка, тэлэбиисэргэ көстөр дьон, кыыл саҥатын үтүктэллэр. Дьиэҕэ-уокка төрөппүттэр сахалыы сайаҕастык кэпсэппэккэ, оҕолор ийэ тылларын, ийэ өйдөрүн эмиэ сүтэрдилэр. Мин Бүлүү Лөкөчөөнүгэр сырыттахпына биир оҕо, кыыллар саҥаларын үтүктэ-үтүктэ, нууччалыы саҥара сатаахтаабыта. Бу оҕо нуучча диэни илэ көрбөтөх, тэлэбиисэр оҕото. Хомойуох иһин маннык оҕо элбэх. Тыаҕа да олорор дьон нууччалыы саҥараллар. Тыл өллөҕүнэ – норуот өлөр.

Мин ити көстүүнү утаран, улуустары кэрийэн, кырдьаҕас булчуттары көрсөн, атах тэпсэн олорон, кинилэр сылдьыбыт быһылааннаах сырыыларын, тылларын-өстөрүн ууһун-уранын, булт сиэрин-туомун, үгэстэрин хомуйан суруйан эрэбин. Булт тыла – саха тылын сүөгэйэ-сүмэтэ.

Билигин тылбытын-өспүтүн умнан моһуогуруох курдук буоллубут. Аны уолаттарбыт эр киһилии иитиллибэт буолан, кыыс курдук сараҥнаабыт, сыбыахайдаан хаамар уол элбээн иһэр. Уһуйаантан саҕалаан дьиэҕэ, оскуолаҕа тиийэ дьахтар иитэр-үөрэтэр. Уол оҕону хайдах дьиҥнээх эр киһи гына иитиэй? Дьахтар эр киһи үлэтин сатаабат, булду-алды билбэт. Кини кыыс оҕону күн күбэй ийэ буоларга бэлэмниир.

Кыыс оҕо айылҕаттан көрсүө-сэмэй буолан кыһамньылаах, онон үөрэҕи ылла. Эр дьон тыаҕа сопхуостар эстэннэр үлэтэ суох хаалбыта. Онон сорох ыалга эр дьон дьыбаан киэргэлэ буолла, санаата түһэн аһыы утахха убанна. Сорох дэриэбинэлэргэ сарсыардааҥҥы сахсаан, киэһээҥҥи кэпсэл арыгы эрэ тула эргийэр буолла. Ким, ханна төһөнү испитэ. Арыгыһыты өрө тутуунан, аһыммыта, мөхпүтэ буолуунан күн бүтэр. Сорох эр дьон уһуктаат, хантан арыгы булан иһэбит диэн сыаллаахтар-соруктаахтар. Куоракка даҕаны итинник дьон аҕыйаҕа суох.

Дьиҥинэн, сахалар аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх, сопхуос буолан баран, арыгыны элбэхтик испиппит. Билигин тэрээһин барыта арыгылаах, аһыы утаҕы испэтэххэ табыллыа суох курдукпут. Аҕыйах сыл иһигэр дьон санаата уларыйар эбит. Аны билигин наркотик диэн адьарай аһа тиийэн кэллэ. Бу саха норуотун улаханнык эмсэҕэлэтэр дьаат буулаата. Арыгыга, наркотикка эдэр ыччат убанар төрдүн, төрүөтүн билиэххэ уонна туоратыахха. Эдэр дьон көҥүл босхо баран, олус иллэҥ буолан, кытаанахтык ыга тутар аҕа суох буолан, куһаҕан дьаллыкка ылларда. Мин тус санаабар арыгыттан быыһанар суол үлэ, спорт, айылҕа уонна булт буолар. Оҕо төбөтүн иһигэр арыгы, наркотик диэн өйдөбүл суох буолуохтаах. Оҕо кыратыттан булка, спорка убаныахтаах. Аар айылҕата дьарыга суох сатаммат турукка киириэхтээх, күн солото суох сылдьыахтаах. Ити мин этэр итэҕэстэрим баар кыһалҕа, ону билинэн көннөрүнүөх тустаахпыт. Билигин эдэр ыччат үксэ спорка олус көхтөөх буолан иһэрэ биллэр. Спортивнай саалалар киэҥ уораҕайдарыгар сарсыардааҥҥыттан киэһээҥҥэ диэри ыччат толору мустан дьарыктанар. Арыгыны иһэр, табаҕы тардар ыччаттары омнуолуу көрөллөр.

Мин оскуолаҕа үөрэммит кылааспыттан ылан көрдөххө, улуу тириэньэрбит Миитэрэй Бөтүрүөбүс Куоркун уонна тустуу көмөтүнэн, чулуу дьон иитиллэн тахсыбыттара. Холобур: биир атаспыт бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ, үс милииссийэ полковнига, үтүөлээх тутааччылар, үтүөлээх тириэньэрдэр бааллар. Дьэ бу спорт иитэр-үөрэтэр чаҕылхай холобура буолбатах дуо? Бөтүрүөбүс үлэлииргэ үөрэппитэ.

Уол оҕо уон түөрт сааһыгар диэри сатабыл, эт-сиин, күүс-күдэх, өй-санаа өттүнэн саастаахтарыттан хаалсыа суохтаах. Тугу даҕаны сатаабат, мөлтөх, унньу-санньы түспүт уолу оҕолор атаҕастыыллар. Уол оҕону аҕата кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан сиэргэ-туомҥа, булт үгэстэригэр үөрэтиэхтээх. Ол сорох ыалга кыаллыбат. Хомойуох иһин аҥаардас ийэлэр бааллар, ыал аҕата да барыта булка, сиргэ-уокка сылдьыбат. Онон бу кинигэбин уол оҕо иитиитигэр көмөлөөх буоллун диэн суруйдум. Баҕар биир эмэ уол ааҕан баран, дьиҥнээх эр киһи буоллаҕына, кинигэм сыалын ситтэ дии саныам этэ.

Бу кинигэҕэ уонтан лаппа тахса булчут араас моһолу туораан, өлө-өлө тиллэн, мүччү-хаччы туттаран, эр санаалаах дьон буолан, өлөр өлүүттэн быыһаммыттара сурулунна. Аан дойду ааттаахтарын уонна тыа боростуой дьонун олоҕу көрүүлэрэ, сиэрдэрэ-майгылара, уол оҕо ыксаллаах, өлөр-тиллэр мөккүөрүгэр хайдах бэйэ бодотун тардынан, өлөр өлүүнү кытта туруулаһыахтааҕа ойууланна. Хаһан баҕарар атах анныттан алдьархай адаҕыйыан сөп, онно бэлэм буолуохтаахпыт. Кураанах куолутааҕар, тус мин санаабар, дьиҥ олохтон ылыллыбыт кэпсээннэр, оҕо сүрэҕэр-быарыгар, өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэ буолаллар. Ыал аҕата эрэ барыта бултаабат, онон кинигэҕэ баар умсулҕаннаах кэпсээннэри ааҕан, уол оҕону көлдьүн, ээл-дээл быһыыттан, арыгыттан тэйитэн чөл олоххо сыһыардаҕына, саха дьоно дьолбут буолуо этэ.

Күндү ааҕааччы, сынньалаҥҥар умсулҕаннаах кэпсээннэри ааҕаргар сүбэлиибин, дьоллоох-соргулаах буол!

Ааптар

Маҥнайгы түһүмэх

Олохпор өйдөөн хаалбыт түгэннэрим

Маҥнайгы булт

Ханнык да киһиэхэ оҕо сааһа ордук күндү, истиҥ буолар эбит. Кыра сырыттахха буолбут сырдык чаҕылхай түгэн өйгөр сөҥөн хаалар. Миэхэ, сааһыран эрэр киһиэхэ, ойор-тэбэр оҕо сааһым дьикти түгэннэрэ сотору-сотору харахпар көстөн кэлэллэр. Өйбөр одоҥ-додоҥ сөҥөн хаалбыты сурукка тиһэргэ холоннум, онон эһиги истиҥ, мин кэпсиим.

Кыра сылдьан сүрдээх мэник-тэник, биир сиргэ түптээн-таптаан олорбот оҕо үһүбүн. Түөртээх-биэстээх бэдик ынах этэрбэстээх уонна Кочубей курдук бэргэһэлээх этим. Кочубей диэн киинэҕэ көстөр үрүҥнэри кытта сэриилэспит үрүҥ папаахалаах кыһыл хамандыыр. Онтон миэнэ маҥан каракуль бэргэһэ этэ. Торбос тириитэ ботуоҥкалааҕым, онно «бултуур тэрилбин»: арагаайканы уонна бадараанынан оҥоһуллубут, оһоххо хатарыллыбыт буулдьаны уктарым. Маннык таҥнан-симэнэн, хорсун кыһыл хамандыырыныы сананан, тэлгэһэм иһигэр мас аты миинэн сүүр да сүүр буоларым. Былыргы ынах этэрбэс барахсан, быата эрэ сөллүбэтэр, сүүрэргэ чэпчэкитэ сүрдээх буолара. Убайдарым моҕотойдуу баралларыгар куруук кыра диэн хааллараллара, онуоха ытыы-ытыы эккирэтэрим. Улаатан борбуйбун көтөхпүтүм да кэннэ, ыраах бултуу баралларыгар хаалларар этилэр. Хаалар сүрүн сылтаҕым: түөрт киһи «ИЖ-56» диэн көлөөскөтө суох матасыыкылга баппаппыт.

Арай биирдэ, биэс саастаахпар, киэһэ мас аппын миинэн тэлгэһэ иһигэр сүүрэн элээрэ сырыттахпына, аҕам ыҥыран ылан: «Сарсын бултуу барыахпыт», – диэтэ.

Аны бэрээдэги кэстэхпинэ сарсын илдьиэхтэрэ суоҕа диэн боччумурдум. Бэл, аны куота барыахтара диэн сээбэҥнээн утуйбатым.

Сарсыарда эрдэ эбэбин кытта тэҥҥэ турдум. Торбоһун этэттэрэригэр1 көмөлөстүм, оҥкучахтан күөрчэх үүтүн таһаардым, илии-атах буоллум. Үлэ-хамнас, бэрээдэк бөҕөтөбүн, «барсар инибин» диэн испэр эрэл санаалаахпын. Убайдарым ийэбитин кытта кирпииччэ үктүөхтээхтэр, ол иһин эдьиийбин Маайыһы илдьэ барар буоллубут.

Бөһүөлэктэн чугас, урут биһиги дьоммут олорбут Мээндийэ диэн сайылыктарыгар тирилэтэн тиийдибит. Күөх сайын сатыылаан турар кэмэ буолан, Эбэбит барахсан тупсубут аҕай. Алаас былаһын тухары сибэкки, көрүөххэ эриэккэс, кэрэмэн кэрэ. Халлааҥҥа күөрэгэй ыллаан дьирибиниир, сүүрэр-көтөр арааһа манна мустубут. Аҥаардас салгыныттан, отун-маһын сытыттан-сымарыттан туймаарыах курдукпун, тулам чап-чаҕылхай, сып-сырдык. Мин ыллыах-туойуох санаам кэлэр эрээри, аҕабыттан саллан «мык» да диэбэппин.

Биһиги матасыыкылбытын сайылыкка хаалларан, ыллык устун тыаҕа таҕыстыбыт. Оту-маһы тоһуппакка саҥата суох өр хаамтыбыт, мин умайар уот куйааска дэлби утаттым, тамаҕым хатта уонна кумаар да сиэн кэһэттэ. Кэлэр сырыыга илдьэ кэлиэ суоҕа диэн аҕабар кыҥкыйдаабаппын. Дьэ кэмниэ кэнэҕэс, кэтэһэн кэлтэгэй буолтум кэннэ, сэндэҥэ тыа көһүннэ.

Бары дүөдэ2 кытыытыгар бөкчөччү туттан, тыаһа-ууһа суох чөм-чөм үктэнэн үөмэн киирдибит. Дүөдэ ортотугар биир улахан кус хороллон олорор. Аҕам ол эрэ куска кыһаммат. Мин куһу көрбөт диэн ыйан көрдөрдүм, киһим сапсыйан кэбистэ. Синньигэс билии нөҥүө иккис дүөдэ баар эбит, онно үөмэн суксуруһан тиийдибит. Аҕам тохтоон, дүөдэ кутуругун халампааһынан кыҥастаста.

Эмискэ көрө түспүтүм: уу кытыытыгар улахан ньолбойбут төбөлөөх, таллайбыт кулгаахтаах кугас ынах сытар. Үөнтэн-көйүүртэн көмүскэнэн даллайбыт кулгааҕынан сапсынар.

Аҕабын саҥата суох ойоҕоско астым уонна: «Аҕаа, ынах сытар», – диибин. «Бачча ыраах хайаларын ынаҕа кэллэҕэй, арааһа, ыалбыт Настааччыйа ынаҕа буоллаҕа дуу» дии саныыбын.

Онуоха аҕам сибигинэйэн: «Тайах, айдаарыма», – диэтэ уонна оройго оҕуста.

Биир уостаах отут икки халыыбырдаах саатынан өр соҕус ыксаабакка кыҥаан баран ытан хабылыннарда, онтон тута сөрөөн, иккиһин ытта. Кыылбыт бүдүрүйэ-бүдүрүйэ туран кэллэ.

Мин куотар буолла дии санаатым уонна: «Барда-а-а! Ыт-ыт!» – диэн хаһыы бөҕөтө түһэрдим.

Онуоха аҕам холку баҕайытык: «Ууга оҕуннаҕына, хайдах хостуохпутуй?» – диэтэ.

Мин икки дүөдэ билиитинэн тайах диэки хатыс ууннаран туос бөтөрөҥүнэн түһүнэн кэбистим. Арай сүүрэн элээрэн тиийбитим, кыылым ойуур быыһынан миигин утары бу турар эбит. Хааннаах хараҕынан халыччы көрбүт, дагдаллан улахана да сүрдээх, харах да харах, кулгаах да кулгаах, төбө да төбө. Мин көрбөтөхпүн көрөн, үөйбэтэхпэр түбэһэн, сарылаат, төттөрү сүүрдүм. Эмискэ, ычык быыһынан ыллык устун сүүрэн марайан иһэн аҕам түөһүгэр кэтиллэ түстүм.

Үһүөн тайахха тиийбиппит – кыылбыт охтубут, аҕам сааны уунан баран: «Баай Байанай биэрдэ, салҕаан сүүскэ ыт», – диэтэ.

Мин саа эстэригэр санныбын күүскэ анньыа диэн уонна тайахтан дьулайан, куттанан ыппатым. Онуоха эдьиийим сааны ылан ытан бурҕас гыннарда.

Ол сыл эдьиийим алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, Хатылыга үөрэнэ барбыта. Онно тиийбитигэр Дьөгүөссэ тайах бултаабыт кыыһа бэһис кылааска үөрэнэ кэлбит диэбиттэр. Ол курдук эдьиийим Маайыс саҥа оскуолаҕа маҥнай булчутунан биллэн, онтон дуобаттаан, оҕолорго Арассыыйа хамаандатыгар киирэн, Сойууска тиийэ күрэхтэһэ сылдьыбыта.

Ити маҥнайгы булдум кэннэ оруобуна үйэ аҥаара ааста. Кыһалҕата суох оҕо сааһым биир чаҕылхай түгэнэ өйбөр сотору-сотору эргийэн кэлэр, ол иһин бу кэпсээни суруйдум. Биһиги ийэлээх аҕабыт дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрэ, онон махталым муҥура суох.

Куобахха туһахтааһын

Мин оскуолаҕа киирэ иликпинэ, убайдарбын кытта сарсыарда эрдэ турар этим. Кинилэр оскуолаҕа барбыттарын кэннэ, маспын, мууспун киллэрэн, ынахтарбын уулатыһан, үлэни-хамнаһы үмүрүтүһэн баран уһанарым.

Сэрии сэбин туһунан халыҥ кинигэ баара, онтон үтүктэн бэстилиэт оҥорорум. Сүрэҕэлдьээтэхпинэ, сылайдахпына эбэм оронугар олорон, кини хотонтон киирэрин кэтэһэ таарыйа, утуйан буккураан хааларым.

Сороҕор ыалларбытыгар аймахпыт уолга Сөрүөскэҕэ, эбэтэ Даайа эмээхсин хотоҥҥо таҕыстаҕына, доҕор буоларым. Оонньуу сылдьан сотору-сотору ойон кэлэн илин түннүгүнэн дьиэм оһоҕун буруотун кэтиирим. Эбэм хотонуттан киирэн оһоҕун отуннаҕына, кыһыҥҥы дьыбардаах сарсыарда буруота халлааҥҥа өрө тыргыйан тахсара дьикти үчүгэй көстүү этэ. Даайа эмээхсин хотонтон киирдэ да, мин таҥаспын сыыһа-халты кэтээт, дьиэбэр ыстанарым.

Билигин кыһын дойдубар дьыбардаах сарсыарда оһохтор буруоларын кэтээн көрөбүн да, эбэм оһоҕун буруотун курдук кэрэ, киһи сүрэҕиттэн-быарыттан сүппэт кэрэ көстүүнү көрө иликпин. Тоҕо оннуга эбитэ буолла? Оҕо барыны кэрэтитэн көрөрүттэн эбитэ дуу?

Биирдэ кыһын аҕам Тарааҥка өтөҕөр куобахха туһахтаа диэтэ. Тарааҥка өтөҕө диэн биһиги дьиэбититтэн көстөн турар тыаны этэллэр. Мин, бултуу барар киһи быһыытынан, айгыстыы бөҕө буоллум. Эбэм таҥаспын-саппын көрөн, тоҥмот гына таҥыннарда. Эбэм Ылдьаана уҥуоҕунан кыра эрээри, түргэн-тарҕан туттунуулаах, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх эмээхсин этэ. Кини эдэригэр Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн сүктэн кэлбитэ үһү.

Мин өр гыныам дуо, көстөн турар сиргэ начаас ойон тиийдим. Куобах суола бөҕө, төттөрү-таары барбыттара-кэлбиттэрэ элбэх. (Тарааҥка өтөҕөр хайа да дьылга куобах баар буолааччы). Сөбүлүү көрбүт сирбэр туһахтарбын баайталаан истим. Син бодьуустаһан уонча туһаҕы ииттим. Күн аайы үлэбин-хамнаспын үмүрүтэн баран туһахпын көрө ыстанабын. Киэһэ утуйаары сытан хас куобах иҥнибитэ буолуой диэн толкуйдуубун, куобах туһахха иҥнэн олорорун төбөбөр оҥорон көрөбүн. Оннооҕор биир улахан да улахан муус маҥан куобах иҥнэн олорорун түһээн көрдүм. Дьэ хас да хонукка мэлийэн кураанаҕы куустум, маҥнайгы омунум-төлөнүм ааһан, санаам түһэн барда.

Аҕам биир күн барыста, туһахтарбын көрөн баран: «Маннык иитэн куобаҕы үйэҕэр ылыаҥ суоҕа», – диэн соһутта уонна туһахпын саҥалыы иитэн, көннөрөн биэрдэ. Сарсыныгар тиийбитим ойуур быыһыгар биир куобах хаары хаһар курдук мөхсөр. Мин маҥнай куобах хаары хаһан аһыы олорор диэх курдук санаатым, онтон өйдөөн-дьүүллээн, сыныйан көрбүтүм: туһахха иҥнэн мөхсөр эбит. Куобахпын туппутунан дьиэбэр көтөн түстүм. Эбэм олус үөрдэ, уотун аһатта, миигин алҕаата.

Ол кэмтэн ыла үйэ аҥаарын устата эбэм алгыһынан, аҕам сүбэтинэн сыл аайы туһахтыыбын. Куобах суох даҕаны дьылыгар Баай Байанай кыратык өлүүлээччи. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы чэбдик салгыҥҥа көҥүл сүүрэ-көтө сылдьан бултууртан, сир-дойду кэрэтин көрөртөн ордук туох баар буолуой.

Аһымаҕа

Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Горнай улууһугар Аһымаҕа учууталынан үлэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай күүтүүлээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун бүтэрэн баран, эбиэттэн киэһэ Чэкээ үрэҕин кэрийэбин. Саас эрдэ, күөлгэ уу тахса илигинэ, үрэххэ кус мустар. Үрэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэһэ дьиэм диэки төннөн иһэн, онно хонон ааһабын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, күнүс кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур баҕа баһаам.

Дьэ биир күн куолубунан үлэлээн баран, үрэҕи кэрийэн, Чэкээ муостатыгар тиийдим. Манна үрэх кэҥиир сирэ, үс кыра көлүччэлээх. Мин үөһээ сыыр быарыгар сынньана олордум. Арай элбэх кынат куһугураан тыаһаата. Үрдүк мэҥэ халлааны өрө хантайан көрбүтүм: отучча кус ортоку ууга түһэн барылаата. Мин аргыый аҕайдык үөмэн киирдим. Наһаа сымнаҕас кустар эбит. Барыта чыркымайдар. Арай от быыһыттан атыыр судьу төбөтө көһүннэ, ону хаптаччы ыттым. Онтон тыһыта дайан тахсыбытын охтордум.

Салгыы баран истим. Биир атыыр чыркымай иннибиттэн көтөн тахсан үрэх тоҕойугар тиийэн түстэ. Аргыый хааман киирдим. Арай көрбүтүм: атын чыркымайдар хороһон аҕай олороллор эбит. Маҥнай хаастар дуу дии санаатым, өр толкуйдуу барбакка, биир чугаһын ыттым. Көтөрдөрүм үрэх тоҕойун эргийэ дайдылар. Мин, ботуруон укта-укта, быһа сүүрдүм. Көҥүһү өҥөс гыммытым, хайа сах ааһан эрэллэр эбит. Кэнники куһу ыттым – умса кэлэн түстэ. Онтон инникини ыттым – тиэрэ кэлэн түстэ. Ылан көрбүтүм: хаас саҕа кустар. Мин «туох кустара буоллаҕай?» диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Онтон улуннар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым.

Муостаҕа тиийэн баран, төннөн кэлэн дурдабар хоннум. Көлүччэм кыра баҕайы да, кэлбит кус быһа ааспат. Күн тахсыыта кэлэллэр. Күн сардаҥатын утары көрдөххө, халба атыыра түөһэ саһаран бастаан иһэр буолар. Эбэтэр чааппара көҕөннөр барахсаттар түүлэрэ-өҥнөрө кэрэтин. Мородулар, чыркымайдар астыктарын. Хайа булчут маннык кэрэ көстүүттэн долгуйан нохтолоох тойон сүрэҕэ күүскэ тэбиэ, хайҕахтаах хара быара хамсыа суоҕай. Көлүччэм кыра буолан, халлаан сырдаабытын кэннэ кэллэхтэринэ, туох баар кэрэ өҥнөрө-дьүһүннэрэ бу баар курдук дьэрэлийэн көстөр. Ууга түһэллэригэр кынаттарын араастаан хамсаталлара этиэхтэн эриэккэс. Аны кынаттарын тыаһа дьикти кэрэ дорҕоон буолан иһиллэр. Айылҕа барахсаҥҥа сынньанан, ол саас олус үчүгэйдик бултаабытым.

Үллэһик

Хайахсыкка үлэлии сылдьабын. Учуутал күнүгэр өрөөтүбүт. Өрөбүлү туһанан, матасыыкылынан дойдубар тиийдим. Ийэм «убайдарыҥ Нуучча Үрэҕин баһын үүтээнигэр бааллар» диэбитигэр, өл хабаат, онно ыстаннардым.

Үүтээҥҥэ киэһэ тиийдим, дьонум үөрэ көрүстүлэр. Убайдарым, абаҕам, таайым Мэхээлэ уонна аҕам булка үөрэппит киһитэ Өндөрөй бааллар. Өндөрөй турбут-олорбут, күүстээх-уохтаах, атаҕынан лаппа кыанар киһи этэ. (Билигин уола Тимка улахан булчут).

Киэһэ аһаан баран утуйдубут. Сарсыарда уһуктубуппут – абаҕабыт Өлөкөй чэйин оргуппут, аһын тардыбыт. Биһиги үүтээн таһыгар остуолга олордохпутуна, оҕонньорбут аал уотун арыылаах алаадьынан айах тутта, онтон ньыкырыйан кэлэн остуолга олордо. Аһыы олорон түүлбүтүн ыйыппытыгар ким да саҥарбата. Онтон Өлөксөй түүлбэр өлгөмнүк бултуохпутун мэһэйдээтилэр диэтэ. Имири-хомуру аһаан баран, икки аҥыы хайдыһан, хаама бардыбыт.

Син балайда хаампыппытын кэннэ ыттар тайаҕы туруордулар. Сотору соҕус буолаат, саа тыаһа тас-тас гынна. Биһиги саа тыаһын диэки туос бөтөрөҥүнэн түһүнэн кэбистибит. Тиийбиппит, биир эдэр киһи кыра тайаҕы охторбут. Билистибит. Дьоммут таатталар эбит. Иккиэлэр, биир эдэр уонна сааһыра барбыт оҕонньор. Үөрэ-көтө астыы сырыттахпытына, ыттар үрдүлэр. Кыра убайым Куока уонна Таатта кырдьаҕаһа онно бардылар. Биһиги булпутун астаан баран, дьоммутугар тиийдибит. Ыттар үрэ сырыттахтарына, убайым урут кэлэн, тыһы тайаҕы охторбут. Булпутун астаан баран аһаатыбыт. Ол олорон кырдьаҕаспыт хайдах үллэстэрбитин туһунан тыл көтөхтө.

Саастаах киһибит Өндөрөй кырдьаҕаска бэйэтэ быһаарарыгар көрдөстө. Кырдьаҕас: «Эһиги ыттаргыт туруорбут тайахтарын сүүрдэн иһэн ытыалаан кыра тайаҕы биһиги охтордубут. Оттон эһиги ыттаргыт бууру эккирэтэн, тыһы тайаҕы үрсүбэтилэр. Биһиги ыттарбыт үрэ сырыттахтарына, эһиги киһигит охтордо. Онон хара тыа суруллубатах үгэһинэн маннык: эһиги ыттаргыт үрсүбэтилэр, онон биһиги эһиэхэ бэйэбит көрөн эт бэрсэбит, онтон үрсүбүттэрэ эбитэ буоллар, төбө тыыран, аҥаардаһыахпыт этэ», – диэтэ.

Биһиги, эдэр дьон, хомойон сүөм түстүбүт, урукку оҕо дьон сиэринэн, мөккүспэтибит. Мин «аҥаардаһарбыт буолуо» дии санаатым. Онтон оҕонньор сирэйбитин-харахпытын көрөн баран эттэ: «Аҕаҕыт Дьөгүөссэ бэрт ыллыктаах киһи этэ, уолаттара бары бултуулларын көрөн үөрдүм. Онон эдэр дьону санааларын көтөҕөн, тыһы тайах көхсүн аҥаарын уонна кыра тайах аҥаарын биэрэбит. Эдэр дьон этэҥҥэ сылдьан бултааҥ-алтааҥ», – диэн алҕаата.

Биһиги үөрэн-көтөн, булпутун суол кытыытыгар кистээн баран, үүтээммит диэки түһүннүбүт.

Сорохтор сарсыарда туран тайах этин тиэйиэхтээхтэр, онон Өндөрөй биһиги хаамар буоллубут. Өндөрөйдүүн өр хаамтыбыт, туох да суол-иис суох. Сотору Сылгы Салайар үрүйэтин уута кэлиэхтээҕин, онно чэйдиэхтээхпитин туһунан эттэ. Мин ол ууну кэтэһэбин, аччыктаатым.

Арай ол иһэн көрбүтүм: үрүйэ уҥуор, 300—350 хаамыылаах сиргэ, биир буур тайах утуктуу турар. Айылҕа мүччүрүйбэт сокуонунан, хаанын тэнитээри, тапталлааҕын көрдөөн түүнү быһа хааман баран, үлтү сылайан, үрүйэ кындаатыгар сынньана турар эбит. Кыратык үөмтүбүт, ыарҕа бүтэн, ыраас сиргэ кэлэн тохтоотубут. Ыарҕа мэһэйдээн, ыттар тайаҕы билбэттэр. Хата дьоммут туох буолан бөкчөһө-бөкчөһө үөмтүлэр диэбиттии дьиктиргии көрөллөр-истэллэр. Сааларбытын маска ууран ытыалаан тибиргэттибит. Уончата ыппыппытын кэннэ, кыылбыт сүүрдэ. Илин холун соһо сылдьар. Ону көрөн үөрдүм уонна тайах диэки буутум быстарынан ойдум. Дулҕаттан бүдүрүйэ-бүдүрүйэ, үрүйэни сүүрэн туораатым. Ыттар урут тиийэн ойуурга киллэрэн тохтоттулар. Кинилэри үөрэтээри, кыратык үрдэрэ түһэн баран охтордум.

Дьэ манна буолла өрөгөй, үөрүү кылаана. Баай Байанайбытын уот оттон арыылаах килиэбинэн күндүлээтибит. Тайахпытын астаан, быарын үтэн, холкутуйан аһаатыбыт.

Киэһэлик борук-сорукка Бассынаай үүтээнигэр тиийбиппит, дьоммут кутаа аттыгар аһаары сабдыгыраһа сылдьаллар. Бултаан сылайан истэххэ, бииргэ бултуур дьонуҥ кулуһуннарын уотун халлааҥҥа харбаһар кыымнара кэрэ көстүү буолан сүрэҕи өрүкүтэр, быары сылаанньытар. Бултаабыппытын көрөн дьоммут үөрэн харахтара чаҕылыста. Өл хаба түһээт, хайдах бултаабыппытын кэпсээтибит.

Онно кырдьаҕаспыт Өлөксөй: «Бэҕэһээ Таатта булчута алҕаан, бүгүн бултуйбуккут», – диэн үөртэ. Алгыс баһа сыалаах диэн итини этэн эрдэхтэрэ.