Kitobni o'qish: «Атырдьах сэргэ»

Shrift:

Сэһэннэр

Таҥнарыахсыт

Сайыҥҥы күн саҕахха саһан, сири-дойдуну түлэй түүн оргууй саба бүрүйбүтэ. Эргиччи барыта иһийэн, борук-сорукка куустаран нуурайбыта. Сотору кэрии тыа, уулуссаны батыһа кэккэлэспит хаптаһын кырыыһалаах дьиэлэр, соломонон бүрүллүбүт сарайдар үдүк-бадык силбэһэн көстөр буолбуттара.

Ханна да уот кыламнаабат болоорхой хараҥата, ыт да үрбэт уу чуумпута сатыылаабыта. Баччаларга Россия киин уобаластарыгар ыас хараҥа буолар буоллаҕына манна, Ленинградскай уобалас дэриэбинэтигэр, үрүҥ түүннэр өссө да ситэ ааһа иликтэрэ. Онон барыта үөл-дьүөлгэ сууланан, туман быыһынан одуулаһардыы лүҥкүрэн көстөрө.

Дьэ, ити кэмҥэ ойууртан икки хара күлүк дэриэбинэ саамай кытыы уулуссатыгар, нүксүччү туттан үөмэн киирбиттэрэ. Сотолорун ортотунан охсуллар уһун таҥастаахтарыттан сылыктаатахха байыаннайдар быһыылааҕа. Бэркэ сэрэнэн, тохтоон чуҥнуу-чуҥнуу, сыҕарыйаллара. Туора харахха көстүөхтэрин адьас баҕарбаттара өтө көстөрө.

Ити күлүктэри көрүөхтэрин иннинэ, патрульга сылдьар ньиэмэс икки саллаата табах уматтаары үрдүк соппулуоттаах олбуор таһыгар тохтообуттара. Үөмэн нүксүлдьүһэр дьону көрөөт, олбуорга сөрүөстэ түһэн, кутуйах өҥө дьүһүннээх синиэллэрэ эргэ мас соппулуоту кытары силбэһэн хаалбыта. Арай, харахтара чаҕылыһан, сирэйдэрэ барбах тунааран көстөрө.

Били дьон балачча чугаһаабыттарын кэннэ, иккиэн тэбис-тэҥҥэ:

– Хальт! Хэндэ хох! – диэн уу чуумпуга ордук сатараан иһиллэр гына хаһыытаан тоҕо барбыттара. Сонно тута инники иһэр күлүк диэкиттэн уот субуруҥнаабыта да, бэстилиэт тыаһа баһырҕаабыта. Саллааттар чохчос гына түһээт, төттөрү сырсан эрэр күлүктэр диэки уһун уочараты биэрэн тачыгыраппыттара. Куотан иһээччилэртэн үрдүк уҥуохтааҕа, эмискэ көстүбэт модьоҕоҕо иҥнибиттии, даллас гынаат, умса баран түспүтэ. Киниттэн быдан намыһаан көстөр иккис киһитэ өссө уонча хаамыыны ойон баран, оргууй бүк түһэн барбыта.

Саллааттар автоматтарын туһулуу туппутунан сырсан тиийбиттэрэ. Умса түһэн сытааччыны тиэрэ тардан көрбүттэрэ, айаҕыттан хааннаах күүгэн аллыбыт этэ. Өрүтэ мэҥийэн иккитэ-үстэ хардырҕаан тыынаат, иҥиир ситиитин тартаран дьигиҥнээбитэ, онтон налыс гынан хаалбыта. Иккис киһиэхэ ыстанан тиийбиттэрэ ыарыытыттан сирэйэ хаанньастан баран, хаҥас илиитин кууспутунан тураары үнүөхтээбитэ. Буулдьа тоҥолоххо түһэн баран, харытын бүтүннүү тоҕо солоон ааспыт этэ.

Ити икки ардыгар офицер баһылыктаах хас да саллаат сүүрэн тилигирэһэн кэлбиттэрэ. Офицер өлө сытааччыга төҥкөйөн плаһын петлицатыгар үс сулуһу, сиэҕэр көмүс солотуулаах шеврону кытта улахан сулуһу көрөөт, чугастааҕы сарайга илдьэргэ дьаһайбыта. Бааһырбыт киһини бэрэбээскилииргэ бирикээстээбитэ. Бэйэтэ штабка дакылааттыы ыстаммыта.

Күн тахсыыта ньиэмэстэр 38-с армейскай корпустарын разведкаҕа отделыттан капитан Швердтнер тылбаасчыттаах, уонча саллаат арыалдьыттаах тиийэн кэлбитэ. Тута Кыһыл Армия генерал-лейтенана чыыннаах киһи өлүгэ сытар сарайыгар ааспыттара. Халлаан сырдаабытын кэннэ көрдөххө, соломоҕо тиэрэ түһэ сытар киһи хорумматаҕа ырааппыт сэҥийэтэ туос курдук кубарыччы тарпыт этэ. Үрдүк сүүстээҕэ, улахан муруннааҕа, дэгдэгэр соҕус имнээҕэ, харатыҥы баттахтааҕа, уһун уҥуохтааҕа. Үкчү большевиктар 2-с Ударнай армияларын командующайа генерал-лейтенант Власовы ойуулаабыттарын курдук этэ. Арай ачыкыта эрэ суоҕа. Ол эрээри, ачыкытын сүтэрэн кэбиһиэн эмиэ сөбө.

Швердтнер илиитин кыһыл оҕо кэриэтэ түөһүгэр көтөҕөн турар билиэннэйгэ эргиллэн, төбөтүнэн кыҥнах гынан соломоҕо сытааччыны ыйан баран:

– Бу эн командирыҥ дуо? – диэн ыйыппыта.

– Ээх, – диэт анарааҥыта умса көрөн кэбиспитэ.

– Власов генерал дуо?

– Ээх.

Швертднер аан таһыгар чинэллэн турар конвоирдарга садьыс гынан баран:

– Билиэннэйи илдьиэххитин сөп, – диэбитэ. Бэйэтэ Кыһыл Армия генералын бу күн сиригэр туох да буолбутун иһин уолуһуйбат буолбут кубархай сирэйин тобулу одуулаан тура түһээт, хаҥас өттүнэн эрчимнээхтик эргиллэн тахсан барбыта. Штабка тиийэн Власовы көмөргө соруйан, боротокуол суруйан баран, тахсан массыынаҕа олорон арыаллаан кэлбит мотоциклистары батыһыннаран, суол буорун өрүкүтэн айанныы турбута.

Кини Ям-Тесевоҕа патруль генерал Власовы ытан өлөрбүтүгэр бүк эрэллээх этэ. Ол иһин тута корпус командованиетыгар рациянан генерал-лейтенант званиелаах киһи өлүгэ чахчы нууччалар 2-с Ударнай армияларын командующайа Власов буоларын туһунан биллэрбитэ.

Ям-Тесевоҕа баран иһэн Туховежи диэн дэриэбинэҕэ суол ыйдараары тохтообуттарыгар, староста киниэхэ дьахтардаах эр киһи хоннорорго көрдөспүттэрин, кыһыл көмүс чаһы биэрбиттэрин туһунан тыллаабыта. Ол дьону уорбалыы санаан сарайга утуталаан баран, тастарыттан хатаан кэбистим диэбитэ. Өссө биэрбит чаһыларын көрдөрө сатаабыта.

Швердтнер нууччалыы билбэт уонна Ям-Тесевоҕа патруль ытан кэбиспит улахан чыыннаах киһитэ ким буоларын быһаара охсоору ыксаан иһэр буолан, онно эрэ наадыйбатаҕа. Суол ыйдаран баран ааһа турбуттара. Онтон төннөн иһэн Туховежига кэлбиттэрэ, староста бэргэһэтин түөһүгэр хам туппутунан эмиэ суол кытыытыгар тоҥхоҥнуу турар этэ. Кэриим ыт кэлэр-барар дьоҥҥо албыннаһарын курдук, кылап-халап көрө-көрө, чүөччэрдии тараҕайдаах төбөтүн сэрэммиттии бокуойа суох эргичиҥнэтэ-эргичиҥнэтэ өссө төгүл били дьонун туһунан эппитэ.

Швердтнер икки автоматчигы ылан, кэлбиккэ-барбыкка барытыгар эккэлии сатыыр ыкка майгынныыр нууччаны батыһан, чугас соҕус турар баһаарынай сарайга тиийбиттэрэ. Ааҥҥа ыт баһын саҕа күлүүс ыйанан турара. Староста күлүүһү арыйан ааны тэлэччи тардыбыта. Тылбаасчыт аан чанчыгар сөрүөстэн туран:

– Тахсыҥ! Эһигини төгүрүйдүбүт, – диэн хаһыытаабыта.

Икки-үс мүнүүтэ устата сарай иһиттэн туох да харда иһиллибэтэҕэ. Швердтнер автоматчиктары сарайга киирэллэригэр бирикээстээри гынан эрдэҕинэ иһирдьэттэн:

– Nicht schiessen, qeneral Vlasov! – диэн кэһиэҕирбит саҥа иһиллибитэ.

– Илиигитин өрө уунуҥ уонна тахсыҥ! – диэн тылбаасчыт өссө хаһыытаабыта.

Чочумча буолаат, сарай иһиттэн илиитин өрө ууммутунан ачыкылаах, үрдүк уҥуохтаах, ханнык да бэлиэтэ суох гимнастеркалаах киһи тахсан кэлбитэ. Кини кэнниттэн дэриэбинэ дьахталларыттан туох да уратыта суох таҥастаах-саптаах суон дьахтар тарбахтарын сараччы туттубутунан, илиитин өрө уунан батыһан тахсыбыта.

Швердтнер бу киһини көрөөт, тоҕо эрэ тута, дьиҥнээх Власов буоларыгар итэҕэйбитэ. Оччоҕо Ям-Тесевоҕа кини ким өлүгүн көрбүтэй?

Кэлин быһаарбыттара кыра-кыра бөлөхтөргө арахсан төгүрүктээһинтэн тахсалларыгар, түүҥҥү силбэрэҥҥэ дэлби тоҥмут полковник Виноградовка Власов плаһын биэрбит эбит. Патрульга түбэһэн баран, бэстилиэтинэн ытыалаабыт, куотарга соруммут 2-с Ударнай армия штабын начальнига, полковник Виноградов өлүгүн ординареһа соруйан дуу, хаана баран өй-мэй туран дуу, Власов диэн бигэргэппит буолан тахсыбыта.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэминээҕи саамай биллиилээх таҥнарыахсыт, 1942 сыл от ыйын 13 күнүгэр диэри Кыһыл Армия генерал-лейтенана Андрей Андреевич Власов, дьэ, итинник ньиэмэстэргэ бэриммитэ.

Кини 1901 сыллаахха Нижегородскай губерния Ломакино диэн дэриэбинэтигэр орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Нижнэй Новгородка духуобунай гимназияҕа, онтон семинарияҕа үөрэммитэ. 1917 сыллаахха, Өктөөп революциятын кэнниттэн, оччотооҕуга Нижегородскайдааҕы үлэ биир кэлим оскуолата диэн ааттанар үөрэх кыһатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1919 сыллаахха Нижнэй Новгород государственнай университетын агрономияҕа факультетыгар үөрэнэ сырыттаҕына Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырбыттара.

Дьэ, мантан ыла кини олоҕун тиһэх күнүгэр диэри байыаннай форманы кэтэ сылдьыбыта. Маҥнай Кыһыл Армия, онтон – фашистскай Германия.

1920 сыллаахха Андрей Власов командирдары бэлэмниир кууруска үөрэнэн баран Соҕурууҥҥу фроҥҥа үрүҥ гвардеецтары кытары сэриилэспитэ. 1922 сылтан командир, штаб үлэһитин быһыытынан сулууспалаабыта, ол быыһыгар эмиэ да эдэр командирдары үөрэппитэ. 1929 сыллаахха армия Үрдүкү команднай куурсун бүтэрбитэ. Эһиилгитигэр партияҕа киирбитэ. 1935 сыллаахха Фрунзе аатынан Байыаннай академия истээччитэ буолбута.

Кини айылҕаттан бэриллибит сытыы өйдөөх киһи этэ. Бэйэтигэр, атын да дьоҥҥо ураты кытаанах ирдэбиллээҕэ. Ол, дьиҥэр, таска тахсыбакка кирийэ, кистэнэ сытар, ханнык да күүстээх иэйиини баһыйар бэйэмсэх буолуу көстүүтэ этэ. Кини чиэстэнэр, бочуоттанар, хайҕанар туһугар атыттары буолуохтааҕар, тус бэйэтин да харыстаабата. Ол иһин үктэлтэн үктэлгэ тахсан, дуоһунаһа үрдээн испитэ. Кэлин ити бэйэмсэх буолуута, бэйэтин аһара таптыыра тыһыынчанан киһи дьылҕатын тосту уларыппыта.

1937—1938 сылларга Власов Ленинградскай уонна Киевскэй байыаннай уокуруктарга байыаннай трибунал чилиэнэ этэ. Ити кэмҥэ 99-с стрелковай дивизияҕа инспектор быһыытынан тиийэ сылдьан, дивизия командира вермахт байыаннай техникатын үөрэтэр эбит диэн донуос суруйбута. Комдивы сонно тута хаайбыттара, оттон Власовы кини оннугар анаабыттара.

1938—1939 сылларга Власов байыаннай сүбэһиттэр бөлөхтөрүгэр киирсэн Кытайга тахса сылдьыбыта. Чан Кай-Ши киниэхэ тус бэйэтинэн Көмүс Дракон ордены туттарбыта уонна үс чымадаан араас бэлэҕи-туһаҕы биэрбитэ. Ону НКВД-лар, кыраныысса таһыгар сулууспалаабытыҥ туһунан кэпсии сылдьар дакаастабыллар буолуохтара диэн, дойдутугар кэлэригэр тутан ылбыттара.

Эһиилгитигэр Власов номнуо генерал-майор чыынын ылбыта, дивизия командира буолбута. Ити сыл Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта.

1941 сыл үүммүтэ. Тохсунньуга Власов Киевскэй байыаннай уокурук 4-с механизированнай корпуһун командирынан анаммыта. Онтон ый буолаат Ленин орденынан наҕараадаламмыта. Оччолорго кини, син эмиэ мөлүйүөнүнэн сэбиэскэй дьон курдук, Кыһыл Армия булгуруйбат күүһүгэр бүк итэҕэйэрэ.

Бэс ыйын саҥатыгар Власов хамаандалыыр механизированнай корпуһа Львов таһыгар турара. Сэрии бастакы күннэригэр сатабыллаах дьайыыларын иһин махтал ылбыта уонна Киеви көмүскүүр 37-с армия командующайынан анаммыта. Кырыктаах кыргыһыылар кэннилэриттэн ити армия сорох чаастара өстөөхтөр төгүрүктээһиннэрин тоҕо көтөн тахсыбыттара. Власов бэйэтэ халымырдык бааһыран госпитальга киирбитэ. Дьэ, бу кэмҥэ киниэхэ Кыһыл Армия модун күүһүгэр саарбахтыыр санаалар кииртэлээбиттэрэ. Онтун, биллэн турар, кимиэхэ да эппэтэҕэ.

Сэтинньигэ Сталин Власовы ыҥыран ылан 20-с армияны тэрийэригэр сорудахтаабыта. Олус кытаанах ирдэбиллээх, туруорбут соругун толотторон тэйэр генерал-майор ити сорудаҕы ситиһиилээхтик толорон, генерал-лейтенант званиетын ылбыта уонна иккистээн Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта.

Олоҕун тосту уларыппыт 1942 сыл саҕаланыыта генерал-лейтенант Власов иккистээн Ленин орденынан наҕараадаламмыта. Кулун тутарга Ленинградка кимэн киирэн иһэр ньиэмэс сэриилэрин үлтү охсорго уонна утары кимэн киирэргэ анаан тэриллибит Волховскай фронт командующайын солбуйааччынан анаммыта.

Дьэ бу сырыыга дьоло киниттэн киэр хайыспыта… Фронт командующайа, урут репрессиялана сылдьыбыт киһи буолан, куттанан, Верховнай Ставкаҕа дьиҥнээх быһыыны-майгыны биллэрэн испэт этэ. Ол түмүгэр фронт улахан охсууну ылбыта. Итини таһынан үрдүкү командование сыыһа-халты дьайыыларыттан биһиги сэриилэрбит аһа-таҥаһа, сэбэ-сэбиргэлэ суох хаалар кутталлара суоһаабыта. Итинник балаһыанньа үөскээбитигэр Власовы тииһигэр диэри сэбилэммит өстөөх механизированнай чаастарын аҥаардас кыһыл илиилэринэн тохтото сатыыр 2-с Ударнай армия командующайынан анаабыттара. Армия аһа-таҥаһа, сэбэ-сэбиргэлэ суох буолан олус ыарахан балаһыанньаламмыта. Сибээс суоҕа. Немецтэр фронт линиятын хас эмэ сиринэн тоҕо көтөн биһиги чаастарбыт кэтэх өттүлэригэр тахсыбыттара. Власов санаата улаханнык түспүтэ. Били Кыһыл Армия булгуруйбат күүһүгэр бүк итэҕэйэрэ күппүлүү барбыта. Хайдах эмэ гынан бэйэтэ тыыннаах хааларын эрэ толкуйдуур буолан барбыта.

Бэс ыйын бүтүүтэ армиятын ордон хаалбыт чаастарыгар кыра-кыра бөлөхтөргө арахсан төгүрүктээһинтэн төлө көтөн тахсалларыгар бирикээстээн баран бэйэтэ аҕыйах киһилээх тыаҕа түспүтэ. Онтон дьэ, от ыйын 13 күнүгэр билиэҥҥэ түбэспитэ. Сотору соҕус, Винницаҕа баар билиэн түбэспит офицердар лааҕырдарыгар сытан, ньиэмэстэргэ сулууспалыырга сөбүлэспитэ. Өссө нуучча саллааттара билиэннэйдэр курдук санамматтарын ситиһэр туһугар, бэйэлэриттэн сэбилэниилээх армия тэрийэргэ этии киллэрбитэ.

2-с Ударнай армия сорох чаастара төгүрүктээһинтэн тахсыбыттара эрээри байыаннай чекистэр репрессияларыгар түбэспиттэрэ. Дьэ, ити барыта Власов командирдаах 2-с Ударнай армия ньиэмэстэргэ билиэн бэриммитин уонна саатын-саадаҕын бэйэтин дьонун утары туппутун туһунан үһүйээн үөскүүрүгэр төрүөт буолбута.

Балаһыанньа олус ыараан, Власов курдук улахан чыыннаах киһи ньиэмэстэргэ таҥнаран, Сталин 1942 сыл от ыйын 28 күнүгэр 227-с нүөмэрдээх, биир да хаамыыны кэннинэн чугуйбат туһунан кытаанах бирикээһи таһаарбыта. Ол бирикээскэ олоҕуран уолуйууну тардааччылар, бойобуой позицияларын бирикээһэ суох хаалларбыттар, куттаҕастар сонно миэстэтигэр ытыллан иһиэхтээхтэрэ. Сэрии ыардарыттан ииримтийбит, кыайтарыы кыһыытыттан абарбыт-сатарбыт командирдар тыһыынчанан киһини туох да суута, силиэстийэтэ суох ыттыы ытыалаан кэбиһиилэрэ саҕаламмыта.

Ону таһынан хас биирдии армияҕа биэстэн уоҥҥа тиийэ штрафной роталары тэрийэргэ, онно буруйдаммыт саллааттары уонна алын командирдары мунньан Ийэ дойдуларын иннигэр ыар буруйдарын кыргыһыы хонуутун саамай ыар учаастагар кыа хааннарынан сууйалларыгар бирикээстэммитэ. Оттон үрдүкү команднай састааптан буруйдаммыт дьону фронт аайы тэриллибит штрафной батальоннарга ыытар буолбуттара.

Быһыы-майгы итинник тыҥаан турар кэмигэр 2-с Ударнай армия кыракый бөлөҕүн кытары ыйтан ордук ойууру, маары кэтэн баран, биир саха саллаата, төгүрүктээһинтэн төлө көтөн тахсаары, бүтэһик атаакаҕа туруммута…

* * *

Сиэрэй синиэллээх, бас сыгынньах, муҥур тиит саҕа ньиэмэс саллаата Железнов өтөрү түспүт ыстыыгыттан халбарыс гынан аһаран биэрээт, күөнүнэн баттыы түспүтэ. Саппыкытын оһуттан кынчаалын ылан далайан эрдэҕинэ Мэхээлэ туора-маары охто сытар өлүктэри үрдүнэн ойоору туруйалаан иһэн, өрүһүнэн, өстөөҕү ыстыыгынан хонноҕун аннынан саайбыта. Ыстыык соломо чуучуланы аспыт кэриэтэ «кирк» гына түспүтэ.

– Һуу! Сидьиҥ баара. Сии сыста дии, – диэн сибилигин аҕай үрүҥ тыынын быһа сыспыт күтүрү туора хаһыйаат, Железнов саатын көрдөөн тула өттүн харбыаласпыта.

– Бардыбыт. Дьоммут анараа траншеяҕа тиийэн эрэллэр, – Мэхээлэ өлөөрү үрүҥүнэн-харанан көрө сытар өстөөҕү үрдүнэн ойон, ааһа сүүрэ турбута. Өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн бүтэһик ситимин мүччү көтөн, чугас лүҥкүрэн көстөр тыа диэки сырсан истэхтэринэ ойоҕосторуттан пулемет ытыалаан күпсүйбүтэ. Тула өттүлэригэр буулдьа тыаһа үөр чыычаах кэриэтэ чыбыгырыы түспүтэ. Инники испит дьон сорохторо өлөрдүү таптаран, атыттара сибиниэс тобурахтан быыһанаары умса баран түспүттэрэ. Мэхээлэ эмиэ умса хоруйа түспүтэ. Ыы муннугар ким эрэ саппыкытын тоһоҕолоро умсаах кус хараҕыныы саһара дьэрэлийэн көстүбүтэ.

Халлаан ити икки ардыгар күнүскүлүү сырдыы охсубут этэ. Пулемет уҥа диэкиттэн ытыалаан күпсүйэрэ. Мэхээлэ хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ баара-суоҕа отучча саһааннаах сиртэн уота кытыастан олороро. Ити кэмҥэ инники испиттэр ойон туран сырыстылар быһыылааҕа. Пулемет бөтө бэрдэрээт, аны ол диэки хайыһан, өлөр өлүү ардаҕын куппутунан барбыта. Онон туһанан Мэхээлэ үҥкүрүс гынан ытарга тоҕоостоох сири булаат, күн уотугар килэбэчийэн көстөр каска аннын диэки кыҥаан ытан хабылыннарбыта. Өс киирбэх пулемет ах барбыта. Ол кэмҥэ, били, дьэрэлиспит тоһоҕолордоох саппыкылаах киһи ойон туран, пулемет диэки саба сүүрэн киирэн иһэн, ньиэмэстэр уп-уһун уктаах гранаталарын кыыраппыта. Тыас дэлби ыстанарын кытары тыыннаах ордубуттар тыаны былдьаспыттара.

Мэхээлэ сирэйин-хараҕын быһыта сынньар мас лабааларын илиитинэн хаһыйа-хаһыйа балачча уһуннук сүүрэн баран, тыҥата киһи тулуйбатынан аһыйан маска өйөнөн бөтүөхтүү турдаҕына, Железнова тыын быһаҕаһынан тыынан кэлбитэ. Иккиэн утарыта көрсөн, саҥарар да кыаҕа суох бөтүөхтэһэ турбуттара. Мэхээлэ түөһүн иһэ уотунан умайарын уҕарытаары силин быһа ыйыста сатаабыта да, тамаҕа адьас хатан хаалбыт этэ. Уу иһээри өттүгэр баар билээгэтин ылаары гыммыта, миинэ эмтэркэйэ тэлэ көтөн ааспыт этэ.

– Оо, ыт буола сыспыппын дии, – диэн сахалыы саҥа аллайбыта.

– Туох диигин? – дии-дии Железнов эмиэ билээгэтин устаары букунаспыта. Кэмниэ кэнэҕэс анал саппыйатыттан устан ылан Мэхээлэҕэ ууммута. Киһитэ биэстэ-алтата бэрт иҥсэлээхтик омурдан баран:

– Баһыыба. Хараҕым сырдыырга дылы гынна ээ, – диэн баран төттөрү биэрбитэ. Уу иһэн, тыын ыла түһэн баран, тыа үөһүн диэки сырсыбыттара. Сотору командирдара майор Распутин старшай лейтенант Шаповаловы уонна хас да саллааты кытары баран иһэллэрин сиппиттэрэ. Кыракый ырааһыйа саҕатыгар мустан ааҕынан көрбүттэрэ, бүтүн полкаттан баара-суоҕа 120-чэ киһи ордубут этэ. Мэхээлэлээх взводтарыттан Железновтуун иккиэйэх эрэ тыыннаах хаалбыттар эбит. Бүтэһик атаакаҕа туралларыгар бэһиэ этилэр. Взвод командирын солбуйааччы Тизяев миинэҕэ түбэһэн өлбүтүн Мэхээлэ илэ хараҕынан көрбүтэ. Атыттар ханна-ханна охтубуттарын кыргыһыы будулҕаныгар өйдөөн көрбөтөҕө.

Хас да бөлөххө арахсан, соҕуруулуу-илин диэки баран иһэн, Кыһыл Армия чаастарын инники кирбиилэригэр тахсан кэлбиттэрэ. Били ойуурдара балачча улахан арыы тыа эбит этэ. Төгүрүктээһинтэн тахсыбыттары инники кирбии кэтэх өттүгэр таһаарбыттара. Ыйтан ордук ойууру, маары кэппит дьон дьэ сылаас аһы аһаабыттара уонна, ким ханна түбэһэринэн охтон түһээт, утуйан хаалбыттара.

Балаҕан ыйынааҕы түүн тыаһа суох халыйан кэлэн, кинилэри кимнээхтэн эрэ саһыарардыы оргууй саба бүрүйбүтэ. Өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэһэн үгүс түрбүөннээх түүннэри аһарбыт саллааттар кэмниэ кэнэҕэс бэйэлэрин дьонноругар төлө көтөн тахсан, дьэ уоскуйан, сылбах курдук охтон утуйа сыппыттара. Сорохтор муннуларын тыаһа баччыгыныыра, ким эрэ ыҥыранан ылара, ол быыһыгар оҕолуу холкутук сурдурҕаччы тыына сытааччылар бааллара. Салгыҥҥа килэриччи сиэппит сирэйдээх, үгүстэригэр кирдээх бэрэбээскилэрдээх саллааттар түлүк ууларыгар утуйа сытаннар араас дьикти түүллэри көрбүттэрэ буолуо. Ол эрээри, кинилэртэн ким даҕаны сарсыҥҥы күнтэн ыла таҥнарыахсыт диэн ыар дьаралыктаныахтааҕын туһунан түһээн да баттаппатаҕа.

Сарсыарда Мэхээлэ ким эрэ сүр күүскэ санныттан илгиэлиириттэн соһуйан олоро түспүтэ.

– Тарабукин, тур! Стройдуур үһүбүт, – диэн саҥа хоту өрө көрбүтэ Железнов саатын сүкпүтүнэн саба нөрүйэн турара.

Аҥаар эҥээрин тэлгэммит, атынынан саптыбыт синиэлин кэтээт, кууһа сыппыт бинтиэпкэтин туппутунан киһитин кэнниттэн батыспыта. Дьонноро бөлөхтөөн үүммүт талахтар кэтэхтэригэр стройдаары үөмэхтэһэн эрэллэрэ. Бары үс кэккэнэн стройдаан кырылаабыттарын кэннэ командирдара майор Распутин хас да офицеры кытары тиийэн кэлбиттэрэ.

– Табаарыстар! Сааҕытын-сэпкитин туттарыҥ, туох эрэ сыыһа бирикээс тахсыбыт. Быһаарсыахпыт.., – диэн баран портупеятын устан ылан оргууй сиргэ уурбута уонна туора тахсан турунан кэбиспитэ. Мэхээлэ онно өйдөөн көрбүтэ уҥа-хаҥас өттүлэригэр сабыс-саҥа формалаах, автоматтаах саллааттар кэккэлээн тураллара. Онтон-мантан «Тоҕо? Хайдах?» диэн саҥалар иһиллэн эрдэхтэринэ, били, бөлөхтөөн турар офицердартан петлицатыгар үс шпалалаах киһи бэстилиэтин сыгынньахтыы туппутунан:

– Армия главнокомандующайын бирикээһэ. Бары сааҕытын-сэпкитин туттараҕыт. Өрөлөспүт киһини суута, силиэстийэтэ суох ытан кэбиһэр бырааптаахпыт, – диэн хаһыытыы-хаһыытыы, строй иннинэн хааман чиккэҥэлээбитэ.

Хайыахтарай, сааларын-сэптэрин – ким кыргыһыыга былдьаабыт автоматын, бэстилиэтин, атыттар бинтиэпкэлэрин – биир сиргэ чөмөхтүү быраҕа-быраҕа стройга төттөрү турунан испиттэрэ. Мэхээлэ маһа онон-манан хабырыттыбыт бинтиэпкэтин бэркэ сэрэнэн чөмөх үрдүгэр ууран баран, стройга төннөн иһэн саата нүөмэрин таһынан өссө туох ураты бэлиэлээҕин өйдүү сатаабыта. Саха киһитин сиэринэн саатын бэркэ харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Көнөтө, тэбэрэ үчүгэйэ бэрдэ. Адьас кыҥаабыт сиригэр түһэрэрэ. Элбэхтэ үрүҥ тыынын өллөйө буолбута. Ол иһин, төттөрү биэрэр буоллахтарына, бэйэтин эрэ бинтиэпкэтин ылар санаалааҕа.

Бары сааларын-сэптэрин туттарбыттарын кэннэ аны «Формаҕытын устуҥ!» диэн бирикээстээбиттэрэ. Бу сырыыга улаханнык мөккүспэккэ, киҥинэйэн үөхсэ-үөхсэ тас таҥастарын устан чөмөхтүү бырахпыттара.

Маҥан сиидэс ис таҥаһынан эрэ хаалбыт дьону икки өттүлэриттэн автоматтаах саллааттар хонбуойдаан чугас соҕус баар землянкаҕа илдьибиттэрэ. Сэрии сэбин уурарга анаан оҥоһуллубут, ортотунан тулааһын баҕаналардаах кэҥэс соҕус землянкаҕа лыык курдук симиллибиттэрин кэннэ ааны олуйан халыгыраппыттара.

– Тоҕо биһигини хаайдылар? Туох буруйбут иһин? – диэн дьон бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаспыттара. Өмүрэн, соһуйан хаалан дөйүөрбүт курдук дьон ити ыйытыылартан, дьэ, өрө оргуйа түспүттэрэ. Ханна эрэ, землянка түгэҕин диэки Распутин саҥата иһиллибитигэр айдаан хам барбыта.

– Ленинград оборонатын быраҕан, гитлеровецтарга таҥнарбыт генерал Власов бирикээһин толорон чугуйбут үһүбүт.

– Власов таҥнарбыт даа?!

– Оо, ыт эбит дии…

– Биһиги бирикээһи эрэ толорбуппут. Таҥнарбатахпыт, – диэн маарыҥҥытааҕар өссө күүстээх күйгүөр буола түспүтэ.

– Тохтооҥ! Тохтооҥ! Чуумпуруҥ! Биһиэхэ Москваҕа куттал суоһаата диэн төгүрүктээһини тоҕо көтөн Старай Русса туһаайыытынан тахсарга бирикээстээбиттэрэ. Биһиги ону толорбуппут. Сэриигэ быһыы-майгы түргэнник уларыйар. Төгүрүктээһинтэн тоҕо көтөн тахсар кэммитигэр генерал Власов ньиэмэстэргэ таҥнарбыт. Биһигини… Биһигини эмиэ таҥнарыыга буруйдууллар. Быһаарыахтара. Быһаарсаллар ини.., – диэн Распутин кэһиэхтээх саҥата иһиллибитигэр уу чуумпу сатыылаабыта. Хараҥа муннук диэкиттэн ким эрэ ыҥыранар, ынчыктыыр кэриэтэ:

– Тогда нам хана. Всех расстреляют, – диэбитигэр сатыылаабыт чуумпу өссө ыараабыкка дылы буолбута. Мэхээлэ тулааһын баҕанаҕа өйөнөн туран: «Эс, ама барыбытын таһааран ытан кэбиһэллэр үһүө. Туох буруйбут иһин?! Эмиэ ыар эрииргэ түбэстим ээ, быһыыта», – дии санаабыта. Дойдутугар чуут хаайыыга түбэһэ сыһан сэриигэ барар буолан быыһаммыта. Манна да кэлэн баран, эмиэ туох да буруйа суоҕар саа уоһугар турар куттал суоһаабытыттан сүрэҕэ нүөлүйбэхтээбитэ. Ити туран дойдутун, дьонун, ааспыт олоҕун санаан тулатыгар туох баарын умнан ылбыта.

* * *

Сэрии буолбут сураҕын истэллэригэр кини уон сэттэтин саҥа ааспыт уол этэ. Түөрт кылаас үөрэхтээх буолан холкуос суотчутунан үлэлиирэ. Мэхээлэ ийэ-аҕа таптала диэни билбэккэ улааппыта. Аҕатын эдьиийигэр, аҥаардас дьахтарга иитиллибитэ. Эдьиийэ сэрии буолуо аҕыйах ый иннинэ хотоҥҥо ынах ыы олорон эмискэ нукус гынаат өлөн хаалбыта. Онтон ыла дьукаахтарын кытары буккуһан олорбута. Сэрии саҕаланар сылыгар, кыһайбыт курдук уот кураан сатыылаабыта. Холкуостарын бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Харылаампыйабыс бэбиэскэ тутан сэриигэ аттаммыта. Кинини кытары үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон бары хомуллубуттара. От ыйын бүтүүтэ Мэхээлэни бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Алаастар кубарыччы кууран, туохха да кыайтарбат аһыҥа түһэн, арыый кыанар дьоннорун өрүскэ оттото киллэрбиттэрэ. Мэхээлэ дьонун кытары өрүскэ киирэн тахсыбытын кэннэ хонуу биригэдьиирэ Сөдүөт оҕонньор:

– Иэдээн буолла… Сүөһүбүтүн-аспытын хайдах сыл таһаарабыт. Манна бэрт аҕыйах оттоохпут. Маралаайы үрэҕэр дьонно тэрийэн ыытыахха. Салайааччынан Бүөтүрү анаатахха саатар сэттэ-аҕыс оту туруорар инилэр. Үнүр дулҕалаах, уулаах сиригэр киһи тирбэҕэлэһиэх ото баар эбит диэн эрэрэ, – диэбитэ.

Иккиэн бэрт өр олорон, сыымайдаан сэттэ киһини – икки оҕонньору, үс эдэрчи, оҕото-уруута суох дьахтары уонна Ыстапаан, Дьуонуска диэн чороччу улаатан эрэр уолаттары тэрийэн ыытарга диэн быһаарбыттара. Барааччыларга биир аты, икки оҕуһу биэрэр буолбуттара. Сөдүөт үс-түөрт оҕонньору хомус баайыытыгар туруоруох буолбута.

Лаҥхаайыкы уонна Элэһин диэн бэрт хойуу хомустаах күөллэри таһынан Улахан Эбэ диэн алта арыылаах, бу эҥээр олорор дьону иитэр-аһатар күөл хомуһун баайарга быһаарыммыттара. Оҕонньотторго көмөҕө олдьот уолаттары анаабыттара.

Кыһарҕаннаах кыһын ыган кэлбитэ. Күһүн хаар түһүөн эрэ иннинэ субан сүөһүлэри сүүрбэччэ көстөөх сиргэ, өрүскэ кыстата киллэрбиттэрэ. Ол сүөһүлэр кыстыыр хотоннорун, үлэһиттэр олоруохтаах балаҕаннарын тутуу, аһыҥа сиириттэн тоҕус сорунан быыһаабыт дуона суох бурдуктарын быһыы, кыстыкка киирии атын да бытархай, ол эрээри хайдах да уталытыллыбат үлэлэрэ дьон-сэргэ хара көлөһүнүн супту уулаабыта, сыратын-сылбатын быспыта.

Кыһын кыһалҕанан, тымныынан кыһарыйан тиийэн кэлбитэ. Ас-үөл олус кырыымчык этэ. Туох чорбойорун барытын фроҥҥа диэн туура тутан ылаллара. Олунньу саҥатыгар Мэхээлэ өрүскэ кыстаан олорор дьонугар өйүө сыыһа илдьэ таарыйа, билсэ диэн барбыта. Аара хонон дьонугар тиийбитэ этэҥҥэ олороллор этэ. Төннөрүгэр ата ыран хаалан икки хоммута. «Кыһыл Сулус» холкуоска хонон турбутун кэннэ, сарсыарда дьиэлээх оҕонньор хатыҥ үөстээх чэйи иһэ олорон, төһө да эмээхсининээн үһүөйэх эрэ буоллаллар:

– Эһиги диэки дьон-сэргэ хайдах олороллор. Биһиэхэ хас да киһи хоргуйан өллө, – диэн сибигинэйэн кэпсээбитэ. Мэхээлэ ити кэпсээни бэркэ дьулайа истибитэ. Кинилэргэ да хоргуйуу ыган иһэрин бүтэйдии сэрэйэрэ. Барарын саҕана оҕонньор:

– Дьэ, тукаам. Олус эдэргиттэн ыар бурҕалдьыны кэппит оҕо эбиккин. Кытаатан дьоҥҥун-сэргэҕин харыстыы сатаа, – диэбитэ.

Халлаан өссө да ситэ сырдыы илигэ. Ол эрээри тула өттө бүдүк-бадык соҕус да буоллар син көстөрө. Ата арыый сынньаммыт курдук айаннаан сэксэлдьийэн иһэн, хоммут ыалыттан балтараа биэрэстэ курдук тэйээт, турунан кэбиспитэ. Иччитэ муоһатын хамсатан самыытын таһыйан көрбүтэ да, баҕаналыы тэбинэн, баһын илгистэ-илгистэ турбута. Сыарҕаттан түһэн иннигэр тиийбитэ туох эрэ харааран сытара. Куйахата «дьыр» гына түспүтэ, чугаһаабакка туран ыраахтан ыҥыран көрбүтэ да, саҥа суох буолбута. Хайыай, тиийэн умса түһэ сытар киһини эргитэ тардаары гыммыта номнуо адаарыччы тоҥон хаалбыт этэ.

Сүрэҕэ айаҕар бүөлүү анньан атыгар нэһиилэ тиийбитэ. Тоҥуу хаарынан эргитэн хоммут ыалыгар төттөрү барбыта. Оҕонньор истээт:

– Оо, хайа сордоох эбитэ буолла, – диэн уһуутаан кэбиспитэ. Балачча өр дөйбүт курдук олоро түһэн баран: – Тукаам, эн куула суолунан бар. Нөҥүө алааска киирдэххинэ уҥа суолу тутуһаар. Оччоҕо дойдулуур суолгар тахсыаҕыҥ. Мин сэбиэккэ киирэн тыллаатахпына сатанар, – диэбитэ.

Хоргуйан, тоҥон суолга охтубут киһини көрөн Мэхээлэ улаханнык саллыбыта. Хараҕар адаарыччы тоҥмут, үп-үрүҥүнэн туртаччы көрбүт киһи көстөн кэлэ турара. Уһун суолу быһа дьонун-сэргэтин хоргуйууттан хайдах быыһыыр үүтү-хайаҕаһы тобула сатыы испитэ. Мантан саас улахан быстарыы буоларын көхсүнэн сэрэйэрэ. Сорох ыаллар аҥаардас үөрэ отунан эрэ хонор буолбуттара ыраатта. Тиийэн Сөдүөт, Бүөтүр оҕонньору кытары сүбэлэстэххэ сатаныыһы, кырдьаҕас дьон, баҕар, тугу эмэ тобулуохтара дии санаабыта.

Борук-сорук буолуута Улахан Эбэ арҕаа баһынааҕы үрдүк сыыры ырбыт ат сыарҕаҕа үтүрүттэрэн сиэлэн сэксэйбитэ буолан түспүтэ. Күөлгэ киирэн омоох суолунан дьиэлэрин диэки үннэрэн иһэн, эбэ киэҥ көхсүгэр тиийэн суолларын сүтэрэн кэбиспиттэрэ. Манан хаһан да, туох да сылдьыбатаҕын курдук тибэн кэбиспит этэ. Уҥуор боруорар дьиэлэр, биир-икки оһох кыыма кытыастар сирин диэки тоҥуу хаарынан мочоохтотон испиттэрэ. Ата бэйэтэ да ыран иһэр буолан, уол сыарҕаттан түһэн кэнниттэн хааман батыччахтаабыта.

Сэдэгэр арыытын соҕуруу баһынан үнүөхтэтэн истэхтэринэ эмискэ ата умса баран түспүтэ. Мэхээлэ көрдөҕүнэ хаар өрүкүс гынаатын кытары, муҥха таһаарар чардаат саҕа хап-хара уу дэбидис гына түспүтэ. Ол хара ортотугар ата, кутуруга бурал гынаат, муус анныгар барбыта. Сыарҕата сыҥааҕыттан иҥнэн таҥнары хойуостан хаалбыта.

Соһуйуу бөҕөнү соһуйан, атын муус анныттан хостуу тардан таһаарыахтыы муоһатын мэтэйэ-мэтэйэ тардыбытыгар – «пис» гынар тыас иһиллибитэ да, тиэрэ таһылла түспүтэ…

Тоҥуу хаары оймоон, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн дьиэтигэр нэһиилэ сыһыллан тиийбитэ. Тиэргэҥҥэ киирэн иһэн эргиллэ түһээт, Сөдүөт оҕонньордооххо ааспыта.

– Айыы таҥарам! – Маарыйа эмээхсин Мэхээлэ кэпсээнин истэн баран кириэстэнэн ылбыта. Сөдүөт, сэҥийэтигэр абына-табына үүммүт бытыгын имэринэ-имэринэ, балачча өр саҥата суох олорбута. Онтон:

– Өйөмҥө түстэҕэ дии, – диэбитэ уонна сорох дьыл эбэҕэ бытархан тымныыга да тоҥмот сиикэйдэр хаарынан бүрүллэн сытан хаалааччылар диэн кэпсээн соһуппута.

– Эн эрэ буолбатах. Кыс ортото атын ууга былдьаппыт дьон туһунан хаста да истибитим. Былыр оҕонньоттор итинниги эбэ ылаары ыллаҕа дииллэрэ. Үс хонон баран биирдэ хостууллара үһү. Онон эн да аккын үс хонон баран хостуур инибит.

Үһүс күнүгэр хаһыа да буолан ууга түспүт аты хостообуттара. Оһолго өлбүтүн туһунан аахталаан баран, этин холкуостаахтарга түҥэппиттэрэ. Ити түбэлтэ Мэхээлэҕэ өй укпута. Ону Сөдүөт оҕонньорго эппитигэр маҥнай саба саҥарбыта. Биир ырыган ат этэ төһө өр бараахтыай?.. Сотору дьон эмиэ хоргуйар куттала суоһаабыта. Мэхээлэ эмиэ Сөдүөккэ тиийбитэ. Сүбэлэһэн баран түүн хотоҥҥо тахсан биир сүөһүнү өлөрбүттэрэ. Сарсыҥҥытыгар аһыы оту сиэн өлбүт диэн аахталаабыттара. Этин дьоҥҥо түҥэппиттэрэ. Ол да өр барбатаҕа.

Аҕыйах хонугунан Сөдүөт Мэхээлэни дьиэтиттэн ыҥыран таһааран, мас кыска тиийэн дүлүҥҥэ олорбута.Саҥата суох кураанах хамсатын уобан олорбохтуу түһэн баран:

– Дьэ, тукаам, эмиэ ынырыктаах кураан сайын үүнэр буолла. Күн-дьыл туруга оннук. Киһи сиэмэни буорга түһэрэн туһаммата буолуо оҥоробун. Онон маннык санааҕа кэллим… Ыһыы сиэмэтин үс гыммыт биирин ордоруохха, атынын чып кистэлэҥинэн ыалларынан түҥэтиэххэ. Эн эдэриҥ бэрт… Ити дьаһалы барытын мин оҥоруом. Түбэһэр да буоллахха, буруйа миэхэ, олоруохпун олорбут киһиэхэ буолуоҕа, – диэбитэ.

Сөдүөт оҕонньор эппитин курдук дьаһаммыттара. Ыһыы сиэмэтин сороҕун маҥхааһай муостатын анныгар кистээбиттэрэ. Ону бадьыылаҕа тартаран сайын окко үлэлиир дьоннорун аһатар санаалаахтара.

Муус устар ортотун диэки уполминзаг начальнига Дмитриев диэн киһи тиийэн кэлбитэ. Онно Үрүмэччи Өрүүнэ диэн бэрт элбэх саҥалаах ыанньыксыт дьахтар эт, бурдук үллэстибиттэрин туһунан айахтатан кэбиспит этэ. Дьэ, доҕоор, силиэстийэ бөҕө буолбат дуо?! Буруйу барытын Сөдүөт оҕонньор бэйэтигэр ылыммыта. Ол үрдүнэн райком бюротугар Мэхээлэни дьүүллээн баран, дьыала тэрийэргэ диэн быһаарбыттара. Арай, итини НКВД начальнига Яковлев утарбыта. Кини: «Тарабукин эдэр киһи, киниэхэ холкуос бэрэссэдээтэлин быһыытынан бэриллибит боруонньатын устан фроҥҥа ыытыахха диэн этиилээхпин. Дойдуга эдэр дьон наадалар. Илиитигэр саа-саадах тутан дойдутун көмүскээтин.

Оттон бу дьыалаҕа тустаах буруйдаах Семенов Федот Николаевич буруйун билиммитэ. Дьыала тэриллибитэ. Мин этэрим итинэн бүтэр», – диэбитэ.

Бюро чилиэннэрэ саҥата суох сөҥөн олорбуттара. Онтон икки хас киһи НКВД начальнигын этиитэ саамай сөптөөҕүн ыйан туран, социалистическай баайы-дуолу ыскайдааччыларга кыр өстөөхтөргө курдук сыһыаннаһыахтаахпыт диэн уоттаах-төлөннөөх тыл эппиттэрэ. Мэхээлэ кинилэр этэллэрин-тыыналларын истэ-истэ иэнэ кэдэҥнииргэ, куйахата бүрүтэ тыытарга дылы гыммыта. Хараҕар Сөдүөт оҕонньор, кураанах хамсатын оборон сообурҕата-сообурҕата, бүк түһэн олороро, кинини тутан баралларыгар дьон соһуйбут, куттаммыт сирэйдэрэ, Үрүмэччи Өрүүнэ күлүгүрбүт мөссүөнэ көстөн ааһыталаабыта.

45 078,89 s`om
Yosh cheklamasi:
0+
Litresda chiqarilgan sana:
05 may 2023
Yozilgan sana:
2014
Hajm:
200 Sahifa 1 tasvir
ISBN:
978-5-7696-4521-1
Mualliflik huquqi egasi:
Айар
Yuklab olish formati:

Ushbu kitob bilan o'qiladi